Министерство образования Республики Саха (Якутия)
Муниципальное учреждение «Муниципальный орган управления образования»
МБОУ «Вилючанский лицей – интернат им. В.Г.Акимова» МР «Сунтарский улус (район)»
РАССМОТРЕНО: СОГЛАСОВАНО: УТВЕРЖДЕНО:
на заседании кафедры зам.директора по УВР директор лицей – интерната
протокол №__ «__»____________ 2016г. __________ (Петрова В.М.) _________ (Максимов А.А.)
______________ (Максимова Л.Ю.) «__»_____________ 2016г. «__»_____________ 2016г.
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА ПО ЯКУТСКОЙ ЛИТЕРАТУРЕ
на 2016 – 2017 учебный год
Предмет: якутская литература
Класс: 9
Учебник: В.Р. Шишигина, М.Е. Максимова «Саха литературата», Дьокуускай, «Бичик», 2008 с.
Программа: Н.И. Филиппова, В. Р. Шишигина, М. Е. Максимова «Норуот айымньыта уонна норуот», Дьокуускай, 1996 с.
Учитель: Степанов В.В.
Быһаарыы сурук.
Саха литературата – уопсай үөрэх былааныгар региональнай компоненынан киирбит предмет. Оҕо Саха Республикатыгар олорор буолан республикатын историятын, тылын-өһүн, культуратын билиэхтээх. Уус-уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уһуйар, иитэр-үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан aaҕap оҕо өйө-санаата сайдыылаах, билиилээх-көрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэһээҥҥитин ырыҥалыыр, сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон саха литературатын предметин анала — oҕoaaҕap дьоҕурунсайыннарыы, саха суруйааччыларын айымньыларыгар интэриэһи үөскэтии, бэйэ кыаҕын сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.
Оскуолаҕа саха литературатын предметин сыаллара:
Ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии, ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; саҥа араас көрүҥүн сайыннарыы;
Оҕону ааҕыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
уус-уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уһугуннарыы;
тыл искусствотыгар эстетическэй сыһыаны үөскэтии;
айар дьоҕуру сайыннарыы;
ааҕыы нөҥүө сиэр-майгы үтүөөрүттэрин олохсутуу;
Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.
Сыалы ситиһэргэ маннык соруктар тураллар:
ааҕыы араас ньыматын баһылааьын;
тиэкиһи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;
наадалаах литератураны булан туһаныы;
ааҕыыга интэриэһи үөскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;
айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;
норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уһугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыһыаны үөскэтии;
уус-уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну ситиһии;
тыл суолтатын биллэрии;
төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доҕордуу сыһыаннарын олохсутуу.
Оскуолаҕа уус-уран литератураны үөрэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын төрүт сокуоннарыгар, Yөpэx туһунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай үөрэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга олоҕурар.
Орто уопсай үөрэхтээһин үөрэнээччи оскуолаттан сиэр-майгы бастыҥ хаачыстыбаларын — киһи аймах ытык өйдөбүллэрин (духуобунай сыаннастарын) иҥэриммит Россия гражданинын иитэн-үөрэтэн таһаарыыга туһуланар.
Киһи уопсастыбатын сайдан кэлбит историятыгар үтүө уонна мөкү, чиэс уонна сиэрэ суох быһыы, суобас уонна чиэһинэйэ суох буолуу, о.д.а. сиэр-майгы нуормалара олохсуйан кэллилэр. Ол гынан баран, хайа баҕарар норуокка киһилии сиэрдээх быһыы ытык өйдөбүллэрэ биһирэнэр, кэрэхсэнэр.
2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноһын сиэрин-майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.
Концепция Россия гражданинын личноһы иитиигэ, сайыннарыыга 10 сүрүн национальнай ытык өйдөбүлү ыйар. Онно киирэллэр:
Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр-уотугар, норуотугар таптал, бэриниилээх буолуу.
Биир санааланыы, кырдьыктаах быһыы, аһыныгас, амарах сурэхтээх, чиэстээх, дьоһуннаах буолуу.
Ийэ дойдуга сулууспалааһын, сокуону тутуһуу, бэрээдэктээх буолуу. Атын омук култууратын, айымньытын өйдөөһүн.
Дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу. Доруобуйа, уйгулаах олох. Төрөппүттэргэ ытыктабыл, аҕа саастаахха уонна кыраҕа, кыаммакка кыһамньы, ийэ-aҕayyhyн тэнитии, удьуору салҕааһын.
Үлэ, төрүт дьарык. Үлэҕэ ытыктабыл, дьулуур, дьаныар. Айымньылаах үлэ.
Билиини сыаналааһын. Дьиҥ чахчыга дьулуһуу, аан дойду научнай көстүүтэ.
Итэҕэл, духуобунас өйдөбүллэрэ. Өбүгэ үгэһин утума.
Төрөөбүт литература — барҕа баай. Кэрэ, киһи духуобунай эйгэтэ, сиэрдээх быһыы. Олох, олох сиэрэ-майгыта.
Ийэ айылҕа. Ытык сир, харыстанар сир. Сир — планета. Айылҕаҕа харыстабыл.
Сир үрдүгэр эйэ, элбэх омук култуурата, киһи аймах сайдыыта, норуоттар сибээстэһиилэрэ, сомоҕолоһуулара.
Онон бу ытык өйдөбүллэри саха литературатын предметин ис хоһоонугар уус-уран айымньыга сөҥөн сылдьар норуот историятын, култууратын, олоҕун төрүт үгэһин, сиэрин-майгытын нөҥүө киллэрии көрүллэр.
