Улахан болох иитиллээччилэригэр
«Кыhын. Кыhынны оонньуулар» темаҕа
аhаҕас дьарык суолдьута:
Дьарык сыала: оҕолор музыкальнай – айар дьоҕурдарын сайыннарыыга уорэтии уонна араас хайысхалары туhанан уорэтэр усулуобуйаларын тэрийии (социальнай – коммуникативнай, тылы сайыннарыы, билэр – корор дьоҕур, эт - хаан)
Дьарык задачалара хайысхаларынан:
уорэх:- нуучча классиктарын айымньыларын нонуо оҕо музыкальнай культурата сайдарын салгыы ситиhии;
- оҕо ыллыырыгар салгыы куолаhы сайыннарыы;
- оҕо музыка характерыгар, ритмигэр соп тубэhиннэрэн хамсанарын ситиhии;
- киэн эйгэҕэ сопко ориентировкаланарын чинэтии.
сайдыы: оҕо урдуку звугу ыллыыр уоруйэҕин салгыы сайыннарыы;
- музыкальнай ойун ;памятын) салгыы сайыннарыы;
- музыкальнай оонньуу нонуо оҕо уорэр – котор эмоциятын салгыы сайыннарыы.
иитии: - нуучча классиктарын айымньыларыгар интэриэhи уоскэтии;
- ыллыыр культураҕа уонна ырыаны толорууга интэриэhи салгыы иитии;
- коллективизм иэйиитигэр иитии;
- дьарыкка бэйэ – бэйэлэригэр истинник, доҕордуу сыhыаннаhаллар хаачыстыбалары иитии.
Дьарыкка туттуллар методтар, приемнар:
- тылы сайыннарыы (бэсиэдэ, проблемнай диалог, быhаарыы);
- нагляднай – слуховой (слушание);
- практическай (ырыа, ункуу, музыкальнай оонньуу, музыкальнай инструменна оонньооhун).
Дьарыкка туттуллар материаллар, оборудование: прдметнэй хартыынкалар, колокольчик, музыкальнай инструменнар, ноутбук.
Дьарык хаамыыта:
Оҕолор музыканан залга киирэллэр. Болҕомтоҕо музыкальнай – ритмическэй разминка ыытыллар. «Марш» - улаханнык тыаhаатаҕына оҕолор хаамаллар,
«Марш» - кыратык тыаhаатаҕына оҕолорилиилэрин даллатан баран атахтарын тоботугэр хаамаллар.
М.с.: Дорооболорун, оҕолор!
Оҕолор: Дорообо!
М.с.: биhиги бэйэ – бэйэбитин кытары дорооболостубут, аны биhиэхэ кэлбит ыалдьыттары кытары дорооболоhуоххайын эрэ.
Оҕолор ыалдьыттар диэки хайыhан баран ырыанан: Дорообо!
М.с.: Оҕолоор, арай биhиэхэ кыhын буолбат буоллун, оччого хайдах буолуо этэй? Оттон билигин биhиэхэ дьыл ханнык кэмэй?
Оҕолор: кыhын.
М.с.: тоҕо кыhын диэтигит?
оҕолор: ___________________________________________________
М.с.: арай кырдьык кыhын буолбат эбитэ буоллар, биhиги туохтан матыа этибитий? Биhиги кыhынтан тугу куутэбитий?
оҕолор: ____________________________________________
М.с.: дьэ кырдьык Сана дьыл бырааhынньыгыттан, подароктан, кыhынны бырааhынньыктартан матыа этибит дии.
Оҕолор кыhын таhырдьа тугу оонньуулларый? Этин эрэ __________________________________________________________
М.с.: оҕолор, билигин мин эhиэхэ таабырыннары таайтарыам, ким бастакы таайбыт, ол предмети бу залтан булан аҕалан бу дуоскаҕа сыhыарыахтаах, хайа бэлэмнит дуо?
1. кыhыннары – сайыннары куох онноох баар уhу? Тугуй? (харыйа).
М.с.: Саамай соп, харыйа. Харыйа кыhын туохха нааданый? Ханнык бырааhынньыкка?
М.с.: соп, маладьыастар. Дьэ эрэ, билигин музыка истэбит уонна таайабыт, ханнык ырыаный? «Песня про елочку».
М.с.: соп, дьэ анны ыллыахпыт иннинэ тугу гынар этибит? Саамай соп, куомэйбитин эрчийэбит. Распевка «Кымыс ырыата».
