Рабочая программа по якутскому языку в 9 классе

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...



Министерство образования Республики Саха (Якутия)

Муниципальное учреждение «Муниципальный орган управления образования»

МБОУ «Вилючанский лицей-интернат им. В.Г.Акимова» МР «Сунтарский улус (район)»



РАССМОТРЕНО: СОГЛАСОВАНО: УТВЕРЖДЕНО:

на заседании кафедры зам. директора по УВР директор лицей – интерната

протокол №__ «__»_____________ 2016г. ___________ (Петрова В.М.) _________ (Максимов А.А.)

______________ (Максимова Л.Ю.) «__»_____________ 2016г. «__»______________ 2016г.










РАБОЧАЯ ПРОГРАММА ПО ЯКУТСКОМУ ЯЗЫКУ

на 2016 – 2017 учебный год









Предмет: саха тыла

Класс: 9

Учебник: Винокуров И.П., Филиппов Г.Г., Филиппова М.Е. «Саха тыла» 8-9 кыл., Дьокуускай, «Бичик», 2006 с.

Программа: Семёнова С.С. «Сахалыы оскуола программата. Саха тыла. 5-11 кыл.», Дьокуускай, 2000 с.

Учитель: Степанов В.В.








Быһаарыы сурук

Төрөөбүт тыл — көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр ханнык баҕарар норуот улуу нэһилиэстибэтэ, киһи-аймах ытык өйдөбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл — oҕoҕo тулалыыр эйгэтин кыраҕатык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиҥник бодоруһар, иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэҕин утумнуур сүрүн эйгэтэ.

Ол иһин оҕону кыра сааһыттан оҕо тэрилтэтигэр, оскуолаҕа төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быһыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быһыытынан көмүскэллээх, билиҥҥи усулуобуйаҕа үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар.

Саха Республикатыгар саха тылын төрөөбүт тыл быһыытынан үөрэтии 1922 сыллаахтан тиһигин быспакка, үгүс оскуолаҕа үгэскэ кубулуйан, уопсай үөрэхтээһин оҕону сайыннарар биир сүрүн предметин быһыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билиҥҥи да кэмҥэ орто үөрэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сөп түбэһиннэриллэн, үөрэтии таһыма, хайысхата, ис хоһооно сайдан иһэр.

Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ оҕо личность быһыытынан сайдыытын хааччыйыахтааҕа этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саҥа булгуччулаах ирдэбили — үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иҥэриини киллэрэр.



Саха тылын предметин сыала-соруга


Саха тылын үөрэтии предметэ атын үөрэх предмэттэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өһүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэҕи иҥэрэр кыаҕынан бас-көс балаһыанньаны ылар предмет буолар. Онон, бу предмети үөрэтии таһымыттан саха оскуолатыгар үөрэхтээһин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы ситиһиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.

Үөрэнээччи 9 кылааска синтаксиһы ситэри үөрэтэр, стилистиканы саҕалыыр.Холбуу этии арааһын, стилистикатын үөрэтэн, сөптөөх кэмҥэ сөпкө туттара олус суолталаах.

Этиллибиккэ олоҕуран,төрөөбүт тылы үөрэтии сыалын үс хайысхаҕа араарыахха сеп:

1) үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туһунан билиини аан дойду туһунан научнай билии быстыспат сорҕотун быһыытынан иҥэрии, тыл үөрэҕин сүрүн балаһыанньаларын, быраабылаларын билиһиннэрии, онно олоҕуран, оҕо билэр-көрөр, толкуйдуур кыаҕын сайыннарыы;

  1. үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруһар үөрүйэҕин, саҥа (тыл) култуурата киһи уопсай култууратын быстыспат сорҕото буоларын туһунан өйдөбүлгэ тирэҕирэн, caҥa (тыл) араас көрүҥэр (кэпсэтии, суруйуу, ааҕыы, өйтөн айыы, о.д.а.)үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;

  2. үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан ураты харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии, хас биирдии киһи ийэ тылын сайыннарар иэстээҕин өйдөтүү.





Саха тылын предметин ис хоһооно

Төрөөбүт тылы оскуолаҕа үөрэтии ис хоһоонун сүрүн хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиһэргэ аналлаах тутаах научнай балаһыанньалартан таҥыллар. Ити ирдэбилгэ олоҕуран, төрөөбүт тылы үөрэтии ис xohooнyrap маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:

  • Саҥа көрүҥэ: истии, саҥарыы, ааҕыы, суруйуу.

