Рабочая программа по родному языку
(Букубаар)
1 класс
Количество часов: 5 ч. в неделю, 90ч. в год
Учебник:М.Е.Охлопкова, Д.К.Сивцев. Букубаар. Мацнайгы кылааска
Уерэнэр кинигэ. – Дьокуускай: Бичик, 2011 Программа: Саха оскуолата Дьокуускай ,Бичик 2013с
Рабочая программа по родному языку (Букубаар) и
по литературному чтению на языке саха
1 класс
2015- 2016 уерэх дъыла
Бырагыраамма: Саха оскуолата Дьокуускай ,Бичик 2013с-56с.
Ааптар: С.С.Семенова,Н.НВасильева,М.Ф.Кронникова.
Учебник: М.Е.Охлопкова, Д.К.Сивцев. Букубаар. Мацнайгы кылааска уерэнэр кинигэ. – Дьокуускай: Бичик, 2011.- 96 с.
( 90 чаас)
1 чиэппэр-44ч
2 чиэппэр-35ч
3 чиэппэр- 20ч
Барыта: 165ч
САХА ТЫЛЫН 1-4 КЫЛААСКА УЕРЭТИИНИ СУРУННУУР БЫРАГЫРААМА
Быьаарыы сурук
Кэнники кэмнэ биЬиги дойдубутугар демократизация тыына биллэн, олох-дьаЬах тутула уларыйан, бу дьалхааннаах уйэ5э хайа да омук бэйэтэ тыыннаах ордор, тылын, культуратын араначчылыыр, сайыннарар ба5ата улаатан иЬэр. Оннук кэмнэ биЬиэхэ "Саха Республикатын национальнай оскуолаларын санардан сайыннарыы концепцията" киирэн, уерэтии-иитии сыалын-соругун, сурун хайысхатын саналыы керен, ис хоЬоонун чопчулуур улэ барар.
Орто оскуола5а саха тылын, литератураны уерэтии туЬунан концепция5а маннык суруллар: "Тереебут тылы уонна литератураны уерэтии олоххо ыкса чугаЬыыр. Ыччаты кыра сааЬыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга умсугутар сорук турар, уерэтии бэйэ санаатын сатаан этэргэ, тыл баайын толору туЬанарга туЬаайыллар. Литература уруоктарыгар уус-уран айымньы кэрэтин кэрэхсиир, тобулла5ас толкуйдаах, айар иэйиилээх киЬи иитиллэр". Орто оскуола 4 сыллаах бастакы суЬуе5эр саха тылын уерэтии саиардыллыбыт программата эмиэ бу хайысханы тутуЬар.
Бастакы суЬуех оскуола5а тереебут тылы уерэтии маннык принциптэргэ оло5урар:
1. Тылы кэлимсэ уерэтии, ол аата аа5ыы, таба суруйуу, тылы байытыы, санарар сананы, толкуйдуур, айар дьо5уру
сайыннарыы бииргэ, уруок араас этабын курдук барар.
2. Санарар хайысхалаах уерэтии, ол аата о5о уруокка аа5ан, кэпсээн, санаран, суруйан, тереебут тылын баайын баЬылыыр,
кэрэтин се5ер-махтайар, сатаан туЬанарга уерэнэр.
3. Ейдеен уерэнии принцибэ, ол аата уерэнээччи тыл тутулун (грамматиканы) билэн, ол сокуонун тутуЬан, литературнай тылынан сааЬылаан санарар, суруйар
Программа ис хоЬооно уерэнээччи тереобут тылын хайдах туЬанарын, тугу сатыыр киЬи буоларын хааччыйар аналлаах. Ол иЬи|н программа бастакы чааЬыгар уерэнээччи начаалынай оскуоланы бутэрэригэр ситиЬэр уеруйэ5ин уонна сатабылын сурун керуннэрэ киирэр: 1) тылы байытыы, этиини оноруу: 2) аа5ыы, интонацияны тутуЬуу; 3) аахпыт тексинэн улэ; 4) кылаас таЬынан аа5ыы; 5) ситимнээн санарыы, айар дьо5уру сайыннарыы; 6) таба суруйуу, буочары тупсарыы. Онно сыл ахсын уерэнээччи уруккутугар эбии туох сатабылы ылара ыйыллар, ону сэргэ инники кылааска ылбыт сатабыла куруук хатыланан, чинээн иЬэр.
Программа иккис чааЬыгар кылаас ахсын уерэтии ис хоЬооно, ол аата о5о ылар билиитэ, ейдебулэ, улэ хайысхата, аа5ар айымньы испииЬэгэ чопчуланар. Ол теманы уерэтэн уерэнээччи тугу сатыыра эмиэ кылаас ахсын уеруйэх уонна сатабыл ирдэбилигэр кестер.
Уерэтии сурун хайысхата салгыы уерэх кинигэтигэр ыйытыы арааЬыгар, эрчиллии соруда5ар чопчуланар. Ону ааЬан учуутал уруокка уерэтэр ньымата улахан оруолу ылар. Онно учуутал урукку курдук о5о5о билии биэрээччи эрэ буолбакка, о5ону бэйэтин сайдыы суолугар киллэрэн, киЬи буоларыгар, айар-тутар аналын буларыгар кемелеЬееччу буолар кэмэ кэллэ. Онон учебнигы суруйар дьон, уруогу ыытар учуутал программа сурун принциптэрин сепке ейдуур, олоххо сатаан киллэрэр буоллахтарына, уерэтии сыалын-соругун толору ситиЬиэххэ сеп.
Уерэх предметин ейдебулэ
Тереебут тыл — келуенэттэн келуенэ5э бэриллэр ханнык ба5арар норуот улуу нэьилиэстибэтэ, киьи аймах ытык ейдебуллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Тереебут тыл — о5о5о тулалыыр эйгэтин кыра5атык билэр-керер, чугас дьонун-сэргэтин кытта истицник бодоруьар, иэйиитэ уьуктар, ейе-санаата сайдар, ебугэтин уерэ5ин утумнуур сурун эйгэтэ.
