Кун кубэй ийэлэрбитигэр тэрээhин сценарийа

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


16.10.2015 c.


«Кун кубэй Ийэлэрбитигэр»

улахан болох иитиллээччилэригэр тэрээhин сценарийа:



Былаана:

  1. Киирии тыл

  2. Ођолор саңаларынан викторина.

  3. Оонньуулар.

  4. Эҕэрдэ нуомэрдэр.

Киирии тыл.

Утуо дьоро кунунэн кунду Ийэлэрбит! Бастатан туран бука барыгытын Ийэ кунунэн улахан болох иитиллээччилэрин, иитээччилэрин, иитээччи комолоhооччулэрин ааттарыттан итиитик – истинник эгэрдэлиирбитин конуллээн уонна Кун кубэй Ийэлэрбитигэр диэн ааттаах тэрээhиммитин саҕалыырбытын конуллээн.

1) Ийэ күнэ! Олус да истиңник иһиллэр! Хас биирдиибит бу орто дойдуга саамай чугастан-чугас киһибитигэр – Ийэбитигэр сүрэхтэн кутуллар истиң-иһирэх тыллары этиэхпитин бађарабыт.

- Күндү ийэлэрбит!…

Бүгүн биһиги үөрүүлээх тэрээhиннэ – Ийэлэркүннэрин бэлиэтээри муһуннубут.

Бу күнү биһиги, Саха Республикатын олохтоохторо, чорботон туран, ийэлэргэ болђомто ууруллан, эһиги күннээ5и үгүс түбүккүтүн, о5олоргутугар кыһамньыгытын бэлиэтээн, Ийэ оруолун үрдүктүк чиэстээн, хас сылын ахсын бу күһүңңү кэмңэ күн анаан, бырааһынньык быһыытынан бэлиэтиир буолбуппут олус үөрүүлээх.

Күндү Ийэлэр!

Биһиги ыңырыыбытын ылынан, ыалдьыттыы, биһигини көрө-истэ, билсиһэ, бииргэ сынньана кэлбиккит иһин махтанабыт.

Ийэ – сир үрдүгэр күндү тыл,

Ийэ – күңңэ тэңнээх күндү тыл,

Ийэ – сүрэђи минньитэр күндү тыл,

Амарах, истиң, иһирэх тыл.

Эһиэхэ анаан  «Эҕэрдэ ункуутэ»

Ийэ… Суос со5отох бу биир тылга

Аан дойду бары кэрэтэ,

Олох салђанар утађа

Түмүллэн сылдьар быһыыта.

Олус да бађарар буоллађым

Үлэһит үтүөтэ буоламмын,

Ийэм миигинэн киэн туттар

Эйэђэс мичээрин көрүөхпүн.

Ођо-ођо саастарбар

Оонньуур-көрүлүүр кэмнэрбэр

Олус кыһаллан ииппиккин

Ончу умнуом суођа мин.

Өрүүтүн үөрдэ-көтүтэ, ийэкээм,

Үөрэниэм, үлэлиэм, олоруом,

Күн сирин көрдөрбүт үтүөђүн,

Күндүтүк, истиңник саныађым.

Ырыа «Ийэ кунэ».



Ийэ - бу эйиэхэ олоҕу бэлэхтээбит аанньал, сиргэ түспүт таҥара.

Ийэ диэн күндүкиһи, ийэ диэн күн киһи.

Ийэ эйиэхэ олоҕу биэрбитэ,

Аан дойдуга хараххын аспыта,

Төрөөбүт тылгынан саҥардыбыта.

Үчүгэй киһи буоларгар өрүү кини кыһанар,

Арыт- арыт мөхтөр да иһигэр аһынар.


Хоhоон «Ийэ барахсан» - ааҕаллар Тулурхаан Туприн, Иосиф Осипов.



Аччыктыаҕа оҕом диэн

Араас аһынан аһатар,

Сыллаан-уураан киэһэтин

Сылаас ороҥҥо утутар.

Тахсан буорга киртиппит

Таҥаскын өрүү сууйар,

Сытыаҕын да баҕардар,

Сылайан хойут утуйар.

Ыарыйдаххына кини эрэ

Ыксыа, ытыа, айманыа,

Түүнү быһа арахпакка

Таскар олорон ыарыылыа.

Ол курдук ийэҕэ бу сиргэ

Кэрэттэн кэрэтэ,

Сүрэҕин сорҕото

Төрөппүт оҕото буолар.

Онон, оҕолоор, ийэҕитин хомотумаҥ, харыстааҥ, кинини араҥаччылааҥ, кини эрэлин түһэн биэримэҥ. Ийэҕит киэн туттар киһитэ буолуҥ.

Дьолу – соргуну бађаран туран, ођолоргут эһиэхэ аныыллар

Ийэ” диэн ырыаны.



3) Ийэлэри кытта көрдөөх оонньуулар.

1. Аппликация онотторуу – Марина Николаевна, мастер-класс кордорор, 4 ийэ тахсан открытка онороллор.

«Ийэм курдук буолуохпун баҕарабын» - мода, кыргыттар.

4) Таайбараң – о5олор саңаларынан.

1. Кыһыл дьүһүннээх, элбэх витаминнаах, доруобуйа5а туһалаах, төгүрүк быһыылаах, үчүгэй сыттаах, ыалларга баар, консервалыахха сөп…(помидор).

