Быһаарыы сурук
Торут культураны уорэтии ньыматын ис тутула маннык ойдобулгэ оло5урар: айыл5алыын соп тубэьии, норуот культуратыгар соп тубэьии, культура5а, иитии хайысхатыгар, торут итэ5элгэ, бэрээдэккэ иитии.
Ханнык ба5арар предмети уорэтиигэ ити оруттэр киирэллэр эрээри торут культура уорэ5эр куускэ ирдэниллэллэр.
1992с. торут культураны килэриигэ Саха Республикатыгар уопсай уорэхтээьиннэ концепция ылыныллыбыта.
Хайаан да бу концепцияны олоххо килэрии бары предметтэргэ торут культура уорэ5эр оло5урар.
Торут культураны уорэтии сурун уорэхтээьинэ педагогическай, культурологическай уорэтии торуотунэн буолар.
Билинни базовай ирдэбилинэн маннык авторскай болох онорбут барыллара туьаныллар: Р.И. Бравина, Т.И. Петрова, И.Г. Баишев. Бу программа Ларионов В.Р, Саввинов А.С, Протопопова Н.И, Попова М.А,Павлов А.Н., Яковлева М.П, Попова Г.И.- Санаайа. Филиппова Н.И,Чехордуна Е.П, Флегонтова У.М, Сергина Е.С,Пахомов А.К, Васильева М.С. кинигэлэригэр оло5уран оноьулунна. Программа теоретическай уонна практическай оруттээх.
Билинни базовай ирдэбилинэн маннык авторскай болох онорбут барыллара туьаныллар: Р.И. Бравина, Т.И. Петрова, И.Г. Баишев.
Бу барыл “Саха сирин төрүт омуктарын культурата” (кылгатан “Төрүт культурата”) диэн предмет ис хоһоонун сүрүннүүр матырыйаал курдук бэриллэр. Манна олоҕуран оройуон, оскуола, учуутал баар услуобуйаҕа дьүөрэлээн, олохтоох матырыйаалы киэҥник киллэрэн, эбэн-кеҕүрэтэн, бэйэтигэр сөптөөх программа оҥостон үлэлиир кыахтанар.
Торут культура уруогар 6 кылаас уорэнээччилэригэр маннык учебнигы туьанабыт: Сергина Е.С. «Айылгы аартыга».
Сыала:
1. О5о хара5ын аьан бол5омтотун тардыы
2. Бэйэ итэ5элин илдьэ сылдьарыгар иитии.
3. Сиэрдээх быьыыны- майгыны олохсутуу. О5о ойугэр-санаатыгар, кутугар- суругэр уларыйыы тахсыахтаах.
4. Обугэлэрин утумнаан, киьи киьитэбуола улаатарыгар уорэтии.
5 Толорор онорор дьо5урун инэрии
Соруга:
1. Сахалыы сиэринэн иинникигэ бэлэмнээх буолууну ситиьии,
2. Оло5у сахалыы тыыннаан, саналыы коруунэн сал5ааьын
3.Толору то5устаах саха киьитэ буоларын арыйыы
Торут культура барыла 6 кылаас уорэнээччилэригэр анаан оноьулунна.
Торут культураны уорэтии ньымата маннык бэриллибит принциптэргэ оло5урар:
1.Билии источниктарыгар: тылынан (кэпсээн, бэсиэдэ, лекция, дискуссия)
Кордоруллэр (демонстрация, иллюстрация), практическайдар (эрчиллии, лабороторнай улэ, практическай улэ);
2.Билиини тириэрдэр (познавательнай): быьаарар кордорор (репродуктивнай), туьуламмыты наардааьын, кордооьун, чинчийэр;
3. Билиини бэрэбиэркэлээьин сыалынан сана билиини биэрии ньымата, чинэтии ньымата, бэрэбиэркэлээьин ньымата;
4. Билиини биэрии, сана билиини тириэрдии ньымалара.
Торут культураны уорэтии ньыматын ис хоьооно туорт торуоккэ оло5урар: онтологическай, гносиологическай, аксиологическай, праксиологическай.
Онтологическай торуот - саастарынан арааран, хас биирдии о5о индивидуальнай орутун коруу.
Гносиологическай торуот – хас биирдии киьи улэтин –хамнааьын сыаннастарын учуоттуур коруу.
Аксеологическай торуот – уорэнээччини торообут культуратын сыаналыыр уонна харыстыыр гына уорэтии.
Бу уорэтии барыта наука уорэ5эр оло5урар, уорэх сыалын - соругун, уорэтии хаамыытын, ньымаларын уонна форматын сыьыарар.
