Тезис доклада “Таптыыр Мэҥэм суруйааччыта – И.М.Сосин”
”Сосин кинигэлэрэ – айылҕа учебниктара”
Ксенофонт Уткин – Нүһүлгэн.
Саха биллиилээх суруйааччыта, поэт, СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “РФ култуураҕа ситиһиилэрин иһин” бэлиэлээх, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа, Моорук, Тараҕай нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Михайлович Сосин мин сөбүлүүр суруйааччым буолар.Кини 1928 с. Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Алаас Моорук нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1964 сылтан ССРС Суруналыыстарын, 1991 сылтан РФ суруйааччыларын союһун чилиэнэ.
Уол оҕо аҕыс кырыылаах диэн норуокка бэргэн этии баар. Иннокентий Михайлович Сосины биир оннук талааннаах киһинэн ааҕабын. Кини суруйууларын оҕотуттан улахан дьонугар тиийэ сөбүлээн ааҕабыт.
Кини бастаан норуокка 1. лирик-поэт быһыытынан киэҥник биллибитэ. “Сүрэҕим иэйиитэ” диэн ырыанньыктаах. “Биригэдьиир Марыына”, “Үчүгэй Суолабыт”, “Мүрү-Мүрү барахсан”, “Байкалов туһунан ырыа” о.д.а. ырыалары уостан түһэрбэккэ (4. Элбэх ырыанньык автора) үгүс көлүөнэ дьон ыллаабыт уонна ыллыыр ырыалара буолаллар. Билигин “Тус хоту”, “Майа” дьон сөбүлээн ыллыыр. Иннокентий Михайлович ырыалара өссө даҕаны ыллана, кэрэҕэ, үрдүккэ угуйа туруохтара дии саныыбын.
2. Оҕо суруйааччыта Оҕолорго анаан хас да кинигэлэрдээх. “Ойуурга моҕотой угуйар” диэн кинигэтэ оҕолорго да, төрөппүккэ да, ааҕааччыга да олус наадалаах, туһалаах кинигэ. Бу кинигэттэн айылҕаны кэтээн көрүүгэ, күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ үөрэниэххэ сөп.
3.Сэһэнньит. “Алааһым аргыс тыала” сэһэнин ааҕа олорон алаас ахтылҕаннааҕын, күндүтүн өйдүүгүн. Бу кинигэни биһиги дьиэ кэргэнинэн аахпыппыт.
4. Суруйааччы кэпсээнньит быһыытынан оҕолорго анаабыт кинигэлэрэ айылҕаны харыстыырга, айылҕаҕа эмиэ туспа олох баарын болҕойон, кэтээн көрөргө анаммыттар. Кини айымньыларыгар кыыллар, көтөрдөр олохторо кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэллэр, оҕо билиэх-көрүөх баҕатын уһугуннараллар.
5. Күнү-дьылы билгэлээччи. Г.В.Попов И.Сосины “саха Виталий Бианкита” диэн үрдүк сыанабылы биэрбитэ. Иннокентий Михайлович күнү-дьылы билгэлиир айымньылара айылҕа кистэлэҥэр, оҕо ырыҥалыыр, толкуйдуур, сыымайдыыр сатабылын уһугуннарар, айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа иитэр ураты суолталаахтар.
“… төрөөбүт айылҕа кэрэтин, кинини кэтээн көрүү уонна оҕолорго өйдөнүмтүөтүк тиэрдии И.Сосин айар үлэтин биир сүнньэ” диэн фнк Г.В.Попов олус бэргэнник эппитэ. Оҕо алын кылаастан биир дойдулаахпын И.Сосин айылҕа, тулалыыр эйгэ туһунан мындыр айымньыларын кытта алтыһан, уйаҕас дууһатынан ылынан, ааҕан саҕалаатаҕына, кэрэ дууһалаах, ыраас санаалаах, ыллыктаах толкуйдаах, киэн көҕүстээх киһи киһитэ тахсыаҕар киһи эрэнэр.
6. Публицист. Иннокентий Михайлович тыа дьиҥнээх үлэһит дьонун туһунан суруйар суруйааччы. “Олох уустара” кинигэтигэр төлөһүтүү маастара Иван Платонов туһунан суруйбутун аахпытым. Иннокентий Сосин нэһилиэкпит кинигэтэ тахсыыгар эмиэ улахан өҥөлөөх. Өлөчөйбүт, дойдубут кырдьаҕастарын үйэтитэн кинигэҕэ киллэрбитэ. Онно аҕабынан эһэм Гаврильев Михаил Михайлович туһунан суруйбутун кэрэхсээн аахтым. 1941-1942, 1942-1943 сыллардааҕы кыһыннар дьон олоҕор олус ыарахан кыстыктар эбиттэр Эһэм туһунан суруйуутун “Оҕус бытаан хаамыытынан” диэн ааттаабыт. Манна сэрии кэмигэр эһэм Михаил Михайлович Иннокентий Сосин убайынаан Ыстапаанныын сэрии саҕаланнаҕын кыһын колкозка оҕуһунан от тиэйэн кыстаабыттарын ахтар. Алдан салаата Мил уонна Тарын Илгэ үрэхтэр икки ардыларыгар күн аайы төттөрү-таары айаннаан кыстаабыт. Наһаа ыарахан кэм эбит. Суола да куһаҕан эбит. Ордук үрүйэҕэ мырааны өксөйүү, түһүү суола куһаҕан эбит. Хара сис суола дулҕата адаархай, силиһэ улахан эбит. Эһэм туһунан ахтыыттан элбэҕи биллим, ыараханы кыайдахха үчүгэй олох кэлэрин.
7. Төрөөбүт дойдутун таптыыр патриот суруйааччы. Суола Эбэ хотун биир дьоһуннаах суруйааччыта И.М.Сосин төрөөбүт дойдутун төрөппүт ийэтин курдук таптыыра. Ол таптала күүһүгэр күүс эбэн “Cуон сурахтаах Суола үрэх”диэн олус үчүгэй кинигэни суруйан бэлэх оҥорбута, кэлэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буола туруоҕа. Кини хас биирдии айымньытыгар Суола үрэх сүүрүгүн тыаһа, хатыҥ чараҥ сэбирдэҕин сипсиэрэ, тыа иһин толорор чыычааҕын ырыата иһиллэр курдук.
8. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Амарах аҕа, эйэҕэс эһэ
И.М.Сосин биһиги Мэҥэлэр киэн туттар суруйааччыбыт. ”Сосин кинигэлэрэ – айылҕа учебниктара”
Салайааччы: Попова Анна Михайловна