Конспект открытого занятия Витамины

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Орто уонна старшай группа5а ыытыллар аҺа5ас занятия конспега

«Битэмиин»

Сыала:

битэмиин киҺи доруобуйатыгар туҺатын туҺунан бэсиэдэ;

о5олор бэйэлэрин доруобуйаларын харыстанарга өйдөбул биэрии;

доруобуйа сөптөөх аҺылыктан эмиэ тутулуктаа5ын туҺунан о5олорго өйдөтүү;

Задачата:

о5о толкуйдуур өйүн, бол5омтотун сайыннарыы;

витамин арааҺын билиҺиннэрии;

Матырыйааллар: фрукталар, үүнээйи хартыыналара, мас макета, корзина, музыка, кукла Маша

Занятия хаамыыта:

(О5олор группа5а киирэллэр)

Баспытаатал:: О5олор, көрүӊ, бүгүн биҺиэхэ ыалдьыт бө5ө кэлбит. Чэ, эрэ, дорооболоҺуоххайын. (о5олор дорооболоҺоллор): Дорооболорун, үтүө күнүнэн!

- Дьэ,эрэ, о5олор, биҺи бэйэ бэйэбитигэр үтүөнү ба5ардыбыт, итинтэн биҺи санаабыт көтө5үллэр, ол эбэтэр, доруобуйабыт тупсар. Нуучча норуотун өс хоҺоонугар этиллэр: «Дорооболоспотоххуна, доруобуйаны иӊэрбээккин» («Здороваться не будешь, здоровья не получишь».

- (Ааны тонсуйаллар, кукла Маша киирэр)

- Дорооболоруӊ, о5олор, мин аатым Маша. Мин наҺаа улаханнык ыарыйдым. Үчүгэйдик аҺаатаххына ыалдьыбааккын диэн истибитим. Ол иҺин мин бүгүн минньигэстэри сиэбитим: торт, кэмпиэт, кока-кола испитим. Ол гынан баран син биир ыалдьабын. БаҺаалыста, көмөлөҺүн, тугу аҺаатахпына ыалдьыбааппыный?

Баспытаатал:: О5олор, дьэ эрэ, көмөлөҺүөххэйин. ЭҺиги тугу аҺыыргытын сөбүлүүгүтүй? (о5олор эппиэттэрэ)

- «Минньигэс» уонна «туҺалаах ас» диэн туох уратылаахтарый? (о5олор эппиэттэрэ)

- О5олор, аҺыыр аспытыгар киҺи доруобуйатыгар туҺалаах вещество баарын билэ5ит дуо? Ол веществобут битэмиин диэн буолар. Битэмиин туҺунан тугу истибиккитий? (о5олор эппиэттэрэ)

- Битэмиин киҺи доруобуйатыгар туҺата элбэх. Битэмиин А, В, С, Д диэн арахсар эбит. Холобурун:

Битэмин А – киҺи хара5ар туҺалаах.

Битэмин В – киҺи сүрэ5ин үлэтин тупсарар эбит.

Битэмин С – киҺи организмын тупсарар.

Битэмин Д – атахтарбыт сүҺүөхтэрин, унуохтарын бө5өргөтөр эбит.

- Дьэ, о5олор, этиӊ эрэ, өскөтүн киҺи наар минньигэҺи сиэтэ5инэ хайдах буолуой? (о5олор эппиэттэрэ)

- БиҺи бары билиэхтээхпит: киҺи этигэр хааныгар араас бородукта наадалаах диэн. Ол эбэтэр: араас үүнээйи ас уонна фрукта туҺалаах. Итилэр киҺи доруобай, сэниэлээх, үчүгэй настарыанньалаах буоларыгар туҺалыыр.

- Онтон кэмпиэт арааҺа, сахалаат, мороженнай олус буортулаахтар. Истэ5ин дуо, Маша? Итилэргэ битэмиин суох.