М.с.: сопко уонна кыраhыабайдык ыллыыр туhугар тугу гыныахтаахпытый?
Сопко тыыммытын ыларбытыгар конотук олоруохтаахпыт эбэтэр туруохтаахпыт, туоспутун мототобут уонна тынабытыгар салгын киирэрин курдук тыын ылыахтаахпыт дии. (кордоруу, оноруу).
- маладьыастар.
М.с.: - чэ эрэ, аны бары тэннэ кыраhыабай куоласпытынан оргууй аҕай ыллыыбыт.
Ырыа «Песня про елочку».
М.с.: хаар туhунан таабырын.?
Ким таайбыт эппиэтин хартыынканы аҕалан дуоскаҕа сыhыарар.
Оҕолор: хаар.
М.с.: «Игра в снежки».
М.с.: наhаа учугэйдик оонньоотубут дии, бу оонньууга доҕордоhуу кыайда, бары бэhиэлэй ункуутэ ункуулуоххэйин эрэ.
- хайа хаарынан оонньоон тоннугут дуо? Тугу гынабыт? Хайдах сылыйабыт?
Оҕолор: ______________________________________________
М.с.: оҕолор, мин эhиэхэ интэриэhинэй баҕайы этиилээхпин. Бу ойууга тугу короҕут? Оhох уота. Кыhынны харана, тымныы киэhэлэргэ оhох уотун аттыгар олорон иттэр наhаа учугэй буолааччы. Былыр сахалар оhохторо маннык этэ, корун эрэ. Бу комулуок дэнэр. Нуучча улуу композитора П.И. Чайковскай «Сыл кэмнэрэ» диэн айымньытыгар биир айымньытын«У камелька» диэн ааттаабыт. Билигин чуумпутук олорон ол музыканы истиэҕин эрэ. (музыка иhитиннэрии).
М.с.: бу музыка эhиэхэ хайдах дьайда? Туох иэйиитэ киирдэ?
Оҕолор: сып сылаас, истин сыhыан, дьиэтээҕи бокуой, уют.
М.с.: бу музыкаҕа тугу гыныахха собуй?
оҕолор: утуйуохха…
М.с.: мин эмиэ сылаас танаhынан бурунэн баран уот иннигэр уу чуумпутук олоруохпун баҕардым. Чэ эрэ, таабырыммытын салгыы таайан иhэбит:
- тыла суох да хаhыытыыр, куомэйэ суох да буоллар ыллыыр баар уhу, тугуй? Колокольчик.
Ким таайбыт хартыынканы аҕалан иилэр.
М.с.: колокольчик кыhынна, кыhынны оонньууларга туох сыhыаннааҕый?
оҕолор: кыhынны ырыаҕа, аттарга иилэллэр …
М.с.: оттон миэхэ колокольчик кыhынны кордоох бырааhынньыктары санатар: Сана дьыл, колокольчик Тымныы Оҕонньор кэлэрин арыаллыыр, Ороhооспо уонна Кириhиэнньэ, Масленица бырааhынньыктарыгар эмиэ скоморохтар колокольчиктары тыаhатан дьоннору уордэллэр – котутэллэр.
Дьэ эрэ билигин музыкальнай интсруменнары ылан «Новогодние бубенцы» тыаhатыаҕын эрэ.
М.с.: Маладьыастар, дьэ бутэhик таабырыммын таайтарабын, истин:
Тымныыга томмоппун,
Моркуоп муннулаахпын,
Кимиэхэ да унсэргээбэппин,
Таайын, кимминий? (хаар киhи).
М.с.: маладьыастар, билигин доскабытын корун эрэ, доскабыт хайдах буолла? Уларыйда дуо?
оҕолор: доскаҕа хартыыналар бааллар.
М.с.: туох туhунан хартыыналарый?
оҕолор:_______________________________________
М.с.: саамай соп, маладьыастар. Биhиги бугунну дьарыкпыт тумуктэнэрэ кэллэ маладьыастар, бугун бары учугэй баҕайытык ыллаатыгыт, ункуулээтигит, оонньоотугут, дьарыкка бары кохтоохтук кытынныгыт. Барыгытыгар биhиги кыhыммыт курдук чиргэл доруобуйаны баҕарабын, кыhыммытын бары этэннэ корсуоххэйин.
Оҕолор музыка тыаhынан тахсан бараллар.