[pic] 1.Хаардьыт Бэргэн кэргэн ылбыт кыыһын хайа суолунан баарар диэбитэй?(илин диэки үүс киис ыйаммыт сиринэн)
Кыыс туох алдьархайга түбэһэрий?(абааьы кыыһа сирэйин тириитин хайа тардан ылан бэйэтин сирэйигэр сыбанар)
Кийиит кыыс тиллибитин аан бастаан Хаардьыт Бэргэн аҕатыгар Хайҕамсах Хара Хааҥҥа ким кэпсиирий?(Тыллаах- Өстөөх Чоочугур- Чуоҕур маҥан ат)
Бу ат туох диэн санааны этэрий?(абааьы аймаҕа киһи аймаҕы кытта уруурҕаһара сатаммат)
Уолу абааһы сытыттан суох оҥороору хайыылларый?(сүүрүктээх үрэххэ ый отут хонугун устата оҕустараллар) .
Абааһы кыыһын хайдах өлөрөллөрүй?(ат кутуругар баайан баран ыытан кэбиһэллэр).
Абааһы кыыһын ат илдьэн тэпсэн өлөрбүт , онтон ыла сиргэ туох үөскээбитэй?(Үөн-көйүүр).
Хас күн устата ыһыах, уруу буолбутай? ( сэттэ күн устата).
П. А. Ойуунускай “ Омуннаах оҕо
1. Омуннаах уол аата? ( А5ыалай)
2. Тиргэ5э туох иннибитин көрөн Аҕыалай уол туох диэн омуннура –омуннура хаһытыырый? ( хаас,” һуу! Хаат- хаат”.
3. А5ыалай уол ууга тугун хаалларда? ( этэрбэһин аҥаарыҥ).
4.Аҕыалай уол дьиэҕэ киирэн иһэн кими түҥнэри көтөн охтон ат буола түстэ?(аҕатын).
5.Омуннах уол холумтаҥҥа оройунана охсуллубутугар хааһа ханна эһиллиннэ?( нөҥүө орон анныгар )
6. Автор бу тэттик кэпсээнинэн туох санааны этэрий? ( Наһаа омуннаах буолумаҥ , сэрэнэн.ыксаамаҥ. өйдөөҥ-дьүүллээҥ сылдьын диэн этэр)
И. М. Сосин “ Кымырда5ас үлэтигэр тахсыбата”.
1. Кэпсээҥҥэ дьыл ханнык кэмэ ойууланарый? ( Сайын үгэнэ).
2. Кымырда5ас тугунан аһылыктанарый? (Хомурдуос, была5ы, үөн- көйүүр куукулата, от-мас сиэмэтэ).
3.Кымырда5ас ардах кэлэрин эрдэттэн билэр, ол иһин хайыырый? (уйатыгар уу киирбэтин диэн тула өттүттэн хайынар).
4.Кымырда5астартан киһи сөҕөрө тугуй? ( кинилэр ханна да сырытталлар уйаларыгар кэлэллэр)
5.Кымырда5ас киһиэхэ туһата? (Кини буортулаах үөнү –көйүүрү сиир буолан тыаны , айылҕаны ыраастыыр. Чинчийээччилэр этэллэринэн биир кымырдаҕас уйатыгар үс мөлүйүөнтэн тахса буортулаах үөн-көйүүр таһыллыбыт буолар. Кымырдаҕаһы мээнэҕэ тыа лоохтуура диэбэттэр).
6. Олус үлэһит киһини сахалар былыр- былыргыттан туох диэччилэрий? ( кымырда5ас курдук диэн).
Н. Е. Мординов-Амма-Аччыгыйа “ Куйуур”.
1.Кэпсээн сүрүн геройа?(Сэбирдэх Уйбаан).
2. Тугун иһин “Сэбирдэх” диэн хос ааттаммытай? (Саҥата түргэнин иһин).
3.Кэргэнин аата?( Мааппа).
4. Сэбирдэх Уйбаан кэргэнигэр то5о кыыһырда? (Кэргэнэ бултуур тэрил үрдүнэн барбытын иһин).
5.Уоллара Ньукулаас туохтан олус үөрэн оскуолаттан кэллэ? ( “Саҥасуол”диэн кинигэ биэрбиттэриттэн )
6.Куйуурдуур күөллэрин аата? ( Даркылаах ).
7. Ордьоох Ньукулай туохтан Сэбирдэх Уйбааҥҥа кыыһырда? ( Ньукулаас уол кэннинэн туран ба5аны бырахпытыгар Ордьоох Уйбаан куйуурдуу турар ойбонугар чалк гына түспүтүгэр).
8. Ордьоох Ньукулай туох диэн Сэбирдэх Уйбааны кырыырый? ( Бэйи, билигин бултаан эрэбин диэн киэбиримэ, ба5ар, үтэһэн тостуо).
9. Кэпсээҥҥэ ханнык саха үгэһэ көстөрүй? ( булт үгэһэ).
10. Кэпсээн тугунан бүтэрий? ( Сэбирдэх Уйбаан маҥкытын маһа тостон ситэ балыктаабакка дьиэтигэр төннөр).
