Урок на тему П.А.Ойуунускай сүрэх кэпсээнэ

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Тема: П.А.Ойуунускай "Сµрэх" кэпсээнигэр тылы кытта µлэ

Сыал: 1.Уус-уран айымньы тылын грамматиканы кытта ситимнээн чинчийэргэ µ³рэтии.

2. Т³р³³бµт тылы таптыы улааталларыгар иитии.

3. Айар дьо±уру сайыннарыы.

¥³рэтэр кылаас: 7

Туттуллар матырыйаал: дуоска, µ³рэх кинигэтэ, сорудахтаах карточкалар, суруйааччы хаартыската.



Уруок хаамыыта:

  1. Киирии: Дорооболору². Олору².

(Икки хааманда±а арааран олордуллар)

Учуутал: П.А.Ойуунускай саха советскай литературатын т³рµттээччи. Кини бастатан туран: 1. Тылы чинчийээччи.

  1. Айар µлэ´ит.

  2. Оло²хо´ут.

Кини оло±ун µс сµрµн хайысхатыгар тирэнэн, би´иги бµгµн "Сµрэх" кэпсээнин тылыгар-³´µгэр тохтоон, чинчийэн, айан холонон к³рµ³хпµт.

Айымньы тылын чинчийэргэ ма²найгы хардыылары о²оруохпут.

2.Сµрµн чаас: О±олор, тыа´ы µтµктэр тылларда холобурдаа² эрэ. (о±олор холобурдарын истии). Ол аата тыа´ы µтµктэр тыллар диэн тугу ааттыыр эбиппитий? (О±олор бы´аарыыларын истэбит, онтон учууталы кытта уопсай тµмµккэ кэлэллэр.)

Тылы чинчийэргэ анал сыаллаах буолуохтаахпыт. Онтон би´иги сыалбыт: айымньыттан тыа´ы µтµктэр тыллары булуу.

Бастакы сорудах: 57 страница±а бастакы уонна иккис абзацтартан тыа´ы µтµктэр тыллары барытын буллубут диэбит хамаанда илиитин уунар.

(О±олор маннык холобурдары булбут буолуохтаахтар:чы²кыныы, тобугуруу, часк гына тµстэ, лµ´µгµрµµ, бµллµгµрµµ, кыыгыныы- чы²кыныы)

Кылгас кэм и´игэр бэриллибит кэрчиктэн хас да холобур була охсубуккут хай±аллах.(хамаандаларга очколарын этиллэр)

Иккис сорудах: айымньыны баты´а уус-уран тэ²нэбиллэрдээх этиилэри булабыт. Тэ²нэбил диэн тугун билэргитинэн сибээстээн онно тохтообоппут(саната таарыйа анал таблицаны ыйыахха с³п).

¥лэ уопсай к³рд³³´µнµнэн барар. Ол эрэн булуллубут холобурдар сыаналара хамаанда±а аа±ыллан и´эр.

Тиэкискэ барыта 20-тэн тахса холобур баарыттан о±олор 10-чаны да буллахтарына хай±ал.

Учуутал: О±олор, суруйааччы то±о тэ²нэбиллэри туттубута буолуой? (о±олор санааларын истии уонна айымньы тылын этигэн, тупса±ай гынаары диэн уопсай тµмµк о²оруу)

¥´µс сорудах: Билигин са²аны билбиппитин бэйэбит ³йбµтµгэр-санаабытыгар и²эрэр сыалтан маннык соруда±ы толоробут: кµн, кыыс диэн тыллары ту´анан баай тыллаах-³ст³³х тэ²нээ´иннээх этии толкуйдуубут(µлэ хомуур буолар, этиини уопсай аа±ан истэр ордук, сыанабыл учуутал к³рµµтµнэн).

Би´иги да сананнахпытына, эппитигэр-хааммытыгар и²э сылдьар ийэ тылбыт саппаа´ын барытын ту´анан тупса±ай этиилэри о²оруохпутун с³п эбит буолбат дуо?

