Муниципальное казенное общеобразовательное учреждение
«Люксюгунская основная общеобразовательная школа»
- «Согласовано»
И.о. заместителя директора по УВР
МКОУ «Люксюгунская ООШ»
_________ А.М. Слепцова -Ноговицына
от «___»____________ 2015 г.
«Утверждаю»
Директор
МКОУ «Люксюгунская ООШ»
____________ Н.В. Эверстова
от «___» _________ 2015 г.
Рабочая программа
учебного предмета «Культура народов Республики Саха (Якутия)»
для 9 класса основного общего образования
1 ч. в неделю, в год 34 часа
I четверть – 8 часов
II четверть – 8 часов
III четверть – 10 часов
IV четверть – 6 часов
Составитель:
Эверстова Н.В., учитель начальных классов, культуры народов РС (Я)
Люксюгюн, 2015
Быhаарыы сурук
«Былыргы саха норуотун олоҕор дириҥник олохсуйбут, атын омуктар олус биhирээбит үгэстэрэ бааллар. Ол – норуот былыр-былыргыттан бэйэтэ ылыммыт тѳрүт культуратын сороҕо буолар. Ыччат ѳбүгэ ити үгэстэрин хараҕын харатын курдук харыстыахтаах, салгыы сайыннарыахтаах, оччоҕо эрэ саха норуотун культурата үйэтин тухары киhи айма5ы үѳрдэ, биhирэтэ, киэргэтэ туруоҕа»
М.А.Алексеев, ССРС народнай учуутала
Саха ыччата кыра сааhыттан норуот торут культуратын этигэр-хааныгар иҥэрэн, төрөөбүт буоруттан силистээх-мутуктаах, толору куттаах-сүрдээх, Саха норуотун салгыыр, урааҥхай омугу ууһатар киһи буолан тахсыахтаах. Ол иhин бу предмети үөрэтэргэ маннык тосхоллору (принциптэри) тутуhуохха сөп:
норуот культуратын үүнэр көлүөнэ5э ситимин быhыта тыыппакка, биир тиhигинэн (системаннан) билиhиннэрии;
норуот тугу айбытын «кырааскалаан-тупсаран», «ыраастаан-чыыскалаан» биэрбэккэ, хайдах баарынан ыччакка тириэрдии;
үөрэҕи билиҥҥи кэм уустук усулуобуйатын кытта сатаан дьүөрэлээн, олоххо, өйгө-санааҕа мындыр (философскай) сыhыаны ыччакка көрдөрүү.
Төрут культураны оскуолаҕа үөрэтэргэ маннык араас өрүттээх сыал-сорук турар:
о5о-ыччат хараҕын аhан, болҕомтотун тардан, интириэhин көбүтүү, билиитин-көрүүтун кэҥэтии, хаҥатыы;
эдэр киhи уйулҕатын уhугуннаран, иhирэх иэйиитин сайыннаран, норуота тугу айбытын сэргээн-кэрэхсээн, долгуйар-дуоhуйар гына иитии;
үөрэтэр матырыйаалы бүгүҥҥү олоххо сыhыаран, ыччакка үтүө өйү-санааны иҥэрии, сиэрдээх быhыыны-майгыны олохсутуу;
оҕо тылын-өhүн байытан, сааhылаан саҥарар, кэккэлээн кэпсиир, оhуордаах-уобарастаах уус тыллаах киhи оҥоруу;
оҕону кыра сааhыттан кылыhахтаах ырыалаах, чуор тойуктаах, үтүөкээн үҥкүүhүт, бэртээхэй битииhит буоларга үөрэтии, уhуйуу, дьоҕурун тобулуу, талаанын таhаарыы;
үүнэр көлүөнэ төрөөбүт норуотун мындыр өйүн, амарах сүрэҕин, уран тарбаҕын ытыктаан, онон киэн туттан, киhи кэккэтигэр, омук ортотугар тэҥҥэ сананан сылдьар дьиҥнээх интернационалист буоларыгар олук ууруу;
оҕону норуот айымньытын хомуйар, суруйар, үөрэтэр, чинчийэр идэҕэ чугаhатыы.
Үөрэтэр матырыйаал 5 салааҕа түмүлүннэ: олох-дьаhах культурата; итэҕэл, сиэр-туом, үгэстэр, сүбэлэр-соргулар; историческай көрүү; илиҥҥи культураҕа уонна искусство сайдыыта; хотугу омуктар культуралара.
Маны таhынан, биллэрин курдук, национальнай культура атын предметтэри, холобур, саха литературатын, уруhуй, ырыа, үлэ, физкультура уруоктарын кытта элбэхтик алтыhан киирэ турар.
Бу программа «Саха сирин төрүт омуктарын культурата» (кылгатан «Төрүт культура») диэн предмет ис хоhоонун сүрүннүүр матырыйаал курдук бэриллэр. Манна олоҕуран оройуон, оскуола, учуутал баар усулуобуйаҕа дьүөрэлээн, олохтоох матырыйаалы киэҥник киллэрэн, эбэн-көҕурэтэн, бэйэтигэр сөптөөх программа оҥостон үлэлиир кыахтанар.
9 кылаас. Саха Республикатын норуоттарын культурата (34 ч.)
I чиэппэр - 8 чаас
II чиэппэр -8 чаас III чиэппэр -10 чаас
1
Саха бастакы художниктара
19.02
1
Аатырбыт муосчуттар
26.02
1
Хатылааһын
04.03
Хотугу омуктар революция инниннээҕи кэмҥэ (10 ч.)
1
Муора, туундара чукчалара
11.03
1
Чукча омугун итэҕэлэ
18.03
IV чиэппэр - 8 чаас
Литература:
1. «Саха итэ5элэ»
2. М.А. Попова. Саха тѳрүт культурата-3-4 чааhа
3. В.И. Саввинов «Иис-уус алыба» серия-2013с.
4. «Эдьиий Дора» туhунан кинигэлэр