Уус-уран литература – киһи умсулҕаннаах ис туругун, уйулҕатын тойуга, ырыата, сэһэнэ, өйүн-сүрэҕин мөккүөрэ, ыарыыта. Литератураны үөрэтии, бастатан туран, ити умсулҕаны, өй-сүрэх мөккүөрүн ырытан ылыныыга, дириҥ, улаҕалаах толкуйу арыйыыга туһуланыахтаах. Ол эрэ кэнниттэн өй-сүрэх аһыллан, сана сааьыланан, үөрэнээччи ис киэлитэ сырдаан, суруйааччы хараҕынан олоҕу көрүү салаллан бардаҕына эрэ, уус-уран айымньы айыллыбыт ньымаларын, автор айар маастарыстыбатын, айымньы саха литературатыгар ылар миэстэтин эридьиэстэһии быһыытынан ыытыллара олохтоох.
Төрөөбүт литератураны орто оскуолаҕа үөрэтии билиңңи кэмңэ маннык сыалы-соругу туруорар:
-сахалыы литератураны сэргээн, кэрэхсээн, сатаан, өйдөөн аађарга үөрэтии, аахпыты бэйэ сайдыытыгар туһанарга туһулааһын.
-ийэ тыл уус-уран күүһүн, кэрэтин, тыл илбиһин, хомуһунун ођо кыра сааһыттан иңэрии.
-уус-уран айымньыны, араас геройдарын туһанан төрөөбүт норуот олођун, ситориятын, культуратын, үгэстэрин, сиэрин-майгытын арыйыы, киһи аналын, олођу дириңник өйдүүргэ үөрэтии.
- төрөөбүт тылынан уус-уран айымньы айыллар үгэһин, кистэлэңин, араас ньыматын билиһиннэрии.
- үөрэнээччи айымньылаахтык толкуйдуур уонна айар дьођура тобулларыгар суол арыйыы.
- уус-уран айымньыны уран тыллаах, ураты дьођурдаах, талааннаах дьон айарын өйдөтүү.
Онон оскуолађа литература уруогун сүрүн анала – үөрэнээччи төрөөбүт тыл, фольклор уонна литература норуот духовнай баайа, киһи өйө-санаата тобуллар, туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, арыллар, истиң-иһирэх иэйиитэ уһуктар эйгэтэ буолар диэн өйдүүрүн ситиһии.
Үөрэх предметин ис хоһооно.
Саха литературатын орто оскуолађа үөрэтэр программаны оңорорго маннык сүрүн туһаайыылары тутуһуллар:
Норуот тылынан уус-уран айымньыта сахалыы уус-уран литература силиһэ, төрдө буоларын аахсан, уус-уран литератураны фольклору кытта ситимнээн үөрэтии.
Айымньы идейнэй тосхолунан буолбакка, уус-уран ситиһиитин, үөрэнээччигэ сайдыыны, литературнай үөрэђириини төһө биэрэр кыахтаађын сыаналаан талы уонна таңыы.
Уус-уран айымньы айар ньыма арааһын, литература теориятын өйдөбүллэрин түмэн, бөлөхтөөн биэрии. Ону үөрэнээччи болђойоро, бэйэтэ туттарга эрчиллэрэ.
Талан үөрэтии уонна талан ааҕыы хайысхатын тутуһуу. Ођону бађаран туран үөрэнэргэ, бэйэни сайыннарарга, бэйэ санаатын, сатабылын, дьођурун сыаналыырга уһуйуу.
Үөрэнээччигэ айарга үөрэнэр, холонор кыаҕы биэрии, тэрийии, сөптөөх үөрүйэҕи, сатабылы иңэрии, дьођура сайдарыгар ирдэбил туруоруу.
8-9 кылааска суруйааччы олоҕун айымньытын кытта ситимнээн үөрэтиллэр, олођун уонна айар үлэтин ураты түгэнэ арыллар. Оттон 10-11 кылаастарга суруйааччы олођу көрүүтэ, философията, эстетиката, айар маастарыстыбата, ураты истиилэ анаан-минээн үөрэтиллэр.
Ханнык бађарар киһи үрдүк уус-уран таһымнаах айымньынын аађыыттан дуоһуйар, туох эмэ санаађа тиийэр. Оттон үөрэнээччи сыыйа сайдан иһэр оҕотук өйүгэр-санаатыгар, иэйиитигэр уус-уран айымньыттан сөптөөх хоруйу булан, дьону-сэргэни, олоҕу сылыктыы, быһаара, сыаналыы үөрэниэхтээх.
Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥнэрэ туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга; истибит үөрэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус-уран айымньы туһунан ыйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун булуу, ааҕыы көрүҥүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.
Араас тиэкиһи кытта үлэ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ, үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туһанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, талан, кылгатан) баһылыырга төрүт уурар.
Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, көрүҥүн, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, үөрэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр.
Саҥарыы диалог, монолог диэн саҥа араас көрүҥэ буоларын биллэрэр, былааннаан саҥарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны сатаан өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.
Сурук суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп түбэсиһиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быһыыта-майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааһын, сэһэргээһин, толкуйдааһын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэҥнээьин) тyhaнapгa, бэриллэр тиэмэҕэ кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.
О5о ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын, oҕo ааҕар тиэмэлэрин быһаарар.
Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ тиэкистэн уус-уран ньыма көрүҥнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла-өһө, дьайыыта, өйө-санаата) быһаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыһыанын; кэпсээн уонна xohooн тылын уратытын, айымньы көрүҥүн (жанр) туһунан биллэрэр.
Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан aaҕapгa, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэтэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиҥҥэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһымыгар киирэллэр:
тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;
уус-уран литература киһи-аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иҥэринэр;
айымньы төрүөтүн быһаарар, дьоруойу ойуулааһыҥҥа ырытыыны, тэҥнээһини туттары сатыыр;
араас тиэкистэн туһааннаах информацияны ылар;
ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан үлэлиир
Үөрэх былааныгар саха литературатын предметин миэстэтэ
Саха литературатынүөрэтии чааһа кыра уонна орто сүһүөхүөрэхтээһини сүрүннүүр уопсай үөрэхтээһин «Норуот тылынан айымньыта уонна уус-уран литература» диэн бырагырааматыгартирэҕирэн быһаарыллар. Үөрэх тэрилтэтэ бэйэтин үөрэҕин бырагырааматын, былаанын оҥосторугар онно баар булгуччулаах чааска киирбит предметтэр чаастарын тутуһара ирдэнэр. Онно эбии үөрэх былаанын талар чааһыттан бэйэтэ көрөн, ханнык баҕарар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын предмети эбии үөрэтэрэ көҥүл.
9 кылааска саха литературатыгар Үөрэх Саха Республикатын базиснай былааныгар олоҕуран саха оскуолатын учебнай былааныгар төрөөбүт литератураны үөрэтиигэ нэдиэлэҕэ 2 чаас, сылга 70 чаас бэриллэр. Бырааһынньык өрөбүллэрин аахсан сылга 68 чаас бэриллэр.Икки сүрүн олуктан турар: Норуот тылынан уус-уран айымньыта – 8 ч., Саха уус-уран литературата – 65 ч.
«Саха уус-уран литературата» олук биэс кэрдиистэн турар:
«Норуот уонна история» (9 ч.) – Далан «Тулаайах оҕо» сэһэнэ, Эллэй поэмата, М. Ефимов хоһоонноро үөрэтиллэллэр.
«Киһи уонна кини уйулҕата» (14 ч.) – Н.Д. Неустроев, Н.М. Заболоцкай, Софр. П. Данилов кэпсээннэрэ, В. Потапова хоһоонноро үөрэтиллэллэр.
«Киһи дьылҕата уонна норуот кэскилэ» (11 ч.) – Алампа, Өксөкүлээх Өлөксөй, С.П. Данилов, Умсуура, И.С. Зверев хоһоонноро, Ойуунускай кэпсээннэрэ үөрэтиллэллэр.
«Таптал – киһи истиҥ иэйиитэ» (11 ч.) – Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, П. Тобуруокап, И. Гоголев хоһоонноро, Суорун Омоллоон кэпсээнэ киирбиттэр.
«Поэт, суруйааччы олоххо анала» (9 ч.) – Реас Кулаковскай романтан быһа тардыыта, Алампа, Ойуунускай, С. Данилов, С. Руфов хоһооноро киирбиттэр.
Календарнай-тематическай былаан
Уруок тиибэ
Чааһа
Ыытыллар кэмэ
Уруок сыала
Сатабыл (УУД)
Туттуллар тэрил
Дьиэҕэ үлэ
Был. кэм
Буол. кэм
1 раздел
Норуот тылынан уус-уран айымньыта.Олоҥхо.
Норуот эпоһын быһыытынан харектеристиката. Олоҥхо философията, мифологията.Дьиҥнээх олох көстүүтэ, икки атах баҕата, идеала этиллэрэ.
Олоҥхо геройдара, сюжета, идеята. Поэтиката, фантастиката. Олоҥхоһуттар
-
Киирии. Уус-уран литература суолтата. үөскээбит төрүтэ – фольклор.
бэсиэдэ
1
2.09
Үөрэнээччи сыл устата тугу билиэхтээҕэ.
Кэпсэтии, истии
кинигэ
Кинигэ ылыы
-
Олоҥхо.
Саҥа тема
1
6.09
Олоҥхо саха фольклорун чыпчаала. «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо суруллуута, тылбаастаныыта, пластинкаҕа суруллуута.
Олоҥхо дойдутун ойуулаан кэпсээһин
«Ньургун Боотур стремительный» диск.
«Ньургун Боотур стремительный» кинигэ
Ааҕыы
-
Ньургун Боотуру орто дойдуга олохтооһун.
ааҕыы
1
9.09
Темата, сюжета, сүрүн геройдара. Олоҥхо идеята, сүрүн матыыба киһи аймах сырдык санаатын кытта дьүөрэлэһиитэ. Олоҥхо поэтиката. Баай-талым тыла, олуктара. Олоҥхо тутула. Олоҥхо – соҕотох киһи театра. Олоҥхоһуттар.
Өйгө тутуу, уус - уран тылы туттуу
Ньургун Боотур тас дьүһүнүн өйтөн ааҕа үөрэт.
-
Нь.Боотур дьүһүнэ, майгыта
1
13.09
Оҥорон көрүү
Уруһуй
-
Ньургун Боотур орто дойдуну көмүскээһинэ.
ааҕыы
1
16.09
Ааҕыы. Олоҥхо тылын туттан кэпсээһин
Кэпсииргэ бэлэмнэн
-
Ньургун Боотур Кыыс Ньургуҥҥа тиийиитэ
1
20.09
Ааҕыы. Олоӊхо тылын туттан кэпсээһин
Кыыс Ньургун дьүһүнэ
-
Олоңхо түмүгэ, тыла-өһө.
