Методическая разработка Саха мындыр суота

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Киириитэ.

Математика – олоххо уонна наукаҕа төһүү буолар өй күүһэ, киһи – аймах култууратын быстыспат сорҕото. Ханнык баҕарар наука уонна култуура төрүттэрин аан дойду дьоно барыта төрөөбүт тылынан үөрэтэн ылынар.

Саха норуота көлүөнэттэн көлүөнэҕэ мунньуллубут билиилэрин бөҕө саппааһа, айылҕаттан анаммыт анаарар дьоҕура математиканы билиигэ, үөрэтиигэ дьоһуннаах төһүү буолара букатын саарбаҕа суох. Ол курдук устаны, иэни, сабардамы, ыйааһыны, бириэмэни кээмэйдээһин өрдөөҕүттэн бааллара биллэр. Айылҕа араас көстүүлэрин хас эмэ үйэ тухары кэтээн көрүү түмүктэрэ норуот фольклоругар, норут тылынан уус-уран айымньытыгар, саха эпоһыгар-олоӊхоҕо кэпсэнэр. Олоӊхону сыаллаан-соруктаан талан ырытыы сахалар бириэмэ уонна пространство туһунан өйдөбүллэрэ, билгэлиир-таайар дьоҕурдара лаппа күүстээҕин көрдөрөр. Бириэмэ уонна пространство муӊура суохтара, уларыйбат тутулуктаахтара кинилэргэ тиийимтиэ, үөрүйэх өйдөбүл буолан бэрт өртөн иӊмитэ биллэр.



1 баһа. Норуот математиканы билиитэ: кэриӊ кээмэйдэрэ.

Кэриӊнэри кээмэйдээһин уонна чыыһыла өйдөбүллэрэ саамай боростуой хаһаайыстыбаҕа сыһыаннаах үлэ үөрүйэхтэрин кытта сибээстээх.

Саха норуотугар устаны, иэни, сабардамы, ыйааһыны, бириэмэни мээрэйдээһин өйдөбүллэрэ өрдөөҕүттэн баар.

    1. Устаны кээмэйдээһин. Саамай судургу геометрическай өйдөбүл, билии.



А) Кыра киэптээх устаны кээмэйдээһин единицаларынан киһи этин чаастара буолаллар.

Саамай кыра уста кээмэйинэн сахаларга «быһах ончоҕо» буолара.

«Илии» - тарбах кэтитигэр тэӊ уста кээмэйэ.

«Тутум» - сутурук үрдүгэр тэӊ уста кээмэйэ ( түөрт тарбах кэтитэ).

«Сүөм» - улахан тарбах төбөтүттэн токурутуллубут ыйар тарбахха диэри уста кээмэйэ.

«Уһуктаах сүө» - сөмүйэлээх эрбэҕи төһө кыалларынан атыччы туттубут кэннэ эрбэх төбөтүттэн сөмүйэ төбөтүгэр диэри, 16-17 см.кэриӊэ.

«Муӊур сүөм» - эрбэҕи көнөтүк, оттон сөмүйэни ортоку сүһүөҕүнэн токутан баран атыччы тутуллар, 13 см. кэриӊэ.

«Харыс» - киэӊник атытыллыбыт улахан уонна ортоку тарбахтар төбөлөрүн икки ардыларынааҕы ыраахха тэӊ уста кээмэйэ.

«Былас» - быластыы тутуллубут илиилэр тарбахтарын төбөлөрүн икки ардыларынааҕы ыраахха тэӊ уста кээмэйэ ( быһа холоон 150-180см.)

«Туос аӊара» - сорохтор былас аӊара дииллэр. Туора ууммут илии уһугуттан түөс ортотугар диэри, 82-84 см.

«Атыл» (хаамыы) – билиӊӊи метргэ тэӊнэһэр.

Б) Улахан киэптээх устаны кээмэйдииргэ төһө эрэ бириэмэ устатыгар барыахха сөптөөх ыраах туттуллара.

«Күөс быстыӊа» - ириэнэх эт буһан тахсыар диэри сатыы эбэтэр аттаах киһи барар сирэ.

«Көс» - билиӊӊитэ 10 км. чугасаһар ыраах.

«Күннүк сир» - айанньыт күн устата барар ырааҕа ( быһа холоон сарсыарда 7 чаастан киэһэ 7 чааска диэри).



Нууччаттан киирбит кээмэйдэр:

«Арсыын» (аршин) – туора уунуллубут хаӊас илии тарбаҕын төбөтүттэн санныга диэри кээмэй (71 см.)

