Дьарыктаныы тиэмэтэ: «Кыһыҥҥы Кэрэчээнэ»
Уөрэх уобалаһын интеграцията: «Тылы сайыннарыы», «Билиини сайыннаары», «Социально-коммуникативнай сайдыы», «Художественно-эстетическай сайдыы», «Эт-хаан сайдыыта».
Соруктара:
Социально-коммуникативнай сайдыы:
бодоруhууларын олохтооhун.
О5олор бэйэ – бэйэ5э эйэ5эс сыhыаны, олохтуулларыгар сал5ыы сайыннарыы.
О5олор чоп – бааччы эппиэттиирин, тумук оноророн, сепке анаалыстыылларын сергутуу.
Билиини сайыннарыы:
О5олорго кыhын, хаар туhунан билиилэрин чинэтии.
Кэтээн керуу кеметунэн о5олорго уу дьэнкир (кини ненууе барыта кестер), ууну еннеех оноруохха сеп, оччо5уна уу дьэнкир буолбакка ене уларыйар (кини ненуе туох да кестубэт буолар). Итинник ууттан форма5а кутан араас енеех муустары ылыахпытын сеп диэн ейдебулу биэрии.
Таабырынынан о5о толкуйдуур дьо5урун, ейун сайыннарыы.
Тылы сайыннарыы:
Эстетическай сайдыы:
Эт – хаан еттунэн сайдыы:
Хамсаныылаах оонньуунан о5о тургэнин, имигэhин сайыннарыы.
Оонньуу уонна тыл ситимин сатабылын чинэтии.
Туттуллар матырыйааллар:
Кыһын дьыл кэмигэр сыһыаннах уруһуй, хартыыналар: (кырыа, буурҕа, хаар кырпаҕа, түннүккэ оһуор, муус анныгар баар балык); дидактическай оонньууга: (күрүлгэн, ардах, чалбах, муус, паар, хаар түһүүтэ, былыт,таммах хартыынкалара); опыт онорорго: (уу, киистэ, тимэх, шарик, кырааска, муус формата, өҥнөөх кумааҕы, маҥан кырааска);
П. Чайковскай “Щелкунчик” балетын композициятыттан “Хаар кыырпахтарын вальса”.
I туhумэх: Кыһын туһунан кэпсэтии
Оҕолор олоппоско олороллор.
Иитээччи: Оҕолоор, билигин ханнык дьыл кэмэ буола турарый? (Кыһын)
Кыһын туох баар буоларый? (Хаар).
Кыһын тымныы буолар, халлаан харанарар. Кун уота сылыппат. Хаар туһэр. Дьоннор ичигэстик танналлар, кыьынны танастарын кэтэллэр. Кыыллар чараас туулэрин устан халын туугэ уларыталлар, сорох кыыллар кыьынын утуйаллар. Кыстыыр чычаахтар киһиэхэ чугаһыы сатыллар, дьиэ сылааһыгар.
Иитээччи: Маладьыастар, билигин мин ыйытыам, эһиги эппиэккитин бэлэмнээн: Ыйытабын уонна хартыынканы мольберка сыһыарабын.
Дьиэ таһыгар элбэх хаар сытарын туох диэн ааттылларый? (хомурах)
Хаардаах тыал туох диэн ааттанарый? (тибии, буур5а)
Буур5а – хаардаах тыал. Куустээх тыал, туһэ турар хаары уөһээ көтөҕөр уонна үрэр, оннук буурҕа үөскүүр. Сороҕор күүстээх буурҕа түстэҕинэ, тула туох да көстүбэт буолуон сөп.
Маска ирэн баран тоҥмут хаар туох диэн ааттанарый? (кырыа)
Салгын сылыйан баран тоҥноҕуна кырыа үөскүүр, мас талаҕар эбэтэр түннуккэ баар буолар.
Кыьын түннүк кырыардаҕына, туох баар буоларый? (кыһыҥҥы оһуор)
Тымныы түстэҕинэ түннуккэ оһуордар тахсаллар. Ол оһуордары « Эьээ Дьыл сибэккитэ» диэн ааттыллар, аптаах остуоруйа уруһуйун курдук.
Кыһын өрүстэр, үрэхтэр хайдах буолалларый? (тоҥоллор, муустанар)
Балыктар өрүс түгэҕэр түһэн усталлар.
Хаар хайдаҕый? (күлүмүрдэс, тымныы, көп)
Хаар туохтан үөскүүрүй? ( хаар кырпаҕыттан)
Хаар кырпаҕа хайдаҕый? ( нарын, курдары көстөр, кэрэ)
Иитээччи: Маладьыастар, кыһын туһунан наһаа элбэҕи билэр эбиккит! Билигин таабырын таайыахпыт.
II туhумэх: Таабарыннар
Сыттык курдук сымнаҕас,
Түү курдук маҥан,
Муус курдук тымныы,
Сылыттаха – ууллар (Хаар)
Сулусчаан кыратык эргийбит,
Мин ытыспар олордо уонна ууллунна. (Хаар кырпаҕа).
