Пояснительная записка к рабочей программе КНРС 9 класс

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Быһаарыы сурук

Норуот уйэлэргэ өлбөт-суппэт бар5а баайа – кини национальнай культурата уонна искусствота буолар. Оттон национальнай культура диэн норуот олоххо-дьаһахха, улэ5э-хамнаска, өй-санаа, сиэр-майгы өттутэн атын омуктартан туох уратыны айбыта-туппута барыта ааттаныан сөп.

1992с. торут культураны килэриигэ Саха Республикатыгар уопсай уорэхтээьиннэ концепция ылыныллыбыта.

Хайаан да бу концепцияны олоххо килэрии бары предметтэргэ торут культура уорэ5эр оло5урар.

Предмет бэйэтин ирдэбилинэн улахан уорэ5ирии, сайыннарыы ис кыа5ын инэринэр. Бу концепциянан предмет аайы маннык биллэр педагогтар уорэтиилэрэ иитии улэтин хаамыытыгар киирэр: М.И.Скаткин, И.Я.Лернер, В.П.Беспалько, В.В. Давыдов, В.С. Леднев о.д.а.

Торут культураны уорэтиигэ маннык экспериментальнай уонна авторскай программалаах практик учууталлар ырытыллыбыт улэлэрэ баар: А.А. Нестеров, И.Г.Баишев, Л.К. Избекова, Ж.К. Лебедева, ученайдар Р.И. Бравина, Т.И. Петрова, И.Г.Баишев.

Билинни базовай ирдэбилинэн маннык авторскай болох онорбут барыллара туьаныллар: Р.И. Бравина, Т.И. Петрова, И.Г. Баишев.

Торут культура барыла 9 кылаас уорэнээччилэригэр анаан оноьулунна.

Төрүт культураны оскуолаҕа үөрэтэргэ маннык араас өруттээх сыал-сорук турар:

1) оҕо-ыччат хараҕын аһа оҕо-ыччат хараҕын аһан, болҕомтотун тардан, интириэһин көбүтүү, билиитин-көрүүтүн кэҥэтии, хаҥатыы;

2) эдэр киһи уйулҕатын уһугуннаран, иһирэх иэйиитин сайыннаран, норуота тугу айбытын сэргээн – кэрэхсээн , долгуйар гына иитии;

3) үөрэтэр матырыйаалы бүгүн уол оҕону сыһыаран, ыччакка үтүө өйу-санааны иҥэрии, сиэрдээх быһыыны майгыны олохсутуу;

4) о5о тылын-өһүн байытан, сааьылаан саҥарар, кэккэлээн кэпсиир, оһуордаах-уобарастаах уус тыллаах киһи оҥоруу;

5) оҕону кыра сааһыттан кылыһахтаах ырыалаах. Чуор тойуктаах, үтүөкэн уҥкүүһүт, бэртээхэй битииһит буоларга үөрэтии, уһуйуу, дьоҕурун тобулуу, талаанын таһаары;

6) үүнэр көлүөнэ төрөөбут норуотун мындыр өйүн, амарах сурэҕин, уран тарбаҕын ытыктаан, онон киэн туттан, киһи кэккэтигэр, омук ортотугар тэҥ ҥэ сананан сылдьар дьиннээх интернациолист буоларыгар олук ууруу;

7) оҕону норуот айымньытыгар хомуйар, суруйар, үөрэтэр, чинчийэр идэҕэ чугаһатыы.

Бу программа “Саха сирин төрүт омуктарын культурата” диэн предмет ис хоһоонун сүрүннүүр матырыйаал курдук бэриллэр. Манна олоҕуран оройуон, оскуола, учуутал баар услуобуйаҕа дьүөрэлээн, Ларионов В Р, Саввинов А С, Протопопова Н И, Попова М А,Павлов А Н, Яковлева М П, Попова Г.И. - Санаайа. Филиппова Н. И.Чехордуна Е. П, Флегонтова У. М, Сергина Е.С,Пахомов А. К, Васильева М. С, кинигэлэригэр оло5уран уонна олохтоох матырыйаалы киэҥник киллэрэн, эбэн-кеҕүрэтэн, бэйэтигэр сөптөөх программа оноьулунна.

Программа теоретическай уонна практическай оруттээх.

Саха ыччата кыра сааһытта норуот төрүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт буоруттан силистээх-мутуктаах, толору куттаах-сүрдээх, саха норуотун салгыыр, ураанхай омугу ууһатар киьи буолан тахсыахтаах. Ол иһин бу предмети үөрэтэргэ маннык тохсоллору (принциптэри) тутуһуохха сөп:

1) норуот культуратын үүнэр көлүөнэҕэ ситимин быһыта тыыппакка, биир тиһигинэн (системанан) билиһиннэрии;

2) норуот тугу айбытын“кырааскалаан-тупсаран”, “ыраастаан-чыыскалаан” биэрбэккэ, хайдах баарынан ыччака тириэрдии;

3) үөрэҕи билинии кэм уустук усулуобуйатын кытта сатаан дьүөрэлээн, олоххо, өйгө-санааҕа мындыр (филосовскай) сыһыаны ыччака көрдөрүү.









