Пособие для воспитателей, психологов Мин кунчээммин

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...










































«Мин кунчээммин»
(4-6 диэри саастаах о5олорго психологическай эрчиллиилэр, оонньуулар).



Воспитатель: Кудинова А.М.










































Иһинээ5итэ


  1. Быһаарыы сурук.

  2. «Санаабытын үллэстиэх».

  3. «Толкуйдаа, оонньоо».

  4. «О5о оонньууруттан салгыбат»,























Быһаарыы сурук


Оҕо уонна улахан киҺи тутта-хапта сылдьара, сүргэтин көтөҕүүтэ, иэйиитэ, толлубакка бодоруҺан кэпсэтэрэ, кини уйулҕатын доруобуйатыттан күүскэ тутулуктаах – диэн уйулҕа үөрэҕин үөрэтээччилэрэ этэллэр.

Оскуола иннинээҕи сааҺыгар оҕо психическэй процесстарын сайдыыта билэ-көрө сатыыр дьоҕура, бэйэтэ толкуйдаан таҺаарар кыаҕа үрдүүр. Ону таҺынан инники олоҕор киэҥ эйгэҕэ тахсарын учуоттаан бодоруҺа үөрэнэригэр, биир сомоҕо буолуу өйдөбүлүн ылар гына иитии-үөрэтии барыахтаах.Бу үлэни сөптөөхтүк тэрийэргэ сүрүн ньыма үөрэтии буолар.

Оҕону кыра сааһыттан толкуйдаан оҥорон таһаарар сатабылын сайыннара сатыырга ситиһиллиэхтээх. Оччоҕо оҕо ханнык баҕарар олоҕор көрсөр түгэннэрин, сөпкө толкуйдаан оҥоро үөрэниэ.

Бу эрчиллиилэри оҕо сайдыытын учуоттаан биирдилээн эбэтэр бөлөҕунэн ыытар дарыктарга туһаныахха сөп.

Оонньуулар үс көрүӊт темаларга араарыллыннылар: ”Санаабытын үллэстиэх” бэйэ – бэйэни кытта билсиһии, дорооболоһуу, “Толкуйдаа, оонньоо” тыл-өй оонньуулара, “Озо оонньууруттан салгыбат” хамсаныылаах оонньуулар. Саха оҕото өйүн сайдар уратытын учуоттаан саха тылынан суруллан оҥоһулунна .




Сүрүн сыала:

Сорудахтары биэрэн оҕо билэ-көрө сатыыр дьоҕурун сайыннарыы.

Оҕо психическэй процесстарын, ситимнээх саҥатын сайыннарыы.

Тулуурдаах, биир сомоҕо буоларга иитии.


Үөрэтии түмүгэр оҕо билэрэ сатыыра:

Оҕо түмсүүлээх буолар, бодоруҺа үөрэнэр.

Толкуйдаан кэпсиир, тылын саппааҺа элбиир.

Бэйэ санаатын үрдэтэргэ дьулуһар.











«Санаабытын уллэстиэх».


Сыала:

  1. Иллээх-эйэлээх түмсүүлээх буолууга иитии,

2. Истин иэйии эйгэтин тэрийии.


«Мичээр»

Эрчиллии ис туруга: о5о5о мээчик бэриллэр, ылбыт о5о салгыы мээчиги ыытар.

Туьаайыга: бэйэ-бэйэзэ мичээрдээн коруу.

Туттар тэрил: мээчик.


«Дорообо!»

Эрчиллии ис туруга: «Дорообо»- диэн тылы кыратык, улаханнык, сибигинийэн этии.

Туьаайыга: куолаьын уларытан, бииргэ этэр .

Туттар тэрил: суох


«Мин куобахпын»

Эрчиллии ис туруга: Мин куобахпын, эн кимниний?.

Туьаайыга: О5о бэйэтин аатын этэр.

Туттар тэрил: Сымназас оонньуур.



«Мин оонньуурум».

Эрчиллии ис туруга:. оонньууру талан ылан, оонньуурдар ааттарыттан дорооболоьуу.

Туьаайыга: оонньуурдар ааттарын сопко этии.

Туттар тэрил: араас оонньуурдар.


«Хайзабыл»

Эрчиллии ис туруга: Бэйэ-бэйэни хай5аьан этии. Туьаайыга:киһи учугэй өрүтүн арааран билии.

Туттар тэрил: суох.


« Утуо-кунунэн!».

Эрчиллии ис туруга: Илиилэринэн кѳрдѳрүү «Үтүѳ күнүнэн кѳмүс күнүм!», «Үтүѳ-күнүнэн күѳх халлааным!», «Үтүѳ-күнүнэн мэник тыалчааным!», «Үтүѳ-күнүнэн мин до5орум!».

Туьаайыга: Тулалыыр эйгэни чугастык ылыныы.

Туттар тэрил: суох


«Тарбахчааннар»

Эрчиллии ис туруга: бэйэ-бэйэлэрин кытта араастык туттуу: кѳхсүлэринэн, истэринэн, тобуктарынан, тарбахтарынан, суустэринэн.