1
23.09
Ырытыы, тэҥнээн көрүү, Уобарастары оҥоруу
Хатылааһыӊӊа бэлэмнэнии
-
Уобарастара, идеята
Хатылааһын
1
27.09
Ырытыы, түмүү, түмүк оҥоруу
Таблицата оҥор.
-
Олоҥхо поэтиката.
1
30.09
Ойуулуур - дьүһүннүүр ньымаларга холобур булуу
Холобурдары бул
-
Олоҥхоһуттар.
Билсиһии
1
4.10
2 раздел.
Норуот уонна история.
Историзм проблемата. Норуот историческай дьылҕата уонна суруйааччы уус-уран оҥоруута.
Омук уратытын биэрии. Этнография уус-уран айымньыта.
-
Норуот уонна история.
бэсиэдэ
1
7.10
Литератураҕа историзм проблемата. Норуот историческай дьылҕатын дьиҥ чахчыта уонна суруйааччы уус-уран оҥоруута.
Абзацтарынан конспект оҥоро үөрэнии
Конспект
-
Далан «Тулаайах оҕо» Суруйааччы олоҕо, айар үлэтэ.
Саҥа тема
1
11.10
Автор ыарахан олоҕун, айар үлэтин уратытын тиэрдии.
Конспект оӊоруу. Кэпсэтии
Суруйааччы туһунан матырыйааллар
ааҕыы
-
Бакамда сиэнин олоххо иитиитэ.
Ааҕыы, ырытыы
1
14.10
Саха сирин норуоттарын түҥ былыргыта, кыргыс үйэтинээҕи олоҕо-дьаһаҕа. Аҕа ууһунан атааннаһыы, мөккүөр сүрүн төрүөтэ. Сүрүн геройдар быһыылара-майгылара, өлөрсүүгэ-кыдыйсыыга сыһыаннара. Автор герой майгытын-сигилитин арыйар ньымата.
кэпсээһин
Роман кинигэтэ.
Ааҕыы
-
Дађанча туматтарга тиийиитэ.
1
18.10
Мөккүөрү быһаарыыУобарастары оӊоруу, тэӊнээн көрүү
Ааҕыы
-
Даҕанча туматтарга тиийиитэ
1
21.10
Мөккүөрү быһаарыы. Уобарастары оҥоруу, тэҥнээн көрүү
Ааҕыы
-
Ньырбачаан айана.
1
25.10
Таблицаны толоруу
Ааҕыы
-
Ньырбачаан айана.
1
28.10
Таблицаны толоруу, көннөрүү
Ааҕыы
-
Ис хоһоонун хатылааһын
Хатылааһын
1
8.11
Роман суруллубут тирэҕэ
Ырытыы,
эппиэттээһин,
Тест ыйытыылар
Өйтөн суруйуу.
-
Түмүк уруок
Суругунан үлэ
1
11.11
Аахпыкка санааны этии, сааһылаан суруйуу
санааны суруйуу
Тэтэрээт
Өйтөн суруйуу
-
Эллэй «Буурҕа-буулдьа дьылыгар» поэмата.
Саңа тема.
1
15.11
Эллэй поэт быһыытынан уратыта. Оччотооҕу история көстүүлэрин хомуур уобараска түмэн көрдөрөр сатабыла. Айымньы жанрын уратыта.
Историческай түгэннэри кэпсэтии, источниктары булуу, иһитиннэрии оҥоруу
Суруйааччы портрета.
Өйтөн ааҕыы.Матырыйаал булуу
-
Эллэй «Буурҕа-буулдьа дьылыгар» поэмата.
Ырытыы
1
18.11
История түгэннэрин истии
Өйгө тутуу
Оҕолор иһитиннэриилэрэ
Салгыы үлэ
-
М.Д. Ефимов – саха биллиилээх поэта.
Саҥа тема
1
22.11
Автор поэтическай фантазиятын күүһүнэн норуот историческай бэлиэ кэмнэрин ааҕааччыга тиэрдэр кыаҕа.
Историческай түгэннэри кэпсэтии, источниктары булуу, иһитиннэрии оҥоруу
«Саха былыргы сэһэннэрэ, кэпсээннэрэ»
Матырыйаал булуу
3 раздел Киһи уонна кини уйулҕата.
Киһи ис дууһатын эгэлгэ хамсааһынын арыйан, кини уйулҕатыгар киирэргэ дьулуһуу көстүүтэ. Литературнай герой иэйиитин, уйулҕатын хоһуйар уус – уран ньыма, суол арааһа. Герой, персонаж ис монолога. Автор сыһыана, сыаната
-
Киһи уонна кини уйулҕата.
бэсиэдэ
1
25.11
Уус-уран литератураҕа киһи ис дууһатын эгэлгэ хамсааһынын арыйан көрдөрүү. Литературнай герой уйулҕатын хоһуйар ньымалар.
Конспектааһын - наадалааҕы булуу
кинигэ
конспект
-
Н.Д.Неустроев «Балыксыт»
Саҥа тема
1
29.11
Киһи уонна айылҕа быстыспат сибээстэрэ. Хара тыа, тыымпы күөл уобарастара.
Ойуулааһыннары булуу. Өйгө тутуу
Суруйааччы портрета.
Ааҕыы
-
«Балыксыт»
ааҕыы.