  • Тыл үөрэҕин синтаксис уонна стилистика салааларын туһунан уопсай өйдөбүл.

  • Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.

  • Ситимнээх саҥаны сайыннарыы.

Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис xоһооннороорто сүһүөх оскуола үөрэнээччитин сааһын уратытын, өйүн-санаатын кыаҕын, билэр-көрөр дьоҕурун учуоттаан таҥыллыахтаахтар.

Синтаксис, стилистика.

Этии стилистикатын билии. Судургу уонна холбуу этии, тэҥҥэ холбоммут холбуу уонна баһылатыылаах холбуу этии араастарын үөрэтии, сирэй саҥа, ойоҕос саҥа, диалог, туһулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааһын. Этиини таба интонациялаан ааҕыы, сурукка caҥa дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.

Сурук-бичик култуурата

Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөһүн. Уһун aһaҕac дорҕооннору, дифтону, хоһуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаһар бүтэй дорҕооннору, саха тылыгар киирии дорҕооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар олоҕуралларын өйдөөһүн, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы. Киэҥник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыһыарыыларын таба суруйуу.

Сурук бэлиэтэ.

Сурук бэлиэтэ — тыл култууратын сорҕото буоларын, киһи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйиини сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туһалааҕын, тиэкис ардам-тардам барбатын, ыһыллыбатын, биир сомоҕо, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөһүн. Тылын ордук тупсаҕай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааһынсатабыллаахтык туттуу.

Ситимнээх саҥаны сайыннарыы

Туох сыаллаах-соруктаах саҥарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн, дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааһылаан, араас тиэкистэри холкутук саҥарыы-суруйуу. Тиэкис сүрүн санаатыгар олоҕуран, тиэкиһи таба ааттааһын. Тиэкис тиибиттэн көрөн, тиэкис тутулун тутуһар, былаанын oҥopop, кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары, тыл баайынсөпкө туттар.



Календарнай-тематическай былаан

Ыытыллар

кэмэ

Уруок сыала

Сатабыл

(УУД)

Туттуллар

тэрил

Дьиэҕэ үлэ

Был. кэм

Буол. кэм

1 раздел

Саха тыла-Саха республикатын государственнай тыла.

Государственнай тыл статуһа, суолтата. Төрөөбүт тылы билии суолтата

Саха тылаСаха Республикатын государственнай тыла

Киирии уруок

1

1.09


Саха тылын туһунан сэһэргээһин

Истэр,ааҕар, иһитиннэрэр

Хаһыат матырыйааллара

Ааспыт сылга үөрэппити хатылаан кэлии.

Ааспыты хатылааһын

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок

1

5.09


Үөрэппит билиини чиңэтии

Саӊа чаастарын билэр, ырытар

Учебник

Хатылааһыҥҥа бэлэмнэнии

Билиини тургутуу. Хатылааһын.

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок. Тургутук

1

8.09


Хаалбыт билиини бэрэбиэркэлээһин

Сөптөөх эппиэттэри биэрии

тэтэрээт

Быраабылалары үөрэтии

2 раздел

Холбуу этии.

Холбуу этии өйдөбүлэ, уратыта. Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии , Баһылатыылах холбуу этии араастара, стилистиката.

Холбуу этии өйдөбүлэ

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

12.09


Холбуу этии чаастарын араарыы

Холбуу этиини судургуттан араарар. ХЭ араастарын билии

Учебник, карточка

у/у кинигэттэн холобурдары булуу

Холбуу этии өйдөбүлэ

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

15.09


Холбуу этии чаастарын араарыы, араастарын ыйыы

Х/Э араастарын арааран билии

Кинигэ. Тэтэрээт.

Х/э араастарыгар холобур булуу

Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһа

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

19.09


Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһын быһаарыы

ТХХЭ арааһын араарыы, билии

Учебник

эрчиллии

Тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһа

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

22.09


Тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһын быһаарыы

Тэӊ суолталаах ТХХЭ арааһын ис хоһоонунан араарыы

Учебник, карточка

Холобурдары булуу,этии толкуйдааһына

Тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

26.09


Тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһын быһаарыы

ТХХЭ арааһын ис хоһоонунан араарыы

Учебник, карточка

Холобурдары булуу,этии толкуйдааһына

Тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

29.09


Тэҥ суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһын быһаарыы

ТХХЭ арааһын ис хоһоонунан араарыы, тиэкис оҥорорго туттуу

Учебник, карточка

Холобурдары булуу,этии толкуйдааһына

Баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһа

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

3.10


Баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһын быһаарыы

Баһылыыр суолталаах ТХХЭ арааһын ис хоһоонуттан билии.