Кини кэлэн өрө тыынна,
Үрэхтэри мууһунан бүрүйдэ.( Тымныы)
Муус да буолбатах, хаар да буолбатах,
Кыһын мастары үрүҥ көмүһүнэн бүрүйэр. (Кырыа)
III туhумэх: Сынньалан
Мин тымныыттан куттаммаппын! (Тарбаҕынан саанар)
Мин кинини кытта доҕордоһуом! ( Сиэтиһэллэр)
Тымныы миэхэ чугаһаатаҕына ( биир сиргэ туран хаамыы)
Илиибин, муннубун тыттаҕына(көрдөрөр)
Сүүрүөм, көтүөм,эккириэм!!! (биир сиргэ ыстаналлар)
VI туhумэх: Опыттах эксперимиэннэх улэ.
Сюрпизнай тугэн. (Ааҥҥа тоҥсуйаллар).
Иитээччи: «Оҕолор, ким кэллэ биһиэхэ?» (Билбэтчэй)
Билбэтчэй: “Дорооболорун оҕолор! Эһиги манна кыһын, хаар бе5е туспут. Хаар кырпаҕын туһунан кэпсэтэ олороҕут диэн истибитим мин. Мин эhиэхэ тугу эрэ аҕаллым, көрүөххэ бары.”
Оҕолору остуолга ыҥыран уулаах баанкалары уурар. Оҕолор ууну көрөллөр уонна уу курдат барыта көстөр диэн быһараллар. Онтон Билбэтчэй хас биир баанкаҕа тимэх, шарик уонна да атын бытархай маллары быраҕар. Алларааттан, үөһээттэн көрдөрөр, тоҕо үчүгэйдик көстөрүн оҕолорго быһаарар. Уу өҥө суох диэн өйдөтөр, гынан баран өҥ эптэххэ, уу өҥүн уларытар. Оҕолор киистэни араас өҥнөөх кырааскаҕа илитэллэр уонна уулаах банкаҕа буккуйаллар.Уу өҥүн уларыппытыгар дьиктиргииллэр, өҥнөрүн ааттыллар. Онтон Билбэтчэй баанка иһигэр баар бытархай маллар сүттүлэр, көстүбэттэр диэн, оҕолорго көрдөрөр. Өйдөтөр: өҥнөөх уу курдат туох да көстүбэт, бу ууттан өҥнөөх муус оҥоруохха сөп. Билбэтчэй ууну муус форматыгар кутар.
Билбэтчэй: О5олоор, ууну муус оҥорорго, биһиги ханна уурабыт формабытын? (холодильника эбэтэр тымныыга таhырдьа),. Уу хайдах буолар тоҥноҕуна? (муус буолар). Сеп маладьыастар. Аныгыс дьарыкка уу туох буолбутун кэлэн көрдөрүөм, көрсүөххэ диэри!
V туhумэх: Дидактическэй оонньуу.
Сиргэ карточкалар сыталлар, оҕолор ону төгүрүйэ хаамаллар. Карточкаларга уу араас дьүһүнун ойуута баар: (хаар, өрүс, хаар кырпаҕа,былыт, ардах, паар,таммах уо.д.а).
Оҕолорор хаама сылдьан этэллэр:
Сайыммыт кэмэ кэллэ,
Күн уота сылытта,
Хаарбыт ууллан сүттэ.
Айылҕа уһугунна.
Оҕолор тохтууллар, биирдии карточка ылаллар, уонна тоҕо ону талбыттарын быһараллар, кэпсээн бүтэн салгыы хаамаллар.
Буурҕа, тыал кэлэн үрдэ,
Кыһыҥҥы кэммит кэллэ,
Оҕолор үөрдүлэр,
Хаар кырпаҕа көһүннэ.
Оҕолор карточка талаллар, уонна ону кэпсииллэр.
Иитээччи: Маладьыастар, бары көхтөөхтүк кытынныгыт, соруда5ы толордугут.
VI туhумэх: Айар үлэ.
Иитээччи: Биһиги бүгүн кыһын туһунан кэпсэттибит. Хоһоону истин эрэ.
Хаар кырпаҕа маҥан,
Дьикти, нарын.
Салгыҥҥа эргийэр, күлүмүрдүүр,
Сири сабар,
Үрүҥ көмүһүнэн.
Иитээччи: Билигин оҕолор, өҥнөөх кумааҕыга маҥан кыраасканан, хаар кырпахтарын уруһуйдуоххайын.
Оҕолор мольберка сыһыарыллыбыт холобуру үтүктэн, хаар кырпаҕын араас гына уруһуйдууллар.
И.П. Чайковскай “Щелкунчик” балетын музыката тыаһыыр, «Вальс снежных хлопьев».
VII туhумэх: Түмүк.
Уруһуйдар быыстапкалара.
Оҕолор уруһуйга оһуору көрөн, тэҥин арааһын бэлиэтииллэр.