МБОУ Магасская СОШ
1 кылааска аналлаах общекультурнай хайысха уруога:
«Yтүө майгы суолунан.»
толордо:
алын кылаас учуутала:
Корякина Л.Н.
с.Тылгыны
Уруок конспега:
Кылаас: 1
Уруок фомата: традиционнайа суох
Тема: Yтүө майгы суолунан.
Сыала: -бэйэ бэйэ5э уонна тулалыыр эйгэ5э Эйэ5эс сыьыаны олохтооьун;
Эйэ5эс тыллары өрүү туттары ситиhии, Майгы сигили диэн тугун өйдөтүү.
Соруга:1. үтүө, мөкү быhыылары араарарга үөрэнии
2.Араас ситуациялары көрүү, ырытыы, түмүк оҥоруу.
3.О5о5о дьоҥҥо, тулалыыр эйгэтигэр эйэ5эс уонна аhыныгас сыhыаны иитии.
4. Yтүө быhыы -
Yөрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ.(метапредметные результаты)
Билэр-корор сатабыл. Сурун уорэнэр сатабыл.( Познавательные УУД.)
Yөрэнээччи майгы-сигили быраабылаларын, ситуациялары, геройдары тэннээн керерун, үтүө, мөкү быьыылары араарарын ситиьэбит
Бэйэ бэйэ5э сыьыантан сана билиини ылар сатабыллар. (Коммуникативная УУД)
Уорэнээччи уорэх уонна уорэх таьынан кэмнэ, дьиэ кэргэнигэр, дьонугар –сэргэтигэр бэйэ-бэйэ5э сыьыан араас корунун, кэпсэтиини, сэьэргэьиини, субэлээьини, сопсоьууну,буойсааьыны майгы-сигили сурун ньыматын быьыытынан ойдуурун ситиьии. Бодоруьууга киьи санарара уонна хайдах туттан-хаптан кэпсэтэр суолталаах эбит диэн ойдуохтээх. Кэпсэтии кэмигэр сатаан истии суолтатын ойдуохтээх. Атын кьи тугу санарарын быьа туспэккэ бол5ойон истээьин, соптоох сыанабылы биэрии.
Боло5унэн улэ5э уорэтиллэр тема сыалын соругун ойдооьун, улэ хаамыытын салайсыы, ылылллыбыт тумуктэри ырытыы,сыаналааьын.
Боло5унэн улэ кэмигэр бэйэ бодотун кэтэнии, ис санаатын атын о5олорго ойдонор гына тиэрдии, моккуьуу тахсар тугэнигэр тулуурдаах уонна эйэ-дэмнээх буолууну тутуьуу.
Бииргэ уорэнэр тэннээх партнерун сатаан салайыы, улэтин сыаналааьын.
Бэйэни салайынар-дьаьанар сатабыл. Личностные УУД:
дьонно истин сыьыанннаах, эйэ5эс, аьыныгас, элэккэй буолууну иитии
Yөрэнээччи тугу билэрин, билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээ5ин арааран өйдүүргэ үөрэтиллэр.Сыыьа халты быьыытын көннөрөргө үөрэтии. Искэ былаанныы уорэнэр, улэ хаамыытын кэмигэр былаанна уларытыыны атын о5олор санааларын истэн баран киллэрэр.Ойдообто5унэ «то5о», «хайдах» диэн ыйытыылары соптоох кэмнэ туруорар.
Онорбут улэтин тумугун сатаан сыаналыыр,ырытар, тумуктуур,боло5унэн улэ5э оруолун, онорбут улэтиэ болох улэтигэр оруолун ойдуур.«Билэбин уонна билбэппин» араарар.Ото корон саба5алааьын сатабылларын баьылыыр(прогнозирование).
.
Уруок тиибэ: комбинированнай
Туттар тэрил: мультимедийнай установка, презентация
Уруок хаамыыта
1.Организационнай момент.
Сарсыардаттан хомойбот наадаттан
Yтүө быhыыта оҥоруохха!
Бэйэ бэйэбитигэр утары
Мичээрдэ бэлэхтэhиэххэ!
-Мичээрдээтигит? Хайдах курдук үчүгэйий, эйэ5эс мичээри көрөр! Бары мичээрдээтибит, ол кэннэ хайдах курдук сырдаата тулабыт.
2. Сыалы билиhиннэрии.
-О5олор бүгүн биhиги дьоҥҥо истиҥник сыhыаннаhарга, эйэ5эс буоларга, өрүү эйэ5эс тыллары туттарга үөрэниэхпит.
Арай уулуссанан наьаа кырдьа5ас, тайахтаах о5онньор хааман испит.
Кини наьаа кырдьа5ас буолан, сиьэ бөгдьөҕөр эбит.Ол иhин иннин сатаан көрбөт, ата5ын төбөтүн көрөн хааман иьэр эбит. О5онньорго утары төбөтүн хантаччы көтөхпүт уол, тугу эрэ көрө көрө хааман иьэр эбит.Ол иьэн о5онньорго кэтиллэ түспүт. О5онньор уолга дэлби кыыьырбыт. Онтон уол туох эрэ диэбитигэр, о5онньор сразу кыыьырбыта ааьан хаалбыт
-Уол туох диэбитэ буолуой?
