Конспект урока: Саха хомо5ой хомуьа

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Күнэ – дьыла: сэтинньи 28 күнэ 2013с.

Кылааһа: 5

Уруога: төрүт культура

Уруок тиибэ: саҥа теманы барыы

Темата: Саха хомоҕой хомуһа

Сыала:

  • Оҕоҕо хомус туһунан өйдөбүлү кэҥэтэн иҥэрии;

  • Хомус нөҥүө оҕо уйулҕатын уһугуннарыы;

  • Өбүгэлэрбит үгэстэринэн кэрэ эйгэҕэ иитии;



Уруок тэрилэ: хомус,презентация, карточка, учебник, диискэ, выставка

Уруок хаамыыта:

  1. Тэрээһин чаас2 мүн.

Уруок сыалын – соругун, теманы билиһиннэрии

  1. Саҥа тиэмэҕэ киирии15 мүн.

  • Хомус күннэрэ..

  • Хомус араастара

  • Хомус тутула

  1. Чиҥэтии – 10 мүн.

-Хомус тардарга дьарык.

-Айымньы таһаарарга холонуу – 10 мүн.

  1. Түмүк оҥоруу3 мүн.

-Сыана туруоруу

-Дьиэҕэ үлэ биэрии



Уруок хаамыыта

Бириэмэтэ

Учуутал үлэтэ

Үөрэнээччи үлэтэ

Тэрээһин чаас

2 мүн

Дорооболоһуу.

Күнү – дьылы , теманы суруйуу, уруок сыалын, тематын билиһиннэрии. Хомус тыаһынан уруогу саҕалааһын.Оҕолоор, бүгүҥҥү биһиги уруокпут тиэмэтэ туох туһунан буолуой?Сөп...

Тэтэрээттэригэр суруналлар.

Саҥа теманы үөрэтии













































































































































































































Чиҥэтии

15 мүн



























































































































































































10мүн






  1. Бу сэтинньи 30 күнүгэр бары билэргит курдук, Хомус күннэрэ.

Бүгүҥҥү биһиги уруокпут темата Саха хомоҕой хомуһа.

Оҕолоор, хомуһу бары билэбит дуо?Ким хомуска сатаан оонньуууруй?( хомуһу көрдөрүү). Хомус туһунан ким, тугу билэрий?Дьиэ – кэргэҥҥитигэр эбэтэр чугас дьоҥҥутугар хомуска оонньуур киһи баар дуо?

(хомуһу тутан туран) Бу киһи ытыһыгар тута сылдьан оонньуур хомуһа.Хас да үйэни уҥуордаан, күн бүгүн Гинесс рекордугар киирбит хомуспут тыыннаах кэлбитигэр биһиги махтаныах тустаахпыт. Кимиэхэ оҕолоор?


Маладьыастар! Хомуска кэрэ аҥарыттан, эр киһититтэн тутулуга суох бары оонньууллара. Уолаттар өйдөөҥ!Үксүн биллэр хомусчуттар эр дьоню

Хомуспут олох уустугун, дьайын-дьаһаҕын барытын ньылбы ыраастыыр аналлаах, айар-тутар оҥоһуулаах, сырдыкка-кэрэҕэ таһаарар, онон хомус үтүө тэрээһинигэр бука бары кыттыһыаҕыҥ диэн ыҥырабын.

Хомуһу кытта – сайдыыга, кыайыыга, кэрэ кэскилгэ!Музыка – норуот олоҕун быстыспат сорҕото. Ханнык да бэлиэ событие, үөрүү – көтүү, уруу – аймах буолуу анал доҕуһуол музыкалаахтар. Музыкальнай инструменнар маҥнайгы көрүҥнэрэ айылҕа тыаһын – ууһун үтүктүүттэн үөскээбиттэр диэн этии олохтоох. Холобур, ааттыын да хомус (нууччалыы камыш) күөл хомуһун санатар оҥоһуулаахСалгыы барабыт.