Ол иьин о5ону кыра сааьыттан о5о тэрилтэтигэр, оскуола5а тереебут тыл иитии-уерэтии сурун ирдэбил быьыытынан билиниллэн, Рсссийскай Федерация уонна Саха Республикатын уерэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити ейдебул туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быьыытынан кемускэллээх, билицци усулуобуйа5а угус норуот тыла чел туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Саха Республикатыгар саха тылын тереебут тыл быьыытынан уерэтии 1922 сыллаахтан тиьигин быспакка, угус оскуола5а угэскэ кубулуйан, уопсай уерэхтээьин о5ону сайыннарар биир сурун предметин быьыытынан билиниллэр. Ити кэм устатыгар сэбиэскэй да, билинтги да кэмцэ орто уерэх систиэмэтигэр буолбут араас реформалар сыалларыгар-соруктарыгар сеп тубэьиннэриллэн, уерэтии таьыма, хайысхата, ис хоьооно сайдан иьэр.
Билигин тереебут тыл, федеральнай государственнай уерэх стандартын (ФГУЕС) ирдэбилинэн, уопсай уерэхтээьин булгуччулаах чааьыгар киирэн, базиснай уерэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, уерэтиллэр чааьа чопчу ыйыллан уерэтиллэр таьыма урдээтэ. Алын суьуех оскуола таьымыгар тереебут тылы уерэх предметин быьыытынан уерэтиигэ тумук ирдэбили эмиэ федеральнай гесударственнай уерэх стандарда суруннуур.
Ити ааттаммыт докумуон быьыытынан, начаалынай уерэхтээпин таьымыгар нуучча уонна тереебут тылы уерэтиигэ тэц таьымнаах тумук ирдэнэр. Тереебут тыл атын уерэх предметтэрин кытта бииргэ о5о личность быьыытынан сайдыытын хааччыйыахтаа5а этиллэр, ону сэргэ урукку еттугэр ирдэммэт саца булгуччулаах ирдэбили — уерэнээччигэ уерэх дэгиттэр дьайыыларын ицэриини киллэрэр.
Уерэх предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуола5а тереебут тылы уерэтии предметэ атын уерэх предмэттэрин ортотугар уерэнээччи тылын-еьун уонна ейун-санаатын сайыннарар, сурун уерэнэр уеруйэ5и ицэрэр кыа5ынан бас-кес балаьыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети уерэтии таьымыттан саха оскуолатыгар начаалынай уерэхтээьин уопсай туруга уерэнээччи салгыы сурун оскуола5а ситиьиилээхтик уерэнэрэ тутулуктаах.
О5о начаалынай оскуола5а уерэнэр сааьыгар билиитэ-керуутэ, тыла-еье уонна санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, тереебут тылы бу кэмцэ кичэйэн уерэтии — норуот тыла чел туруктаах буолан, кэнчээри ыччакка улуу нэьилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ оло5уран, тереебут тылы уопсай уерэхтээьин алын суьуех таЬымыгар уерэтии сыалын ус хайысха5а араарыахха сеп:
уерэнээччигэ тереебут тыл туьунан билиини аан дойду туьунан научнай билии быстыспат сор5отун быьыытынан ицэрии, тыл уерэ5ин сурун балаьыанньаларын билиЬиннэрии, онно оло5уран, о5о билэр-керер, толкуйдуур кыа5ын сайыннарыы;
уерэнээччи дьону-сэргэни кытта тереебут тылынан бодоруьар уеруйэ5ин, саца (тыл) култуурата киьи уопсай култууратын быстыспат сор5ото буоларын туьунан ейдебулгэ тирэ5ирэн, саца (тыл) араас керуцэр (кэпсэтии, суруйуу, аа5ыы, ейтен о.д.а.) уерэтэн, салгыы сайыннарыы;
уерэнээччигэ тереебут тыл норуот ытык ейдебуллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быьыытынан ураты харыстабыллаах сыьыаны ицэрии, хас биирдии киьи ийэ тылын сайыннарар иэстээ5ин ейдетуу.
Тереебут тылы начаалынай оскуола5а уерэтии сыала маннык сурун соруктары быьаардахха ситиЬиллэр:
дьону-сэргэни кытта бодоруьар сана (тыл) сурун керуцнэрин уерэнээччигэ уерэх дэгиттэр дьайыыларын ицэриини кытта бииргэ алтыьыннаран уерэтии;
тыл (саца) — бодоруьуу сурун ньымата диэн тутаах ейдебулгэ тирэ5ирэн, уерэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар уеруйэ5ин сааьыгар сеп тубэьиннэрэн сайыннарыы;
тыл уерэ5ин билиитигэр, сурук-бичик култууратын терут ейдебуллэригэр оло5уран, уерэнээччи тереебут тылын литературнай нуорматын тутуьарын, ал5аьа суох сацарарын уонна суруйарын ситиьии;
тыл уерэ5ин сурун салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туьунан уопсай ейдебулу ицэриигэ тирэ5ирэн, уерэнээччи толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы, сааьыгар сеп тубэьиннэрэн, ей улэтин дьайыыларыгар уерэтии;
тереебут тылы билии, харыстааьын, сайыннарыы сурун ньымаларыгар уерэтии. Саха оскуолатыгар нуучча тылын уерэнээччи тереебут тылга ылбыт билиитигэр, ицэриммит уеруйэ5эр уонна сатабылыгар тирэ5ирэн уерэтии — билигин олохсуйбут ейдебул, бастыц учууталлар угэскэ кубулуйбут уерэтэр ньымалара. Онно тирэ5ирэн, ФГУЕС уерэнэргэ уерэтэр сурун балаьыанньатыгар уонна ирдэбилигэр оло5уран, тылга тирэ5ирэн нуучча тылын уерэтиини саца таьымна таьаарар кэм кэллэ.
Тереебут тылы начаалынай оскуола5а уерэтии уерэнээччи нуучча тылын кэбэ5эстик ылынарын хааччыйар, нуучча тылыгар тыл уерэ5ин угус уопсай балаьыанньаларын эбэтэр уруттаан уерэтэри лаппа а5ыйатан, учуутал уерэх чааьын о5о нууччалыы сацатын сайыннарыыга аныыр усулуобуйатын уескэтиэхтээх. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын уерэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа уескэтии — тереебут уерэтии хос сыала-соруга.
Уерэх былааныгар уерэх предметин миэстэтэ
Саха тылын уерэтии чааьа начаалынай уерэхтээьини суруннуур уопсай уерэхтээьин бырагырааматыгар (Примерная основная общеобразовательная программа начальног общего образования) бэриллэр тереебут тылынан уерэнэр кылаастарга аналлаах базиснай уерэх былаанын 3 барыйааныгар тирэ5ирэн быьаарыллар. Уерэх тэрилтэтэ бэйэтин уерэ5ин бырагырааматын, былаанын оцосторугар онно баар булгуччулаах часка киирбит предметтэр чаастарын тутуьара ирдэнэр. Онно эбии уерэх былаанын талар чааьыттан бэйэтэ керен, ханнык ба5арар предмеккэ чаас эбэрэ, эбэтэр атын предмети эбии уерэтэрэ кецул.