Учебник, карточка

Холобурдары булуу,этии толкуйдааһына

Баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһа

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

6.10


Баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһын быһаарыы

Баһылыыр суолталаах ТХХЭ арааһын ис хоһоонуттан билии

Учебник, карточка

Холобурдары булуу, этии толкуйдааһына

Баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһа

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

10.10


Баһылыыр суолталаах тэҥҥэ холбоммут холбуу этии арааһын быһаарыы

Баһылыыр суолталаах ТХХЭ арааһын ис хоһоонуттан били, этиини бэйэ сатаан оҥоруута

Учебник, карточка

Холобурдары булуу,этии толкуйдааһына

Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии стилистиката

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

13.10


Тэҥҥэ холбоммут холбуу этии стилистическай суолтатын быһаарыы

ТХХЭ стилистикатын билии, алҕаһы көннөрүү

Учебник

Этии иис хоһоонун быһаарыы

Ырытар, эрчийэр диктант

Чиҥэтэр уруок

1

17.10


Үөрэппити чиҥэтии

Сурук бэлиэтин сөпкө туруоруу



Баһылатыылаах холбуу этии өйдөбүлэ.

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

20.10


Баһылатыылаах холбуу этии чаастарын быһаарыы

БХЭ ТХХЭ уратытын билии, араарыы

Учебник


Сиһилии салаа этиилээх баһылатыылаах холбуу этии

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

24.10


Сиһилии салаа этиилээх баһылатыылаах холбуу этии

Суолтатын быһаарыы, холобурдары булуу, этии оҥоруу

Ыйытыытын сөпкө туруоран, сиһилии салаа этиини булуу

Учебник, карточка

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Сиһилии салаа этиилээх баһылатыылаах холбуу этии

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

27.10


Сиһилии салаа этиилээх баһылатыылаах холбуу этии

Суолтатын быһаарыы, холобурдары булуу, этии оҥоруу

Ыйытыытын сөпкө туруоран, сиһилии салаа этиини булуу

Учебник, карточка

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Сиһилии салаа этиилээх баһылатыылаах холбуу этии

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

31.10


Сиһилии салаа этиилээх баһылатыылаах холбуу этии

Суолтатын быһаарыы, холобурдары булуу, этии оҥоруу

Ыйытыытын сөпкө туруоран, сиһилии били этиини булуу, ырытыы

Учебник, карточка

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Туһаан, толоруу, быһаарыы, кэпсиирэ холбуу этиилэр

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

7.11


Этиилэр араастарын быһаарыы, холобурдары булуу, этии оҥоруу

Бу этиилэр уратыларын били, ырытыы

Учебник, карточка, таблица

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Туһаан, толоруу, быһаарыы, кэпсиирэ холбуу этиилэр

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

10.11


Этиилэр араастарын быһаарыы, холобурдары булуу, этии оҥоруу

Бу этиилэр уратыларын били, ырытыы

Учебник, карточка, таблица

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Туһаан, толоруу, быһаарыы, кэпсиирэ холбуу этиилэр

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

14.11


Этиилэр араастарын быһаарыы, холобурдары булуу, этии оҥоруу

Бу этиилэр уратыларын билии, ырытыы

Учебник, карточка, таблица

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Хатылааһын

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок

1

17.11


БХЭ сатаан оҥоруу

БХЭ. Текскэ туттуу

Кинигэ. Тэтэрээт.

Кыһын туһунан текст

Уустук тутуллаах холбуу этии

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

21.11


Этиини ырытыы

Уратытын билии, араарыы

Учебник, карточка

Холобурдары булуу

Уустук тутуллаах холбуу этии

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

24.11


Этиини ырытыы

Уратытын билии, араарыы

Учебник, карточка

Холобурдары булуу

Баһылатыылаах холбуу этии стилистиката

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

28.11


Баһылатыылаах холбуу этии стилистическай суолтатын быһаарыы

БХЭ - ни ырытыы

Учебник, карточка

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Хатылааһын

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок

1

1.12


Үөрэппити чиҥэтии

ТХХэ, БХЭ ырытыы

Учебник, карточка

Холобурдары булуу, этии ырытыы

Бэрэбиэркэлиир үлэ

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок

1

5.12


Билиини тургутуу

Холбуу этиини сөпкө ырытар

Тэтэрээт,сорудахтар

Хатылааһын

Аахпыттан суруйуу

чиҥэтэр уруок

1

8.12


Тиэкси суруйуу

Текскэ БХЭ, ТХХЭ туттуу



3 раздел

Тиэкис синтаксиһа.