Хомус уустара Семен Гоголев – Амынньыкы, Иван Захаров – Кылыадьы Уус, Реворий Чемчоев,А.Мандаров, хомусчуттар Иван Гоголев, Петр Оготоев уо.д.а. ааттарынан Саха сирин олохтоохторо киэн тутталлар. Оҕолоор, Петр Оготоев туһунан истибиккит дуо? Петр Оготоев биһиги биир дойдулаахпыт Кини туһунан кылгастык билсиэҕиҥ.Кини кимий?


Оҕолоор, эһиги хомус туохтан оҥоһулларын билэҕит дуо? Билигин биһиги хомус араастарын кытта билсиэхпит.

  1. Саха хомуһун араастара :

1 ойуу. Мас хомус. Мас хомус тиит эбэтэр хатыҥ мас чараас тымтыгыттан оноhуллар. Ортотугар тыллаах.Синньигэс уhугар хаҥас илии тарбаҕар иҥиир сап биэтилэтин баайыллар. Оттон кэтит эмиэ сыымах сап аҥар уhугун түмүллэр ,оттон иккис уhугар туорай мас баайыллар.

  • 2 ойуу. Биир тыллаах тимир хомус.Хомус уhуна 10-11 см,кэтитэ 4,5 см,тылын төрдө 5 мм. Чыычааҕын уhуна 20 мм.,оттон эминньэҕин тас диаметра 3 мм. Итинник хомус классическай кээмэйдээх,формалаах хомус диэн ааттанар.

  • 3 ойуу. Икки тыллаах тимир хомус. Кэтитэ бэрт буолан тиискэ буолбакка,уоска даҕайан тардыллар.Икки тыллаах хомуска биир тылынан эмиэ оонньуохха сөп.Икки тыллаах хомуска охсуу ньымалара олус уустуктар.

  • 4 ойуу. “ Биhилэхтээх ” хомус.Итинник хомустары А.И. Чахов оҥоро сылдьыбыта .

Биhилэ5э ” диэн төгүрүк сыҥаах тас өртүнэн иилии эргийэр тимир олордуллубута ааттанар.

Маны билэҕин дуо?

  • Аан дойду үрдүнэн биһиги дойдубутугар, Саха сиригэр, Дьокуускай куоракка эрэ хомус музейа баар. 1990 с. сэтинньи 30 күнүгэр Иван Егорович Алексеев –Хомус Уйбаан тэрийбитэ.Манна уопсайа 575 араас хомус баар. Оҕолоор, эһиги санааҕытыгар элбэх дуу, аҕыйах дуу.


  • Биһиги улууспутугар сылын аайы «Хомус кырдала» күрэх ыытыллар, бырайыак ааптара Находкин Альберт Алексеевич. Эһиги билэр оҕолоргут бу күрэххэ кыттааччылар дуо?


  • Саха хомуһа аатырда. Аны оскуола, нэһилиэк оҕо саадын аайы хомс ансаамбыллара тэриллэр буоллулар.Дүпсээ школатын бары билэҕит?

Ол курдук, Дүпсүн оскуолатын оҕолоро бөлөх тэринэн араас дойдуну тэлэһийэ сылдьан, аатырдылар. Билигин кинилэр Италияҕа бараары бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Хомус тоҕо айыллыбытын, аналын туһунан А.Е.Кулаковскай хоһоонун ааҕыаҕыҥ.Хоһоону биһиэхэ ааҕсн иһитиннэриэ______________

Х О М У С

Айынат Хаан аймаҕа

Аан ийэ дайдыны

Айар күнүгэр

Икки атахтааҕы

Ийэ сиргэ

Кэскиллиир күнүгэр

Урааҥхай дьону

Орто дойдуга

Олохтуур күнүгэр

Хохуоралаах тыллаах

Хонкунас тыастаах

Холобура суох хоһоонноох

Хомус барахсаны

Хомуhуннаан айбыта үһү.

