Конспект урока Балыксыт алгыьа

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Күнэ – дьыла: 27.11.2010

Кылааһа: 6

Уруога: төрүт культура (биология, технология)

Темата: Балыксыт алгыһа.Балыктааһын.

Сыала:

  • балыксыт алгыһын, балыктыыр тэриллэр туһунан үөрэтии;

  • оҕо толкуйдуур, саҥарар дьоҕурун сайыннарыы;

  • тулалыыр эйгэҕэ , саха норуотун үгэстэригэр сиэрдээх сыһыаны иитии.



Теманы үөрэтии







































































Чиҥэтии

Бүгүн биһиги оҕолоор, балыксыт алгыһын, балыктааһын, балык туһунан кэпсэтиэхпит, ооньуохпут.Бүгүн уруокпутугар ассистенынан биология учуутала Тектясова А.А., технология учуутала Копырина К,Г. кэллилэр.


Көмүс курдук хатырыктаах

Көтөр курдук кынаттаах

Күөх далай дойдулаах

Көхтөөх элбэх доҕордоох

  • диэн хоһоонунан уруокпутун

саҕалыыбыт. Бары билэрбит курдук, биһиги Чэриктэйбит Алдан өрүһүгэр олус элбэх балык арааһа баар. Оҕолоор, бары балыктыыргытын сөбүлүүгүт дуо.

Сир – дойду ото – маһа, сирэ – уота, уута барыта тус туһунан иччилээх диэн өбүгэлэрбит өйдүүллэрэ. Киһи иччигэ үчүгэйдик сыһыаннаһар буоллаҕына, киниэхэ эрэ үтүөнү оҥорор, барыттан – бары араҥаччылыы сылдьар.Оттон куһаҕаны оҥорбутуҥ – иэстэбиллээх.Ол курдук, булчут, балыксыт барыта бастаан алгыс этэн көрдөһүөхтээх. Билигин биһиги аҕыйах алгыһы көрүөхпүт.

Күөх уу үтүө иччитэ- Күөх Боллох Тойон-

Күндү минньигэс

Күөх ыраас уунан

Күн дьонун көчүппүт,

Көмүс хатырыктааҕынан,

Күлүмүрдэс бэйэлээҕинэн

Улуу дьонун утаҕын ханнарбыт,

Аатырар балык астаах,

Абырыллаах аналлаах

Күөх Боллох Тойон


Эбэ иччититтэн айах тутан көрдөһөллөр:

Күөх далай иччитэ

Эһэм Эрэлик Тойон

Сүҥкэн Эбэ Хотун

Үтүөнэн айыылыы көрсүҥ

Былыргыларыҥ быһаҕаһа,

Уруккуларыҥ тобоҕо

Эйиэхэ дьол – соргу көрдөһө

Киирэр күммүт буолла...


Балык саҥа тэрилин туттуох иннинэ
арчы тылын этэллэр:


Сүҥ Хаан сүргүүрэ,

Дьаа Буурай дьалбыыра

Орой Буурай Тойон арчыта

Куор бөҕөнү хоҥнордум,

Дьай бөҕөнү араардым,

Алыас, алыас, алыас...


Дьэ ити курдук балыксыт алгыһын иһиттибит, Оҕолоор, эһиги балыктыыргытын төһө сөбүлүүгүт?Балыктыаххыт иннинэ көрдөһөҕүт дуо?

Аны билигин эһиэхэ Алена Алексеевна балык киһи доруобуйатыгар туһатын уонна балык араастарын, туттулун туһунан кэпсиэҕэ.





Билигин биһиги икки хамаандаҕа арахсан оонньуохпут.

1 оонньуубут «Балыксыт»

1 мүн. Иһигэр хайа хамаанда элбэх балыгы хаптарар эбитий.


Сөп, маладьыастар бары сүрдээх балыксыттар эбиккит.

Иккис оонньуубут хайа хамаанда элбэх балык арааһын билэр эбитий, илиис түҥэтэбин, онно эһиги суруйаҕыт, биир мүн. хомуйабын.


Үһүс оонньуу Таабырынна таай

  1. балык

  2. туу

  3. илим

  4. туу

  5. муҥха

  6. тыы

  7. балык

Сөп, маладьыастар, аны сагыы балыктыыр тэрили төһө билэргитин бэрэбиэркэлиибит, оҕолор илиигитин уунаҕыт.

.Салгыы Куннэй Гаврильевна эһиэхэ кылгастык балыктан оҥоһуллубут бүлүүдэлэр тустарынан кэпсиэҕэ.

Биһиги курдук тымныы айылҕалаах дойдуга балык, эт уонна үрүҥ ас – тыыннаах буолар төрүт астарбыт. Биһиэхэ эппит – хааммыт тыйыс усулоуобуйаны тулуйар туруктаах буолуутун хааччыйар иҥэмтэлээх эттиги битэмиини биэрэр. Биһиги өбүгэлэрбит балыгы тото – хана аһаан, тоҥ маһы тосторута тутар тоҥ иҥиирдээх, күүстээх – уохтаах дьон.


Түмүк

Сыана туруоруу

Юлий –

Айаал –

Вика –

Аня –

Мария –

Лера –

Дайаана –

Натали -

Дьиэ5э үлэ биэрии


Дьиэҕитигэр балыксыкка сыһыаннаах алгыста суруйан аҕалҕыт.