«Бөрсүөк» (вершок) – ортоку тарбаҕы токуччу туттахха икки сүһүөх ыккардынааҕы кээмэй (4,4 см.).



1.2.Үрдүгү ( дириӊи) мээрэйдээһин:

Бу мээрэйдээһиӊӊэ былыргы сахаларга мээрэй кээмэйинэн киһи этин чааһа эбэтэр киһи этин чааһын икки ардынааҕы ырааҕа туттуллаллара, оттон сороҕор үрдүгү ханнык эрэ тутуу, тиит, хайа үрдүктэригэр тэӊнээн харах холооһунунан быһаараллара.

«Бэрбээкэйинэн» - по щиколотку.

«Тобугунан» - по колено.

«Түөс тылынан»- по грудь.

«Моонньунан» -уу түгэҕиттэн улахан киһи кулгааҕар диэри үрдүк.

«Суор холото» - улахан тарбаҕы туруору тутуллубут сутурук кэтитигэр тэӊ ыраах (булчуттар эрэ тутталлар).



    1. Иэни кээмэйдээһин.



Иэни кээмэйдииргэ «айылҕа халыыптара» - киһи, сүөһү, кыыл уонна көтөр эттэрин чаастарын иэннэрэ, ону таһынан, биллэр эттиктэр уонна хаһаайыстыбаҕа наадалаах тутуулар ылар иэннэрэ туттуллалара.

«Туруйа хараҕа» - быһа холоон туруйа хараҕын иэнин саҕа иэн кээмэйэ (кыра диэн тэӊнээһиӊӊэ үксүн тутталлара).

«Оҕус хараҕа» - быһа холоон оҕус хараҕын иэнин саҕа иэн кээмэйэ (кыра диэн суолтаҕа тутталлар).

«Ытыс сир» - ытыһынан сабыахха сөп иэн кээмэйэ.

«Дьиэ онно» - балаҕан оннугар тэӊнээх иэн кээмэйэ.



    1. Сабардамы мээрэйдээһин

Сабардамы мээрэйдииргэ дьиэҕэ туттуллар иһит-хомуос киэлитэ, кыыл уонна көтөр сабардамнара туттуллаллара.

Бытархай тутуллаах эттиктэр иһитинэн мээрэйдэнэллэрэ.

«Хамыйах» - мас хамыйах.

«Мэһэмээн» - ууну, үүтү, бытархай астары кутарга аналлаах улахан көстүрүүлэҕэ тэӊнээх туос иһит (быһа холоон 5-6 лиитэрэ).



    1. Ыараханы мээрэйдээһин.

Убаҕас уонна бытархай эттиктэр ( туоралаах бурдук, сороҕор арыы) ыйааһыннара сабардамнарынан быһаараллар:

«Ыаҕайа үүт» - ведро молока.

«Чабычах арыы» - быһа холоон 8 кг. арыы

«Куул бурдук» - мешок зерна и муки.

Ыараханы мээрэйдииргэ киэӊник тарҕаммыт чугаһатан сыаналааһын ньыматынан дьиэ сүөһүтүн тардар күүһүгэр тэӊнээһин буолара.

«Ат тардыыта» - сыарҕалаах ат тардарыгар сөптөөх ыйааһыннаах таһаҕас.

«Оҕус тардыыта» - сыарҕалаах оҕус тардарыгар сөптөөх ыйааһыннаах таһаҕас.



    1. Бириэмэни кээмэйдээһин.



Кылгас бириэмэни көрдөрөргө кээмэй эмиэ тыа хаһаайыстыбатын араас үлэлэрин эбэтэр халлаан сулустарын хамсааһыннарын кытта сибээстээхтэр. Холобур, сайыӊӊы күн ынахтар түөрт ыамнарын кытта сибээстэнэн: сарсыардааӊӊы ыамӊа (6 чаас саҕана),күнүскү маӊнайгы ыамӊа ( күнүс 11 чаас саҕана), күнүскү иккис ыамӊа ( күнүс 4 чаас саҕана), киэһээӊӊи ыамӊа (киэһэ 8 часс саҕана) арахсара. Кыһыӊӊы күн бэйэтэ туспа, күн хамсааһынынан араарыллара:

«Күн тахсыыта» - күн тахсан эрдэҕинэ.

«Күн ойуута» - күн үөһэ тахсыыта.

«Күн ортото» - күн ортолоон турдаҕына.

Күнүскү кэми кыра-кыра сүһүөхтэргэ эмиэ араараллар:

«Халлаан суһуктуйда» - олох эрдэ, күн тахсыан аҕай иннинэ.

