Библиотечный урок Герой России-М М Стрекаловский

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


07.05.2014 год

Тема библиотечного урока: Герой России- М.М.Стрекаловский.


Уруок темата: М.М.Стрекаловскай – Россия Геройа

  • Сыала: Герой 100 сааһыгар анаан, кини тус уонна бойобуой олоҕун сырдатыы, чинчийэр үлэҕэ интэриэһи тардыы.

Соруктар: - Герой туһунан презентация оҥорон, уруокка таба туһаныы.

  • Оҕолор өйдөөбүттэрин, өйгө туппуттарын хонтуруоллааһын.

I. Тэрээһин. Уруок тематын, сыалын, соругун билиһиннэрии.

Үтүө күнүнэн. Бу олунньу ый оскуолаҕа байыаннай – патриотическай ыйынан биллэриллэн турар. Уус –Алдан улууһун биир киэн туттар Геройа М.М.Стрекаловскай олунньу 4 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сыла туолла. Бүгүн биһиги кини туһунан бэсиэдэ эрэ истэ буолбакка, кэриэстии, ахта – саныы муһуннубут. Билигин 5 слайданы саҥата суох болҕойон ааҕыҥ, өйгүтүгэр тутуҥ, оччоҕо кини олоҕун сырдатарга бэйэҕит, бэлэмнээх буолуоххут. (слайда көрдөрүү)

II. Саҥа тема. Презентацияны көрдөрүү, ыйытыы, ситэрэн быһаарыы

1 слайд. 1 ыйытык

Герой толору аата, төрөөбүт уонна өлбүт сыла. Ханнык государство геройай?

( эппиэт - РФ Геройа Михаил Михайлович Стрекаловскай) М.М.С. – 1914с. олунньу 4 күнүгэр I-Өспөх нэһилиэгэр (Остуойка) аҕыйах сүөһүлээх, бултаан иитиллэн олорор сэттэ оҕолоох ыалга үһүс уолунан төрөөбүтэ. Ол кэм оҕолорун курдук, кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн, булка сыстан улааппыта. Ийэтэ Горохова Дарья Ноевна, Чэриктэйтэн төрүттээх. Кинини ирдэһэ сылдьабын.

2 слайд. Уон сааһыгар Дүпсүн 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэн бүтэрбитэ. Бииргэ үөрэммиттэриттэн В.Ф.Афанасьев-Алданскайы кытта үчүгэйдик санаһаллара. Алданскай кэлэ-бара сылдьан, астына кэпсэтэллэрэ.

3 слайд. М,М. 1936с. оскуоланы бүтэрэн, ликбезкэ, МТС-ка, райзагска инспекторынан үлэлии сылдьан, сэриигэ барбыта. Бу олоҕун алта сылыгар кэргэннэнэр, оҕолонор.

2 ыйытык Маҥнайгы кэргэнин аата, хас оҕолоохторуй?

Эппиэт. Черноградская Елена Иннокентьевна, үстэ оҕоломмуттара. Уол уонна икки игирэ кыыс. Кыргыттарын төрөтөрүгэр, 1939с. кэргэнэ быыһамматах. Оҕолорун бииргэ төрөөбүттэрэ көмөлөһөн иитиспиттэр. Кыргыттара 1946с. сэттэ саастарыгар куорга ыалдьан өлбүттэр. Уолун кэргэнин аҕата, ийэтинэн эһэтэ иитэ ылар.

4 слайд. 1941с. иккиһин кэргэннэнэр. 3 ыйытык:Иккис кэргэнин аата, хас оҕолоохторуй?

Эппиэт: Копырина Александра Михайловна, 8 оҕо – 7 кыыс, 1 уол.

5 слайд. 4 ыйытык: Сэриигэ сылдьыбыт кэмэ – (1942 олунньу - 1945 алтынньы )

Сэриилэспит сирэ: ( Россия, Белоруссия, Польша )

Туораабыт өрүстэрэ: ( Шара, Буг, Нарев )

Наҕараадалара:

1.» Бойобуой Кыһыл Знамя” орден

2. “Аҕа дойду сэриитин 1 степеннээх” орден

3. “Германияны кыайыы иһин “мэтээл

4. “Варшаваны босхолооһун иһин “ мэтээл

5. Сталинтан Махтал сурук

М,М.С. үс аҥар сыл уоттаах сэриигэ сылдьыбыта. Ити киинэҕэ көрөр сэрии тыаһа-ууһа, уулаах окуопа, ардахха-хаарга аһаҕас халлаан анныгар хонуу, араас омуктардыын өлүүнү-сүтүүнү көрсүү, саллаат бары кыһалҕатын, эрэйин-муҥун эт хаанынан билэн, биэстэ ыараханнык бааһыран (оскуолка тыҥатын, быарын таарыйбыта), контузияланан Кыайыыны аҕалсыбыта. (ол туһунан бэйэтин ахтыыта баар – 7 стр. ааҕыы). Барыта 90 суукка кимэн киириигэ, 18 утары атаакаҕа сылдьыбыта. Нарев өрүһү туорааһыҥҥа хорсун быһыыны көрдөрөн, Сов. Союз Геройугар түһэрбиттэрэ. Ону генерал-майор Батов Бойобуой Кыһыл Знамя ордеҥҥа түһэрбит. Саха сириттэн биэс киһи Геройга түспүт докумуоннарын историк-ученай Д.Д.Петров архивтан булан биллэрбитэ. Ону тыыннааҕар туоһулаһан көрбүттэрэ да, бигэргэппэтэхтэрэ. Бүлүүлэр үс киһилэрин туруорсан, А.А.Миронов, Н.А.Кондаков, Н.С.Степанов Герой буолбуттара. Билигин Алдан киһитэ В.Н.Захаров түспэккэ сылдьар.

6 – 13 слайд. Михаил Михайлович сэрииттэн эргиллэн кэлээт, милицияҕа үлэлиэн баҕарбыта да, доруобуйатынан сыыйбыттара. Онон араас үлэҕэ – бухгалтер, лесник, нэһилиэк сэбиэтигэр председатель, кэлин пенсияҕа тахсан баран кадровай булчут. Мэхээлэ саамай туттар тыла байыаннайдыы «Ясно – понятно” диэн этэ. Кини пионердары, ыччаты кытта көрсүһүүлэртэн хаһан да аккаастаммата. Геройга түһэн баран, ылбакка сылдьарын сураһаары, Москваҕа бара сылдьыбыта. Батовы бэйэтин көрсүбүтэ да, урукку уруккунан хааларын курдук эппитэ. 1973с. Уус-Алдантан отучча киһи Москваҕа 65-с Армия ветераннарын көрсүһүүтүгэр барбыттара. Бииргэ сэриигэ сылдьыбыт бойобуой доҕотторун көрсөн, астынан кэлбитэ.

14 – 17 слайд. Саха бастакы Президенэ М.Е.Николаев улуус баһылыга Афанасий Мигалкин о.д.а. туруорсубуттара туолбута. Уус – Алдаҥҥа 52 сыл кэнниттэн, Герой аата чөлүгэр түспүтэ. 1996с. кулун тутар 8 күнүгэр №428 Ыйааҕынан сахалартан бастакынан М.М.С. Россия Геройа буолбута. Муус устар 20 күнүгэр улууска Өнөргө улахан чиэстээһин буолбута. Кырдьык кыайыыта манна буолбута...

Герой Кыһыл сулуһун Дьокуускайга ММ. огдооботугар Копыринаҕа Президент М.Е.Николаев туттарбыта.

26 – 29 слайд. Герой тус олоҕун 9 оҕото, 50 – тан тахса сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар. Чэриктэйи кытта ситимнээх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ баар. Ол курдук, улахан уола Иннокентий (1938 – 1996) кэргэнэ – Светлана Андреевна төрүт Чэриктэй кыыһа. Светлана манна үөрэммитэ, үлэлээбитэ. Кэлин Өнөргө кыыл иитэр фермаҕа ийэтинээн баран, ыал буолбута, 5 оҕолоох, элбэх сиэннээх. Балта Наташа, быраата Борис манна начаалынай оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. М.М.С. орто оҕото, кыыһа Любовь Михайловна бу оскуолаҕа хас да сыл үлэлээбиттэрэ. Кэргэнэ Иннокентий Михайлович физкультура учуутала этэ. Кини нэһилиэк, оскуола олоҕор спорт сайдыытыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Түмүк:

1. М.М.С. – улуус, республика киэн туттар Геройа, кинини билиэхтээхпит, кэриэстээн кини олоҕун, геройдуу быһыытын холобур оҥостуохтаахпыт, атыттарга тиэрдиэхтээхпит.

2. Чэриктэйдээҕи ситимин – сибээһин үөрэтэн – чинчийэн, хаалларар үлэ ыытыллыахтаах.

Болҕомтоҕут иһин махтал.