Үөрэтэр матырыйаал 5 салааҕа түмүлүннэ: олох-дьаһах культуурата итэҕэл, сиэр-туом, үгэстэр, субэлэр-соргулар; историческай көрүү; билиҥҥи культура уонна искусство сайдыыта; хотугу омуктар культуралара. Үөрэх былааныгар көрүллэр чааһы барыллаан маннык үллэриэххэ сөп:



Барыта

34



Маны таһынан, биллэрин курдук, национальнай культура атын предметтэри, холобур, саха литературатын, уруһуй, ырыа, үлэ, физкультура уруоктарын кытта элбэхтик алтыһан киирэ турар.

Учебник суох кэмигэр оҕолор уруокка тылдьыт курдук кылгас бэлиэ, “Айымньы тэтэрээтэ” оҥостоллор. Сыл ахсын реферат суруйаллар. Уерэхтэрин бүтэрэллэригэр түмүк үлэ суруйан, көмүскээн, оскуолаҕа өйдөбүнньүк хааллараллар, баҕа өттүнэн зачет, экзамен да туттарыахтарын да син.



- программа сурун тиэмэлэрин бутэрдэххэ,

- уерэх чиэппэрин тумугэр,

- сыл анарын тумугэр

Уерэнээччи билиитин, сатабылын, уеруйэ5ин сыаналааьын:

Торут культура уруога тургутук тест, ейтен суруйуу, тылынан эппиэттээьин уруога

Торут культураны уорэтиигэ ус культурологическай хайысха баар: культурологическай, историческай, педагогическай. Маннайгы культурологическай коруугэ аныгы киьи культура киинин курдук коруллубутэ: киьи сайдыыта, киьи тас эйгэтэ уонна оло5ун - дьаьа5ын, культуратын уонна иитиитин, культураны ылыныыны, айар дьо5уру, иккис коруугэ- торут культура теоретическай хайысхата . Уьускэ уопсай уорэхтээьин оскуолатыгар (дидактическай уорэтии принциптэрэ торут культураны уорэтии ньымата, материальнай уонна духовнай культуралар культурологическай –педагогическай торуттэрин аналиьа) .

Культурологическай хайысха ньымата антропологическай уорэхтээьиннэ оло5урар. «Антропология» диэн термини И. Кант субэлээбитэ (1724-1804).

Киьи уонна о5о – сурун социокультурнай баайбыт. Антропологическай билии культуролог - учууталга улэлиир дуоьунаьыгар эппиэттиир таьымын киининэн буолар, чуолаан сыалы садаачаны ис хоьоону уорэтии технологиятын сибээстиир.

Ол курдук чопчу культурологическай уорэтии ньыматын торуттэрэ тус бэйэ5э туьаайыллыбыт, уорэтиллибит педагогическай технологияны ылынарга уорэтиллэр, уопсай уорэхтээьин оскуолатыгар торут культура учуутала тус бэйэтигэр аналлаах, туьааннаах аныгы уйэ5э билинни кэм ирдэбилигэр соп тубэьэр иьитиннэриилэргэ, кордоруулэргэ оло5урар.

Киьи аймах олорон ааспыт историятын ырыналаан кордоххо, ханнык ба5арар норуот уйэлэргэ олбот- суппэт бар5а баайынан кини культурата уонна искусствота буолар.

Торут культураны уорэтии ньыматын ис хоьооно туорт торуоккэ оло5урар: онтологическай, гносиологическай, аксиологическай, праксиологическай.

Онтологическай торуот - саастарынан арааран, хас биирдии о5о индивидуальнай орутун коруу.

Гносиологическай торуот – хас биирдии киьи улэтин –хамнааьын сыаннастарын учуоттуур коруу.

Аксеологическай торуот – уорэнээччини торообут культуратын сыаналыыр уонна харыстыыр гына уорэтии.

Бу уорэтии барыта наука уорэ5эр оло5урар, уорэх сыалын - соругун, уорэтии хаамыытын, ньымаларын уонна форматын сыьыарар.

Торут культура уруога торообут дойду туьунан элбэх сананы, туьалаа5ы кэпсиир.

Культураны уорэтии ойу- санааны сааьылыыр, атын предметтэртэн ылбыт билиигин ситимниир, диринэтэр.



Торут культура педметэ маннык коруулэргэ арахсар:

- материальнай

- духовнай

- саха норуотун историятын суола

-аныгы культура уонна искусство

- а5ыйах ахсааннаах норуоттар культуралара

О5о культура суппэт баайа буоларын ойдооьунэ:

- обугэлэрбит торут угэстэригэр уонна ытыктабыллаах сыьыаннаах буолалларыгар иитии

- туспа бэйэтэ киьи быьыытынан духовнай ойдоох- санаалаах буолан тахсарын ирдээьин

- сиэрдээх угэстэргэ чугаьатыы

- духовнай культура норуот уйэлэргэ олбот суппэт бар5а баайын сиэри –майгыны, бэрээдэги сайыннарыы.