1
2.12
Автор Былатыан оҕонньору айылҕа хартыынатын кытта алтыһыннаран сатабыллаахтык кэпсээһинэ.
Бэйэ санаатын этии
Кэпсииргэ бэлэмнэнии
-
«Балыксыт»
Ырытыы.
1
6.12
Уус-уран мэтириэт холобура.
Мэтириэт суруйуу
Быһа тардыыны өйтөн ааҕыы
-
Н.М. Заболоцкай – Чысхаан «Мааппа»
Саҥа тема
4
9.12
Мааппа – баай былдьаһыы, иҥсэ-обот сиэртибэтэ. Олоххо, дьолго тардыһыы күүһэ. Олох туһунан көрүүлэр. Уус-уран айымньыга усулуобунай уобарас.
Ааҕыы, ырытыы, олоҕу анаарыы. Санааны этии. Кэпсээһин
«Мааппа» киинэ
Өйтөн суруйуу.
-
Софр. П.Данилов «От үрэххэ»
Саңа тема, ааҕыы
1
13.12
Олох тыҥааһыннаах түгэнигэр киһи дууһатын ис дьиҥэ арыллыыта. Сэрии уонна киһи. Тыйыс уонна хоргус майгы. Икки кэрдиис кэми ойуулааһын суолтата. Кэпсээн иһигэр кэпсээн.
Ааҕыы, ырытыы, олоҕу анаарыы. Кэпсээһин.
Портрет, кинигэлэрэ
-
«От үрэххэ»
Ааҕыы
1
16.12
Доҕордоһуу, таптал туһунан кэпсэтии
Санааны этии
Кинигэ.
Ааҕыы
-
«От үрэххэ»
Ааҕыы
1
20.12
Хоргус, хорсун быһыы туһунан кэпсэтии
Санааны этии.
Кинигэ.
Ааҕыы. Даайаҕа сурук суруйуу
-
«От үрэххэ»
Хатылааһын
1
23.12
Геройдар уобарастара
Олоҕу анаарыы
Кинигэ.
Толкуйдааһыннаах суруйуу
-
Варвара Потапова – саха бастакы поэтессата.
Саңа тема, дорҕоонноохтук ааҕыы.
1
27.12
Киһи ис туругун, иэйиитин хоһуйуу. Автор киһи дууһатын эгэлгэ хамсааһынын хоһоонунан этэр сатабыла.
Ааҕыы, ырытыы. Санааны этии
В Окорокова «Этигэн сүрэх айманар тойуга» Бичик, 2002 с.
Өйтөн этии
-
Хоһооннорун ырытыы
1
13.01
Уус-уран ньыматын ырытыы
Хоһоону сатаан ырытыы
кинигэ
Өйгө үөрэтии
4 раздел
Киһи дьылҕата уонна норуот кэскилэ.
Күүстээх личность общество олоҕор суолтата. Норуот кэскилин туһунан сана эргимтэтэ, өтө көрөргө холонуу.Айымньылар ааспыты анаарар, кэлэри кэрэһэлиир кырдьыксыт тыллара-өстөрө. Дьон-сэргэ – сүрүн герой, сүрүн герой – дьон-сэргэ хараҕынан. Тип, типическэй өйдөбүлэ.
-
Киһи дьылҕата уонна норуот кэскилэ.
Киирии бэсиэдэ
1
17.01
Модун санаа, хорсун быһыы, чаҕылхай санаа күүһүн литератураҕа хоһуйуу. Норуот кэскилин туһунан санаа эргимтэтэ.
Наадалааҕы сурунуу
Кинигэ.
Конспект
-
Өксөкүлээх Өлөксөй «Оттоку олук алгыһа», «Өрүс бэлэхтэрэ»
Саҥа тема
1
20.01
Автор оччотооҕу обществоны көрүүтэ, норуот кэскилин туһунан санаата. Кини баҕа санаата фольклор уобараһынан бэриллиитэ.
Ааҕыы, ырытыы, көрүү. Алгыһы ылыныы .
Суруйааччы портрета. Презентация
Быһа тардыыны өйгө ааҕыы.
-
«Өрүс бэлэхтэрэ»
Ырытыы.
1
24.01
Символ уобараһынан сырдык-хараҥа мөккүөрүн көрдөрүү
Идеялары быһаарыы
Саха сирин картата
Бопп. эппиэт
-
Алампа «Билгэ», «Аҕабар»
Саҥа тема
1
27.01
Олоҕун уонна айар үлэтин суола. Киһи төлкөтүн, оңоһуутун туһунан автор түмүк санаата.
Ааҕыы, ырытыы
Суруйааччы портрета. Кинигэлэр
Эбии матырыйаал булуу
-
П.А. Ойуунускай «Улуу Кудаҥса»,
Саҥа тема
1
31.01
Ойуунускай – норуот чулуу уола, кэрэ киһитэ. Айымньылар социальнай-философскай проблемалара.
Ааҕыы, ырытыы, кэпсэтии, кэпсээһин
Портрет, кинигэлэр, презентация
Ааҕыы.
-
«Улуу Кудаҥса»,
Ааҕыы
1
3.02
Айымньы фольклору кытта ситимин быһаарыы
Ырытыы
Кинигэ.
Ааҕыы
-
«Улуу Кудаҥса»,
Ааҕыы
1
7.02
История норуот олоҕор оруола
Өйдөбүллээхтик ааҕыы
Кинигэ.
Бопп. эппиэт
-
«Иирбит Ньукуус»
Саҥа тема
1
10.02
Күүстээх санаалаах киһи уобараһа
Аахпыты ырытыы
Кинигэ.