Ити ыйыллар базиснай уерэх былааныгар нуучча уонна тереебут тылы уерэтии чаастарын ахсаана тэцнэнэн, ордук государственнай статустаах тереебут тыл урдук таьымца уерэтиллэригэр усулуобуйа тэриллибитэ кестер. Ону сэргэ тереебут тылы уерэтии нуучча тылын уерэтиигэ тирэх буоларын ситиьэр туьуттан уерэх матырыйаалын аттарарга табыгастаах балаьыанньа уескуур.
Уерэх федеральнай базиснай былаанын уьус барыйааныгар оло5уран, саха оскуолатын начаалынай кылаастарыгар тереебут тылы уонна литературнай аа5ыыны уерэтиигэ холбоон нэдиэлэ5э 21 чаас бэриллэр: 1 кылааска — 5 чаас, 2 кылааска — 5 чаас, 3 кылааска — 6 чаас, 4 кылааска — 5 чаас. Бу чаастартан тереебут тылы уерэтиигэ 1 кылааска — 3 чаас, 2 кылааска — 3 чаас, 3 кылааска — 3 чаас, 4 кылааска — 3 чаас бэриллэр.
Ытык ейдебуллэри уерэх предметин ис хоьоонугар киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын уерэтии о5о5о ытык ейдебуллэри (духуобунай сыаннастары) ицэриигэ улахан суолталаах. Киьи аймах уйэлэртэн уйэлэргэ ере тутан илдьэ кэлбит ытык ейдебуллэрэ (духуобунай сыаннастара) тереебут тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сецеллер. Ол курдук уерэтии ис хоьоонугар тыл уерэ5ин сурун хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруьуу) тиэмэтин, уерэтии матырыйаалын быьыытын тереебут дойду, ийэ дойду, тереебут тыл, айыл5а, улэ, терут дьарык, ыал, дьиэ кэргэн айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, кенул, кырдьык, утуе санаа, киьи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык ейдебуллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Уерэх предметин уерэтии тумугэ
Ытык ейдебуллэри инэрии тумугэ
(личностные результаты)
Саха тылын оскуола5а уерэтии кэмигэр о5о маннык ытык ейдебуллэри (духуобунай сыаннастары) инэриннэ5инэ тереебут тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыа5ын толору туьанарыгар эрэниэххэ сеп.
Тереебут тыл — омугу сомо5олуур тыл буоларын ейдуур.
Тереебут тыл терут айылгыта, уйэлээх угэьэ, этигэн кэрэтэ норуот тылы уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литература5а сенмутун билэр.
Тереебут тылын сайыннарар, кэлэр келуенэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин, тыл уэлэргэ чел туруктаах буоларыгар тус оруоллаа5ын ейдуур.
Тереебут тыл иитиллэр, уерэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэ5эйэр.
Тереебут тыл элбэх омук алтыьан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киьиттэн харыстабыллаах сыьыаны эрэйэрин ейдуур.
Уерэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ
(метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл.
Тылын сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох- ханнык тумуккэ кэлиэхтээ5ин быьа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри уерэтиэхтээ5ин арааран ейдуур. Сылга бииртэн итэ5эьэ суох тереебут тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) улэлиир.
«Тылы сэрэйэр» дьо5уру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэ сааЬыгар сеп тубэьэр тиэкискэ уерэппит матырыйаалын сунньунэн тыл литературы нуормата санарар эбэтэр суруйар киьи тылыгар теье сепке эбэтэр сыыьа туттуллар тута «сэрэйэн» билэр, итэ5эьин, ал5аьын быьаарар, кеннерер, бэйэтин тылыгар-еьугэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуьарга дьулуьар.
Тылын сайыннарар ба5аны уескэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Тереебут тылын бар5а баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуй этигэн тыл кууьун, кыа5ын толору туьанарга, тылын-еьун бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиьилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуьар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ сацатын еруу кэтэнэр, керунэр, ал5аьа суох санарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыЬаллар.
Билэр-керер сатабыл. Сурун уерэнэр сатабыл.
Улэ сыалын-соругун таба туруоруу. Тереебут тылын уерэтэригэр сыал-сорук туруорунан кедьуустээхтик улэлиир.
Билиини-керууну кэнэтэр араас матырыйаалы туьаныы. Сахалыы уерэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туЬааннаах информацияны, билиини дебеннук булар, бэлиэтэнэр, тумэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туьанар. Сахалыы тахсар о5о5о аналлаах республика, улуус, оскуола хаьыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», тиьигин быспакка аа5ар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-керер, уерэ5эр, чинчийэр, айар улэтигэр кедьуустээхтик туьанар. Сахалыы уерэ5и сайыннарар интернет-сайтартан туьалаах, наадалаах информацияны булан, сепкэ наардаан туьанар; тиэкиьи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет ненуе сахалыы ыытыллар араас тэрээьиннэ тереебут тыл литературнай нуорматын тутуьан, кехтеехтук кыттар.
Билиини сааьылааьын (структурирование знаний). Сана билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний ).
Тобулук ейу сайыннарар уеруйэхтэр. Тереебут тыл оскуола5а о5ону сайыннарар уерэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон уерэнээччи саха тылын уерэтэр кэмигэр уерэнэргэ терут буолар ей улэтин сурун уеруйэхтэрин баьылыыр. Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэ5ирэн, ей улэтин араас дьайыыларын кэбэ5эстик толорор: тэцнээьин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооьун (синтез), тумуктээьин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааьылааьын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааьылаан ситимнээЬин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туьанан дьону итэ5этэр, ылыннарар курдук санаатын сааьылаан этэр уеруйэ5э сайдар.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиьэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын теЬе сепке талбытын сыаналыыр. Улэ хаамыытын хайдах салайан иьэрин кэтээн керер. Улэ тумугун дьон интэриэьин, бол5омтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туьанар уеруйэхтэр. Дор5оон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туьанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын онорор. Бэриллибит моделга тирэ5ирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиьи айар. Этиини, тиэкиьи кеннерерге анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туьанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма кеметунэн кердерер. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан кердеруллубут лингвистическэй билиини ейдуур уонна кэпсиир.