2. Эриэн дьүһүннээх, ыалга барытыгар баар, сорохтор сиргэ быра5аллар, сорохтор истиэнэ5э ыйыыллар, көрөргө үчүгэй, ыраахтан а5алаллар, сыаната ыарахан…(ковер).

3. Сайын баар буолааччы, эриэн истээх, күүгүнэс саңалаах, түргэнник көтөр, хонууга элбэх буолааччы, соро5ор о5олор киниттэн куттаналлар.(ыңырыа)..

4. Элбэх кэпсээннээх, соро5ор соһутар сонуннаах, соро5ор үөрдэр, соро5ор сылатар, интэриэһиргэтэр, улахан дьон, о5олор бары таптыыллар, соро5ор наһаа үлүһүйдэххинэ ийэң мө5өр…(телевизор).

- Күнүбыһа аттыттан араарбат, кэпсээнэ-сэһэнэ элбэх. …(телевизор).

- Арааһы барытын быһаарар, ону-маны сүбэлиэн да, кими ба5арар көрсүһүннэриэн да сөп. …(телевизор).

5. Кылгас атахтаах, элбэх о5олоох, кылгас кутуруктаах, тимэх харахтаах, а5ыйах саңалаах, хатаннык часкыйар, бадарааңңа да сыттар, минньигэс эттээх…(сибиинньэ).

6. Кыра о5олорго үксүлэригэрбаар, онтукалара манныкбуолуон сөп: дьүһүнэ араас, уһун да, кылгас да, кытаанах, арыт сымна5ас; -онтукалара арааһы тардыалыыр, бэлиэтиир, дьүһүннүүр, арыт онноо5ор тостор, суолун хаалларбыт буолар…(харандаас).

7. Араас быһыылаах, кээмэйдээх буолуон сөп, интэриэһиргииргин бу баар курдук көрдөрөр, соро5ор аһыллыан да, сабыллыан да сөп, онноо5ор олох да ылыллыан сөп, арыт алдьаныан да сөп…(түннүк).

8. Дьоңңо барытыгар баар. Сорохторго халың, арыт чараас да буолар. Сотору-сотору уларыта5ын: то5о диэтэххэ, киртийиэн, алдьаныан, онноо5ор сыттаныан да сөп…(наскы).

9. О5олор бары ымсыыраллар. Билиңңи кэмңэ кини араас быһыылаах, дьикти сыттаах, арыт суулаах, арыт хоруопкалаах; Арыт ууллар, арыт «хампарыйар», арыт «жевачка5а» кубулуйар, дьону барытын астыннарар… (кэмпиэт).

10. А5аларга сорохторугар баар. Онтукаларын көрөллөр-харайаллар, арыт онноо5ор тэңнииллэр. Ол туохтара арыт олус эрэйдиир. Уһуннук бардахтарына-кэллэхтэринэ мууһуруон сөп, кырыарыан да сөп…(бытык).

11. Бу күнү нэдиэлэ устата кэтэһэ5ин. Онно тиийдэххинэ билэр дьоңңун үксүлэрин көрсө5үн. Ону-маны көрөн, ымсыырыаххын, ылыаххын, боруобалыаххын, онноо5ор амсайыаххын ба5ара5ын…(барахолка).

- Төттөрү-таары сылайыаххар диэри хаамыаххын сөп. Ону-маны көрөн, ымсыырыаххын, ылыаххын ба5ара5ын…(рынок).

Оҕолорбут толорууларыгар ункуу “Полька”.

Кунду Ийэлэр! Мин илиибэр аптаах ромашка баар. Биирдии лепестогы талан ылын эрэ, ким хайдах майгылаах эбитий, ,билигин ону билиэхпит. Ромашка сибэккибит “Саамай - саамай” диэн ааттаах.


-Самая обаятельная
-Самая привлекательная
-Самая нежная
-Самые красивые глаза

-Самая улыбчивая
-Самая добрая
-Самая ласковая
-Самая заботливая
-Самая красивая
-Самая обворожительная
-Самая любимая
-Самая милая

- Самая чувствительная

- Самая прекрасная

- Самая сияющая

- Самая бриллиантовая

- Самая талантливая

- Самая кулинарная

- Самая терпеливая

- Самая неповторимая

- Самая очаровательная


Дьэ кырдьык даҕаны ханнык баҕарар киhиэхэ Ийэ саамай саамай кундуттэн кунду киhибит буолар.


Кунду күн-күбэй ийэлэрбит!

Эһигини оссо тогул Ийэлэр күннэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт эһиэхэ Сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үчүгэйи, үлэҕитигэр ситиһиини! Ыарыы эһигинниин ыалласпатын, олоххут үөрүүнэн туоллун. Оҕолоргут тустарыгар ахсаабат кыһамньыгыт, сылаас тапталгыт, муударай сүбэҕит иһин барҕа махтал, уруй-айхал буоллун!

Ырыа “Ийэ” – бары, оҕолорбут бэйэлэрэ онорбут открыткаларын бэлэхтииллэр.

Манан биhиги “Кун кубэй ийэлэргэ” тэрээhиммит тумуктэнэр. Ийэлэрбитигэр кэлэн ыалдьыттаабыккытыгар, кыттыыны ылбыккытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Кэлэр тэрээhиннэргэ кэлэн эмиэ кохтоохтук кыттыахтара диэн эрэнэбит.