МБДОУ ЦРР д\с «Мичээр» с.Бетюнцы
Орто бөлөх оҕолоругар Ийэ күнүгэр аналлаах быраҺаанньык сценарийа
Иитээччи: Кудинова А.М.
2016с.
Күнэ- дьыла: Кулун тутар 3 күнэ 2016с.
Сыала: Ийэзэ, эбээҕэ убаастыбыллаах сыҺыаны иитии, кэрэ эйгэтигэр иитии.
Үтүө күнүнэн күндү төрөппүттэр! ЭҺигини сааскы быраҺаанньыгынан ийэлэр, эбээлэр, эдьиийдэр күннэринэн эҕэрдэлиибит!
Ийэ баар буолан, үөрэбин-көтөбүн,
Ийэм баар буолан, ырыа ылыыбын!
1.Оҕолор ийэлэригэр анаан «Ийэ күнэ» диэн ырыа бэлэхтииллэр.
2.Билигин ийэлэр оҕолорун хайдах күүскэ таптыылларын оҕолортон истиэхпит: -ким эҺигини бүөбэйдиирий?
-ким минньигэс ас астыырый?
-ким таҥаскытын сууйарый?
-ким маҕаҺыыҥҥа сылдьарый?
(оҕолор бары мама-диэн этэллэр). Бу барыта биҺиги маамабыт, эйиигин күүскэ таптыыбыт.
Мин летчик буолуом-мин баҕам туолуо.
3.«Флажоктаах үҥкүү» уолаттар ийэлэригэр аныыллар.
4. Корүҥ эрэ биҺиги ийэлэбит наҺаа кэрэлэр, кыраыабайдар, оҕолорун наҺаа таптыыллар.
- ийэлэр оҕолоругар таптал тылларын этиэхтэрэ.
5. ийэ күнүстэри – түүннэри оҕотугар түмүгүрэр.
ХоҺоон «Ийэ мичээрэ»
6.Оонньуу «сөбүлүүр аспын таай». (эрдэ оҕолор сөбүлүүр астарын ыйытабын, онтон ийэлэртэн ыйытабын).
7. Оҕолорго таабырын. Дьиэҕэ түүн утуйбат, бултуур баар үҺү.(куоска).
Икки кынаттаа, бэйэтэ уйа туттар. (чыычаах). Оҕолор кыыллар, көтөрдөр тустарынан хоҺоон ааҕыахтара.
8. Оонньуу «ХаҺыаты алдьатыы». Ийэ оҕотун кытта музыканан хаҺыат алдьаталлар.
9. Уол оҕо кыргыттары, ийэни харыстыыр. Уолаттартан ыйытабын кыргыттар диэн кимнээҕий? –сибэккилэр.
Үҥкүү кыргыттар «сибэккилэр». Ийэлэргэ сибэкки биэрэллэр.
Манан кэнсиэрбит бүтэр билигин бары сандалы остуолга олоробут. Оонньуохпут.