Тиэкискэ этии ситимнэрэ, этиини ситимниир ньымалар. Тиэкис сүрүн санаатын арыйар ньымалар. Тиэкис чааһа, былаана, тыла-өһө.

Тиэкис өйдөбүлэ, бэлиэтэ

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

12.12


Тиэкси ырытыы

Өйдөбүлүн билии. Текст оҥоруу.

Учебник

Тиэкси ырытыы

Тиэкискэ этии ситимэ

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

15.12


Тиэкистэн этии ситимин арааран көрүү, тупсарыы, этиини араас ньыманан ситимнээн салҕааһын

Этии ситимнэрин сатаан туттуу.Этии ситимнэрин арааһын билии, ырытыы

Учебник

Ырытыы

Тиэкискэ этии ситимэ

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

19.12


Тиэкистэн этии ситимин арааран көрүү, тупсарыы, этиини араас ньыманан ситимнээн салҕааһын

Этии ситимнэрин сатаан туттуу.Этии ситимнэрин арааһын билии, ырытыы

Учебник, тэтэрээт

Текст оҥоруу

Тиэкис чааһа. Абзац. Былаан

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

22.12


Тиэкис чаастарын араарыы. Былаан оҥоруу

Былааны сатаан оҥоруу

Учебник

Ырытыы

Тиэкис чааһа. Абзац. Былаан

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

26.12


Былаан оҥоруу, текст суруйуу

Былаан быһыытынан текси суруйуу

Учебник, тэтэрээт

Ситэрии

Тиэкис сиһилиир ньымата. Сэһэргээһин

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

29.12


Тиэкис тылын-өһүн, итэҕэһин таба көрүү, көннөрүү, тупсарыы

Сэһэргээһин текси оҥоруу

Учебник

Текст оҥоруута

Сэһэргээһин

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

12.01


Тиэкис тылын-өһүн, итэҕэһин таба көрүү, көннөрүү, тупсарыы

Текст тутулун сөпкө оҥоруу

Кинигэ. Тэтэрээт.

Алҕастары көннөрүү

Ойуулааһын

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

16.01


Ойуулуур тиэкис жанрын быһаарыы. Итэҕэһин булан көннөрүү, тупсарыы

Киһини, айылҕаны, хамныыр-харамайы, дьиэни-уоту ойуулааһыны

сатааһын

Учебник

Текст оҥоруута

Ойуулааһын

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

19.01


Итэҕэһин булан көннөрүү, тупсарыы

Ойуулааһын текст уратытын сатаан туттуу

Кинигэ, тэтэрээт.

Көннөрүү

Тойоннооһун

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

23.01


Тойоннуур тиэкис тутулун, стилин, ситимниир ньыматын, тылын-өһүн ырытыы

Бу текст уратытын, дакаастабылын сатаан суруйуу

Учебник , тэтэрээт

Текст оҥоруута

Тойоннооһун

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

26.01


Текси ырытыы

дакаастабылы сатаан суруйуу

Учебник , тэтэрээт

Хатылааһын

Хатылааһын

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок

1

30.01


Тиэкистэри ырытыы

Бэриллибит темаҕа текст суруйуу

Карточка

Ситэрии

Аахпыттан суруйуу

Хатылааһын

1

2.02


Этии ситимин сөпкө оҥоруу

Текскэ этиилэр ситимнэрин сөпкө оҥоруу

Текст. тэтэрээт.

хатылааһын

4 раздел

Пунктуация.

Сурук бэлиэтин арааһа. Нуучча тылын пунктуациятын кытта сибээһэ. Сурук бэлиэтин сүрүн үөрүйэҕэ уонна сатабыла

Соппутуой туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

6.02


Соппутуойу быраабыланан таба туруоруу

Быраабыланы билии, бэйэ суруйуутугар таба туттуу. Диктаӊт суруйуу

Карточка , кинигэ

Холобурдары булуу. Карточка оңоруута

Соппутуой туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

9.02


Соппутуойу быраабыланан таба туруоруу

Быраабыланы билии, бэйэ суруйуутугар таба туттуу

Карточка , кинигэ

Холобурдары булуу.