Бодоруьар сатабыл.
Бииргэ улэлииргэ уеруйэх. Дьону кытта бииргэ алтыЬан уерэнэр, улэлиир араас ньыманы баьылыыр (пааранан, беле5унэн, хамаанданан, о.д.а). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаах алтыьыы туругар кэбэ5эстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таьаарыылаахтык, кедьуустээхтик улэлиир уеруйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
Кэпсэтэр уеруйэх. Кэпсэтии уратыларын ейдуур, табан кэпсэтэр. Кэпсэтэр киьитин убаастыыр, сэнээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Ханнык ба5арар эйгэ5э кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонур5атар, ке5улуур сатабылы табан туьанар. Кэпсэтэр кэмнэ бэйэ кербутун, истибитин, аахпытын сиЬилии сэЬэргиир. Дьон ейдеспет, тыл тылга киирсибэт буолар теруеттэрин септеехтук сыаналыыр, сатаан ырытар, ейдеьуу суолун дебеннук тобулар.
Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуьар уеруйэх. Дьону кытта алтыьыыга кэпсэтии сиэрин тутуьар, туттан-хаптан бодоруьуу ньымаларын то5оостоохтук туттар. Сахалыы дорооболоьор, билсиьэр, быраьаайдаьар, кердеьер, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. угэстэри инэриммит, куннээ5и оло5ор еруу туттар.
Тустаах уерэх предметин уерэтии тумугэ (предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуьар. Дор5оону, буукубаны, тыл суьуе5ун, сана чааьын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быьаарар, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуьар.
Тиэкис ейдебулун, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сурун санаата, аата, эпиграф, тула, этиилэрин ситимэ).
Саныыр санаатын сааьылаан, дьоццо ейденумтуетук, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуьан суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэьэргээьин, ойуулааьын, тойоннооьун диэн араарар.
Монолог (сэьэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа уллэстии, ыйыталаьыы, о.д.а.) арааьын сатаан туьанар.
Бэйэ сацатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиьин хоьоонун, тылын-еьун сыаналанар, ал5астарын булар, чочуйар, тупсарар.
Уерэх предметин ис хоЬооно
Начаалынай оскуола5а тереебут тылы уерэтии уопсай уерэхтээьин систиэмэтигэр саха тылын уерэтэр предмет быстыспат сор5ото, «Филология» уерэх уобалаьыгар терут буолар сурун куурус буолар. Онон уерэтии сыала-соруга, тутула, ис хоьооно уонна тумук ирдэбилэ урдуку кылаастарга тереебут тылы сэргэ атын филологическай предметтэри уерэтиини кытта алтыьыннаран-ситимнээн торумнанар.
Тереебут тылы начаалынай оскуола5а уерэтии маннайгы кылааска «Бодоруьарга уерэнэбит» диэн сана киирэр салааттан са5аланар, ол кэнниттэн «Грамота5а уерэтии» диэн угэс буолбут аа5арга уонна суруйарга уерэтэр салаа «Аа5арга уонна суруйа уерэнэбит» сана аатынан уерэтиллэр. Бу кэмнэ уерэх былааныгар тереебут тыл уонна литературнай аа5ыы чаастара бииргэ бэриллэллэр. «Аа5арга уонна суруйарга уерэнэбит» салаа кэнниттэн биирдэ тереебут тыл уонна литературнай аа5ыы предметтэрэ тус-туспа уерэтиллэллэр. Ити кэмтэн ыла начаалынай оскуола5а тереебут тыл предметин сурун ис хоьоонун тиьиктээхтик уерэтии са5аланар.
Тереебут тылы начаалынай оскуола5а уерэтии ис хоьоонун сурун хайысхалара уерэтии тумук ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситипэргэ аналлаах тутаах научнай балаьыанньалартан тацыллар. Ити ирдэбилгэ оло5уран, тереебут тылы уерэтии хоьоонугар маннык сурун научнай хайысхалар киирэллэр:
Бодоруьуу култуурата.
Сана керунэ (виды речевой деятельности): истии, санарыы, аа5ыы, суруйуу.
Тыл уерэ5ин тутаах салааларын туьунан уопсай ейдебулэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
• Ситимнээх сананы сайыннарыы (тиэкис туьунан сурун ейдебул).
Сурун хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоьоонноро начаалынай оскуола уерэнээччитин сааьын уратытын, ейун-санаатын кыа5ын, билэр-керер дьо5урун учуоттаныллыахтаахтар.
БодоруЬуу култуурата
Дьону кытта бодоруьуу араас керунэ: кэпсэтии, сэьэргэьии, субэлэьии, сепсеьуу. Тылы бодоруьуу сурун ньыматын быЬыытынан арыйыы: бодоруьууга сана (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Санарыы уонна истин култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуьуу.
Саца керунэ: истии, сацарыы, аа5ыы, суруйуу
Истии. Дьону кытта бодоруьууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуьуу. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоьоонун ейдееьун. Сахалыы араас тиэкиьи истии, сурун ис хоьоонун, бол5ойуллуохтаах тугэннэрин истэн сиьилии ылыныы, истибиккэ оло5уран тус санааны уескэтии. Истибиттэн туьааннаа5ы, суолталаа5ы сурунуу, былаан оноруу, анал бэлиэлэри туьанан, ис хоьоонун, тутулун исхиэмэнэн кердеруу.
Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиьи сахалыы сана интонациятын, терут дор5оон этиллиитин тутуьан, тэтимнээхтик аа5ыы. Тиэкиьи туох сыаллаах-соруктаах аа5артан керен, аа5ыы араас керунун сатаан туьаныы (уерэтэр аа5ыы, билсиьэр аа5ыы, сорудахтаах аа5ыы, о.д.а.). Аа5ыы кэмигэр тиэкис сурун санаатын ейдееьун, наадалаах, туьалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сурун ис хоьоонугар тус сыанабылы (сыьыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомо5о домо5у, туелбэ тылы, ойуулуур-дьуьуннуур ньыманы туттуу бастын холобурун булуу, анаан бол5ойуу, аахпыты кэпсииргэ туьаныы. Аа5ыллар тиэкистэн билбэт, ейдеебет сана тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааьын хайдах туьаммытын быьаарыы. Аа5ыыга тиэкис интонациятын, туонун сурун санаа5а сеп тубэьиннэрэн таба тайаныы.
