Улахан болох о5олоругар экологияҕа аналлаах аьа5ас дьайымал конспега.
Тиэмэтэ: «Салгыны кордооччулэр»
Кунэ – дьыла: 9.12.2015с
Сыала: - чинчийии нонуо билэр-корор сатабылларын урдэтии.
- салгын ис туругун чинчийэн билии.
- уорэх биэс уобаластарын сайыннарыы.
Туттартэрил: альбом, харандаас, пакеттар, гуашь, туруубкалар, мусорнай пакет, калпаак, уу, леголар, ньуоска, фонарь, саарык.
Дьайымал барыыта:
И - Дорооболорун о5олор мин эьиэхэ лабораторияттан кэллим сурук а5аллым, арыйан коруо5ун. Таабырын эбит, таайыазын. онтон корон иьиэхпит, тугу гынарбытын.
«Муннугунан тыынан, тына5а киирэр, онтон тоттору тахсар, кини костубэт, онтуката суох киьи кыайан олорбот, тыынарга наада» ол тугуй?
О-салгын.
И-сопко таайдыбыт, аны суруйбуттар, салгын туьунан опытта онорун , бу таблица соруда5ын толорун. Опыт оноро миигин кытта лабораторияҕа барыаҕын. Оҕолор лаборатория диэн тугуй?ол чинчийэр хос, опыт онорор хос. Ол аата бугун биьиги туохтар буолабыт.
О-Ученайдар.
И- саамай соп.
И- бу лабораториябытыгар кэллибит, манна формата суох киирбэппит, форма кэтэбит.( пакет халат, калпаак бэргэьэ).
И-туттар тэриллэрбит бааллар, бары таблицабытыгар, быьааран баран тумукпутун бэлиэтээн иьиэхпит.
И- бастакы опытпыт. Салгын ханна баарын кордоон, тутан кордорун.(болох иьигэр кордуубут).
И- хайдах тутабыт? Бу пакетынан тутан ылын уонна баайан кэбиьин. Пакетпыт уллэн хаалла, салгыммытын хаайдыбыт. Тоттору таьааран коробут, пакетпыт синньээн хаалла, салгыммыт тахсан барда, тоттору киллэрэбит.ол аата салгын баар диэн быьаардыбыт. Таблицабытыгар салгын баар диэн быьаардыбыт диэн бэлиэ туруорабыт.
И-иккис опытпыт: салгын оҥноох дуо? Фонаригынан тыктаран коробут, фонарикпыт сырдатар эрэ. Салгыммыт оно суо5ун быьаардыбыт, таблица5а бэлиэтиибит.
И-уьус опытпыт: тимиргэ салгын баар дуо? Плассмааска баар дуу? тимирэр буолла5ына салгына суох, тимирбэт буолла5ына иьигэр салгын баар диэн быьаарабыт. Коробкатттан ылан ууга угабыт. Таблицаза салгына суох малы сотобут.
Физ/мунуутэ: О5олоор кыратык сынньана таарыйа саарыгынан оонньуохпут. (саарыгы туьэрбэккэ бэрсэллэр).
И-эьиги уруьуйдуургутун собулуугут дуо? Тугунан урьуйдуургутун собулуугут? Билигин биьиги салгынынан урьуйдуохпут. Бу тордус опытпыт буолар. (кумаа5ыга гуашь тамалатан клякса туьэрэбит, ону туруубканан урэн ойуу оноробут, туохха майгыннаабытын этэллэр). Кытыытын фломастерынан тардан онорон биэрэбит. Выставка онорон ыйыыбыт. Таблицабытыгар бэлиэтиибит.
О5олоор таблицабыт барыта туолла. Чинчийэр улэбит буттэ. Формабытын устабыт. таблицаны корон тугу быьаарбыппытын тумук оноробут. (слайд холбонор).
-Салгын баар эбит.
-салгын оно суох, костубэт эбит.
-салгын плассмааска баар, тимиргэ суох диэн.
- салгын таьааран уруьуй оноруохха соп эбит.
О5олоор эьиэхэ сорудах биэрэбин: салгын ууттан ыарахан дуу? чэпчэки дуу? дьиэ5итигэр дьоннутуттан ыйытан опытта онорон короорун.
Корсуоххэ дылы.
МБДОУ ЦРР д/с «Мичээр» с.Бетюнцы.
Улахан болох о5олоругар экологияҕа аналлаах аьа5ас дьайымал конспега.
Воспитатель: Кудинова А.М.
Пед.стаж: 11 лет
Категория: первая
2015г