Сборник задач Ахсаан уонна дьыл кэмэ для 5 классов

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


9


Мугудайская средняя общеобразовательная школа им. Д.Д.Красильникова

















«Ахсаан уонна дьыл кэмэ»


















2011г.


ИhИНЭЭ5ИТЭ

Быhаарыы сурук………………………………………………………..3

Сайын…………………………………………………………………....4

Куhун…………………………………………………………………….6

Сайын……………………………………………………………………8

Саас………………………………………………………………………..9

























Быьаарыы сурук


«Якуты как северный народ образно мыслят. Поэтому у них одновременно развиты оба полушария – они мыслят образно и логически»- диэн Розенберг Аршанскай этэр. О5о олох-дьаьах, тулалыыр эйгэ туьунан дьиннээх ейдебулу ыларыгар, диринник толкуйдуу уерэнэригэр тереебут тыла теhуу куус уонна тирэх буолар. Ахсааны суоттуурга тылбаастаммыт кинигэттэн ураты о5ону математика5а тардарга, уhуйарга аналлаах сахалыы тылынан эбии посуобуйа да, литература да суо5а олус хомолтолоох.

Оскуола5а математиканы сахалыы уерэтиини тупсарарга чугас эйгэттэн ылыллар задача биллэр – кестер кемелеех буолуон сеп. Ол курдук, биьиги, саха о5олоро, задача ис хоhооно нууччалыы тылынан суруллубутун ылбычча ейдеен биэрбэппит, ол иьин о5о задача суоттуур дьо5урун бастаан бэйэтин тылынан, саха дьонун оло5ор - дьаьа5ар, улэтигэр – хамнаьыгар сыьыаннаан оноьуллубут сорудахтары толорон сайыннарара ордук буолуо этэ. Оччо5уна задача ис хоьооно киьи хара5ар тута «кесте туhэр», онон ейе – санаата барыта хайдах онорор эрэ суолу тобула сатыыр, улэтэ тургэтиир. Ону таhынан олохтоох матырыйаалынан оноhуллубут задачаны суоттуурга математика бу дьиннээх олоххо туттуллар, улэ5э-хамнаска наадалаах эбит, тула эйгэ5э баар суолу ырытан сыымайдаан, хомуйан тумэн уескээбит наука эбит диэн ейдебул уескуур. Онон сибээстээн мин 5 кылаас о5олоругар туьалаах буоллун диэн ебугэлэрбит улэлэригэр хамнастарыгар сыьыаран дьыл кэминэн холобурдаан эбии эрчийэр, толкуйдатар задачалары онордум.





Сайын (12 задача)

1. Ыhыахха икки туhулгэ киhи оhуохайдаабыт. Бастакы туhулгэ иккистээ5эр 3 тогул элбэх киhилээх. Иккис туhулгэ5э 18 киhи эбии киирбитигэр, оhуохай дьонун ахсаана барыта 66 киhи буолбут. Аан маннай иккис туhулгэ хас киhилээх эбитий?

2. Сайын отчут30 км сири 6 ч устата сатыы барбыт. Кини ити барбыт сирин атынан хас чаас айанныай, оскотун ат сатыы киhиттэн 10 км/ч тургэн буолла5ына?

3. Балыксыттар сайын устата 240 кг балыгы туулаан ылбыттар. Балык собо, мунду эбит. Ханнык балык ахсаана а5ыйа5ый: собо дуу, мунду дуу?

4. Икки тракторист куннэ 44,2 га оту о5устарбыт. Бастакы тракторист иккистээ5эр 1,8 га кыраны о5устарбыт буолла5ына, биирдии тракторист теhену улэлээбитий?

5. От улэтигэр Арылхан а5ата 21 кыраабылы онорбут. Оноруллуохтаах кыраабыл 25% хаалбыт. Арылхан а5ата хас кыраабылы оноруохтаах эбитий?

6. Биир кэбиhии от ыйааhынаортотунан 2500 кг. 14 кэбиhиилээх от ыйааhына тоhонуй?

7. Сардаана уонна Туйаара отоннуу барбыттар. Сардаана ыа5аhын 4 чааhынан, оттон Туйаара 5 чааhынан толоруон сеп. 1 ч устата иккиэн бииргэ ыа5ас теhетун толоруохтарын себуй.

8. Отчуттар алааьы 3 кун охсубуттар. Бастакы кун алаас , иккис кун охсубуттар. Уhус кун улэ теhетун толорбуттарый?

9. Куорат ыhыа5ар 2.5 т кымыhы онорон атылыыр сорудах кэлбит. Ону 3.2 т кымыhы онорон атыылаабыттар. Сорудах хас бырыhыан туолбутуй уонна хас бырыhыан аьара туолбутуй?

10. Куннэй эбээтэ 30 л ууттэн 2.5 г суегэйи ылар.15 л ууттэн теhе суегэй кэлиэй?

11.Ийэм ууннэрбит о5урсутуттан 10- нуунан аахпытыгар 2- лии о5урсу тиийбэтэх. 100- нэн аахпытыгар 8 о5урсу ордубут буолла5ына, барыта хас о5урсу эбитий?

12.Ынах уонна ньиирэй маассата 7,2 тонна. Хас маассаны ньиирэй ыларый? Кини ынахтаа5ар 5 тогул чэпчэки.


