Туьаайыга: чугастык бэйэ-бэйэни кытта билсии.

Туттар тэрил: суох.

«Таптал аат»

Ооонньуу ис туруга: «Сардаанчык, Сашенька, Сайааночка» уо.д.а.

Туьаайыга: таптал ааттарынан дорооболоһуу.

Туттар тэрил: суох




«Сурэх»

Эрчиллии ис туруга: Сүрэӄи ытыска тутан үрүү, ону ытыстарынан тутан ылыы.

Туьаайыга: наӄыллык туттан оӊоруу.

Туттар тэрил: суох.


«Араас сирэйдэр»

Эрчиллии ис туруга: Бэйэ-бэйэӄэ араастык сирэйдэрин туттан дорооболоһуу.

Туьаайыга: араас мимиканы туттуу.

Туттар тэрил:суох.


«Мин туохпунуй?»

Эрчиллии ис туруга:тыллары хатылаан этии « мин минньигэс барыанньабын, сылаас бэрэскибин, ракетабын, тэтэркэй сибэккибин, саарыкпыт уо.д.а.

Туьаайыга: о5о бэйэтин тэннээн көрөр.

Туттар тэрил: суох


«Мин сургэм»

Эрчиллии ис туруга: Күлэн, хомойон, кыыһыран дорооболоьуу.

Туьаайыга: сургэ улларыйыытын кордоруу.

Туттар тэрил: суох.


«Мин сатыыбын».

Эрчиллии ис туруга: тыллары хатылаан этии: мин учугэй о5обун, ѳйдѳѳх о5обун, кыраьыабай о5обун, бэрээдэктээх о5обун, элбэх до5оттордоохпун, хорсуммун, учугэйдик уруһуйдуубун уо.д.а.

Туьаайыга: учугэй хаачыстыбалаах буолуу.

Туттар тэрил: суох.


«Күнчээн»

Эрчиллии ис туруга: Бэйэ-бэйэӄэ үѳрбүт күнчээни бэрсии.

Туһаайыга: күнчээни көрөн үтүктүү.

Туттар тэрил: хартыына күн.


«Хамсаныы»

Эрчиллии ис туруга: Дорообо – диэн тылы, туран, олорон, кэннилэринэн хааман иьэн, туран эрэ сүүрэн иһэн этэллэр.

Туһаайыга: сөпкө хамсанан оӊоруу.

Туттар тэрил: суох.


«Чуораанчык».

Эрчиллии ис туруга: Нѳрүѳн-нѳргүй! чуораанчык бэрсии.

Туһаайыга: доргуччу саӊаран этии.

Туттар тэрил: чуораанчык.







« Толкуйдаа, оонньоо!».


Сыала:

  1. Толкуйдуур, айар дьо5уру сайыннарыы

  2. Билэр-кѳрѳр сатабылын чиҥэтии.



«Саамай кылгас тылы бул?»

« Кыптыый, остуол, от, туннук, хаар», «кутурук, тиин, сыыр, ыт, хатын, отон», «биэдэрэ, танас, лыах, ус, ырбаахы, сабыы».


«Салгыы эт»

«Чыычаах кѳтѳр, бѳрѳ…», «саһыл албын,куобах…», ыт түүлээх, ёжик…», «черепаха хаамар, эриэн үѳн….», «элиэ кынаттаах, балык ..», «ыт тыҥырахтаах, ат …».


«Хайда5ый?»

«сакылаат, о5урсу, мас, хаар, ѳрүс, күн, таҥас, быа, олоппос, тыал уо.д.а.


«Атын тылы бул».

«хортуоска, моркуоп, сүбүѳкүлэ, лаампа, помидор», «хатын, бэс, харыйа, тыал, тиит мас», «дьаабылыка, гранат, луук, виноград, груша», «хапта5ас, дьэдьэн, эриэхэ, отон, сугун».

«Утары тылын эт».

«Эйэ5эс-кыыьырымта5ай», «элбэх-а5ыйах», «үѳрэр-хомойор», «улэьит-сурэ5э суох», сылаас-тымныы», «күлэр-ытыыр», «кылгас-уьун», «синньигэс-кэтит» у.д.а.


«Таабырынна толкуйдаа»

Оонньуурдарынан таабырын толкуйдаа.


«Өӊнөрүн бул».

Кыһыл, күѳх, араҥас, кугас ѳҥнѳѳх туох баарый? .


«Уочаратынан уур».

Мас үүнүүтэ, сибэкки үүнүүтэ дьиэ тутуута, ас буһарыы, чоппууска тахсара.


«Туох уратылаа5ый?».

«Уол-кыыс, балык-баӄа, тигээйи-лыах, эһэ-бѳрѳ, мас-талах, кинигэ-хаһыат».


«Кѳрбѳккѳө таай».

Мѳһѳѳччүккэ баар оонньуурдары илиилэринэн бигээн таайыы.