Соппутуой туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

13.02


Соппутуойу быраабыланан таба туруоруу

Быраабыланы билии, бэйэ суруйуутугар таба туттуу

Карточка , кинигэ

Холобурдары булуу

Соппутуой туруута. Диктант.

Чиҥэтэр уруок

1

16.02


Соппутуойу быраабыланан таба туруоруу

Таба суруйуу

тэтэрээт

Эрчиллиигэ сурук бэлиэтэ

Тириэ туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

20.02


Тириэни таба туруоруу

Тириэни бэриллибит этиилэргэ таба туруоруу

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Сурук бэлиэтин туруоруу. Холобурдары булуу

Тириэ туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

23.02


Тириэни таба туруоруу

Тириэни бэриллибит этиилэргэ таба туруоруу

Карточка .Кинигэ, тэтэрээт

Сурук бэлиэтин туруоруу

Икки туочука туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

27.02


Сурук бэлиэтин таба туруоруу

Бу быраабыла туттуллар түгэнин билии, туруоруу

Карточка

Холобурдары булуу

Икки туочука туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

02.03


Сурук бэлиэтин таба туруоруу

Бу быраабыла туттуллар түгэнин билии, туруоруу

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Холобурдары булуу

Элбэх туочука туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

6.03


Сурук бэлиэтин таба туруоруу

Сурук бэлиэтин таба туруорарга үөрэнии

Карточка

Холобурдары булуу

Туочукалаах соппутуой туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

9.03


Сурук бэлиэтин таба туруоруу

Бу быраабылаҕа сөп түбэһэр этиилэри оӊоруу

Карточка

Холобурдары булуу

Хабыычыка туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

13.03


Сурук бэлиэтин таба туруоруу

Текскэ таба туруоруу

Карточка

Холобурдары булуу

Хабыычыка туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

16.03


Сурук бэлиэтин таба туруоруу

Текскэ таба туруоруу

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Холобурдары булуу

Ускуопка туруута

Саҥа матырыйаалы үөрэтии

1

20.03


Сурук бэлиэтин таба туруоруу

Быраабыланы билии, туттуу

Карточка

Холобурдары булуу

5 раздел

Хатылааһын.

Лексика, фонетика, морфология үөрэхтэриттэн тугу билбиттэрин, иҥэриммиттэрин билии. Ырытыылары оҥоруу

Хатылааһын

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок

1

23.03


Үөрэппити чиңэтии

Этиилэри алҕаһа суох суруйуу

Текст


Суругунан үлэ. Диктант

Чиҥэтэр уруок

1

3.04



Диктаны суруйуу



Лексика теманы чиҥэтии

Чиҥэтэр уруок

1

6.04


Лексическэй ырытыы

Ырытыыны сатаан оҥоруу

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Холобурдары булуу

Лексика теманы чиҥэтии

Чиҥэтэр уруок

1

10.04


хатылааһын

Ырытыыны сатаан оҥоруу

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Ырытыы.

Фонетика теманы чиҥэтии

Чиҥэтэр уруок

1

13.04


Дорҕоонунан ырытыы

Сатаан оҥоруу

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Ырытыы

Фонетика теманы чиҥэтии

Чиҥэтэр уруок

1

17.04


Дорҕоонунан ырытыы

Сатаан ырытыы

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Ырытыы

Тыл састааба

Чиҥэтэр уруок

1

20.04


Тылы састаабынан ырытыы

Сатаан ырытыы

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Ырытыы

Тыл састааба

Чиҥэтэр уруок

1

24.04


Тылы састаабынан ырытыы

Сатаан ырытыы

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Ырытыы

Саңа чаастарын чиҥэтии

Чиҥэтэр уруок

1

27.04


Саңа чааһынан ырытыы

Сөпкө булуу, ырытыы

Кинигэ, тэтэрээт

Ырытыы

Саңа чаастарын чиҥэтии

Чиҥэтэр уруок

1

1.05


Саңа чааһынан ырытыы

Сөпкө булуу, ырытыы

Кинигэ, тэтэрээт

Ырытыы

Сыллааҕы хатылааһын.

Хатылааһын, чиҥэтэр уруок

1

4.05


Сыл устата үөрэтиллибити хатылааһын, чиҥэтии.

Быраабыла өйдөбүлүн тылынан этии

Карточка . Кинигэ, тэтэрээт

Тылынан эппиэттэр.

Сылы түмүктүүр хонтуруолунай үлэ.