- Билигин ханнык үүнээйи астарга уонна фрукталарга А, В, С, Д битэмииннэр баалларын көрүө5үн: (хартыыналары көрөллөр)

1. Хара5ын үчүгэй туруктаах,

Үчүгэйдик көрөргөр

Моркуоп согун ис

Моркуобу сиэ…манны өйдөөн

(бу А витамин)

2. Эрдэ туран

Овсянка хааҺыта сиэ

Хара хлеб туҺата элбэх…

(бу Витамин В)


3. Балык сыата

Доруобуйа5ын тупсарыа,

Ыалдьар диэни билиэӊ суо5а

(бу Витамин Д)

4. Грипптэн, күөмэй ыарыытыттан

Апельсин фрукта туҺалыа

Лимон аҺыы да буоллар

ТуҺата улахан

(бу Витамин С)

- А, В, С, Д битэмииннэри туҺаныан куруутун доруобай, күлэ-үөрэ сылдьыаххыт…

Витамин А - дыня, морковь, чеснок, капуста, петрушка, персик, тыква, репа, помидор.

Витамин В - рис, изюм, фасоль, рыба, яйца, сыр, йогурт, орехи, банан, горох, килиэп, тэллэй, творог.

Витамин С - черная смородина, шиповник, апельсин, лимон, лук, петрушка, яблоко.

Витамин Д – балык сыата, сибиэҺэй үүнээйи аҺа, сливочнай арыы.


  • Физкультминутка (о5олор хамсанан көрдөрөллөр)

Хайдах олоро5ут??

Маннык! (Улахан тарбахтарын үөҺээ көрдөрөллөр) Хайдах сөтүөлүүгүт??

Маннык! (Сөтүө хамсаныытын көрдөрөллөр) Хайдах сүүрэ5ит?

Маннык! (Сүүрэн көрдөрөллөр)

Илиибитинэн хайдах покалаҺабытый??

Маннык! (Илиилэринэн дайбааттыллар)

Хайдах утуйабытый??

Маннык! (харахтарын симэннэр, илиилэрин иэдэстэригэр ууран көрдоөрөллөр)

Хайдах мэниктиибитий? Маннык! (Мэниктээн, ыстанан көрдоөрөллөр )

Маладьыастар!


Баспытаатал:: Билигин оонньуохпут. Оонньуубут аата «Буортулаах уонна туҺалаах»

- Бу корзина5а угабыт хартыыналартан көрө-көрө туҺалаах астары, онтон бу коробка5а уурабыт киҺи доруобуйатыгар буортулаах астары. (о5олор биирдии-биирдии кэлэн корзина5а, коробка5а угаллар.

Баспытаатал: Дьэ, биҺи анны билэбит тугу сөпкө аҺаан сиэн сылдьыахтаахпытын. Оннук дуо, о5олор? Машабыт ону эмиэ биллэ-көрдө уонна кини аны мээнэ аҺы сиэбэккэ сөптөөх битэмииннээх астары сиэ диэн эрэниэ5ин…Кини билигин дьонугар, до5отторугар баран кэпсиэ5э тугу билбитин, көрбүтүн. ПокалаҺабыт, о5олор…


-О5олор, детсадка кэлэн эҺиги тугу аҺыыгыт? (о5олор эппиэттэрэ)

- Сөпкө этэ5ит, маӊнай хааҺы туҺалаах, күүс сэниэ биэрэр.

- өссө биир оонньууну оонньуо5ун: Биирдии-биирдии тахса5ыт, хараххытын баайабын уонна ас амтанын билиэхтээххит. (оонньуу са5аланар)

Оонньуу рефлексията «Интервью» - Баспытаатал о5олортон интервью ылар:

Бүгүӊӊү занятия5а туох туҺунан кэпсэттибитий?

Ханнык витаминнар бааллар эбитий?

Ким ыалдьыттаан барда?

  • Ханнык фрукталар, үүнээйи астара туҺалаахтарый?

  • Кока-кола туҺалаах дуо?

  • Витаминнар туохха туҺалаахтарый?








Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэ5ириитин Министиэристибэтин

Үөһээ Дьааңы улууһун Үөрэ5ин управлөнията

Суордаах о5о саада







Орто уонна старшай группа5а ыытыллар аҺа5ас занятия конспега

«Битэмиин»






Ыытта: «Күнчээн» о5о саадын

баспытаатала

Слепцова М.С.



2016с