Урок-конспект на тему Терут дор5оон 3 класс

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Интегрированный урок музыки и НКНЯ

3 класс

«Терут дор5оон»


Уруок тиибэ: комбинированный

Уруок уhуна: 25 минут.

Туттуллар тэрил: компьютер, проектор, презентация

Уруок сыала:

  1. Саха музыкальнай инструменнарын кытта билсии

  2. Тыас таhааран, оонньоон керуу

  3. Норуот ырыатын до5уhуоллаан батыhыы



Уруок хаамыыта

1 этап. Организационнай:

Учуутал:

- Утуе кунунэн о5олор! Мин аатым Любовь Геннадиевна диэн. Бордоц орто оскуолатын Музыка5а уонна Саха Өрөспуубулукэтин норуоттарын культуратын учуутала буолабын.

- О5олор бэйэбитин харах харахха керсуеххэйиц эрэ, сырдык мичээрбититтэн бэйэ бэйэбитигэр бэрсэбит. Уонна наhаа учугэй настырайыанньалаах уруокпутун са5алыаххайыц. Бу уруокпар кэлэн уерэнэн эрэргититтэн сурдээ5ин уердум. Уруокпут интириэhинэйдик барыа диэн эрэнэбин.

2 этап. Уруок тематын, сыалын тобулуу. (3 мин)

- Уруокпут са5аланыытыгар биир видеосюжеты керуеххэйиц. (Видео барар)

- Дьэ бу видео5а тугу кердугутуй? О5олор тугу тутан туралларый? (эппиэт)

- Сахалыы тыаьы-ууhу таьаарар инструменнарга оонньууллар дии. Оччотугар биhиги уруокпут туох туьунан буолуой? (эппиэт: музыкальнай инструменнар)

-Маладьыастар, саамай сеп. Дьэ ити инструменнарбыт тыас уус таhаараллар, чуолаан терут сахалыы тыаьы, дор5оону таьаараллар эбит. Ол аата уруокпут темата «Терут дор5оон» диэн буолар. Слайд2

- О5олор, ити инструменнарга оонньуоххутун, илиигитинэн тутан-хабан керуеххутун ба5ара5ыт дуо? Оччо5о биhиги бугуццу уруокпут сыала тугуй?

  1. Саха музыкальнай инструменнарын кытта билсиhии;

  2. Тыас таhааран, оонньоон керуу;

  3. Норуот ырыатын до5уhуоллаан батыhыы; Слайд3


3 этап. Тиэмэни арыйыы


hигини 3 белеххе араардым. Cлайд 4.

-Дьэ бу беле5унэн олорон билигин улэлиэххит. Эhиэхэ остуолгутугар ойуулаах хартыыналар сыталлар. Ону кереммут билсиhэ олоробут. Дьээрэ о5олор, барыгыт бол5омтотун бу аптаах дьааhыкка тардабын. Улэлиэххит иннинэ бу аптаах дьааhыкпыттан ханнык эмэ инструменнары баар гынарыгар кердеhебун.

-Аптаах дьааьык о5олорго ханнык инструмены билиhиннэрэ5ин?

  • Дьа5а-2

  • Хобо чуораан-2

  • Хоп-хоп туйах-2

  • Сиксиир-2

  • Хомус-3


Проблемный ыйытык.

- Бу инструменнарга сатаан оонньуохпут дуо? Тыас таьаарыахпыт дуо? Сахалыы матыыбы тургэнник ылыныахпыт дуо? Дьэ билигин эппиэттииргэ ыарахан буолуо, ол гынан баран киhи сатаабата5а суох. Хаьан ба5арар, тугу ба5арар киhи ба5арда да сатыыр, саха сатаабата5а диэн суох. Уруокпут бутуутэ туох тумуккэ кэлэрбитин керуехпут.