«Тыӊ хатыыта» - саһарҕа тахсыыта.

«Боруӊуй буолла» - халлаан саӊа хараӊаран эрдэҕинэ.

Кылгас бириэмэ кэрчигин көрдөрөр күн чаастара күннээҕи олох хаамыытыгар олоҕурбут араас үлэ, дьарык кэрчиктэрин кытта тэӊнэһэллэр:

«Тоӊ күөһ быстыӊа» - тоӊ эти киллэрэн миин буһарарага сөп буолар бириэмэ ( быһа холоон 1,5-2 чаас).

«Күөс быстыӊа» - ириэнэх эттэн миин буһарарга сөп буолар бириэмэ (быһа холоон 1-1,5 чаас).

«Табах быстыӊа» - биир хамса табаҕы тардарга соп буолар бириэмэ ( быһа холоон 10-15 мүн).

«Чыпчылыйыах иннинэ» - биирдэ чыпчылыйан ыларга сөптөөх олус кылгас бириэмэ.























2 баһа. Саха олоӊхотуттан задачалар.



Олоӊхо – саха норуота түӊ былыргыттан илдьэ сылдтар сүдү айымньыта. Саха героическай эпоһа олоӊхо – саха норуотун сайдан кэлбит историятын, олоҕун-дьаһаҕын, философиятын уонна итэҕэлин ураты көстүүтүн хоһуйан көдөрөр айымньы. Былыр-былыргыттан суруга-бичигэ суох омукка олоӊхону көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, уостан уоска бэрсэн испит олоӊхоһуттары саха дьоно ытыктыыр, сүгүрүйэр.

2.1. П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоӊхотуттан:



1. Үс үүт күрүөнү үрдүнэн Үрүмэччи маӊан аттаах Үрүӊ Уолан бастыӊ сэргэттэн араҕас илгэни ыйыстан кэбиспит. Иккистээн аҕыс салаалаах ала күөх оту атыгар сиэттэ. Үс илии үрдээтэ.

Суоттаа: Үрүӊ Уолан бухатыыр хас сантиметр үрдээбитий?

Эппиэтэ: 1 илии = 3 см.

3*3см.= 9 см. үрдээбит.

  1. Кылааннаах Кыыс Ньургун обургу Ньургун Боотур сула батаһынан охсубутунан барда. Онуоха орто дойду охсуулаах оҕото тоҕус саһаан туора ойдо.

Суоттаа: Ньургун Боотур хас сантиметр туора ойбутуй?

Эппиэтэ: 1 саһаан = 213см.

9*213 = 1917 см. ойбут.

  1. Аҕыс былас суһуохтаах

Айталыын Куо диэн

Аҕастаах этим…

Сорудах: Айталыын Куо суһуоҕун уһуна төһөнүй?

Эппиэтэ: былас=168см.

168*8=1344см.= 13м.44см. уһуннаах суһуох.

  1. Улаҕата-уӊуоргута биллибэт,

Устата-туората көстүбэт

Улуу хочом

Уунан-уһаан

Отут көс усталаах

Онолуйа турар хонуулаах,

Уон көс туоралаах

Унаар-мунаар урсуннаах.

Сорудах: Улуу хочо төһө иэннээх эбитий?

Эппиэтэ: көс=10км.

30 көс=300км.

10 көс=100км.

S= 300км.*100км.= 30000км иэннээх хочо.













2.2. Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоӊхотуттан:



1. Бухатыыр киһи

Бэйэтин киэнэ

Көрөр дьүһүнэ,

Көстөр мөссүөнэ

Хайдах эбитий? – диэн,

Өйдөөн-дьүүллээн

Көрөн таһаардахха, -

Үс былас

Үөкэйэр өттүктээх,

Биэс былас

Биэкэйэр бииллээх,

Алта былас

Дара буурай сарыннаах,

Үс былас

Куоҕайар уһун моойдоох,

Былас ордуга түөс аӊаара

Мэлэгэр маӊан сирэйдээх.

Сорудах: бухатыыры ойуулаан көрдөр.

Эппиэтэ: былас = 150см., түөс аӊаара=168см.

150*3=450см.=4,5м өттүктээх

150*5= 750см.=7,5м бииллээх

150*6=900см.=9м сарыннаах

150*3=450см.=4,5м моойдоох

168:2=84 см сирэйдээх.