Ол кэннэ таҥхалаабыта үһү

Ол курдук диэн

Сыыйыы тимиринэн сыҥаахтаатым,

Дьикти тимиринэн тиэрбэстээтим,

Тыйыс тимиринэн тыллаатым...


Маннык улуу киһи, биһиги сахалар айар тылбыт аҕата эппитин сүрэхпитинэн- быарбытынан, өйбүтүнэн – санаабытынан ылынан, билигин хомуспут сүрүн чаастарын кытта билсиэхпит. Хомуһу тутан туран бастаан ханнык чаастарын билэллэрин ыйытыы.

  1. Хомус сүрүн чаастара

  1. Хомус тиэрбэhэ.

  2. Хомус сынаа5а

  3. Сынаах тас иэдэhэ

  4. Сынаах ис иэдэhэ

  5. Хомус тыла

  6. Хомус тылын хохуорката

  7. Тыл чыычааҕа


Хас биирдиилэригэр сорудах. Оҕолоор, билигин тэтэрээпитигэр хомус сүрүн чаастара ханныктар эбиттэрий, ону сурунабыт. Онтон аттыбытыгар олорор табаарыспытын кытта атастаһан бараан бэйэ – бэйэбитин бэрэбиэркэлэһэбит. Ким төһөнү суруйбутунан.



Сөп, маладьыастар, хомус сүрүн чаастарын кытта ыкса билистибит, аны биһиги хомуспутунан дорҕоон таһаарарга холонон көрүөхпүт.

Хомус тардыыга дьарык эрчиллии

(оҕолорго хомус уонна көмө матырыйааллары түҥэтии).Бастаан хомуһу тутарга үөрэнэбит. Тииспитигэр кыбытабыт, тылбытынан таарыйбаппыт.

Дорҕоон хайдах үөскүүрүй? Муннубутунан салгыны ылан баран, төттөрү таһаарыыбытыгар дорҕоон үөскүүр. Хомуска оонньуурга мин санаабар, аан бастаан киһиэхэ баҕатыйыы наада. Онуоха оонньооччу тиистэрэ, уостара, тыла, тыынын сатаан ылыыта уонна салгыны иһирдьэ – таһырдьа хачайдааһына улахан суолтаны ылар.

1. Аhа5ас дор5ооннору хомус куолаhын урдэтэн , намтатан уларыта сылдьан тардабыт.Ол эбэтэр, илиибитигэр хомуспутун хомус тиэрбэһиттэн тутабыт уонна сыыйа тардабыт.

А) – О – О ОО – ОО – ОО ,

У – У – У УУ – УУ – УУ,

YYY YY - YY - YY,

И – И –И ИИ – ИИ – ИИ,

Э – Э – Э ЭЭ – ЭЭ – ЭЭ,

А – А – А АА – АА – АА,

Ы – Ы – Ы ЫЫ – ЫЫ – ЫЫ.

О



  1. Сыыйа тардыы

Биэ- биэ- биэ

Биэ- биэ- биэ

Биэ- биэ- биэ даа

Биэ- биэ- биэ.

Бии – бии - бии

Бии – бии - бии

Бии – бии – бии, да

Бии – бии – бии.


Аны билигин бары бииргэ биир боростуой матыыбы тыаһатан көрүү

Оһуо- оһуо – оһуокай,

Оһуокайдыыр оһуокай,

Эһиэ- эһиэ – эһиэкэй,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй!



Болҕойон олорон истии.Тэтэрээккэ бэлиэтэнии.

-хомус туһунан билэллэрин кэпсээһин.Билэр чугас дьонноругар хомуска оонньуур дьон туһунан кылгастык сырдатыы.

Саха уустарыгар.Уустарбыт баар буолан сахабыт хомуһа күн бүгүнүгэр диэри тыыннаах.


















Билэр уустары, хомусчуттары ааттаталааһын.











