Урок по якутскому языку по теме Антонимы

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Саха тылын, литературатын учуутала: Ксенофонтова А.Ф.

6 кылааска Саха тылын уруога



Уруок темата: Антоним ейдебулэ. Паараласпыт антонимнары туттуу.

Сыала: Антонимы хайдах ейдуубутуй, олоххо хайдах туттуохха себуй?

Уруок формата: Оонньуу уруок (беле5унэн оонньуу)

Туттуллар тэриллэр: компьютер, проектор, карточка.

Тэрээhин чаас (улэлиир турукка киллэрии):

- Утуе кунунэн о5олоор! Мин эhиэхэ хоhоон кэhиилээх кэллим. Аа5абын бол5ойон батыhыннара керун!

Атыы- эргиэн дэлэйдэ

Ыараахтан-чугастан

Уолаттар-кыргыттар

Атыылаhа кэллилэр

(хоhоону проекторынан кердеруу)

- О5олоор Ким этиэй, бу хоhоонно туох суруллубутуй? (о5олор эппиэттииллэр).

- Биhиги билигин уруокпут тиэмэтигэр киирэбит. Барар тиэмэбит аата: Антоним ейдебулэ. Паараласпыт антонимнар диэн. Паараласпыт антонимнар туттуллууларын уерэтиэхпит.



Сурун чаас (Сана тиэмэни барыы):

- Билигин 4 белеххе арахсабыт (белехтерге аат биэрэбит). Белехтербет ааттара: улахан, кыра, а5ыйах, элбэх.

- О5олоор, керун эрэ! (доска5а кыра – улахан, уhун-кылгас, манан-хара, чугас-ыраах, тымныы-итии диэн тыллар суруллан тураллар)

- О5олоор, кыра – улахан, уhун-кылгас, манан-хара, чугас-ыраах, тымныы-итии диэн тыллар хайдах суолталаахтарый? (о5олор бэйэлэрин санааларын этэллэр)

- Сеп, эhиги сепке этэ5ит утарыта суолталаах тыллар. Утарыта суолталаах тыллары биhиги антонимнар диэн ааттыыбыт эбит.

- Маннайгы туhумэхпит Ким тургэний?

- Быhаарабын бу бэриллибит карточкаларга тыллар сурулла сылдьаллар, эhиги ол тылларга антонимнарын ол эбэтэр утары тылларын була5ыт. Буппут белех илиитин уунар. (Карточкалары белехтерге тунэтэбин)

- Буппут белех тахсан тылларын аа5ар. (Сепке толорбуттарга сулус биэрии).

- Маладьыастар, анны билигин иккис туhумэхпитигэр киирэбит. Туhумэхпит аата: Уус-уран умсул5ан диэн. Биир мунуутэ иhигэр эhиги антонимнары туhанан кылгас кэпсээн суруйа5ыт. Кэпсээннит аата «Арай биирэ…» диэн. Буппут белех илиитин уунар уонна кэпсээнин аа5ар. (кэпсээннэри истэн о5олор бэйэлэрэ сыана биэрэллэр). (Учугэйдик онорбут белеххе сулус биэрии).

- Билигин бутэhик уhус туhумэхпит. Аата Эдэр худуоhунньуктар диэн буолар. Тыллары биэрэбин ол тылларга уруhуй оноро5ут. Холобура: манан-хара бу тылынан эhиги тугу ба5арар уруhуйдуугут. Холобура биhиги дойдубут маанылаах кетере баар манан кыталык уонна хара кыталык уруhуйун кердеребун. Эhиги ейгутугэр туох тубэhэ кэлбитин уруhуйдуугут биир мунуутэ иhигэр. (о5олор уруhуйдаан баран кемускууллэр уруhуйдарын). (Учугэйдик онорбут белеххе сулус биэрии).



Хамсаныылаах сынньаныы:

- Билигин, о5олоор, сынньана таарыйа ооннуохпут. Мин билигин тыллары этиэм ону эhиги утарытын оноро5ут. Холобура: тур диэтэхпинэ олоро5ут. Са5алаатыбыт: уна диэки биирдэ хардыылаан, хомойбут киhини кердерун, ханас хараххытын илиигитинэн саба туттун, уна атаххытын ере тэбин, турабыт. Сеп сынньанныбыт, салгыы доскабытын керебут

- О5олоор, маа5ын эhиэхэ а5албыт хоhооммор антонимнары булун эрэ! (хоhоону иккистээн аа5ыллар). (О5олор антонимнары булан аа5аллар.)

- О5олоор ейдеен керун эрэ, бу хоhоонно паараласпыт антонимнар тураллар. Кинилэр икки ардыларыгар ханнык сурук бэлиэтэ турар эбитий? (о5олор эппиэттииллэр)

- Ол аата о5олор паараласпыт антонимнары биhиги дефис кеметунэн пааралаан суруйар уонна аа5ар эбиппит дуо? (о5олор эппиэттииллэр).

Чинэтии: (учебнигынан улэ):

- Анны билигин о5олор, кинигэбитин аhабыт 17 сирэй, 23 эрчиллиини булабыт. (бары куолаан тылбытынан ырытабыт)

- 25 эрчиллии. (Бастакы этиини куолаан тылбытынан ырытабыт). Суругунан толоруу.



Тумук чинэтии:

- Бугунну уруокпутугар тугу биллибит?

- Антонимнарга уонна паараласпыт антонимнарга быраабыла таhаарарга холонуохха. Хайа белех быраабылата септеех быраабыланы толкуйдаан таhаарар эбитий? (о5олор бэйэлэрэ толкудаан этэллэр).

Сыана туруоруу

Дьиэ5э улэ биэрии.

Баhыыбаларын, манан уруокпут тумуктэнэр. Аныгы керсуеххэ диэри.