Н.А. Лугинов «Чыркымай» кэпсээнигэр айылҕаҕа сыһыан

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Кылаас: 5 (төрөөбүт литература)

Урок тиэмэтэ: Н.А. Лугинов «Чыркымай» кэпсээнигэр айылҕаҕа сыһыан

Уруок көрүҥэ: Көрдүүр-чинчийэр үлэ.

Уруок сыала: Хамсыыр-харамайы, көтөрү-сүүрэри харыстыыр, аһыныгас сүрэхтээх, үтүө санаалаах оҕо, киһи, бастыҥ хаачыстыбата буоларын өйдүүрүгэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийии

Уруок соруга:

1. Оҕо тылын өһүн байытан, сааһылаан саҥарарга, кэккэлээн кэпсииргэ үөрэтии:

2. Киһи үтүө өрүттэрин сыаналыыр буоларга иитии;

3. Оҕо билэр-көрөр, анааран толкуйдаан таһаарар, чинчийэр дьоҕурун сайыннарыы;

Үөрэнээччи билиитэ уонна сатабыла:

- Бэйэ санаатын сааһылаан саҥарар сатабылы сайыннарыы;

- Билэр-көрөр дьоҕуру тобулуу;

- Дьону кытта сатаан алтыһар, бодоруһар үөрүйэххэ иитии;

(обраһы оҕонон бэйэтинэн сылыктааһын).

Туттуллар тэрил: Мультимедийнэй проектор, ПК, олук тыллар, ойуулар, тылдьыт, сорудахтаах карточкалар, кус мончууктара







Уруок тутула

Учуутал оңорор дьайыылара

Үөрэнээччи оҥорор дьайыылара

1 түһүмэх. Уруогу тэрийии, сыалы –соругу билиһиннэрии.

Слайд №1(кустар араастара)



Слайд №2 (тема)

Слайд №3 (Н.Лугинов)

Бэйэни салайыныы, уруокка тэринии

1. Оҕолор уруокка бэлэмнэрэ

2.Оҕо болҕомтотун тардыы

3.Уруок сыалын толорорго туһаайыы

1.Оҕолор уруокка бэлэмнэрин бэрэбиэркэлээһин

2.Оҕолор болҕомтолорун тардыыга сөптөөх дьайыылары оңоруу:

Мончуугу көрдөрүү

Ыйытыы:

- Бу тугуй?

- Ханнык кус араастарын билэҕитий?

- Бу ханнык кус эбитий?

Саамай сөп, ол аата бүгүн биһиги кус ол эбэтэр чыркымай туһунан билсиэхпит.

Бу айымньыны ким суруйбутай?


-Бэйэ уруокка бэлэмин хонтуруолланыы

-Учууталы болҕойон истии;

- Үөрбүт – көппүт көрүҥнээхтэр;

-Бэйэ-бэйэлэригэр мичээрдииллэр;


Кус араастарын этэллэр.




2түһүмэх

Бөлөҕүнэн үлэ.





  • туруоруллубут соругу ситиһиилээхтик толороллор.

  • Онтон дуоһуйаллар, соругу толорорго бэлэмнэр.

Бөлөхтөн биирдии оҕо айымньыны доргуччу ааҕаллар.

Үөрэнээччилэр ситиһиилээхтик толороллоругар сөптөөх усулуобуйаны үөскэтии.


  1. бөлөх. Тыл үөрэхтээхтэрэ (тылдьытынан улэ)

Боруллуо

Көҕөн

Отуу

Дурда

Далаһа

Күкээркэй

Ньалыар

Тыыраахы

Сонордоспот

Көччөх

Чыркымай диэн тылга синонимна бул.


  1. бөлөх. Тыл маастардара (чыркымай туһунан ырытыы)

  • Чыркымай туох түбүктээх эбитий?

  • Чыркымайга туох куттал суоһууруй?

  • Чыркымай отчуттартан тоҕо дьиксиннэ?


  1. Бөлөх. Уруһуйдьуттар (айымньы ис хоһоонугар уруһуй)

Экспертэр. Тиэкистэн ыйытыы бэлэмнииллэр



10 мүнүүтэ үлэлиибит, онтон тахсан эппиэттиигит.


Доргуччу, өйдөнөр гына айымньыны ааҕаллар.

Болҕойон истэллэр, ылбыт сорудахтарын толорууга кыахтарын учуоттаналлар, ырыталлар, урут ылбыт билиилэрин туһаналлар, сөптөөхтүк эппиэттииллэр


Тылдьытынан үлэлииллэр. Тыллар суолталарын сурунан иһэллэр







Кинигэнэн үлэ.

Тиэкистэн сөптөөх кэрчиктэри булан бэлиэтэнэллэр



Айымньы ис хоһоонугар уруһуй оҥороллор.

Тиэкистэн хас даҕаны ыйытыы бэлэмнээннэр, атын бөлөх оҕолоруттан ыйыталлар.

3түһүмэх. Проблема туруоруу.

