«Туох туһалаа5ый, туох буортулаа5ый».

Араас маллар туох туһалаахтарын, буортулаахтарын таайыы.


«Маннык буолар дуо?».

О5урсу маска үүнэр, хатыҥҥа яблока үүнэр, сайын хайыһар барар, кыһын ыһыах буолар, кураанах кинигэни аа5абыт, балыктар хаарга сылдьаллар, уота суохха кѳрѳбут, ыт икки атахтаах. Салгыы толкуйда.


«Туох тыаьай?».

Кумаа5ы, мас, таас, форфар, тимир, таҥас, курууппалар тыастарын истэн таайыы.


« Эйэӄэс санаа».

Самолет эйэӄэс.Тоӄо диэтэр дьону таьар. Салгыы эт.



« Оӄо оонньууруттан салгыбат»


Сыала:

1. Болђомтону, эти-хааны сайыннарыы

2. Иэйээн санаа туттунуутун намтатыы,


«Поезд»

Оонньуу ис туруга:Поезд буолан бэйэ-бэйэлэриттэн тутуьан мэьэйдэри туораан иьэлэр.

Туьаайыга: илиилэрин ыытаспаттар.


«Саһыл уонна колобок»

Оонньуу ис туруга:Тѳгүрүккэ туран, мээччиги (мээчик колобок буолар)бэрсэн иьэллэр, бытаан онтон түргэн буолан иьэр.ортотугар саьыл буолбут о5о туран эрэ мээчик түстэ5инэ тутан ылыахтаах,онтон мээччиги туһэрбит о5о тахсар.

Туьаайыга: мээччиги туьэрбэккэ ыытыллар.


«Саахымат»

Оонньуу ис туруга: 4-5 о5о коно сурааһынна тураллар, ыытааччы уа-ханас хас хардыы баралларын этэн иьэр, сыыспыт о5о тахсар, атын о5о киирэр.

Туьаайыга: хардыытын сопко истэн толоруохтаах.


«Мээччиктэр».

Оонньуу ис туруга: Тѳгүрүккэ туран бастаан биир мээччиги бэрсэллэр, онтон икки, үс, түѳрт, биэс.

Туьаайыга: мээчиги ылан, туьэрбэккэ биэрэн иьиллиэхтээх.



«Миэстэ5ин бул».

Оонньуу ис туруга:Музыка тыаһыыр о5олор олоппос тула хаамсаллар, музыка тохтуур, миэстэлэргэ олороллор, ол кэннэ олоппос ко5урээн иьэр.

Туьаайыга: Миэстэ5э бэйэ-бэйэлэрин олордон иьэллэр.ким да туораабат.



«Мин до5орум».

Оонньуу ис туруга: Биир о5о боро буолар. Икки эрээккэ турар озолор утарыта суурэн илиилэриттэн тутуьуохтаахтар.

Туьаайыга: борозо таарыйтарыа суохтаахтар.


«Ардах».

Оонньуу ис туруга: Бары олороллор уочаратынан таьыналлар: тарбахтарынан, ытыстарынан, тобуктарыгар охсоллор, атахтарын тыаьаталлар. Онтон тоттору кыччатан онороллор.

Туьаайыга: бары тэннэ тыас таьаарыахтаахтар.


«Тыал, ардах».

Оонньуу ис туруга: тыаллар, былыттар диэн анаардаьан тураллар

тыаллар шш-шш тыаьаан хамсанан былыттарга кэлэллэр, былыттар ытыстарын тыаьатан ардах туьэрэн, тыалтан тэйэ хаамаллар, онтон оруолларын атастаьаллар. Тумугэр ардах буолан туохха туьалаатын диэн ыйытык бэриллэр.

Туьаайыга: тыастарын сопко тыаьатан оноруу.





« Куобах уонна слон».

Оонньуу ис туруга: Куобах хайдах куттанарын кѳрдѳруу, бѳрѳнү кѳрдѳ5үнэ хайдах буоларый, онтон слон, хахай хайдах хаамарын, кѳрдѳрѳллѳр.

Туьаайыга: хорсун, куттас хаачыстыбатын араарыы.


«Ким ункуулэттэ».

Оонньуу ис туруга: Озолор харахтарын симэн тураллар, музыка тыаьыгар атын о5олор ункулэтэллэр, харахтарын аьан ким ункуулэппитин таайаллар.

Туьаайыга: корбокко хамсаныы нонуо таайыы.

« Улларыйбыт оонньуу»

Оонньуу ис туруа: биир озо таска тахсар, .араас оонньуурдары тутан олорон улларыталлар. Озо киирэн таайар.

Туьаайыга: улларыйбыт ооньуурдары этэн, миэстэтин булларар.






















Туттуллубут литература:


  1. Е.К.Шапиро «Если у ребенка страхи».

Санкт-Петербург, 2011.

  1. Кира Кононович «Игры в тренинге для ума и тела» Санкт-Петербург, 2010.