Ол курдук интеллектуальнай уонна духовнай – практическай уоруйэхтэр уонна сатабыл предмети уорэтиигэ уорэх сурун методическай киининэн буолар.

Саха торут культурата диэн бу бугун норуот тун былыргыттан олорон кэлбит оло5ун,ойун-санаатын хабан араас оруттээх киэн ис хоьоонноох дирин силистээх – мутуктаах уорэ5э буолар. Онно маннык тосхоллору ылынабыт :

1 Норуот тугу айбытын хайдах баарынан о5олорго биэрии- тириэрдии

2 Ситимнээн быьыта тыыппакка

3 Бэйэ5э сыьыаннаан уорэтии

4 О5ону сайыннарыы

Итэ5эл-айыл5а араас костуутун тыыннаах курдук санаан айыл5а5а сугуруйууттэн тахсыбыт. Айыл5а дьикти костуутун эгэлгэ кууьун былыргы саха « тыыннаах куус» уоьэттэн дьайарынан быьаарара. Ол иьин итэ5эл бастакы торутунэн Куннэ, Ыйга, Сулустарга сугуруйуу уоскээбитэ. Итэ5элтэн саха бэйэтин айыл5а о5отунан аа5ынар. Айыылартан сирдээ5и олох , дьон –сэргэ дьыл5ата тутулуктаах, кинилэргэ о5олору сугуруйэр, олохторо, улэлэрэ- хамнастара тупсар, быьыылара- майгылара, ойдоро- санаалара, эттэрэ- хааннара чол , чэбдик буолалларыгар уорэтэбит, иитэбит.

Духовнай кульура – нация оло5ун костуутэ эрэ буолбакка, бу омук сайдыытын таьымын, ойун- санаатын, сиэрин- туомун саамай ча5ылхай кэрэьитэ. О5о кыра сааьыттан норуот торут культуратын этигэр- хааныгар инэрэн, торообут буоруттан силистээх мутуктаах, толору куттаах- сурдээх, саха норуотун салгыыр, ураанхай омугу ууьатар киьи буолуохтаах. Саха угэьин, туомун 9 кылааска сиьилии уорэтиллэр. Саханы саха ааттатаары уунэр колуонэ ыччат инники оло5ун учугэй санаалаах коруохтээх.

Норуоттар духовнай культуралара баай, кэрэ, умсугутуулаах уонна сайдар кэскилэ киэн: биьиги фольклорбут, олонхобут, ырыабыт-тойукпут, хомуспут, оьуокайбыт биьиги утуо угэстэрбит, аан дойдуга сэнээриини ылбыт театральнай искусствобыт, ураты ис хоьоонноох музейбыт, историябыт уонна культурабыт пааматынньыктара. Биьиги торообут тылбыт, уус уран литературабыт, ойуулуур- дьуьуннуур искусствобыт, музыкабыт уонна ункуубут. Сахабыт сирин уран тарбахтара, мындыр уустара, норуот ырыаьыттара уонна эмчиттэрэ, киэн туттар суруйааччыларбыт, учуонайдарбыт, артистабыт, художниктарбыт, композитордарбыт, энтузиаст учууталларбыт, культура уонна искусство деятеллэрэ. Маны барытын 9 кылааска торут культура уруогар сиьилии уорэтэбит.

Национальнай концепция ус сурун хайысхалаах: 1. Бэйэ омугун тилиннэрии, 2. Тылы тилиннэрии, 3. Культураны сэргэхситии.

Торут культура уруогар 9 кылаас уорэнээччилэригэр маннык литературалары туьанабын: Константинова А.Я. «Саха торут культурата», Пахомов А.К. «Саха сирин историятыттан кэпсээннэр», Таксами Ч.М. «Культура народов севера в лицах», Кейметинов В.С. «Эвенский язык», Поликарпова Е.М. «Саха литературата», Попова М.А. «Саха угэьин торут ойдобулэ», Бравина Р.И. «Олох уонна олуу саха итэ5элигэр», Ларионов В.Р. «Саха Айыы киьитэ», Сивцев Д.К. «Саха фольклора», Васильев Н.И. «История Якутии», Саввинов Н.Е. «Обугэлэрбит олохторо дьаьахтара», Сэьэн Боло «Суду торуттэрбит олохторуттан», Тэки Одулок «Улахан Имтеургин оло5о», Алексеев М.П.- Дапсы «Саха тылын уйэлээх угэьин тылдьыта», Ладина Курилова «Улуро Адо», Платон Ламутскай «Сырдыкка айан», Андрей Кривошапкин «Хаардаах хайаларым аанньаллара», Замятин Т.И. «Энсиэли хочотугар», Кулан «Сана кэм», Филиппова Н.И. «Тыл оьуора», Бравина Р.И. «Олох уонна олуу саха итэ5элигэр», Худяков И.А, В. А. Серошевский «Якуты»,. Ястремскай С. В, Ионов В. М. о.д.а.