4этап. Сурун чааhа. Беле5унэн улэ: (3 мун)

-Дьэ эрэ бу инструменнар тустарынан билиhиннэриэхтэрэ, кэпсиэхтэрэ, оонньуурга уерэтиэхтэрэ 1 белеххе-Кристина, 2 белеххе Миша, 3 белеххе Аскардаах, Вася. (О5олор тахсан инструменнарын ылаллар) Мин кыра бириэмэ биэрэбин. Ол бириэмэ5э инструменнар тустарынан билиэххит. О5олор кэпсииллэрин бол5ойон истиц. (3 мун бэриллэр)

-Дьээрэ о5олор, билигин белехтербутун истихпит. О5олор тугу уерэппиттэрин, тугу билбиттэрин.


Учуутал:

- Ханнык ба5ар омук бэйэтэ туспа культуралаах, аьыыр астаах, тацнар тацастаах, себулуур дьарыктаах, ырыалаах-тойукатаах, уцкуулээх-битиилээх, музыкальнай инструменнаах буолаллар.

- Былыргы сахалар музыка диэни билэллэрин, араас музыкальнай инструменнаахтарын кинилэри чинчийбит уерэхтээхтэр, айанньыттар суруйан тураллар. Сахалар саамай сурун музыкальнай инструменынан буолар – Хомус. Хомус туhунан тугу биллигит? Миша тугу кэпсээтэ. (Слайд №5, слайд №6)

-Хомуhу ким оцороруй о5олор? Хомус туохтан оцоhулларый? (о5олор эппиэттииллэр) Саамай сеп. Мин хомуьу хайдах тутан оонньуулларын эьиэхэ кердеруем. (Хомуска оонньуур, онтон о5олорго оонньотор)

-Иккис инструмеммытынан буолар-Дьа5а уонна хобо чуораан. Дьа5аны туохтан оцороллор эбитий?(эппиэт) (слайд№7) Биир эмит ырыа матыыбыгар до5уьуоллаан, тэтими батыhан оонньуохха сеп эбит. (Оонньоон кердерер, о5олор оонньууллар)

-Уьус инструменнарынан буолаллар тыас таhаарар инструменнар. -- Дьэрэ онтон эьиги бу инструменнар тустарынан тугу биллигит? Сиксиир уонна хоп-хоп туйах. О5олор эппиэттииллэр.

-Нууччалыыта «шумовые» диэн. (Слайд№8)Бу инструменнарга эмиэ тыас таьааран оонньонуллар. (Оонньоон кердерер о5олор охсон кереллер.)

Эти-хааны уhугуннарыы (Физминутка)

  • Дьэ о5олор маладьыастар, аны билигин ырыа уерэтиэхпит иннинэ кыратык сынньаныахпыт. Ойон турабыт. Эппитин-хааммытын уьугуннарабыт. Ыллыырбытыгар куоласпытын бэлэмниибит. (физминутка -1 мун)

  • Билигин экраны керебут. Уонна эhиэхэ ырыа тылын биэрэбин. (Слайд№9)

(учуутал ыллаан иьитиннэрэр)

-Чэйиц эрэ о5олор миигин кытта тэццэ ыллаьабыт. Ырыа матыыбын уерэтэбит. (Биирдэ хатылыыр, ыллатар)

-Аны билигин инструменнарбытыгар оонньоон до5уьуоллаан керебут уонна тэццэ ыллаьабыт доргуччу.

-дуоска иннигэр тахсан ыллыаххайыц эрэ о5олор.

5 этап. Рефлексия:

-Дьэ о5олор бугуццу уруокка тугу сацаны биллигит? Сахалыы терут дор5оону тыаьын таьаардыбыт дии санаатыгыт да? О5о бу инструменнарга оонньуон сеп эбит да?



6 этап. Учуутал тумук тыла:

-О5олор бу урогу сыаналаац эрэ. Уруогу себулээбит, интириэьиргээтибит, уруоктан астынныбыт диир буоллаххытына куех смайлигы кете5ебут, онтон себулээбэтэх буоллаххытына кыьылы.

- Бугуццу урокпар кэлэн кехтеехтук кыттыбыккытыгар махтанабын. Эhиэхэ уерэххитигэр урдук ситиhиилэри ба5арабын. Слайд №10

Керсуеххэ диэри!