Сацарыы (дор5оонноох саца). Кэпсэтии сиэрин, санарыы култууратын тутуьуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини то5оостоохтук ке5улээьин, са5лааьын, сал5ааьыгын, тумуктээьин. Саныыр санааны толору, сиьилии тириэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоьоонугар сеп тубэьэр сахалыы тылы-еьу, ойуулуур-дьуьуннуур ньымалары таба туьаныы. Санарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин невербальное общение) то5оостоохтук туттуу. Сана тиибин арааьын (ойуулааьын, сэьэргээьин, тойоннооьун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии тугэниттэн дор5оону кууьурдэн-сымнатан, урдэтэн-намтатан, уьатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туьанан истээччигэ тус сыьыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааьылаары эбэтэр тустаах ейдебулу истээччигэ тоьо5олоон тиэрдээри то5оостоох миэстэ5э анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туьаныы. Тугэниттэн керен, санарыы тэтимин сепке талыы.
Суруйуу (суругунан саца). Сурук-бичик култууратын тутуьуу. Тупса5ай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиьи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиьилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ кэргэн, чугас таптыыр дьарык, айыл5а, кыыллар тустарынан, ону таЬынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоЬоонун, экскурсиява, быыстапка5а сырыы туЬунан тэттик тиэкистэри суруйуу (ейтен суруйуу). Суругунан улэ5э синоним тыллары, сомо5о домо5у, онтон да сахалыы ойуулуур-дьуьуннуур ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуЬуу.
Тыл уерэ5э
Тереебут тылбыт — саха тыла. Саха омук уескээбит, сайдыбыт историята. Саха — туур тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Тереебут тыл киьи оло5ор суолтата.
Дор5оон уонна таба санарыы. Сана дор5оонун ейдебулун, сахалыы дор5оон арааьын билии. Тереебут тылын дор5ооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дор5ооннору (уьун-кылгас аьа5ас уонна хоьуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаьар бутэй дор5ооннору, дифтоннары, h, нь, мурун, й, 5 дор5ооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба нуорматын тутуьан санарыы. Саха тылыгар киирии тыллары уксун сахатытан, аьа5ас дор5ооннор дьуерэлэьиилэрин сокуонун тутуьан санарыы. Тылы дор5оонун састаабынан ырытыы.
Лексика. Норуот тылын туьунан уопсай ейдебулу, терут уонна киирии тыл уратыларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуьуу. Тыл лексическэй суолтатын быЬаарыы. Хомуур суолталаах, туелбэ тыл, биир уонна элбэх суол-тыллар, кеспут суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомо5о домох) ейдебуллэрин билии, тиэкистэн булуу, санарар сана5а туттуу. Быьаарыылаах тылдьыт арааЬын сатаан туьаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быьаарыы.
Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ тугэннэрин билсии, киьи оло5ор суолтатын ейдееьун. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дор5оон буукубаларын таба ааттааьын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, ейдебуллэри (абзац, кеьеруу бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел)) сепке туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан улэлииргэ алпаабыты сепке туьаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиьи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу.
Морфология. Тыл састааба диэн ейдебулу, тыл уларыйар уонна уескуур ньыматын билии. Сана чааьын туьунан уопсай ейдебулу билии. Сана чаастарын беле5е: ааттар (аат тыл, да5ааьын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыьыат туохтуур, тус туохтуур), сыьыат, кеме сана чаастара, сана аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл оло5о, сыьыарыыта). Тыллары сурун бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) белехтееьун, ырытыы. Санарар сана5а тыл литературнай нуорматын тутуьуу.
Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааьын (сэьэн, ыйытыы, кууьурдуу) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй сана, ойо5ос сана, диалог, туьулуу ейдебуллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааьын. Этиини таба интонациялаан аа5ыы, сурукка саца дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын ейдееьун. Уьун аьа5ас дор5ооннору, дифтону, хоьуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаьар бутэй дор5ооннору, саха тылыгар киирии дор5ооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл терут сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка уеруйэх, угэс буолбут нуормаларыгар оло5уралларын ейдееьун, харыстабыллаахтык сыьыаннаьыы. Киэнник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыьыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ — тыл култууратын сор5ото буоларын, киьи санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-кестер туьалаа5ын, тиэкис ар5ам-тар5ам барбатын, ыьыллыбатын, биир сомо5о сибээстээх буоларын хааччыйарын ейдееьун. Тылын ордук тупса5ай тутуллаах, этигэн бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааьын (араарар, тоьо5олоон бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу.
Ситимнээх сацаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах санарарын-суруйарын чуолкай ейдеен (тиэмэ, сурун санаа), дьон ейугэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааьылаан, араас тиэкистэри холкутук санарыы-суруйуу (истэн суруйуу, ейтен суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сурун санаатыгар оло5уран, тиэкиьи таба ааттааьын. Тиэкис тиибиттэн керен (сэьэргээьин ойуулааьын, тойоннооьун), тиэкис тутулун тутуьар (киириитэ, сурун чааьа, тумугэ), былаанын онорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьуьуннуур ньымалары, тыл баайын (богатство речи) сепке туттар (уместностъ речи ).
Быьаарыы сурук
Саха тылыгар уэрэтии ФГОС -2 программатын 4 варианыгар оло5уран оноьулунна. Бастакы суьуох оскуола5а торообут тылы уорэтии маннык принциптэргэ оло5урар:
1 Тылы кэлимсэ уорэтии, ол аата аа5ыы, таба суруйуу, тылы байытыы, санарар сананы, толкуйдуур, айар дьо5уру тэннэ сайыннарыы.
2.Санарар хайысхаларга уорэтии: уорэнээччи торообут тылын баайын баьылыыр, кэрэтин со5ор-махтайар, сатаан таба туьанарга уорэнэр.
3. Ойдоон уорэнии принцибэ: тыл тутулун (грамматиканы) билэн, ол сокуонун тутуьан, литературнай тылынан сааьылаан санарар, суруйар.
