Үлэ барыла
Норуот уйэлэргэ өлбөт-суппэт бар5а баайа – кини национальнай культурата уонна искусствота буолар. Оттон национальнай культура диэн норуот олоххо-дьаһахха, улэ5э-хамнаска, өй-санаа, сиэр-майгы өттутэн атын омуктартан туох уратыны айбыта-туппута барыта ааттаныан сөп.
1992с. торут культураны килэриигэ Саха Республикатыгар уопсай уорэхтээьиннэ концепция ылыныллыбыта.
Хайаан да бу концепцияны олоххо килэрии бары предметтэргэ торут культура уорэ5эр оло5урар.
Торут культураны уорэтиигэ маннык экспериментальнай уонна авторскай программалаах практик учууталлар ырытыллыбыт улэлэрэ баар: Нестеров А.А, Баишев И.Г, Избекова Л.К, Лебедева Ж.К, ученайдар Бравина Р.И, Петрова Т.И, Баишев И.Г.
Билинни базовай ирдэбилинэн маннык авторскай болох онорбут барыллара туьаныллар: Бравина Р.И, Петрова Т.И, Баишев И.Г.
Саха ыччата кыра сааһыттан норуот төрүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт буоруттан силистээх-мутуктаах, толору куттаах-сүрдээх, саха норуотун салгыыр, ураанхай омугу ууһатар киьи буолан тахсыахтаах. Ол иһин бу предмети үөрэтэргэ маннык тохсоллору (принциптэри) тутуһуохха сөп:
1) норуот культуратын үүнэр көлүөнэҕэ ситимин быһыта тыыппакка, биир тиһигинэн (системанан) билиһиннэрии;
2) норуот тугу айбытын“кырааскалаан-тупсаран”, “ыраастаан-чыыскалаан” биэрбэккэ, хайдах баарынан ыччака тириэрдии;
3) үөрэҕи билинии кэм уустук усулуобуйатын кытта сатаан дьүөрэлээн, олоххо, өйгө-санааҕа мындыр (филосовскай) сыһыаны ыччака көрдөрүү.
Төрүт культураны оскуолаҕа үөрэтэргэ маннык араас өруттээх сыал-сорук турар;
1) оҕо-ыччат хараҕын аһа оҕо-ыччат хараҕын аһан, болҕомтотун тардан, интириэһин көбүтүү, билиитин-көрүүтүн кэҥэтии, хаҥатыы;
2) эдэр киһи уйулҕатын уһугуннаран, иһирэх иэйиитин сайыннаран, норуота тугу айбытын сэргээн – кэрэхсээн , долгуйар гына иитии;
3) үөрэтэр матырыйаалы бүгүн уол оҕону сыһыаран, ыччакка үтүө өйу-санааны иҥэрии, сиэрдээх быһыыны майгыны олохсутуу;
4) о5о тылын-өһүн байытан, сааьылаан саҥарар, кэккэлээн кэпсиир, оһуордаах-уобарастаах уус тыллаах киһи оҥоруу;
5) оҕону кыра сааһыттан кылыһахтаах ырыалаах. Чуор тойуктаах, үтүөкэн уҥкүүһүт, бэртээхэй битииһит буоларга үөрэтии, уһуйуу, дьоҕурун тобулуу, талаанын таһаары;
6) үүнэр көлүөнэ төрөөбут норуотун мындыр өйүн, амарах сурэҕин, уран тарбаҕын ытыктаан, онон киэн туттан, киһи кэккэтигэр, омук ортотугар тэҥ ҥэ сананан сылдьар дьиннээх интернациолист буоларыгар олук ууруу;
7) оҕону норуот айымньытыгар хомуйар, суруйар, үөрэтэр, чинчийэр идэҕэ чугаһатыы.
Үөрэтэр матырыйаал 5 салааҕа түмүлүннэ: олох-дьаһах культуурата итэҕэл, сиэр-туом, үгэстэр, субэлэр-соргулар; историческай көрүү; билиҥҥи культура уонна искусство сайдыыта; хотугу омуктар культуралара. Үөрэх былааныгар көрүллэр чааһы барыллаан маннык үллэриэххэ сөп:
34
34
34
34
34
34
34
238
Маны таһынан, биллэрин курдук, национальнай культура атын предметтэри, холобур, саха литературатын, уруһуй, ырыа, үлэ, физкультура уруоктарын кытта элбэхтик алтыһан киирэ турар.
Бу программа “Саха сирин төрүт омуктарын культурата” диэн предмет ис хоһоонун сүрүннүүр матырыйаал курдук бэриллэр. Манна олоҕуран оройуон, оскуола, учуутал баар услуобуйаҕа дьүөрэлээн, Ларионов В Р, Саввинов А С, Протопопова Н И, Попова М А,Павлов А Н, Яковлева М П, Попова ГИ- Санаайа. Филиппова Н И,Чехордуна Е П, Флегонтова У М, Сергина Е С,Пахомов А К, Васильева М С кинигэлэригэр оло5уран уонна олохтоох матырыйаалы киэҥник киллэрэн, эбэн-кеҕүрэтэн, бэйэтигэр сөптөөх программа оноьулунна.
Программа теоретическай уонна практическай оруттээх.
Учебник суох кэмигэр оҕолор уруокка тылдьыт курдук кылгас бэлиэ, “Айымньы тэтэрээтэ” оҥостоллор. Сыл ахсын реферат суруйаллар. Уерэхтэрин бүтэрэллэригэр түмүк үлэ суруйан, көмүскээн, оскуолаҕа өйдөбүнньүк хааллараллар, баҕа өттүнэн зачет, экзамен да туттарыахтарын да син.
- программа сурун тиэмэлэрин бутэрдэххэ, - уерэх чиэппэрин тумугэр,
- сыл анарын тумугэр
Уерэнээччи билиитин, сатабылын, уеруйэ5ин сыаналааьын:
Торут культура уруога тургутук тест, ейтен суруйуу, тылынан эппиэттээьин уруога
Торут культура уруогар 11 кылаас уорэнээччилэригэр маннык литературалары туьанабын: Константинова А.Я. «Саха торут культурата», Пахомов А.К. «Саха сирин историятыттан кэпсээннэр», Таксами Ч.М. «Культура народов севера в лицах», Кейметинов В.С. «Эвенский язык», Поликарпова Е.М. «Саха литературата», Попова М.А. «Саха угэьин торут ойдобулэ», Бравина Р.И. «Олох уонна олуу саха итэ5элигэр», Ларионов В.Р. «Саха Айыы киьитэ», Сивцев Д.К. «Саха фольклора», Васильев Н.И. «История Якутии», Саввинов Н.Е. «Обугэлэрбит олохторо дьаьахтара», Сэьэн Боло «Суду торуттэрбит олохторуттан», Тэки Одулок «Улахан Имтеургин оло5о», Алексеев М.П.- Дапсы «Саха тылын уйэлээх угэьин тылдьыта», Ладина Курилова «Улуро Адо», Платон Ламутскай «Сырдыкка айан», Андрей Кривошапкин «Хаардаах хайаларым аанньаллара», Замятин Т.И. «Энсиэли хочотугар», Кулан «Сана кэм», Филиппова Н.И. «Тыл оьуора», Бравина Р.И. «Олох уонна олуу саха итэ5элигэр», Худяков И.А,. Серошевский В. А «Якуты»,. Ястремскай С. В, Ионов В. М. о.д.а.