Бопп. эппиэт
-
С.П. Данилов хоһоонноро.
Саҥа тема
1
14.02
Хоһооннорго ийэ дойдуга, төрөөбүт норуокка күүстээх таптал этиллиитэ.
Ырытыы ньыматын баһылааһын
Хоһооннорун хомуурунньуга, мэтириэтэ
Ырытыы.
-
О.Н. Корякина – Умсуура. Хоһоонноро.
Саҥа тема
1
17.02
Төрөөбүт дойду, норуот, тыл билиҥҥи туругун, кэскилин туһунан санаа этиллиитэ.
Ырытыы ньымаларын били, туттуу
Хоһооннорун хомуурунньуга, мэтириэтэ
Ырытыы.
-
И.С. Зверев хоһоонноро.
Саҥа тема.
1
21.02
Автор ийэ тылын, ахтар алааһын, үрдүк итэҕэлин, поэзия туһунан санаалара.
Ырытыы ньымаларын билии, туттуу
Хоһооннорун хомуурунньуга, мэтириэтэ
Ырытыы.
5 раздел.
Таптал – киһи истиң иэйиитэ.
Таптал үөрүүтүн-хомолтотун, эрэйин, иэйиитин, дьолун уустаан-ураннаан хоһуйуу. Саха кэрэ туһунан өйдөбүлэ, омук эстетическэй идеала.
Автор кэрэҕэ сыһыанын суолтата. Таптал уонна социальнай сыһыаннаһыы.
Таптал уонна олох. Таптал романтиката, трагедията – литература «үйэлээх» темата.
-
Таптал – киһи истиң иэйиитэ.
Киирии уруок.
Бэсиэдэ.
1
24.02
Литератураҕа таптал иэйиитин уустаан-ураннаан хоһуйуу.
Ырытыы ньымаларын били, туттуу
Таптал туһунан хоһооннор.
Хоһоон айарга холонуу
-
Ө.Ө. «Кыраһыабай кыыс»
Саҥа тема
1
28.02
Саха кыыһын идеала. Кэрэ тулалыыр дьоҥҥо сабыдыала күүһүн сөҕүү-махтайыы.
Ырытыы. Кыыс кэрэтин билии, о²орон көрүү
презентация
ааҕыы
-
Ө.Ө. «Кыраһыабай кыыс»
ырытыы
1
3.03
Хоһоон киэбин, тутулун, тылын-өһүн уратыта Бэйэ идеалын оӊоруу
Киһи кэрэтин өйдүүргэ үөрэнии
Кинигэ, тэтэрээт
«Мин идеалым» суруйуу
-
Алампа таптал туһунан хоһоонноро.
Саңа тема
1
7.03
Хоһооннорго лирическэй герой уратыта. Поэт дууһатын ымпыктара.
Драмаҕа тапталга, дьолго талаһыы күүһэ. Геройдар олох, анал, дьол туһунан өйдөбүллэрэ. Өй-санаа уһуктуута.
Ааҕыы, ырытыы, туһаайыы тыллары булуу
Кэпсэтии. Уобарастары оӊоруу
«Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр»
Кинигэ.
Ааҕыы. Өйгө үөрэтии
-
«Таптал» драма
Ааҕыы
1
10.03
Драмаҕа тапталга, дьолго талаһыы күүһэ
Ырытыы.
Кинигэ.
Бопп. эппиэт
-
«Таптал» драма
Ааҕыы
1
14.03
Геройдар олох, анал, дьол туһунан өйдөбүллэрэ.
Олох туһунан анаарыы
Кинигэ.
Бопп. эппиэт
-
«Таптал» драма
Түмүктүүр уруок
1
17.03
Өй-санаа уһуктуута.
Санааны этии
Кинигэ.
Бопп. эппиэт
-
Суорун Омоллоон «Аанчык»
Саҥа тема
1
21.03
Киһи дьылҕата, ис санаа уларыйыыта,
Ааҕыы, ырытыы, текси кытта үлэлээһин
кинигэ
3 мэтириэти бул
-
«Аанчык»
Ырытыы.
1
24.03
уйулҕа хамсааһына, мэтириэтинэн бэриллэр уратыта.
Санааны суруйуу
Кинигэ, тэтэрээт
«Дьахтар дьоло» суругунан улэ
-
П. Тобуруокап хоһоонноро
И. Гоголев таптал туһунан хоһоонноро.
Саңа тема.
1
4.04
Дьиҥ олохтон ылыллыбыт уобарастар.
Автор кэрэни, сэдэҕи таба көрөн уратытык хоһуйар сатабыла.
Тэҥнээн көрүү
Ырыалары истии. Кинигэ.
Өйтөн ааҕыы.
6 раздел Поэт, суруйааччы олоххо анала.
Үрдүк анал туһунан санаа. Норуокка туһалаахтык олоруу – айымньы сүрүн тыына, санаата. Суруйааччы олоххо аналын уустаан-ураннаан суруйуу.
Айар үлэ абылаҥын литературнай Герой нөҥүө көрдөрүү. Ыра санаа, уран тыл, айар илбис символлара, уобарастара.
Айар үлэһит уонна ааҕааччы икки ардынааҕы сыһыан.
-
Поэт, суруйааччы олоххо анала.
Киирии уруок. Бэсиэдэ.
1
7.04
Олоххо үрдүк анал туһунан санаа. Ыра санаа, уран тыл, айар илбис символлара.
