МБОУ «Линдинская малокомплектная основная общеобразовательная школа»
Улэ темата «Ос хоhоонун уорэтии».
Улэни онордо:
Саха тылын уонна
литературатын учуутала
Ксенофонтова А.Ф.
Баахынай – 2011с.
Улэ темата: Ос хоhоонун уорэтии (ньымалара).
Сыала: Тереебут тыл бар5а баайын, норуот уйэлэргэ муспут утуо угэстэрин туhунан о5ону уерэтиигэ-иитиигэ уhуйар ньымалары салгыы кердееhун.
Соруктара: О5ону уус-уран тыл кэрэтин ейдетуу, уhуйуу, тылы таба туhанар сатабылы сайыннарыы, сиэр-майгы еттунэн иитиллиитигэр бол5омтону ууруу. Бэйэ толкуйдаан, сааhылаан санарар дьо5уру сайыннарыы.
Актуальнаhа: Бастакытынан норуот бу уус-уран айымньытын уерэтиигэ билинни наука бол5омтотун уурар, иккис еттунэн фольклор бу керунун уерэтии ньымалара учугэйдик тар5ана иликтэрэ буолар.
Олох-дьаhах, быhыы-майгы туhунан тумуктэммит ейу-санааны а5ыйах бэргэн тылынан дьуhуннээн этиини ес хоhоонноро дэнэр.
Ос хоhоонун о5о5о билиhиннэрии, кини дирин суолтатын ейдетуу – уустук сорук. Уерэнээччи бу норуот уус-уран айымньыта буоларын, кини ис хоhоонун, уобарастааhынын муудараhын ейдуехтээх. Онон бу тема5а ыытыллар уруоктар сурун сыаллара ос хоhоонун характеристикатын, тыла бэргэнин сытыытын, рифматын, ис хоhоонун уерэтиигэ туhуланыахтаах.
Ос хоhоонун уерэтиигэ бу тун былыргы норуот уус-уран айымньыта эбит диэн ейдебул бэриллэр. Холобур: «Хахай бодотугар туспут», «Чыныс хаан ыйаа5а, Одун хаан оноhуута», «Бай5ал кытыытыгар баар киhи ата5а илийэр», «Тэбиэн са5а хара санаатаа5ар туен са5а сана ордук» диэн ос хоhооннору ырытан баран уерэнээччилэр манна ааттанар кыыллар Саха сиригэр уескээбэттэрин былыр биhиги ебугэлэрбит со5уруу дойдуга олоро сылдьыбыттар, хас биирдии кэрдиис кэмнэ олорон ааспыт дьон бэйэлэрэ олорбут кэмнэрин туhунан ос хоhоонун хаалларбыттар диэн о5олорго ейдетееру маннык таблица оноhуллар.
Бу таблицаны керен олорон ханнык ба5арар ос хоhоонугар ханнык кэрдиис кэмнэ олох-дьаhах, общество5а дьон сыhыана, сайдыыта, сиэр-майгы еттунэн ситиитэ кестерун ейдуур итиэннэ ханнык ос хоhооно хаhан айыллыбытын быhаарар кыахтанар. Хас биирдии сана кэм бэйэтэ сана ос хоhооннун айар. Таблицаны ырытыы кэнниттэн ис хоhоонун ейдетуугэ ос хоhоон туhунан маннык ыйыныылар, сорудахтар бэриллэллэр: - Ос хоhооно диэн тугуй?
- Ос хоhоонун то5о норуот уус-уран айымньыта диибитий?
- Ос хоhоонун хайдах аттарыахха себуй?
- Ос хоhооннор суолталарын быhаар: «Атас туhугар атах тостор», «Биир муоста5а туруохпут», «Баастаах бааhын тарбаама». Тылы сайыннарыы, байытыы улэтигэр маннык ос хоhоонноро бэриллэллэр: «Айан киhитэ аргыстаах, суол киhитэ до5ордоох», «Учугэй майгын – кетер кынатын», «Элбэх бырааттыыттан эhэ куттанар», «Уйатыгар уу киирбит», «Иhэ эриэн, таhа талба». О5олор этии толкуйдууллар, тылынан эбэтэр суругунан кэпсээн онороллор итиэннэ бэриллибит ос хоhооннорун кэпсээннэригэр аат эбэтэр эпиграф курдук тутталлар.