Торут культура педметэ маннык коруулэргэ арахсар:
- материальнай
- духовнай
- саха норуотун историятын суола
-аныгы культура уонна искусство
- а5ыйах ахсааннаах норуоттар культуралара
О5о культура суппэт баайа буоларын ойдооьунэ:
- обугэлэрбит торут угэстэригэр уонна ытыктабыллаах сыьыаннаах буолалларыгар иитии
- туспа бэйэтэ киьи быьыытынан духовнай ойдоох- санаалаах буолан тахсарын ирдээьин
- сиэрдээх угэстэргэ чугаьатыы
- духовнай культура норуот уйэлэргэ олбот суппэт бар5а баайын сиэри –майгыны, бэрээдэги сайыннарыы.
Ол курдук интеллектуальнай уонна духовнай – практическай уоруйэхтэр уонна сатабыл предмети уорэтиигэ уорэх сурун методическай киининэн буолар.
Саха торут культурата диэн бу бугун норуот тун былыргыттан олорон кэлбит оло5ун,ойун-санаатын хабан араас оруттээх киэн ис хоьоонноох дирин силистээх – мутуктаах уорэ5э буолар. Онно маннык тосхоллору ылынабыт :
Норуот тугу айбытын хайдах баарынан о5олорго биэрии- тириэрдии
Ситимнээн быьыта тыыппакка
Бэйэ5э сыьыаннаан уорэтии
О5ону сайыннарыы
Саха ыччата кыра эрдэ5иттэн норуот торут культуратын этигэр- хааныгар инэрэн, торообут буоруттан силистээх мутуктаах толору куттаах-сурдээх, саха наруотун салгыыр ураанхай омугу ууьатар буоларыгар иитиэхтээхпит
Торут культура уруога торообут дойду туьунан элбэх сананы, туьалаа5ы кэпсиир.
Культураны уорэтии ойу- санааны сааьылыыр, атын предметтэртэн ылбыт билиигин ситимниир, диринэтэр.
Киьи аймах олорон ааспыт историятын ырыналаан кордоххо, ханнык ба5арар норуот уйэлэргэ олбот- суппэт бар5а баайынан кини культурата уонна искусствота буолар.
Норуот уйэлэргэ өлбөт-суппэт бар5а баайа – кини национальнай культурата уонна искусствота буолар. Оттон национальнай культура диэн норуот олоххо-дьаһахха, улэ5э-хамнаска, өй-санаа, сиэр-майгы өттутэн атын омуктартан туох уратыны айбыта-туппута барыта ааттаныан сөп.
Саха ыччата кыра сааһытта норуот төрүт культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт буоруттан силистээх-мутуктаах, толору куттаах-сүрдээх, саха норуотун салгыыр, ураанхай омугу ууһатар киьи буолан тахсыахтаах. Ол иһин бу предмети үөрэтэргэ маннык тосхоллору (принциптэри) тутуһуохха сөп:
1) норуот культуратын үүнэр көлүөнэҕэ ситимин быһыта тыыппакка, биир тиһигинэн (системанан) билиһиннэрии;
2) норуот тугу айбытын“кырааскалаан-тупсаран”, “ыраастаан-чыыскалаан” биэрбэккэ, хайдах баарынан ыччака тириэрдии;
3) үөрэҕи билинии кэм уустук усулуобуйатын кытта сатаан дьүөрэлээн, олоххо, өйгө-санааҕа мындыр (филосовскай) сыһыаны ыччака көрдөрүү.
Үөрэтэр матырыйаал 5 салааҕа түмүлүннэ: олох-дьаһах культуурата итэҕэл, сиэр-туом, үгэстэр, субэлэр-соргулар; историческай көрүү; билиҥҥи культура уонна искусство сайдыыта; хотугу омуктар культуралара. Үөрэх былааныгар көрүллэр чааһы барыллаан маннык үллэриэххэ сөп:
- Барыта
34
Норуоттар духовнай культуралара баай, кэрэ, умсугутуулаах уонна сайдар кэскилэ киэн: биьиги фольклорбут, олонхобут, ырыабыт-тойукпут, хомуспут, оьуокайбыт биьиги утуо угэстэрбит, аан дойдуга сэнээриини ылбыт театральнай искусствобыт, ураты ис хоьоонноох музейбыт, историябыт уонна культурабыт пааматынньыктара. Биьиги торообут тылбыт, уус- уран литературабыт, ойуулуур- дьуьуннуур искусствобыт, музыкабыт уонна ункуубут. Сахабыт сирин уран тарбахтара, мындыр уустара, норуот ырыаьыттара уонна эмчиттэрэ, киэн туттар суруйааччыларбыт, учуонайдарбыт, артистабыт, художниктарбыт, композитордарбыт, энтузиаст учууталларбыт, культура уонна искусство деятеллэрэ. Маны барытын 6 кылааска торут культура уруогар сиьилии уорэтэбит. Торут культураны уорэтиигэ маннык экспериментальнай уонна авторскай программалаах практик учууталлар ырытыллыбыт улэлэрэ баар: А.А. Нестеров, И.Г.Баишев, Л.К. Избекова, Ж.К. Лебедева, ученайдар Р.И. Бравина, Т.И. Петрова, И.Г.Баишев.