Т³рдµс сорудах: -О±олор, билигин дьыл ханнык кэмэй?

Кы´ын.

-Кы´ын тугунан кэрэний?

-Са²а дьыл, хаар тµ´эрэ...(о±олор санааларын истии)

-Онтон тугунан би´игини ча±ытарый, куттууруй?

-Тымныытынан.

-Чэ, бары то²он к³рд³рµ² эрэ(ыччуу-ычча). С³п, бары да бэркэ к³рд³рдµгµт. Лаппа то²мут дьон эбиккит. Аны билигин та´ырдьаттан киирдэххитинэ дьиэлээхтэр ыйыта то´уйаллар:"Хайа, та´ырдьа т³´³ тымныыный?". Э´иги эппиэккит.

-Тымныы, тыаллаах...(о±олор эппиэттэрин толору истиллэр)

-О±олор, т³´³ толору эппиэт биэрдигит.

-На´аа буолбатах...

-Толору эппиэттии µ³рэнэр ту´уттан П.А.Ойуунускай айымньытыгар кы´ыны хайдах ойуулаабытын к³рµ³±µ².

(О±олор к³рдµµллэр. Кыскыйар, кыыдааннаах, ³рµс муу´а ³рµтэ тэптэ, дьыбар... онтон да атын холобурдары учуутал эрдэ булаттыыр).

-Чэйи² эрэ, та´ырдьа т³´³ тымныыный?(О±олор булбут холобурдарын ту´анан эппиэттииллэр: тµптэлэс тымныы тµспµт, тымныы муу´унан хаарыйбахтыыр, бургунас муо´а булгурута барар тымныыта буолбут, кµдэн туман оргуйа олорор, тибиитэ-ти´игэ сµрдэммит о.д.а.)

Т³р³³бµт тылбыт барахсан са²аран-и²эрэн бардахха ки´и дуу´атыгар сайа охсон киирэр буолла±а.

Бэ´ис сорудах:

Саха ки´итэ о±у´угар олордо да ырыа´ыт, о´о±ун иннигэр олордо да оло²хо´ут диэн мээнэ±э эппэтэх буолуохтаахтар диэн туран, кы´ын ту´унан кылгас, ол эбэтэр алта строкалаах а±ыстыы сµ´µ³хтээх хо´оон айан кэби´иэ±и² эрэ(о±олор µлэлэрин истэбит, сыанабылы учуутал о²орор).

Алтыс сорудах: Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай тыйыс айыл±алаах сахатын сиригэр олорон уончалаах эрдэ±иттэн улуу оло²хо´уттар оло²холорун истэн, ону µтµктэн оло²холоон, т³р³³бµт сахатын тылын этигэр-хааныгар и²эрэн, айар куттаах буолан бэрт элбэх хомо±ой тыллаах айымньыны суруйан хаалларбыта. Оло²хо´ут, о´уохайдьыт, тойуксут П.А.Ойуунускай сµдµ талааныгар сµгµрµйэн туран, э´иги кылгас кэм и´игэр айа охсубут айымньыларгытынан, саха омук басты² µ²кµµтµн о´уохайы оройуттан тутуо±у². (учуутал тµ´µлгэни тэрийэн тыл этэр эбэтэр биир этээччи о±онон эттэриэн эмиэ с³п).

Тµмµк: -О±олор, то±о би´иги тылы чинчийдибит?

-Элбэх тылы эбии билээри, тыл саппаа´ын байытаары...(о±олор эппиэттэрин истии)

-Айымньы тылын чинчийэн µ³рэтии наада дуо? То±о?(о±олор санааларын истии)

-Би´иги тылбыт сµтэн, симэлийэн хаалбатын ту´угар т³р³³бµт тылбытын билиэхтээхпит, µ³рэтиэхтээхпит. Уус-уран этиилэри туттан кэпсэтэргэ кы´аллыахтаахпыт. Бэйэбит норуоппут тылынан кэпсэтэртэн кыбыстыа суохтаахпыт.