Туттуллар литература
Учебник – «Букубаар» Охлопкова М.Е., Сивцев Д.К., -Дьокуускай: Бичик -2011, учебник «Саха тыла» Захарова Л.В. :Маӊнайгы
кылааска үѳрэнэр кинигэ. Дьокуускай. Саха полиграфиздат, 2005
1кылааьы бутэрэригэр уорэнээччи маннык билиилэри баьылыахтаах:
Аа5арга уорэнии. Схеманан этиини тылга, тылы суьуоххэ, суьуо5у дор5оонно араара уорэнии. Дор5оон арааьын, ойдобуллэрин арааран билии.
Кылгас, уьун а/д, дифтонг, б/д букватын, й дор5оон а/д кытта ситимин бэлиэтиир букваны, сымнатар, араарар бэлиэни уорэтэр.
Буква бэчээтинэйин уонна суруллуутун араарыы. Маарыннаьар буквалары тэннээн коруу.2,3 букваны холбуу корон аа5ар сатабылы уоскэтии. Суьуо5у холбоон, тыл таьаара уорэнии. Тылы дор5оон уьунун тутуьан, суьуо5у ургулдьу холбоон аа5арга уорэтии.
Суруйарга уорэнии. Бары ирдэбили ойдоон тутуьарга эрчийии.
Буква элеменнэрин ситимнииргэ уорэнии.Бутун букваны, 2-3 буквалаах суьуо5у араарбакка суруйуу.
Бэчээттэммит уонна илиинэн суруллубут тылы, кылгас этиини ал5аьа суох устуу. Судургу тутуллаах 1-2 суьуохтээх тылы, этиини истэн суруйуу. Этии са5аланыыта, анал аат суруллуутун били.
Этии бутэьигэр точканы туруоруу. Ыйытыы, кууьурдуу бэлиэтин ойдооьун.
Суруйбуту бэрэбиэркэлээьин, ал5аьы конноро уорэнии.
ТЕМАТИЧЕСКАЙ БЫЛААН
1 ЧИЭППЭР (44ч)
Стр.
Сыала-соруга
Туттуллар тэрил
Кунэ
Кунэ
-
Букубаар учебнигын кытта билсиьии
3 с
О5олор бастакы уерэнэр Букубаар кинигэлэрин кытта билсиhиннэрии;
ситимнээх сацаны сайыннарыы; хартыынанан этии оцорторо уерэтии;
-
Тыл.Суь Тыл. Суьуох. Ситимнээх сацаны
сайыннарыы.
4 с
хартыынанан тыллары этэ уерэтии; хас биирдии тыл суhуеэхтэртэн турарын ейдетуу; ситимнээх сацаны сайыннарыы; хартыынанан этии оцорторо уерэтии;
-
1,2 суьуехтээх тыллар. Ситимнээх сацаны сайыннарыы
5 с
Тыллар биир эбэтэр икки суhуехтэн туруохтарын себун ейдетуу; биир, икки суhуехтээх тыллары толкуйдата, хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Дор5оон. Уьун аьа5ас дор5оон.
6 с
тыллар биир эбэтэр хас да суhуехтэн туруохтарын себун ейдетуу; уьун аьа5ас дор5оон уонна кылгас аьа5ас дор5оон хайдах иьиллэрин уерэтии, икки, ус суhуехтээх тыллары толкуйдата, хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Дор5оон туhунан ейдебул. Хатылааьын
7 с
Этии тыллартан турарын, тыл дор5ооннортон турарын, дор5ооннор аhа5ас уонна бутэй дор5ооннорго арахсалларын билиэхтээх; хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Икки дор5оонтон турар тыллар. Аhа5ас бутэй дор5оон ейдебулэ.
8 с
Этии тыллартан турарын, тыллар дор5ооннортон туралларын чицэтии; аhа5ас уонна бутэй дор5ооннор туох уратылаахтарын ейдетуу; хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Ситимнээх сацаны сайыннарыы. Кылгас уонна уьун аьа5ас дор5ооннор.
9 с
Кылгас уонна уhун аhа5ас дор5ооннор туох уратылаахтарын ейдетуу; хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Ус дор5оонноох тыллар. Тыл дор5ооннорун истэ уерэнии.
10 с
Кылгас уонна уhун аhа5ас дор5ооннор туох уратылаахтарын чицэтии; дифтонг икки аhа5ас дор5оонунан бэриллэрин биллэрии; хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, хартыына.
-
Икки ус дор5оонноох тыллар.
11 с
Кылгас уонна уhун аhа5ас дор5ооннор туох уратылаахтарын, дифтонг икки аhа5ас дор5оонунан бэриллэрин чицэтии; хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, хартыына.
-
Икки ус дор5оонноох тыллар.
Кылгас уонна уhун аhа5ас дор5ооннор туох уратылаахтарын, дифтонг икки аhа5ас дор5оонунан бэриллэрин чицэтии; хартыынанан этии оцорторо уерэтии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, хартыына
-
Кылгас аhа5ас дор5ооннор.
12 с
Кылгас аьа5ас дор5оону истэ уерэтии
-
Кылгас , уьун аhа5ас дор5ооннор уонна дифтонг.
13 с
-
Ситимнээх сацаны сайыннарыы. Суhуех туhунан ейдебулу салгыы билиhиннэрии.
14 с
Ситимнээх сацаны сайыннарыы. Саха сиригэр ханнык мастар уунэллэрин уерэтии. Айыл5а5а харыстабыллаахтык сыьыаннаьыыны иитии.
-
а-аа буукуба уонна дор5оон. Суhуех туhунан ейдебулу чицэтии.
15 с
-
ы-ыы буукуба уонна дор5оон.
16 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, а ы
-
ы-ыы буукуба уонна дор5оонноох тыллар
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы
Фишка, а ы
-
о-оо, е –ее буукубалар уонна дор5ооннор.
17 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
суруллуулара, хартыына.
-
У -уу, ү-үү буукубалар уонна дор5ооннор.
18 с
У -уу, ү-үү дор5оонноох тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Дифтонг, хартыына.
-
И -ии дор5оон уонна буукуба. Этии.
19 с
И –ии дор5оонноох тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Э - ээ дор5оон уонна буукуба.
20 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Э - ээ дор5оон уонна буукуба.
20 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Аьа5ас дор5ооннору уонна буукублары хатылааьын
21 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; ыраастык суруйарга уерэтии, ебугэлэрин олохторун-дьаhахтарын билэргэ-керерге иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы
Дифтонг, хартыына.
-
с дор5оон уонна буукубата.
22,23 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык суhуехтээн, кылгас тыллары суhуехтээбэккэ аа5ыы; ыраастык суруйарга уерэтии, айыл5а5а харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, хартыына.
