Авторская программа по пению Ырыаһыт ымыылар

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Авторская программа «Ырыаhыт ымыылар», утверждена внутришкольной администрацией, работаю по этой программе 6 год.

«Ырыаhыт ымыылар»

Мэӊэ Хаӊалас улууhун Алтан орто уопсай үөрэхтээhин оскуолатын алын сүhүөх кылааhын учуутала Пинигина Светлана Васильевна.

Начальнай уопсай үөрэхтээhин сана стандартын олоххо киллэриигэ оскуола сүрүн сыала: үөрэх кэмигэр уонна үөрэ5и таhынан дьарыктарга кыра кылаас үөрэнээччилэригэр УУД иӊэрии буолар.

Тыа сирин оскуолатыгар, саха о5отугар сөптөөх билиини, сайдыыны, дьо5уру-талааны арыйыыга көмөнү, сатабылы уруок таhынан дьарыктарга биэриэххэ, бэлэмниэххэ сөп. О5ону кэрэ эйгэтигэр уhуйууну, ырыаны сөбүлээн истэ ыллыы үөрэниини олус наадалаа5ынан аа5абын. Хоhоон ырыа буолан ылланна5ына ис хоhооно өссө дириӊээн иккис тыыннанар, уhун үйэлэнэр. Төрөөбүт тылбыт өӊүн-дьүhүнүн сүтэрбэккэ үйэлээх буолуутугар ырыа олус улахан суолталаах. Ырыа көмөтүнэн о5о барахсан уйа5ас уйул5ата уhуктар, сахабыт тылын хомо5ой ис хоhоонугар, төрөөбүт тылбыт ураты умсул5аныгар иитиллэр.

Ырыа киhини кэрэ5э эрэ угуйар, сырдыкка эрэ сирдиир улуу күүстээ5эр мин саарбахтаабаппын.

Кини хайдах эрэ, ханан эрэ киhи сүргэтин көтө5өн, мөлтө5ү күүhүрдэн, бытааны түргэтэтэн, санаа5а ыллардахха аралдьытар дьикти алыптаах.

Ол иhин мин кылаас таhынан дьарыкка «Ырыаhыт ымыылар» диэн программа оӊордум. Хайа ба5арар о5о ыллыан сөбүн, ырыа күүhүн, кини дьикти абылаӊа доруобай эккэ-хааӊӊа сүрэ5и аhар алыптаа5ын таhынан бу дьарыкка о5о күөмэйгэ, тыыныыга аналлаах эрчиллиилэри оӊорон күөмэйэ ыалдьыбат буолуутугар, сөпкө тыыныыга көмөлөөх буолуо5а. Маны таhынан о5о ырыаны истэ, араас хамсаныылары оӊоро, үӊкүүлүү үөрэнэригэр, ырыа, музыка истэ олорон уруhуйдууругар кыа5ы биэриэ5э. Ырыа автордарын, ырыа ис хоhооно тугу этэрин билиэ5э, быhаарсыа5а.

Программа 4 сылга оӊоhулунна. 1 кылааска – 33 чаас, 2 кылааска – 34 чаас, 3 – 34 чаас, 4 – 34 чаас. О5олорго кылаастарынан сөптөөх ырыалары, фонограммалары таллым. Ырыалар уларыйыахтарын сөп.

Программа сыала: о5ону ырыа нөӊүө иитии, ыллыырга, кэрэхсииргэ кө5үлээhин.

Соруктар:

- музыканы истэ үөрэнии,

- ырыа тылын, мелодияны истэн үөрэтии,

- сөпкө тыыныыга эрчиллиилэри оӊоруу,

- фонограмманан ыллыы үөрэнии,

- имигэстик туттуу-хаптыы, хамсаныы,

- ырыа ис хоhоонунан айан уруhуйдуур дьо5уру сайыннарыы.

- коллективка бодоруhа үөрэнии,

- куоласка сөпкө арааран ыллыы үөрэнии,

- дьон иннигэр толлубакка тахсан ыллааhын.

Саба5алааhын:

О5о бу дьарык нөӊүө ырыаны таптыы, ыллыы үөрэниитин кэтэhэбин. О5о ыллыыр сатабыла, бодоруhар сөпкө тыынар, хамсанар, уруhуйдуур, санаатын этэр дьо5ура сайдарыгар, инники оло5ор дьарыгын таба тайанарыгар көмөлөөх буолуо5а.

Үлэ көрүӊнэрэ:

- Музыканы истии,

- Ырыа тылын, мелодиятын сөпкө өйдөөн хаалыы,

- Фонограмманан ыллыы үөрэнии,

- Араас хамсаныылары ырыа5а сөп түбэhиннэрэн оӊоруу,

- Ырыа ис хоhоонунан уруhуйдааhын,

- Концертарга бэлэмнэнии, кыттыы,

- Куоласка араарыы,

- Конкурстарга бэлэмнэнии, кыттыы (о5о ба5алаах буолла5ына).

Түмүктэрэ: - Бэйэ сайдыытын түмүктэрэ (личностнай):

  • О5о фонограмманан истэн ыллыы үөрэниитэ;

  • Ырыа тылын, мелодиятын сөпкө ыллааhын.

- Социальнай:

  • Төрөөбүт тылбыт өӊүн-дьүhүнүн сүтэрбэккэ таба туттуу;

  • Айыл5аны, төрөөбүт тылы, дойдуну, оло5у, дьону таптыы үөрэнии, харыстааhын;

  • Уруhуйдуур, кыраасканы таба туттар дьо5уру сайыннарыы;

  • О5олору кытта бодоруhуу;

  • Кыайбата5ы туоратарга кыhаллыы;

  • Үөрэ-көтө, хамсанан ыллааhын.

- Коммуникативнай:

  • Ыйытыыны сатаан ыйытар, көмө5ө наадыйарыттан кыбыстыбат, тугу өйдөөбөтө5үн ыйытар,

  • атыттарга көмөлөhөр, кыттыhар;

  • Сыалын, соругун, тугу хайдах оӊоруохтаа5ын билэр;

  • Бэйэтин санаатын, былаанын о5олору, учууталы кытта үллэстэр, көмүскүүр;

- Познавательнай:

  • Ырыаhыттары, мелодистары билии;

  • Суругунан, тылынан, уруhуйдаан айар, көмүскүүр;

  • Тугу сатаабытын көрдөрөр, фонограмманан ыллыыр, дьон иннигэр тахсар;

  • Ырыа тылын, ис хоhоонун бол5ойор, турукка киирэр.

Билиини, сатабылы, үөрүйэхтэри сыаналааhын.

Ситиhиллибит билиини, үөрүйэхтэри, сатабылы дьон иннигэр сыанабылга таhаарыы (араас мероприятиеларга, оскуола, кылаас концерыгар, конкурстарга). Ол кэннэ бэйэни сыаналаныы, табаарыстары, төрөппүт этиитин истии, түмүк оӊостуу баар буолуо5а. Ырыа мелодиятын, авторын билиигэ ыйытыктары, тестары толоруу.

1 кылаас – ыйытык, салгыы ыллаа сорудахтар, кэпсэтии, кэтээн көрүү, төрөппүт санаата, дьон иннигэр тахсыы.

2 – 4 кылаастар – ыйытык, тест, бэйэни сыаналаныы, айар үлэ (уруhуй), концертарга, конкурстарга кыттыы, хамсаныылары оӊоруу, куоласка араарыы.

Бэйэни сыаналаныы дневнига, «Мин ситиhиилэрим» айар үлэлэр.