Куhyн (11 задача)

1. Хортуоппуй хомууругар массыынаны туhаннахха улэ таhаарыыта урдуур. Илиинэн хостуурга биир киhи нуормата куннэ ортотунан 6 ц. Булуугунан хостуурга илиинэн хостуурдаа5ар куннэ 2 тегул элбэ5и, оттон массыынанан булууктаа5ар 4 тегул элбэх хортуоппуйу хомуйуохха сеп. Массыынан куннэ теhе хортуоппуйу хостуохха себуй?

2. Хортуоппуй хомууругар улэлиир икки биригээдэ холбоон куннэ 20,4 ц хомуйбут. Бастакы биригээдэ иккистээ5эр 1,52 ц элбэ5и хомуйбут. Биирдии биригээдэ теhелуу хортуоппуйу хомуйбутуй?

3. Булчуттар ке5ен, моонньо5он уонна чыккымай елербуттэр. Кетер ке5ен, чыккымай, оттон 50% моонньо5он эбит. Ханнык куhу элбэ5и елербуттэрий?

4.Кэскил алааска 25-тэ ытан 7 куhу, оттон Ньургун 5 ытыынан 2 куhу елербут. Хайалара биир ытыынан куhун ахсаанын улахан чааhын елербутуй?

5. Биир сиртэн биир хайысханан биир тэнник икки куобах суурбут. Бастакы куобах мунуутэ5э 650 м, оттон иккис 600 м барар. 10 мунуутэнэн куобахтар икки арыттара теhе буолуой?

6. Бааhына иэнин булун, ескетун устата 300 м кэтитэ128 м.

7. Кэскил кууллуурдаа5ар хортуопуй хостууругар 3 тегул а5ыйах бириэмэни бараабыт. Теhе кэми Кэскил кууллууругар бараабытый ескетун 40 мунуутэ хортуоппуй хостуурдаа5ар элбэх кэми ыыппыт буола5ына?

8. Кырдалга хаас баhаама олорор уhу. Ол ортолоругар 15 хаастан сырдыктара 7, хас кугастыны хаас баарый, 15-эн хас бырыhыан сырдык хаас баарый?

9. Суедэр уонна Сиидэр сир аhын астаабыттар. Суедэр 4.5 кг хомуйбут. Теhе отону Сиидэр хомуйбутуй ескетун:

а) 0.7 кг Суедэрдээ5эр элбэх буолла5ына

б) 1.2 кг тегул Суедэрдээ5эр а5ыйах буолла5ына

10. Тиин уонна мо5отой холбоон 350 тэллэйи, кыстык аhылыктарын хомуммуттар. Мо5отой 350 т эллэйтэн 75% хомуйбут. Теhе тэллэйи хас биирдиилэрэ хомуйбутуй?

11. Дайаана Сайаанатаа5ар 3 тогул элбэх тэллэйи хомуйбут. Иккиэн 48 подосиновигы, подберёзовигы уонна 8 ма5ан тэллэйи хомуйбуттар. Биирдии о5о хас тэллэйи хомуйбутуй?
























Кыhын (7 задача)

1. Хайыhардьыт Намтан киин куоракка диэри 75 км барбыт. Онтон бастакы кун суол , оттон иккис кун барбыт. Икки кун хас километр суолу барбытый?

2. Кыhын устата биир оhо5у отторго 25 куб.м мас барар. Биир тииттэн ортотунан куб.м оттук кэлэр буолла5ына, сыл устата биир оhоххо хас тиит нааданый?

3. Хайыhардьыт 45 мунуутэ5э 3 км барбыт. Теhе кэмнэ хайыhардьыт 7 км барыай?

4. Айал олбуорун хаарын ыраастаабыт. Айал олбуорун иэнэ теhе буолуой ескетун устата 20 хардыы оттон кэтитэ 17 хардыы буолла5ына?

5. Мунха5а холбоон 36 киhи мустубут .Оттон 7-тэ о5о. Хас улахан киhи баарый, уонна теhе балыгы хас биирдии киhи илдьэ барбытый? Оскетун 7128 собо ылбыт буоллахтарына уонна улахан дьон о5олортоо5ор 12 собонон элбэ5и ылбытбуоллахтарына?

6. Суббуотунньукка бастакы биригээдэ 30% мууhу ылбыт оттон иккис биригээдэ бастакы биригээдэ нуорматын 80% ылбыт. Ол хаалбыт мууhу уhус биригээдэ ылан хойбут. Теhе бырыhыан мууhу уhус биригээдэ хойбутуй?

7.Оскуола5а 24 тонна чох а5албыттар. Кыьын устата туттубуттар. Хас тонна чох хаалбытый?









Саас (4 задача)

1. Амма5а 624 га иэннээх бааhына5а бурдугу уонна эбиэhи ыспыттар. Оскетун эбиэс сирэ бурдуктан 2 тегул элбэх буолла5ына, эбиэс уонна бурдук сирэ теhелуу эбитий?

2. Икки биригээдэ холбоон 12.32 га сиргэ сэлиэhинэй ыспыт. Бастакы биригээдэ иккистээ5эр 1.2 тегул а5ыйа5ы ыспыт буолла5ына, биирдии биригээдэ теhелуу га сири ыспытый.

3. От улэтигэр Арылхан а5ата 21 кыраабылы онорбут. Оноруллуохтаах кыраабыл 25 % хаалбыт. Арылхан а5ата хас кыраабылы оноруохтаах эбитий?

4. Мас кэрдээччилэр 25 куб.м маhы бэлэмнээбиттэр. Ол мас тутууга ылбыттар, онтон хаалбыта оттукка барбыт, оттукка хас куб.м барбытый?