Слайд №4 (карта)















Слайд № 5 (сымыыт)

Слайд № 6 (кус о5олоро)

- уруок тиэмэтин арыйарга интэриэһэ көбөр билиэн – көрүөн баҕарар;

- таайар, сабаҕалыыр, тэңниир, ырытар дьоҕура сайдар;

- кэпсэтиигэ кыттыһар, санаатын этэр;















- билэр – көрөр дьайыыны оңорор: билиитин чопчулуур, хаңатар;

- инники ылбыт билиитин туһана үөрэнэр;

- бэриллибит тыллары быһаарарга санаатын үллэстэр;

- кэпсэтиигэ кыттыһар;



Проблемнай ыйытыылары туруоруу

-Учуутал туруорбут соругун толорорго урукку билиибит туһалыыр кыахтаах дуо диэн ейдебулгэ аҕалар, сана билии наада диэн өйдөбүлгэ аҕалар, саҥаны арыйыы үлэтигэр арыаллыыр.Туох саҥаны билбиттэрин уруок бүтүүтүгэр этиттэрэр.



-Кэпсээн сүрүн геройа кимий? Чыркымай дуу, уол дуу?

-Уол туһунан тугу этиэ этигитий?

-Уол арай боруллуо кус оҕотун тутарыгар түбэһэ кэлбэтэх буоллун, эбэтэр бэйэтэ мэликтээн кус оҕолорун эккирэппит буоллун, оччоҕо хайдах буолуо этэй?

-Биһиги кустары туох да кыһалҕата суох таах уста сылдьаллар курдук саныыбыт, оннук эбит дуо?



Оҕолоор, хамсыыр-харамайы, көтөрү-сүүрэри харыстыыр оҕо, аһыныгас сүрэхтээх, үтүө санаалаах киһи буола улаатар. Онон бэйэбититтэн кыраны, кыамматы көрө-истэ, харыстыы сылдьыахтаахпыт. Ол киһиэхэ саамай үтүө хаачыстыба буолар.

Дакаастаа.

Чыркымай соҕуруу дойдуттан көтөн кэлэр диэтибит дии. Картаҕа көрөбүт.

  • Төһө ыраахтан көтөн кэлэр эбиттэрий?

  • Төһө көһү көтөн кэлэллэрэ буолуой?

Сахалыы уста кээмэйигэр 1 көс хаска тэҥнэһэрий? (картанан үлэ)


-Төрөөбүт буордарыгар тыыннаах тиийэллэрэ биллибэтэр да, кустар тоҕо дойдуларыгар саас аайы төннөргө дьулуһалларый?

-Иччэ ыраах сиртэн көтөн кэлэллэрэ буолуой?



-Чыркымай хас сымыыттаах буолар эбитий?

-Чыркымай ийэ быһыытынан хайдах эбитий?


- Бүгүн өссө биир сана теманы билиэхтээх эбиппит.

-толкуйдуур, тэҥнээн көрөр, кэпсэтэр, тылынан быһаарар.

Түмүктүүр.







Оҕолор эппиэттэрэ

























Дуоскаҕа тахсан картанан улэлииллэр.

1 көс = 10км.






Төрүү ууһуу, сымыыттыы кэлэллэр.

5.Чиңэтии.


- бэйэ- бэйэлэрин истиһэр убаастаһар үөрүйэхтэрэ сайдар;

- сыаналыы, санааларын

этэ үөрэнэллэр;


Бу кэпсээҥҥэ ханнык өс хоһооно сөп түбэһэрий?

Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат”

Үчүгэй майгыҥ-көтөр кынатын”

Үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх”

Кинигэнэн үлэлииллэр. Тиэкистэн саамай долгуйбут түгэннэрин усталлар. Тоҕо? Туохтан? ыйытыыга хоруйдууллар



Сөптөөх өс хоһооннорун булаллар.



VI.

Уруок түмүгэ.

Рефлексия









-Саха тыла баайын, дьиктитин, кэрэтин туһунан санааларын

аһаҕастык этэллэр;

- Уруок бүтүүтэ бэйэлэрин сыаналана үөрэнэллэр: уруокка тугу билбиттэрин,

сатаабыттарын эбэтэр туох табыллыбата5ын хонтуруолланаллар.




- Бүгүҥү уруоктан туох саҥаны биллибитий?

-

- Айылҕаҕа, кыылга-сүөлгэ хайдах сыһыаннаһыахтаах эбиппитий?

Биһиги Н.Лугинов «Чыркымай” кэпсээниттэн айылҕа кырачаан тыынар тыыннаахтарын – кустар олохторун эйгэтин, араас мүччүргэннээх, кыһалҕалаах, үөрүүлээх түгэннэрин кытта билистибит. Уонна айылҕаҕа, кини тыынар тыыннааҕар кыһамньылаах буолуохха диэн, төрөөбүт сирбитин таптыаххайын диэн туран, бүгүҥҥү уруокпун түмүктүүбүн.

Уруок түмүгэр бэйэтин санаатын этэр.

Уруокка туох саңаны билбитин иhитиннэрэр, санаа атастаhар.










Дьиэ улэтэ


Үүнэн турар мас, көтөр-сүүрэр барыта дьылҕалаах, олохтоох

(инники аахпыт айымньыларбытыгар тирэҕирэн суругунан үлэ)

Истэр, ыйытыы оңорор эбэтэр сорудаҕы ылынар.