Тимиртэн, мастан оҥоһулларын билэбит.о5олор биир – биир презентация5а көрөн олорон ааҕаллар, араастарын үөрэтэллэр. Музейга эҥин сылдьан көрбүт оҕолор баар буоллахтарына, бэйэлэрин санааларын, өссө ханнык хомустар баалларын сырдаталлар.






























Бэлиэтэнэллэр.









Билэр оҕолорун ааттаталыыллар.

















«Хомус” хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы, ырытыһыы.























Оҕолор билэр хомус чаастарын этэллэр. Холобур, хомус тыла.







Презентация көрүү, санаа атастаһыы.





Оҕолор хомус сүрүн чаастарын тэтэрээттэригэр суруналлар уонна сэргэстэһэ олорор табаарыстарын кытта үлэлэрин атастаһан бэрэбиэркэлэһэллэр.

Оҕолор илиилэригэр хомустарын ылан, билсэн баран, бастаан туран салгыҥҥа тыаһатан көрүү,

Дьэ ол кэннэ тиистэригэр даҕайан, кылгас аһаҕас дорҕоонтон биир – биир тыаһатыы.













Көмө матырыйаалы туһанан,биир – биир кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору тыаһатыы. Сыыйа тардыыны үөрэтии, тыаһатан көрүү.Саамай биллэр матыыбы таһаарарга холонуу.

Түмүк

3 мүн

Хомус үгүс омуктарга баар.Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут омук суох. Саха хомуһа тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар. Атын омуктар былыргы варганнай интсруменнарын тыаһын сүтэрбиттэрэ ырааппыт.

Оҕолоор, хомус тюрк омуктарын тэриллэрэ уонна билиҥҥэ диэри барыларыгар баар: купас ( чуваштыы), кумыз (татардыы, башкирдыы), темир комуз (киргизтыы), комыс ( алтайдыы,хакастыы), тебир – кобус (таджиктыы) уо.д.а. Онтон сахаларга мас уонна биир тыллаах тимир хомустан ураты өссө икки тыллаах тимир хомус баара биллэр.

Б уруоктан о5олоор, туох саҥаны биллигит?

Түмүктүүр боппуруостар

  1. Хомус ханнык араастарын биллигит?

  2. Биһиги биир дойдулаахпыт, бастакы прфессиональнай хомусчут кимий?

  3. Уус – Алдаҥҥа ыытыллар хомусчуттар күрэхтэрин аата?

  4. Хомус музейын ким тэрийбитэй? Ол музейга хомус хас арааһа баарый?

Саха төрүт музыкальнай инструмена тыына уһууругар, сайдарыгар, норуот аатын ааттатарыгар..Өбүгэлэрбит түҥ былыргыттан бүөбэйдээн илдьэ кэлбит, куттарын – сүрдэрин туттарбыт инструменнара, аныгы да дьалхааннаах олохпутугар хахха – көмө буола туруохтун. Дом!Дом! Дом!

Оҕолор сорудахтарын толороллор, сөптөөх эппиэттэрин ыйаллар.Уруоктан туох саҥаны билбиттэрин ырытыһыы.Атын омуктар хомустарын ааттарын ырытыһыы.

Сыана туруоруу


Уруокка актыыбынайдык кыттыбыт оҕолорго сыана турар.


Дьиэ5э үлэ биэрии


Айымньы түҥэтии. Дьиэҕитигэр тыаһатарга холонон көрөҕүт.

hыт- тыа , hыт- тыа сырдык куммут

hыт- тыа , hыт- тыа куммут тыкпыт.

hыт- тыа ,hыт- тыа илгэ сайын

hыт- тыа , hыт- тыа сайын күлбүт……


Бу бэриллибит матыыбы чуолкайдык иһиллэр гына оонньуурга дьарыктаныы.

Дьиэлэригэр бэриллибит сорудаҕы тыаһатарга үөрэнии.