Сурунуу, истии
кинигэ
конспект
-
Алампа лириката
Саҥа тема
1
Автор саха поэзиятын жанра, киэбэ, тутула сайдарыгар үтүөтэ.
Ааҕыы, ырытыы
кинигэ
Бопп. эппиэт
-
П.А. Ойуунускай «Ийэм Дьэбдьэкиэй уңуоҕар», «Туруҥ, туруҥ, туойуҥ!»
Саҥа тема
1
11.04
Сахалыы тыл күүһүн түмпүт хоһоонноро. Публицистикаҕа чугас хоһ - р
Дорҕоонноохтук ааҕыы, ырытыы
Кинигэ презентация
Диспукка бэлэмнэнии.
-
С.П. Данилов хоһоонноро.
Диспут
1
14.04
Киһи үрдүк аналын, поэзия гуманистическай тыынын, лит. Сайдыбыт историятын туһунан санаата.
Ырытыы ньыматын туттуу
кинигэ
Ааҕыы, ырытыы
-
С.П. Данилов хоһоонноро
Ырытыы.
1
18.04
Ырыа буолбут хоһооннорун ырытыы
Талыы, тэҥнээһин, өйгө тутуу
кинигэлэрэ
Өйгө үөрэтии
-
Р.А. Кулаковскай «Аҕам олоҕо»
Саҥа тема
1
21.04
Өксөкүлээх суруйааччы, чинчийээччи, талааннаах личность быһыытынан арыллыыта. Айымньы жанра.
Ааҕыы, кэпсэтии, кэпсээһин.
Суруйааччы мэтириэтэ.
Ааҕыы
-
«Аҕам олоҕо»
Ааҕыы
1
25.04
Өксөкүлээх суруйааччы, чинчийээччи, талааннаах личность быһыытынан арыллыыта. Айымньы жанра
Ааҕыы, кэпсээһин
Ааҕыы Эбии ааҕыы
-
«Аҕам олоҕо»
Ааҕыы
1
28.04
Оҕо уонна төрөппүт ситимэ
Ааҕыы, кэпсээһин
Оҕолорун ахтыыта
Ааҕыы, бопп. эппиэт
-
С. Руфов – саха биллиилээх поэта.
Саҥа тема
1
2.05
Поэт идейнэй-эстетическэй, уус-уран көрдөөһүннэрэ.
Санааны этии.
Мэтириэт, кинигэ.
Ырытыы.
Хатылааһыҥҥа бэлэмнэнии
-
Хатылааһын.
Хатылааһын.
1
5.05
Сыллааҕы түмүгүта»аарыы
Сөптөөх эппиэти биэрии
тургутук
Бэлэмнэнии.
-
Сыллааҕы хатылааһын
Хатылааһын.
1
12.05
Сыллааҕы түмүгү таһаарыы
тургутук
-
Программа туолуута.
Үөрэнээччи ылыахтаах билиитэ уонна сатабыла.
Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иҥэриннэҕинэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыаҕын толору туһанарыгар эрэниэххэ сөп.
Төрөөбүт тыл — омугу сомоҕолуур тыл буоларын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэһэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литератураҕа иҥмитин билэр.
Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр ытык иэстээҕин, ийэ тыл үйэлэргэ чөл туруктаах буоларыгар туох оруоллааҕын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэҕэйэр.
Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыһан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киһиттэн харыстабыллаах сыһыаны эрэйэрин өйдүүр.
- саха суруйааччыларын уус-уран айымньыларын ааҕыахтаах;
- саха суруйааччыларын үлэлэрин, олохторун-дьаһахтарын билиэхтээх;
- уус-уран наука публицистика айымньыларын таба өйдөөн, кудуччу ааҕыахтаах (мүнүүтэҕэ ортотунан таска 120-130 тылы, искэ 180-200 тылы)
-10-ча хоһоону уонна 2-3 кэпсээнинэн айымньыттан быһа тардыыны өйтөн ааҕыахтаах;
- уус-уран айымньы олоҕу хоһуйар искусство көрүҥэ, ааспыт, билиҥҥи кэлэр кэмнээҕи олох уус-уран кэрэһитэ, туоһута буоларын өйдүөхтээх:
- айымньыны эбэтэр быһа тардыыны өйгө үөрэппити литература ханнык көрүҥэ буоларын өйдөөн, хоһоонноохтук, уус-ураннык ааҕыахтаах.
- аахпыт текскэ судургу, уустук былааны оңорор буолуохтаах.
Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:
киһи сайдыылаах уонна ситиһиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр;
уус-уран литератураны тылынан искусство ураты көрүҥүн быһыытынан сыаналыыр;
тулалыыр эйгэ туһунан билии-көрүү ааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин-дириҥиирин өйдүүр;
норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха төрүт олоҕун-дьаһаҕын, историятын, тылын-өһүн, култууратын көстүүтэ буоларын өйдүүр, сыаналыыр;
Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;
үтүөнү-мөкүнү, сырдыгы-хараҥаны арааран, сиэри тутуһуу, амарах, аһыныгас, дьоҥҥо кыһамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
ааҕыы үлэтин араас көрүҥэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, түмүгүн сабаҕалыыр; үлэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;
уруокка, уруок таһынан үлэҕэ бэриллибит сорудаҕынан араас информационнай эйгэ кыаҕын талар, тyhaнap;
уус-уран айымньыга мөккүөр төрүөтүн, сайдыытьн быһаарар, үөскээбит көстүүлэри, дьон сыһыанын ырытан дакаастыыр;
уус-уран айымньы сүрүн ис хоһоонун, дьоруойдар араас сыһыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика көмөтүнэн быһаара, ситимнии, тиһиктии үөрэнэр;
аахпытыгар уонна уопутугар олоҕуран, тэҥниир уонна ойуулуур, учебнигынан үлэлиир;
уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодоруһуу сиэрин тутуһан, бииргэ үлэлиир кыахтанар;
доҕотторун, төрөппүттэрин, кылаас иннигэр кылгас иһитиннэриини oҥopop;
бэриллибит тиэмэҕэ санаатын сааһылаан айан кэпсиир, суруйар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:
ааҕыы сүрүн үөрүйэхтэрин баһылыыр;
айымньы араас көрүҥүн болҕойон истэр;
норуот айымньыта уонна уус-уран литература, төрөөбүт уонна атын омук литературата диэн араарар;
аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна көрүҥүн (жанрын) болҕойор үөрүйэхтээх;
сааһыгар сөптөөх араас көрүҥнээх (уус-уран, үөрэх, научнай-популярнай) тиэкиһи үчүгэйдик өйдүүр, ырытар, туһанар;
кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, кылгатан, талан, 6ыha тардан) билэр; сорудах быһыытынан туһааннаах көрүҥҥэ сөп түбэһиннэрэн кэпсиир;
сөбүлээн аахпыт айымньытын туһунан ааҕааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уһуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар;
сааһыгар сөп түбэһэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат уус-уран быһаарыыны (эпитети), өс хоһоонун, уус-уран ньыма apaaһын кэпсииригэр туһанар;
айымньыттан сөбүлээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоһоонноохтук ааҕар;
чопчу тиэмэҕэ араас көрүҥнээх суругунан айар үлэни толорор
Хонтуруолунай үлэлэр, сорудахтар.
Хас биирдии үөрэтиллибит темаҕа дьиэтээҕи сорудах бэриллэр, хас чиэппэр бүтэһик нэдиэлэтин аайы чиэппэри түмүктүүр хонтуруолунай үлэ ыытыллар. Ол быыһыгар хоһоону өйгө үөрэтии, айымньы уобараһын ырытыы, айымньы геройун аатыттан монолог ааҕыы, сурук суруйуу, суруйааччы үлэтин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан кэпсииргэ бэлэмнэнэн кэлии сорудахтанар. Саамай сүрүн сорудах – ааҕыы, ааҕыы уонна өссө төгүл ааҕыы.
Саха литературатын уруогар туттуллар тэриллэр
Учебник: В.Р.Шишигина, М.Е. Максимова «Саха литературата» учебник-хрестоматия, Бичик, Дьокуускай, 2010 с.
1-9 кылаастарга аналлаах «Норуот тылынан айымньыта уонна уус-уран литература» программа. Бичик, Дьокуускай, 2007
Суруйааччылар мэтириэттэрэ – үөрэнээччилэр суруйааччылары харахтарынан көрөн биллиннэр диэн сыаллаах туттуллар.
Саха суруйааччыларын айымньылара – дьиҥнээх айымньылар хайдах быһыылаахтарын, сүрүн ис хоһооно тугу кэпсиирин биллэрэр сыаллаах туттуллар.
Авторскай тестэр – үөрэтиллибит тема кэнниттэн үөрэнээччилэр ылбыт билиилэрин хатылыыр, чиҥэтэр, бэрэбиэркэлиир сыаллаах туттуллар.
Методическэй пособиелар – литератураны үөрэтэргэ учууталга көмө быһыытынан туттуллар.
Компьютер, проектор – суруйааччылар хаартыскаларын, музейдарын, айымньынан оҥоһуллубут киинэлэри көрдөрөргө, аудиозапись истэргэ анаан туттуллар.
Үлэни сыаналааһын.
Өйтөн суруйуу:
өйтөн суруйуу ис хоһооно барыта толору арыллыбыт, аатыгар эппиэттиир гына суруллубут, геройдар, сир-дойду ырытыллыбыт, биир да пунктуационнай уонна орфографическай сыыһата суох буоллаҕына – 5 сыана.
ис хоһооно ситэ арыллыбатах, аҕыйах сыыһалаах буоллаҕына – 4 сыана.
үлэ 30% эрэ оҥоһуллубут буоллаҕына – 3 сыана.
Хоһоон этии:
сорудахтаммыт хоһоону барытын үчүгэйдик (выразительно) эттэҕинэ – 5 сыана.
хоһоон 70-80% эттэҕинэ – 4 сыана.
хоһоон 50% эттэҕинэ – 3 сыана.
Айымньыны кэпсииргэ:
сорудахтаммыт айымньыны барытын үчүгэйдик кэпсээтэҕинэ – 5 сыана.
айымньы 70-80% кэпсээтэҕинэ – 4 сыана.
айымньы 50% кэпсээтэҕинэ – 3 сыана.
Саха литературатын үөрэтиигэ туттуллар литература
Үөрэнээччигэ: - «Саха литературата» учебник;
- саха суруйааччыларын айымньылара;
- «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта»
- Интернеттэн ылыллар матырыйааллар.
Учууталга: - «Саха литературата» учебник;
- саха суруйааччыларын айымньылара;
- «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта»;
- «Норуот тылынан айымньыта уонна уус-уран литература» 1-9 кыл. аналлаах программа
- М.А. Попова «Саха литературатыгар тирэх өйдөбүллэр»