тургутук

1

11.05


Сыл устата үөрэтиллибити хатылааһын, чиҥэтии.

Алҕаһа суох суруйуу, сорудаҕы сөпкө оҥоруу


Сорудахтаах диктант суруйуу.


























Үөрэнээччи ылыахтаах билиитэ уонна сатабыла.

Саха тылын оскуолаҕа үөрэтии кэмигэр оҕо маннык сатабыллары ылыахтаах:

  • Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тyтyhap.

  • Холбуу этии өйдөбүлүн, арааһын билэр

  • Этии стилистикатын сатаан араарар, туһанар.

  • Сирэй саҥаны, автор тылын сурукка сатаан суруйар.

  • Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тyтyhap.

  • Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).

  • Саныыр санаатын сааһылаан, дьоҥҥо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун тyтyhaн суруйары сатыыр.

  • Тиэкис тииптэрин сэһэргээһин, ойуулааһын, тойоннооһун диэн араарар.

  • Монолог (сэһэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии, ыйыталаһыы, о.д.а.) арааһын сатаан тyhaнap.

  • Бэйэ саҥатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиһин ис хоһоонун, тылын-өһүн сыаналанар, алҕастарын булар, чочуйар, тупсарар.








Хонтуруолунай үлэлэр, дьиэтээҕи уонна кылааска сорудахтар.

Хас биирдии үөрэтиллибит темаҕа дьиэтээҕи сорудах бэриллэр, хас чиэппэр бүтэһик нэдиэлэтин аайы чиэппэри түмүктүүр хонтуруолунай үлэ ыытыллар. Ол быыһыгар ситимнээх саҥаны сайыннарар сыаллаах диктант, аахпыттан уонна өйтөн суруйуу ыытыллар. Хонтуруолунай үлэлэргэ ардыгар авторскай тестэр туттуллаллар. Дьиэтээҕи сорудахха элбээбитэ 2 эрчиллии бэриллэр эбэтэр 5-6 этии толкуйдааһына, айымньыттан булуу ирдэнэр.









Саха тылын уруогар туттуллар тэриллэр



  1. Учебник «Саха тыла» 8-9 кыл., Бичик, Дьокуускай, 2006 с.

  2. Семёнова С.С. «Саха тыла» (5-9 кыл.) Сахалыы оскуола программата, Үөрэхтээһини сайыннарар институт издательствота, Дьокуускай, 2000 с.

  3. Авторскай тестэр – үөрэтиллибит тема кэнниттэн үөрэнээччилэр ылбыт билиилэрин хатылыыр, чиҥэтэр, бэрэбиэркэлиир сыаллаах туттуллар.

  4. Методическэй пособиелар – литератураны үөрэтэргэ учууталга көмө быһыытынан туттуллар.

  5. «Аахпыттан суруйуу уонна диктант тиэкистэрэ» - 5-11 кыл. хомуурунньук.

  6. В.И. Аммосова «Дьыктаан хомуурунньуга» 5-9 кыл. Дьокуускай, Бичик, 2016 с.



Үлэни сыаналааһын.

  1. Дьиэтээҕи үлэ:

  • Дьиэтээҕи үлэ барыта оҥоһуллубут, кырата биир-икки пунктуационнай уонна орфографическай сыыһалаах буоллаҕына – 5 сыана.

  • Дьиэтээҕи сорудах 70-80 % туолбут буоллаҕына – 4 сыана.

  • үлэ 50% эрэ оҥоһуллубут буоллаҕына – 3 сыана.

  1. Диктант:

  • 2-тэн ордуга суох пунктуационнай уонна орфографическай сыыһалаах буоллаҕына – 5 сыана.

  • 7-тэн ордуга суох пунктуационнай уонна орфографическай сыыһалаах буоллаҕына – 4 сыана.

  • 12-тэн ордуга суох пунктуационнай уонна орфографическай сыыһалаах буоллаҕына – 3 сыана.

  1. Аахпыттан суруйуу:

  • Тиэкис ис хоһооно 80-100 % суруллубут уонна аҕыйах пунктуационнай уонна орфографическай сыыһалаах буоллаҕына – 5 сыана.

  • Тиэкис ис хоһооно 60-80 % суруллубут уонна аҕыйах пунктуационнай уонна орфографическай сыыһалаах буоллаҕына – 4 сыана.

  • Тиэкис ис хоһооно 40-60 % суруллубут уонна аҕыйах пунктуационнай уонна орфографическай сыыһалаах буоллаҕына – 3 сыана.