-
М дор5оон уонна буукубата.
24 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии;
Фишка, хартыына.
-
м, с дор5оон уонна буукуба.
25 с
тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга уерэтии, дьиэ кыылларыга харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга иитии;ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Р дор5оон уонна буукубата.
26 с
барбыты чицэтии; тыллары табатык, сепке аа5ыы; ыраастык суруйарга уерэтии, айыл5а кэрэтин ейдуургэ, тереебут дойдуларын таптыырга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Улар, кур
-
М,С, Р дор5оонноох тыллар
барбыты чицэтии; тыллары табатык, сепке аа5ыы; ыраастык суруйарга уерэтии, айыл5а кэрэтин ейдуургэ, тереебут дойдуларын таптыырга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Н буукуба уонна дор5оон.
27 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, н суруллуулара, хартыына.
-
С, м, р, н буукубалар уонна дор5ооннор.
28 с
этиини схеманан суруйарга, тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, и э суруллуулара, хартыына.
-
л дор5оон уонна буукуба .
29 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
хартыына.
-
б дор5оонноох тыллар, б дор5оон буукубата.
30 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, хартыына.
-
С, м, р, н,л, б буукубалар уонна дор5ооннор.
31 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык суhуехтээн, кылгас тыллары суhуехтээбэккэ аа5ыы; улэни таптыырга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, хартыына.
-
Сурук улэтэ. Графическай диктант.
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык суhуехтээн, кылгас тыллары суhуехтээбэккэ суруйуу; улэни таптыырга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
-
Т, тт буукубалар уонна дор5ооннор.
32 с
Т ,тт др5оонноох тыллары сепке аа5ыы уонна суруйуу; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны
Фишка, у е суруллуулара, хартыына.
-
Барбыт буукубаларын уонна дор5ооннорун хатылааьын.
33 с
сайыннарыы;
-
Тест №1 аьа5ас доргооннор
Дор5оону табатык истэри, суруйары , билбиттэрин бэрэбиэркэлээьин.
-
С,н,м,б,р,т дор5ооннор уонна буукубалар. Туртас.
34 с
тыллары табатык суhуехтээн, кылгас тыллары суhуехтээбэккэ аа5ыы; дьиэ5э кемелеех буоларга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Дифтонг, хартыына.
-
К кк буукубалар уонна дор5ооннор.
35 с
барбыт дор5ооннорун, буукубаларын чицэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, чэнчис буоларга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
хартыына.
-
Х хх буукубалар уонна дор5ооннор.
36 с
тыллары табатык аа5ыы; айыл5а кэрэтин ейдеен керерге иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын е5детуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
хартыына.
-
Х дор5оон уонна буукуба. Хаар.
37 с
тыллары табатык аа5ыы; айыл5а кэрэтин ейдеен керерге иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
хартыына.
-
ыа, уо дифтонг.
Ситимнээх сананы сайыннарыы. Туора Муос.
38 с
39 с.
дифтоннары сепке аахтара, суруйтара уерэтии;
Тыллары табатык аа5ыы, аахпытын кэпсиэхтээх, учугэйгэ уорэтии.
Дифтонг, хартыына.
-
Иэ, уе дифтонг.
Дифтонг. Мэхээс.
40 с
41 с
дифтоннары сепке аахтара, суруйтара уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка,
Дифтонг, хартыына.
-
лл хоьуласпыт бутэй дор5оон.
42 с
тыллары табатык аа5ыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын билиэхтээх; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Хоьуласпыт бутэй дор5. бэлиэтэ, хартыына.
-
С,н,м,б,р,т,к,л. дор5ооннор уонна буукубалар.
43 с
тыллары табатык аа5ыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын е5детуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; айыл5а5а харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга уерэтии;
Хоьуласпыт бутэй дор5. бэлиэтэ, хартыына.
2 чиэппэр (29)ч
-
мм хоьуласпыт бутэй дор5оон.
44 с
тыллары табатык аа5ыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын е5детуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Хоьуласпыт бутэй дор5. бэлиэтэ, хартыына.
-
нн хоьуласпыт бутэй дор5оон.
45 с
тыллары табатык аа5ыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын е5детуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Хоьуласпыт бутэй дор5. бэлиэтэ, хартыына.
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Фишка, хартыына.
-
чч хоьуласпыт бутэй дор5оон. Чычып-чаап.
51 с
тыллары табатык аа5ыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын е5детуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Хоьуласпыт бутэй дор5. бэлиэтэ, хартыына.
-
Ситимнээх сацаны сайыннарыы.
Чеече.
52 с
Тыллары табатык аа5ыы, аахпытын кэпсиэхтээх, учугэйгэ уорэтии. Тереебут дойдуга тапталы иитии. Хорсун, эппиэтинэстээх буоларга иитии.
-
г дор5оон уонна буукуба. Тугут.
53 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; Кыылларга тапталы иитии.
Фишка, хартыына.
-
Бутэй доргоонноох тыллары аа5ыы
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы
-
5 дор5оон уонна буукуба. Ба5а.
54 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы. Оттомноох буоларга иитии.
-
h дор5оон уонна буукуба. Айыына.
56 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; улэни таптыырга, тереппуттэргэ кемелеьерге иитии.
Фишка, хартыына.
-
Ситимнээх сананы сайыннарыы. Эьэ.
57 с
тыллары табатык аа5ыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын е5детуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; Ойуурга сэрэхтээх буоларга иитии.
Хоьуласпыт бутэй дор5. бэлиэтэ, хартыына.
-
Д дор5оон уонна буукуба. Куудээх уонна кутэр.
58 с
Тыллары табатык аа5ыы, аахпытын кэпсиэхтээх, учугэйгэ уорэтии. Толкуйдаан баран сацарарга, хорсун буоларга иитии.
-
Эьиги ийэ5ит.
59 с
Тыллары табатык аа5ыы, аахпытын кэпсиэхтээх, учугэйгэ уорэтии. О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы. Ийэ5э тапталы, убаастабылы иитии.
-
Тест №2 Бутэй дор5ооннор
Уорппити чинэтии. бэрэбиэркэ
-
Тымныы кун.
60 с
О5о аа5ар дьо5урун салгыы сайыннарыы. Тымныыга сэрэхтээх буоларга, кыра быраакка, балыска кемелеьерге, хорсун буоларга иитии.
-
дь дор5оон уонна буукуба. Удьуор уустар.