Бэлэм тиэкискэ септеех ос хоhоонун талыы.
Холобур; «Ньургун уонна Коля ыкса до5ордуулар. Кинилэр мэлдьи бииргэ оонньууллар, бииргэ уруок онороллор, хайыhардыыллар. Кинилэр икки ардыларыгар уу тэстибэт».
«Биhиги оскуолабыт командата кенул тустууга улууска курэхтэhиигэ кэллэ. Спортсменнар грамата, кубок ылбыттар. Ол курдук кинилэр илии тутуурдаах, еттук харалаах кэллилэр».
Бастакы тиэкиhи «Икки ардыларыгар уу тэстибэт», иккиhи «Илии тутуурдаах еттук харалаах» диэн ос хоhоонноро ситэрэн биэрэллэр.
Беле5унэн улэни тэрийэргэ биир болох тылынан эбэтэр суругунан кылгас ейтен суруйуу суруйаллар, иккис белех ол ситуация5а септеех ос хоhооннорун булар.
Бэриллибит ос хоhооннорунан ейтен суруйуу.
Ос хоhоонунан о5о ейугэр ситуацияны онорон керер уонна ол ес хоhоонунан кэпсээн айар. Холобур 6 кылаас уерэнээччилэрин ейтен суруйууларын ылан керуеххэ:
«Кырдьа5астан субэтин, эдэртэн эйэтин ыл» диэн ос хоhооннно Софронов Гера маннык ейтен суруйууну суруйбута: «Биир ардахтаах кун Толя эhэтиниин оттуу сылдьыбыттар. Толя уот оттор да уота умайбат. Ону керен эhэтэ кураанах маhы а5аларыгар субэлээбит. Уот умайда, чэй сотору оргуйда Кырдьа5астан субэтин, эдэртэн эйэтин ыл» - диэн ол иhин этэллэр эбит дии санаата Толя»
«До5орун алдьархайга бырахпат» диэн ос хоhоонунан Семенов Леня ейтен суруйуута маннык: «Арай биирдэ Вовалаах Петя урэх кытылын устун хааман иhэн табаарыстара ууга туhэн чаламааттана сылдьарын кербуттэр. Уолаттар суурэн тиийэн ууга туспут уолу хостоон таhаарбыттар. Ол иhин этэллэр ээ: «До5орун алдьархайга бырахпат,» - диэн». Маннык улэ о5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарарга оруола сункэн.
Аахпыт айымньыларга ос хоhооннорунан эпиграф, аат толкуйдааhын.
Аахпыт айымньыларыгар о5олорго «Ос хоhоонунан эпиграфтары, айымньы чаастарын ааттаа», диэн сорудах биэрэ5ин. Бу сорудахха маннык ос хоhооннору булуохтарын сеп. Холобур: «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн» диэн остуоруйа5а «Бодорустахха бодон биллэр, кэргэннэстэххэ кэргэн биллэр», «Дьол икки хара5а суох», «Кыыс омук анала», «Оhол оттоо5ор элбэх, сыыhар сыыстаа5ар элбэх» диэн диэн ос хоhооннорун суумэрдииллэр, остуоруйа ханнык тугэнигэр сеп тубэhэллэрин быhаараллар.
Герой быhыытын майгытын ойуулуурга ос хоhоонун булуу.
Айымньы ханнык эмэ геройун быhыытын-майгытын ойуулуур ос хоhооннору булууга сорудах бэриллэр. Холобура: «Учугэй Уедуйээн» остуоруйа5а о5олор маннык ос хоhооннорун талаллар: «Ат кутуруктаах, суол курдук сурахтаах киhи», «Бииллээх сонноох билсиспэтэх, оноолоох сонноох орооспотох», «Илии тутуурдаах, еттук харалаах», «Иhигэр былас муостаах киирбит», «Киэн ке5ус кыараата, уhун санаа кылгаата».