С. А. Попов-Сэмэн Тумат. Өс ситиһиитэ.
1.Мырыла сиригэр-уотугар ким диэн ааттаах ойуун олорбутай? ( Чаалка ).
2. Ойуун түүлүгэр тугу көрбүтүн эмээхсинигэр кэпсиирий ? ( Арыылаах Эбэтигэр тыыраахы көтөр буолан түспүтүн кэпсиир).
3. О5онньордоох эмээхсин сөп буолар балыктарын ылан баран сарсыныгар хайыах буолан төннөллөрүй? ( сарсын кэлэн балыктыахпыт, балык ханна да куотуо суо5а).
4. Арыылаах Эбэ – туох сөбүлээн түһэр куөлэ эбитий? ( анды , кус үөрэ)
5. Эбэ уҥуоргу кытылыгар хайа ийэ ууһа , хас ураһанан олороллоруй? (Балаһа ийэтин ууһа, 9 ураһанан).
6. Бу ини-бии бырааттыылартан о5о киһи оҕустаах сыарҕанан тыаҕа мас тиэйэ сылдьан кими көрбүтэй ? Тугу кэпсээбитэй? ( Чаалка ойуун балык хоторон эрэрин кэпсиир).
7. Ийэ ууһа дохсун дьоно иһиттибит – истибэтибит диэт хайыыр дьон буолан биэрдилэрий? ( Бэлэм ойбонтон балыктары барытын имири охсон ыллылар)
8. Ойуун аһыыра – сиирэ суох буолан, хомойон- хоргутан хайыырый? (3 күннээх күн хааннаах хара кырыыһы кырыыр).
9. Ойуун киһи кыыран бүтэн баран эмээхсинигэр туох диэн этэрий( аны сайын сай ортото үс ньүкэн күлүктэрим уот садаҕа силлиэ- холорук буолан таҥнары сатыылаан, амтыын кырыыс апчарай айахтарым ыардык ыалдьыттаан күллэрин таптайыах , күөнэхтэрин тимирдиэх буоллулар диир).
10. Балаһа ийэ ууһуттан биир эдэр дьахтар тыаҕа тахсан орпутугар ойуун оҕонньор өһүн – сааһын ситиспит быһыынан ол дьахтарга туһаайан туох диэн үөгүлээн хаһытыы халбытай? (Ба5ардар киһи – хара баатыҥ тарпыта буолуо. Оччотугар долоҕойгор тохтот – кыраны – кыамматы, кырдьыбыты – бокоорбуту атаҕастыыр сэттээҕин- сэлээннээҕин илэ көрбүт мин баарбын дэнэн кэнэҕэски ыччаккар кэпсэл оҥостоор).
Редьярд Киплинг. Маугли .
1.За что был принят в Сионийскую Стаю Лягушонок Маугли ? ( за буйвола Багиры и за доброе слово Балу ).
2.Обезъяний Народ где в осномном живет? ( в заброшенном королевском дворце в Удайпуре , откуда был родом пантера Багира ).
3. Кто учил Маугли Законам Джунгли ? ( Багира , Балу ).
4. Что называет Красным Цветком Багира? (Огонь).
5. Почему тигр Шер – Хан охотится за домашними животными ? ( Он был с рождения хромым , хромает на одну ногу).
6. Как был убит Шер-Хан? ( по плану Маугли был загнан дикими буйволами , коровами в узкое ущелье и затоптан буйолами . Мугли помогали Багира и Акела).
7.Что нашел Мугли в подземелье заброшенного замка в Холодных Берлогах,где обитал Обезъяний Народ? ( княжеский ангус – это типа кинжал, украшенный разными драгоценными камнями, также золотом и серебром , который предназначился для охоты за слонами).
8. Почему Маугли отнес обратно этот княжеский анкус туда, откуда взял? (когда узнал, что это оружье для охоты за слоном , бросил в лес. Один охотник нашел анкус , то другие охотники гнались за ними убили его. А этих охотников отравили другие. Маугли взял анкус обратно , что это приносит одни беды).
9. Волк Вантала – это одинокий волк. Слово вантала означает “ одинокий”. Почему он пришел к Маугли и его друзьям? ( потому что его семью съели дикие рыжие собаки из Диканки , где наступил голод).
10. Где происходили бои с дикими собаками и кого они убили? ( тоже по составленному плану Маугли , приманили их к Скале Смерти и со скалы некоторые из них бросились насмерть вниз. А которые не успели прыгнуть вниз боролись насмерть. На этом бою погиб Акела).
11. Автор что хотел сказать этой сказкой? ( что человек всегда мудрее и сильнее всяких животных. Человек должен жить среди своих и поэтому Маугли (его настоящее имя Натху ) возвращается домой . к этому времени ему исполнилось 17 лет и умер отец , а мать Мессуа осталась с маленьким двухлетнем сыном).
Якоб Гримм (1785- 1863) , Вильгельм – Карл Гримм (1786 – 1859). Госпожа Метелица.
1.Что делала каждое утро падчерица?