2. Сототунан охсуллар

Тоҕус арсыын

Солко нуоҕай суһуохтаах,

Харытынан хатыллар

Аҕыс арсыын

Аалай хампа бытырыыстаах

Ытык Хахайдаан удаҕан дьахтар обургу

Кэнийэн киирдэ.

Сорудах: Ытык Хахайдаан суһуоҕун уонна бытырыыһын уһуна төһө буоларый?

Эппиэтэ: арсыын= 71см.

9*71=639см=6м39см. уһуннаах суһуохтаах

8*71=568см=5м68см. уһуннаах бытырыыстаах.

  1. Тойон Дьаҕарыма бухатыыр,-

Үрүт өттүгэр

Үс тутум

Күр муус үллүктэннэ,

Алын өттүгэр

Аҕыс илии

Хайыр муус дьаӊхаланна,

Аһыыр аска наадыйда,

Сынньанар сиргэ суудайда.

Сорудах: Тойон Дьаҕарыма бухатыыры төһө улахан муус кэлэн үллүктээбит, дьаӊхалаабыт эбитий?

Эппиэтэ: тутум= 6см., илии= 3см.

3*6=18см.

8*3=24см.

18см.+24см.=42 см халыӊнаах муус.



2.3. Д.М.Говоров «Мүлдьү Бөҕө» олоӊхотуттан:



Тоҕустаах эһэ кыыл саҕа

Оботтоох чуораан хаан өтүйэнэн

Былас ордуга туос аӊаара бадахтаах

Хаара Бадаҕай ытыһынан

Бабыччы туппут…

Сорудах: бухатыыр дьүһүнүн – бодотун ойуулаа.

Эппиэтэ: туос аӊаара=168см.

168:2=84см. кэтиттээх ытыстаах бухатыыр.



2.4. П.П.Ядрихинскай – Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоӊхотуттан:

Туруулаһар күөӊӊэр

Тутум да сиргэ чугаһаппакка,

Харыс да халбарыппакка,

Туппуккун тута тоӊхороӊнотоор,

Харбаабыккын хампы самнараар.

Сорудах: Дьырыбынаны алгыыр тылын быһаар.

Эппиэтэ: алгыс ис хоһооно –охсуһар кэмӊэр адьарайы 8 см. да чугаһаппакка, 19см. да халбарыппакка охтороор.























Түмүк

Билиӊӊи үйэҕэ биһиги саха норуотун энциклопедията, философията буолар. Бу сүдү баайыттан сомсон ылан олоххо туһанарбыт, дириӊ суолтатын өйдөтөн кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэрбит омукпут симэлийбэт, эстибэт дьылҕатын түстэһиэ этэ. Сүрүн сорук олоӊхо ыччаты, норуоту иитэр ураты күүстээх кыаҕын туһаныыга сытар. Онон хас биирдии киһи ити соругу толорууга өйдөөн-төйдөөн турунара улахан суолталаах.

Олоӊхо киһи ис туруга чэбдигириитигэр, дьиӊ сахалыы өйө-санаата арыллыытыгар, айар талаана тахсыытыгар көмөтө сүӊкэн.

Омук төһөнөн сайдыылаах да, соччонон өбүгэлэрин ытыктыыр буолар диэн, үтүө дьон бэлиэтээһинэ, биһиги Улуу олоӊхобут Айыытын сыралынан дьаныһан туран, ыччаттарбытыгар тыыннаахтыы тиэрдэр иэстээхпитин саныах тустаахпыт.











































Туһаныллыбыт литэрэтиирэ:

  1. Сергина Е.С. Айылгы аартыга: 6 кылааска үөрэнэр кинигэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004.

  2. Петрова А.И. Русско-якутский толковый словарь математических терминов. – Якутск: Кн.изд-во, 1998.

  3. П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоӊхо

  4. Күннүк Уурастыырап «Тойон Дьаҕарыма» олоӊхо

  5. Говоров Д.М. «Мүлдьү Бөҕө» олоӊхо

  6. Ядрихинский П.П. – Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоӊхо.

  7. Игнатьев Н.Л. –Билгэ «Мин сахабын ээ…» - Дьокуускай, 1995с.













































С.С.Сүүлүскэй аатынан Сүлэ орто оскуолата

Ньурба оройуона













Дакылаат тиэмэтэ:

«Саха мындыр суота»






















Үлэни толордо:

С.С.Сүүлүскэй аатынан

Сүлэ орто оскуолатын

6 кылааһын үөрэнээччитэ

Семенова Альбина.

Салайааччы: Сивцева У.В.

төрүт култуура учуутала







Ньурба, 2016 сыл.