61 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; тереппуттэринэн киэн тута, кинилэри холобур оцосторго уерэтии, иитии.
Фишка, хартыына.
-
сс хоьуласпыт бутэй дор5оон.
63 с
тыллары табатык аа5ыы; хоhуласпыт бутэй дор5оон оннугар биир бутэй дор5оону туруордахха тыл суолтата уларыйарын е5детуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; улэ5э тапталы иитии.
Фишка, хартыына.
-
ҥ, ҥҥ дор5оон уонна буукуба. Тииҥ.
64 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы. Улэьит, ейдеех буоларга иитии
Фишка, хартыына.
-
Сурук улэтэ .Бутэй дор5ооннор.
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; тереппуттэринэн киэн тута, кинилэри холобур оцосторго уерэтии, иитии.
-
Хацкыьыт.
65 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны са йыннарыы. Эйэлээх буоларга иитии.
Фишка, хартыына.
-
нь дор5оон уонна буукуба.
66
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы. Тымныыга сэрэхтээх буоларга иитии.
Фишка, хартыына.
-
ннь хоьуласпыт бутэй дор5оон. Оонньуу.
67 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы. До5ордуу буоларга иитии.
Фишка, хартыына.
-
До5ордоьуу тойуга.
68 с
Хоьоону дор5оонноохтук аа5арга уерэтии. Сепке аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы. Эйэлээх, до5ордуу буоларга иитии.
Фишка, хартыына.
-
Сурук улэтэ.Графическай диктант.
-
Аргыый. Бээчэ бэргэьэтэ.
69 с
О5о аа5ар дьо5урун салгыы сайыннарыы. Кэпсээни ейдеен аа5арга уерэтии. Кырдьа5астарга убаастабылы иитии.
Сепке аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы. Кэпсээни ейдеен искэ аа5арга уерэтии. Тымныыга сэрэхтээх буоларга иитии.
хартыына.
-
Сахам сирэ барахсан. Хабыйахаан.
72 с
Сепке аа5ар дьо5урдарын, кэпсээни ейдеен искэ аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы, уерэтии. Тереебут дойду айыл5атынан киэн туттар чувствоны иитии.
3 чиэппэр (15)ч
-
Сурук улэтэ.Диктант.
Таба суруйар дьо5уру бэрэбиэркэ.
-
Тииц уонна куобах.
73 с
Тыллары табатык аа5а сатыахтаах, искэ аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы. До5ордуу буоларга иитии.
Фишка, хартыына.
-
ш буукуба уонна дор5оон. Саша шара.
74 с
тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; киирии дор5ооннору уерэтии. До5ордуу буоларга иитии.
хартыыналар
-
в буукуба уонна дор5оон. Врач.
75 с
тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы; дьоццо бол5омтолоох буоларга иитии. Врач улэтэ эппиэттээх, туьалаах буоларын ейдетуу.
В бутэй дор5. бэлиэтэ, хартыына.
-
я буукуба. Як.
76 с
Аа5ар дьо5урдарын сайыннарыы.
тыллары табатык аа5ыы; нуучча тылыгар я буукуба тыл иннигэр уонна аьа5ас дор5оон кэнниттэн икки дор5оону биэрэрин ейдетуу; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы;
Тыллары , этиилэри ал5аьа суох устуу.Учугэй буочарга улэ.
Я буукуба
-
Ю буукуба. Салют. Буочарга улэ.
77 с
Ю буукуба, хартыыналар
-
Нууччаттан киирбит дор5оонноох тыллары аа5ыы
Аа5ар дьо5урдарын сайыннарыы.
тыллары табатык аа5ыы; нуучча тылыгар я буукуба тыл иннигэр уонна аьа5ас дор5оон кэнниттэн икки дор5оону биэрэрин ейдетуу;
-
Е буукуба. Кердеех елка куутэр. Саца дьылынан!
78 с
Барбыты чинэтии. Киирии тылларга е, е буукуба тыл иннигэр уонна аьа5ас дор5оон кэнниттэн икки дор5оону биэрэрин ейдетуу;Киирии тыллары аа5а, суруйа уерэниэхтээх. Чиэьинэй буоларга иитии. Хоьоону дор5оонноохтук, сыыьата суох аа5арга уерэтии. Ощественнай миэстэлэргэ бэрээдэктээхтик сылдьарга иитии.
-
Е буукуба. Чааскы.
79 с
Киирии тыллар.
-
з буукуба уонна дор5оон.
82 с
Сыыьата суох аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы. Искэ аа5ар уеруйэхтэрин чицэтии. кыылы –суелу харыстыырга иитии.
Киирии тыллар.
-
Тест №3 Этии
-
Ж буукуба уонна дор5оон. Ат сууруутэ.
83,
Киирии тыллары аа5а, суруйа уерэниэхтээх. Сыыьата суох аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы. Дьиэ кыылын таптыырга иитии.
хартыыналар
-
Ф буукуба уонна дор5оон. Телефон Бэрэбиэркэлиир диктант.
84
Киирии тыллары аа5а, суруйа уерэниэхтээх. Сыыьата суох аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы. Кырдьа5аска убаастабылаахтык сыьыаннаьарга, кемелеьерге иитии.
хартыыналар
Таба суруйары чинэтии.
-
ь, ъ буукубалар.
86
ь, ъ дор5оон буолбаттарын билиэхтээх, тыллары сепке дор5оонунан ырыта уерэтии; тыллары табатык аа5ыы; ыраастык суруйарга, туттарга иитии; ситимнээх сацаны сайыннарыы. Айыл5а5а тапталы иитии.
хартыыналар
-
Ц, щ
Хатылааьын.
88, 89с
Киирии тыллары аа5а, суруйа уерэниэхтээх. Сыыьата суох аа5ар дьо5урдарын салгыы сайыннарыы. Тереебут дойдуга тапталы иитии. Улэ барыта эппиэтинэстээ5ин ейдетуу.
О5о бэйэтэ толкуйдаан улэлиир дьо5урун сайыннарыы. Улэ5э эппиэтинэстээхтик сыьыаннаьарга иитии.
хартыыналар
хартыыналар
-
Максим Кирович Аммосов.Куйаарга котуу.
90
О5о бэйэтэ толкуйдаан улэлиир дьо5урун сайыннарыы. Улэ5э эппиэтинэстээхтик сыьыаннаьарга иитии.