Ос хоhоонунан улэ литература ханнык ба5арар уруогар, кылаас таhынан улэ5э ыытыллар. Холобур: А.Е.Кулаковскай «Кэччэгэй баай» 7-с кылаас, эбэтэр Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар ос хоhооннорун туhунан о5олор интириэстэрин тардыахха сеп. Бастакы айымньыга автор Кэччэгэй баайы кулуу-элэк оносторугар норуот уоhуттан туспэтэх; «Туппута эрэ торуоска, кэппитэ эрэ сэлээппэ», «Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, уунарын умнан кэбиспит» диэн ос хоhооннорун сатабыллаахтык туттан киhиттэн туктэри быhыытын ойуулуур.
Иккис айымньыга Даарыйа эмээхсин тереебут норуотун ейун-санаатын бар5а баайын учугэйдик билэр уонна ону дьонно сатаан тириэрдэр буолан, бэйэтэ эмиэ утуекэннээх ейу-санааны инэриммит, сырдык ыралаах, сылаас сурэхтээх киhи буолар. Кини угускэ уерэтэр араас мындыр таабырыннарын, еhун хоhоонорунан тулалыыр эйгэтин, дьон быhыытын-майгытын сытыытык характеристикалыыр.
О5олор биир себулуур дьарыктара ос хоhооннорунан уруhуй оноруу. Уруhуйдуурга сеп тубэhэр ис хоhоонноох алта-а5ыс ос хоhоонун талан ылабын. Холобур: «Отонноотоххо оноойук туолар», «Икки куоба5ы эккирэтимэ хайатын да ситиэн суо5а», «Таммах уу тааhы алдьатар», «Онноо5ор уунэр мас урдуктээх намыhахтаах», «Эрдэ турбут чыычаах тумсун соттор, хойут турбут чыычаах хара5ын хастар», «Силиhэ суох мас ууммэт», «Уу диэбитэ хаар, хаар диэбитэ уу», «Быа синньигэhинэн быстар». Беле5унэн туертуу ос хоhоонун талан ыланнар уруhуй онороллор. Бастакы белех о5олоро иккис уруhуйдарын ос хоhооннорун таhаараллар. Онтон иккис белех бастакы белех уруhударын бу улэ о5о фантазиятын, толкуйдуур айар дьо5урун сайыннарар о5ону улэлииргэ ке5улуур.
О5о бол5омтотун тардар, таба суруйуутун, аа5ар дьо5урун сайыннарар улэннэн – ос хоhоонунан ребустары оноруу буолар. Холобур: «Тыала суохха мас хамсаабат», «Киhи тыла - ох», «Тарбаххынан тал, семуйэ5инэн суумэрдээ», «Учугэй майгын – кетер кынатын» ребуhу онорорго уерэнээччи элбэх литературанан, матырыйаалынан улэлиир онон кини билиитэ кэниир.
М.Е.Степанова «Абыланнаах таайбараннар» диэн кинигэтигэр баар, «Кэккэлэhэн кэбистибит да ос хоhоонун уоскэтэбит» диэн таайбаранар майгыннатан таайбараннары оноробун. Кинилэр таайыылара тэн буукубалаах буолуохтаах. Ол тыллары сэргэ туруордахха 2,3, уо.д.а. Буукубалара сэргэ турдахтарына ос хоhооно тахсар.
1) Бастакы кэнниттэн . . . 2) . . . суох мас ууммэт. 3) Саха бырааhынньыга. 4) Мас. 5) Атах танаhа. 6) … хараара турда. 7) Куттас … куотар. 8) Аhа5ас сир. 9) Тыа кыыла. 10) Кирилиэскэ тугунан тахсабыт? 11) Уунээйи туохтан тахсарый? 12) Тыала суохха хамсыы турар мас аата? 13) Са5ах хайысхата. 14) Биир куннэ биир ийэттэн тереебут о5олор. 15) Ат баайар ба5ана 16) Балыгы, эти уелэр тэрил 17) Керсуе. 18) Тойон тарбах.
Норуот бу уус-уран айымньытын утумнаахтык былааннаан уерэтии тумугэр о5о ос хоhоонун куннээ5и оло5ор туттар, баай уус-уран тыллаах буола улаатар. Ону тэнэ уерэнээччилэр урдуку кылааска та5ыстахтарын аайы ос хоhоонун ейдееhуннэрэ наhаа уустуга суох буолар диэн тумуктуехпун ба5арабын.