Уерэнээччи билиитин, сатабылын, уеруйэ5ин сыаналааьын:
Торут культура уруога тургутук тест, ейтен суруйуу, тылынан эппиэттээьин уруога Учебник суох кэмигэр оҕолор уруокка тылдьыт курдук кылгас бэлиэ, “Айымньы тэтэрээтэ” оҥостоллор. Сыл ахсын реферат суруйаллар. Уерэхтэрин бүтэрэллэригэр түмүк үлэ суруйан, көмүскээн, оскуолаҕа өйдөбүнньүк хааллараллар, баҕа өттүнэн зачет, экзамен да туттарыахтарын да син.
Маны таһынан, биллэрин курдук, национальнай культура атын предметтэри, холобур, саха литературатын, уруһуй, ырыа, үлэ, физкультура уруоктарын кытта элбэхтик алтыһан киирэ турар.
- программа сурун тиэмэлэрин бутэрдэххэ, - уерэх чиэппэрин тумугэр,
- сыл анарын тумугэр
Торут культураны уорэтиигэ ус культурологическай хайысха баар: культурологическай, историческай, педагогическай. Маннайгы культурологическай коруугэ аныгы киьи культура киинин курдук коруллубутэ: киьи сайдыыта, киьи тас эйгэтэ уонна оло5ун - дьаьа5ын, культуратын уонна иитиитин, культураны ылыныыны, айар дьо5уру, иккис коруугэ- торут культура теоретическай хайысхата . Уьускэ уопсай уорэхтээьин оскуолатыгар (наука уорэ5ин уорэтии принциптэрэ торут культураны уорэтии ньымата, материальнай уонна духовнай культуралар культурологическай –педагогическай торуттэрин аналиьа) .
Торут культураны уорэтии сурун уорэхтээьинэ педагогическай, культурологическай уорэтии торуотунэн буолар.
Культураны уорэтии ойу- санааны сааьылыыр, атын предметтэртэн ылбыт билиигин ситимниир, диринэтэр.
Киьи аймах олорон ааспыт историятын ырыналаан кордоххо, ханнык ба5арар норуот уйэлэргэ олбот- суппэт бар5а баайынан кини культурата уонна искусствота буолар.
Предмет бэйэтин ирдэбилинэн улахан уорэ5ирии, сайыннарыы ис кыа5ын инэринэр. Бу концепциянан предмет аайы маннык биллэр педагогтар уорэтиилэрэ иитии улэтин хаамыытыгар киирэр: М.И.Скаткин, И.Я.Лернер, В.П.Беспалько, В.В. Давыдов, В.С. Леднев о.д.а
Торут культура уруогар 6 кылаас уорэнээччилэригэр маннык литературалары туьанабын: «Айылгы аартыга» Сергина Е.С.,Пахомов А.К. «Саха сирин историятыттан кэпсээннэр», Таксами Ч.М. «Культура народов севера в лицах», Поликарпова Е.М. «Саха литературата», Попова М.А. «Саха угэьин торут ойдобулэ», Бравина Р.И. «Олох уонна олуу саха итэ5элигэр», Ларионов В.Р. «Саха Айыы киьитэ»,Сивцев Д.К. «Саха фольклора», Саввинов Н.Е. «Обугэлэрбит олохторо дьаьахтара», Сэьэн Боло «Суду торуттэрбит олохторуттан», Тэки Одулок «Улахан Имтеургин оло5о», Андрей Кривошапкин «Хаардаах хайаларым аанньаллара», Кулан «Сана кэм», Пахомов А.К. «Саха сирин историятыттан кэпсээннэр», Кейметинов В.С. «Эвенский язык», Константинова А.Я. «Саха торут культурата», Васильев Н.И. «История Якутии», Саввинов Н.Е. «Обугэлэрбит олохторо дьаьахтара». Алексеев М.П.- Дапсы «Саха тылын уйэлээх угэьин тылдьыта», Ладина Курилова «Улуро Адо», Платон Ламутскай «Сырдыкка айан»,Филиппова Н.И. «Тыл оьуора», Кейметинов В.С, Бравина Р.И. «Олох уонна олуу саха итэ5элигэр», Филиппова Н.И. «Тыл оьуора».