Открытый урок по теме: «Киһи олох олороору төрүүр эбээт» (Н.М.Заболоцкай-Чысхаан «Мааппа» кэпсээнинэн)

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


МБОУ «Столбинская основная общеобразовательная школа им.А.И.Новгородова»

МО «Верхоянский район»

РС(Я)















Аһаҕас уруок барыла

Темата: «Киһи олох олороору төрүүр эбээт»

(Н.М.Заболоцкай-Чысхаан «Мааппа» кэпсээнинэн)































Остоолбо сэл., 2013с.



Кылааһа:9

Ыытыллар күнэ: сэтинньи 16 күнэ

Үөрэтэр сыала: айымньы тылын-өһүн болҕойон ааҕыы.

Иитэр сыала: аһынар санааны көбүтүү.

Сайыннарар сыала: Орто дойдуга киһи киһини кытта өйдөһөр, өйөһөр, көмөлөсүһэр буолан тутуллан турарын өйдөтүү.

Уруок тиибэ: телевизионнай ток-шоу биэриилэрин үтүгүннэрии.

Бэлэмнэнии үлэ: «Мааппа» кэпсээни, бэриллибит хаһыат ыстатыйаларын, мисс Кэт Марсден миссиятын туһунан уо.д.а. ааҕан кэлии.

Туттуллар тэрил: медицинскэй, историческай ыйынньыктар, «Саха литературата» учебник.

Уруок хаамыыта:

I.Тэрийэр түгэн.

II.Учуутал: Н.М.Заболоцкай- Чысхаан кэпсээнин бары аахтыгыт. Бу икки олох дьоло суох эдэр дьон дьылҕатын туһунан хараастыылаах айымньы кими баҕарар долгутар, араас санааны үөскэтэр. Эмиэ «аһаҕас сөллүүлээх» дэнэр айымньы. Ол аата тугунан түмүктэнэрэ биллибэт. Хас биирдии ааҕааччы сыта-тура сыаналаан, толкуйдаан хайдах түмүктээх буолуоҕун бэйэтэ торумнуур.

1.Дьон Мааппаны тоҕо дьиэлэригэр киллэрбэтэхтэрэй?

2.Дьон Мааппаны дьиэлэригэр киллэрбэтэхтэрин эн туох дии саныыгыный?

3.Ханнык сыстыганнаах ыарыылары билэҕиний?

4.Мааппаны эн киллэриэҥ этэ дуо? Өскөтүн саһарардаабыт, сэлликтээбит диэн билэр буоллаххына?

5.Сыстыганнаах ыарыылаах киһини киллэрдим дии санаатаххына, ыалдьыбат туһугар тугу гыныаҥ этэй?

6.Венерическай ыарыы туһунан тугу билэҕиний?

7.Оттон СПИД эн санааҕар туох ыарыыный?

8.Лепра- проказа- араҥ ыарыы туһунан тугу истибиккиний? (Тылдьыты ааҕыы).

9.Англия монахинята Кэт Марсден 1891с. Бүлүүгэ кэлэ сылдьан араҥ ыарыылаахтарга көмөлөспүтүн, лепрозорий арыйтарбытын туһунан ааҕыы.

10.Кэт Марсден тоҕо сиргэммэтэҕэ буолуой?

Түмүк: киһи организма, уйулҕата таайылла илик таабырын. Эн ханнык эмэ ыарыыттан олус куттанар, аһары сиргэнэр буоллаххына, мэйиигэ «мин бу ыарыыттан куттанабын, ол аата кыайбаппын» диэн сигнал тиийэр дииллэр. Ол иһин организм эмиэ «кыайбат эбиппин» диэтэҕинэ, кырдьык, иммунитет утарылаһар кыаҕа мөлтөөн, киһи дьиҥнээхтик ыалдьан хаалыаҕын сөп эбит.

III. Бэйэҕэ тиийинии…Суицид…Атыннык эттэххэ, бэйэни өлөрүнүү…Биһиги бу туһунан сурахтары истэбит, хаһыаттан ааҕабыт.

1.Мааппа тоҕо итинник дьаһанна?

2.152с. 8-с абзацтан 154с. бүтэһик абзацка диэри ааҕыы.

3. «…олох бары быйаҥын биирдэ арыйа тардан биэрбэт…Олох биир үөрүүнэн, биир хомойуунан бүтүөн сатаммат эбит. Кини бэлэҕин ситэри туһанарга, киһи эмиэ бэйэтэ киэҥ көҕүстээх, бөҕө туруктаах буолуохтаах. Ол курдук мин тулуйан манна олоортум буоллар олох бэлэҕинэн миэх эн буолуох этиҥ…ону баара, мин татымсыйан…»- Мааппа бу тылларын эн туох дии саныыгыный?

IV. «Киэһэрдэ. Ханнык эрэ тулаайах тумуллары, чоҥкуһа тоҥмут алаастары быһыта түһүтэлээтилэр»,- диэн суруйар Н.М.Заболоцкай кэпсээн иһигэр кэпсээн саҕаланыытыгар. Бу Ылдьаа эрэйдээх мунан хаалбыт, дэлби сылайан аат харата сүөдэҥниир буолбут атынан айанната сатыыр. Тулаайах улааппыт, чоҥкуйа тоҥмут дууһалаах эдэр уол Кыараҕас алааска эмиэ бэйэтин курдук эрэйи көрбүт эдэркээн Мааппаны көрсүөхтээх түгэнин мээнэҕэ маннык тылларынан эппэт. «Ол да буоллар, кэтэһэр, сүрэҕи ититэр баҕалаах кыым уота хантан да көстүбэтэ»,- диир. Бу айымньы сүрүн санаатын илдьэ сылдьар тыллар. Ылдьаа инники дьылҕатын бэйэтэ да билбэт.

1.Бу маннык дьылҕалаах урут да, билигин да баар буолуо дии саныыгыт дуо?

2.Айымньыга Ылдьаа бэйэтин Бөдьөкө кинээс саах балбааҕар көмүллэр муҥнаах буоллаҕым буолуо дии саныыр. Итинник саныыра оруннаах луо?

3.Эһиги санааҕытыгар Ылдьаа былдьаһыктаах көмүһү ылыаҕа дуо?

4.Ылдьаа ханна барарын билбэккэ суол төрдүгэр турар. Эһиги кини ханна барыаҕын баҕараҕыт?

V. Түмүк.

Кэпсээҥҥэ Мааппа: «Олор, Ылдьаа, олох үчүгэй эбит. Мин…мин быстах санаа киирбиччэ сыыһа быһыыламмыппын. Олох киһиэхэ үгүстүк бэриллибэт…Киһи олох олороору төрүүр эбээт, олорбокко хаалар, олохтон матар кыһыыта бэрт буолбат дуо?»-диир. Кырдьык, киһи ыалдьыбакка-туттубакка, араас кыһалҕаны этэҥҥэ туораан, дьоллоохтук олороору күн сиригэр төрүүр буоллаҕа. Дьоллоох буолуҥ!