Космонавтика күнэ
Бүгүн, муус устар 12 күнүгэр, космонавтика күнэ. Дойду үрдүнэн 55 сыл анараа Юрий Гагарин салгын куйаарыгар тахсыбытын ахтан-санаан ааһабыт. Санаттахха, киһи аан бастаан космоска тахсарын Сэбиэскэй Сойууска икки сыл бэлэмнээбиттэрэ. Космонавтар бастакы этэрээттэригэр 20 летчигы талан ылбыттара.
Бу этэрээт 1960 сыллаахха кулун тутар ыйга тэриллибитэ. Онтон сайыҥҥа диэри бу дьонтон алта саамай чаҕылхай киһи хаалбыта. Бүтэһиккэ диэри бу дьонтон ким космоска барара улахан кистэл этэ.
Инньэ гынан талыллан, сыымайданан 1961 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр салгын куйаарыгар икки атахтаахтан аан бастаан Юрий Гагарин көппүтэ. Кини 1 чаас 48 мүнүүтэ көппүтэ.
Саха сиригэр Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн соҕотох космонавтика уонна авиация музейа баар. Манна бүгүн, муус устар 12 күнүгэр, Юрий Гагарин салгын куйаарыгар тахсыбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтиир былааннаахтар. Бу музейы өр сылларга иилээн-саҕалаан Жирков Иван Данилович салайан үлэлиир. Соторутааҕыта энтузиаст-учуутал уонна космонавтика, авиация музейын ситиһиилэрин туһунан өҥнөөх альбом күн сирин көрдө.
Юрий Алексеевич Гагарин кулун тутар 9 күнүгэр 1934 с. Смоленскай уобаласка, Клушино нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Аҕата- - Гагарин Алексей Иванович, (1902 – 1973), колхозтаах, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, уран тарбахтаах уус, инвалид.
Ийиэтэ - Гагарина Анна Тимофеевна,(1903 –1984), колхозтаах.
Убайа- Гагарин Валентин Алексеевич, (1924 -.2006), Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, билиэҥҥэ түбэһэн баран куоппут, инвалид,сэрии кэнниттэн уус идэтин баһылаабыт.
Убайа- Гагарин Борис Алексеевич, (1936 – 1975), Гжатскай куоракка радиолампаны оҥорор заводка үлэлээбит.
Эдьиийэ - Бруевич (Гагарина) Зоя Алексеевна, 1927 г.р., Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, билиэҥҥэ түбэһэн баран куоппут, сэрии кэнниттэн Гжатской балыыһатыгар медсестранан үлэлээбитэ.
Кэргэнэ-Гагарина (Горячева) Валентина Ивановна, 1935с төрүөх, Оренбург куорака мед. училищены бүтэрбитэ, өр кэмҥэ медсестранан үлэлээбитэ.
Улахан кыыһа- Гагарина Елена Юрьевна, род. 1959 с. төрүөх, МГУга юрист идэтин бүтэрбитэ. 2001 сылтан Государственный историко-культурный музейга үлэлиир.
Кыра кыыһа - Гагарина Галина Юрьевна, род.1961с. төрүөх, Плеханов аатынан Государственной Академияҕа преподаватель.
Бастакы кылааска 1941 сыллаахха киирбитэ, сэрии саҕаланан үөрэҕин 1943 сыллаахха салҕаабыта. 1949-1951 сс. Московскай область Люберцы куоратыгар 10 нүөмэрдээх ремесленнэй училищеҕа үөрэммитэ, «формовщик-литейщик»диэн идэни ылбыта.1951 с. Саратов куоратыгар индустриальнай техникумҥа киирбитэ, 1955 с. үөрэҕин бүтэрбитэ. Биир сыл иһигэр ЯК-18 самолекка 196 көтүүнү оҥорбута, биирдэ 800 миэтэрэ ыраахтан парашютунан түспүтэ.
Кини курсан званиетыттан полковник үрдүк аатын 1963 с. ылбыта.
1960 сылтан «Восток» хараабылга Валерий Быковскай, Григорий Нелюбовы, Андриан Николаевы, Павлом Попович уонна Герман Титовы кытта эрчиллибитэ.
Юрий Алексеевич Гагарин кулун тутар 27 күнүгэр 1968 с. В.С.Сергины кытта эрчиллэр көтүүгэ самолеттара Владимировскай область Киржаскай оройуоҥҥа Новоселово дэриэбинэтин таһыгар кырамтата көстүбүтэ. Кинини Москваҕа Кремль истиэнэтигэр көмпүттэрэ.