26.05.2016 c.
Оҕо комускэлин кунугэр аналлаах ыhыах сценарийа.
Иитэр – уорэтэр сыала: Оҕолорго кыра эрдэхтэриттэн обугэлэрбит угэстэрин, сиэрдэрин – туомнарын, саха омук ойун – санаатын билиhиннэрии. Ыhыах самаан сайын салаллан кэлбит кэмигэр буоларын, ыhыахха дьон – сэргэ мунньустан уорэрин – которун, ыллыырын – туойарын, кору – нары коҕулуттэн тутарын туhунан ойдобулу биэрии.
Ыhыах барыыта: сайынны матыыптар – чыычаах ырыата, кэҕэ этиитэ, уоруулээх сахалыы мелодиялар иhиллэллэр. Бырааhынньыктыыр саала сэргэлэринэн, саламанан, араас ойууларынан киэргэммит.
Ыытааччы – Саамал кымыс утахтаах
Самаан сайын барахсан,
Саламанан киэргэнэн
Саламаатынан кундулээн,
Саргы – дьаалы салаллар
Сахам сирин урдунэн
Сатыылаата, доҕоттоор!
Утуо дьоро кунунэн кунду тороппуттэр, оҕолор, уhуйаан улэhиттэрэ!
Бастатан туран бука барыгытын кэлэн иhэр «Оҕо комускэлин кунунэн» итиитик истинник «Тугутчаана» уhуйаан иитиллээччилэрин, улэhиттэрин ааттарыттан эҕэрдэлиирбитин конуллээн. Баҕарабыт чаҕылыннас куннээх ыраас куох халлааны, дьоллоох оҕо сааhы, дьиэ кэргэттэргитигэр или – эйэни.
Саха омук оонньуутун
Ыhыаҕы аhыаҕын,
Ыллыаҕын, туойуоҕун
Кору – нары коҕулуттэн тутуоҕун!
Кэрэ куоҕу туойуоҕун,
Ыhыаҕы айхаллаан,
Ыллыаҕын уруйдаан,
Уруй – тускул буолуохтун!
Уруй – айхал буолуохтун!
«Оhуор ункуутэ» оҕолор бары.
Ыытааччы - Ортон ыла бэлэмнэнэн
Уоруу – котуу аргыстанан
Ыhыах буолар кунэ уунэн
Ырыа – тойук саҕаланна.
Орто болох иитиллээччилэрин толоруутугар «Куну кытта оонньуубут».
Ыллам ырыа арааhын
Ылын тардан кэбиhин,
Дорҕоон тойук кылыhаҕын
Доҕотторбут, туhэрин!
Улахан болох иитиллээччилэрин толоруутугар «Кун бытархайа».
Кыра оҕолор хатан куоластарыгар
Кэлэр кэм саната иhиллэр
Кыра оҕолор сырдык мичээрдэригэр
Ыраас санаа кыыма саҕыллар
Олох сибэккилэрэ оҕолор баар буоланнар
Кун кубэй Ийэ мичээрин бэлэхтиир.
Орто болох иитиллээччилэрин толоруутугар «Кордоох ырыа дьиэрэйэр».
Туллуктар, туллуктар,
Туус манан туллуктар,
Тунал хаар курдуктар,
Туртанныы коттулэр.
Хоhоон «Туллуктар» - ааҕаллар улахан болох иитиллээччилэрэ.
Кунтэн комус утахтар
Куоххэ туhэн тураллар,
Куорэгэйдэр тахсаллар,
Кордоох ырыа тардаллар
Улахан болох иитиллээччилэрин толоруутугар «Сайын».
Комус куhун кэлиитигэр
Куохтээх солко курэниэ,
Алтан чуораан айааран
Оскуолаҕа ынырыа.
«Оскуолаҕа барабын» - истин Дарина Кипреева толоруутугар.
Саргылаах сайыммыт салаллан
Кэрэчээн оҕолор мустаммыт,
Алаастан, куораттан тардыhан
Алгыстаах ырыаны ыллыыбыт.
Улахан болох иитиллээччилэрин толоруутугар «Учугэй».
Эриэккэс детсаадка
Куннэтэ мустабыт
Ырыаны, ункууну
Угуhу билэбит,
Эйэҕэс майгыга
Иитиллэн тахсабыт.
Орто болох иитиллээччилэрин толоруутугар «Мин оҕо саадым».
Хап – хара ча5ылхай харахтаах,
Чап – чараас тэтэркэй уостардаах,
Уп – уhун намылхай суhуохтаах
Бу дулгаан кыысчаана буолуохтаах.
Сып – сырдык, сып – сылаас мичээрдээх
Сайа5ас, амарах санаалаах
Элэккэй, эйэ5эс майгылаах
Бу дулгаан кыысчаана буолуохтаах.
Бэлэмнэнии болох кыргыттарын толоруутугар «Карагынан таптыага».
Нуоҕай лабаа илиилэр
Дьол ырыатын тистилэр,
Уорэ сохпут санаабар
Алаас тыала ил гынар.
Ункууhуттэр болохторун толоруутугар «Дьиэрэнкэй».
Сахалыы санарабыт,
Нууччалыы кэпсэтэбит,
Икки тылы тэбис – тэннэ
Учугэйдик билэбит.
Биhиги эйэлээхпит,
Биhиги биир дьиэлээхпит,
Бары олус доҕордуубут,
Бары бииргэ оонньуубут.
Улахан болох иитиллээччилэрин толоруутугар «Чэ, иккиэн оонньуохха».
Сахам ыллыыр ырыалаах,
Сахам туойар тойуктаах,
Сахам нарын ункуулээх,
Сахам ойор оhуохайдаах.
Дьоллоох оҕо сааспытын
Ыhыах ыhар уоруугэ,
Оhуохайдаан ойуо5ун,
Эhиэкэйдээн тэйиэҕин!
Оhуохай - бары.
Кунду оҕолор, тороппуттэр, улэhиттэр! «Оҕо комускэлин кунугэр» анаммыт ыhыахпыт уоруулээх 1 кы чааhа тумуктэнэр. Билигин ыhыахпыт 2с чааhын саҕалыырбытын конуллээн.
Аламай куннээх сайыммыт
Арылыйан кэлбитин
Айхалынан корсоору
Ааттаах ыhыах ыстыбыт.
Куустээх утуо боҕостор
Хапсаҕайдаан хачыгыраттылар,
Кус быhый уолаттар
Кылыйан кыыралдьыттылар,
Куус холоhуу, куон корсуhуу
Курэс былдьаhыы
Куостуу оргуйда
Кыайыы урдук орогойун
Дьоллоох ыччат тустээтэ!
Мас тардыhыыта, хапсаҕай, атах оонньуута саҕаланар.
Сценарийы суруйда: Черкашина А.Д.,
муз.салайааччы