(Ал5ас, баьаалыста быраастыы гын.)
Бу уол хайдах уол эбитий? (үтүө майгылаах)
Уол туох тыллары туттубутуй? (аптаах тыллары)
Маладьыастар! Билигин ким аптаах тыллары билэрин, олоххо туттарын билээри 1 үктэл: «Аптаах тыллар» диэн оонньууну оонньуохпут.
Биирдэ Вова Володин оскуола5а айаннаабыт. Кини автобуска киирэн түннүк аттыгар олорон уулуссалары көрөн испит. Ол олордо5уна биир тохтобулга кыра о5олоох чүөчэ киирбит. Вова турбут уонна эппит: «…(баьаалыста) олоруҥ». Онуоха чүөчэтэ мичээрдээбит уонна эппит: …(бары) (Баьыыба)
Вова хайдах уол эбитий эьиги санаа5ытыгар? (Эйэ5эс)
Кини туох тыллары саҥарбытый? (аптаах тыллары)
Аптаах тыллар диэн - Бу өйдөөх, туhалаах, үтүө тыллар. Кинилэр аптаахтар. Бу тыллара суох киhи сатаан олорбот. Бу тыллары киhи билиэхтээх эрэ буолбатах, сатаан аптаахтык саҥарары эмиэ сатыахтаах. Онтон ону сатыырга баҕарыахха эрэ наада..
Карточка5а баар аптаах тылларынан этии толкуйдуубут. (этии суруйаллар)
1.Дорообо! 7. Yтүө сарсыарданан!
2.Баhыыба! 8. Yтүө күнүнэн!
3. Баhаалыста! 9. Yтүө киэhэнэн!
4.Бырастыы гын! 10. Yтүө түүнү!
5. Махтал! 11. Минньигэс түүллэри!
6. Көрсүөххэ диэри! 12. Минньигэстик аhааҥ! (Карточка, 1 кырасыабай этии толкуйдааhын)
2 үктэл : Билигин хоhоону бол5ойон истэбит уонна манна баар быраабылалары ейдеен хаалабыт.
Хоьоон: «Эн эйэ5эс буоллаххына»
Эн эйэ5эс буоллаххына
Суобаскын иьит
Туран биэр өрүүтүн
Кырдьа5аска миэстэ5ин
Эн эйэ5эс буоллаххына
Тас көрүҥҥүнэн буолбакка
Ис дууьа5ынан көмөлөhүөҥ
Инбэлииткэ автобуска киирэригэр
Эн эйэ5эс буоллаххына
Уруок буолар кэмигэр
Табаарыскын кытары
Айдаарыаҥ, кэпсэтиэҥ суо5а
Эн эйэ5эс буоллаххына
Этитиитэ, ааттаьыыта суох
Бэйэҥ ис санаа5ыттан
Көмөлөhүөҥ ийэ5эр
Эн эйэ5эс буоллаххына
Эбээ5иниин, эьээ5иниин
Кэпсэтэ тураҥҥын
Быьа түhүөҥ суо5а
Бу хоьооҥҥо эйэ5эс буолуу ханнык быраабылалара этиллэллэрий?
1.Кырдьа5аска миэстэ5ин туран биэр.
2.Инбэлиит киьиэхэ автобуска киирэригэр көмөлөс.
3. Уруокка айдаарыма, кэпсэтимэ.
4. Этитиитэ, ааттаьыыта суох ийэ5эр көмөлөс
5.Улахан дьон кэпсэтиитин быьа түьүмэ
Маладьыастар, эйэ5эс буолуу быраабылатын барытын эттигит.
Ессе да элбэх атын быраабылалар эмиэ бааллар, ону эмиэ эьиги билиэхтээххит. тутуьуохтааххыт.
3 үктэл: О5олор эьиги Yтүө-диэн тылы иhиттэххитинэ хайдах өйдүүгүтүй, саныыгытый? (о5олор ) Оттон мөкү диэн тылы иьиттэххитинэ?
Билигин «Yтүө-мөкү» диэн оонньууну оонньуохпут
Мин үтүө быьыыны эттэхпинэ ытыскытын таьына5ыт, мөкүнү эттэхпинэ чуумпутук олоро5ут. Са5алаатыбыт.
Көрүстэххэ дорооболоьуу (үтүө)
Тиэрэ анньан баран, баран хаалыы (мөкү)
Түспүт малы ылан биэрии(үтүө)
Уруокка айдаарыы (мөкү)
Атыылаьан баран, атыыьыкка махтаныы (үтүө)
Кырдьа5ас киьиэхэ миэстэни турбат (мөкү)
4 үктэл: Ɵс хоhооно
Ɵйдөөх үтүөнү сатыыр, акаары алдьархайы сатыыр. (үтүө киhи үчүгэйи батыhар, мөкү (куьа5ан) киhи куhа5аны батыhар)
Yтүөнү үтүөнэн төлөө. (устан ылаллар)
О5олор эьиги остуоруйалары сөбүлүүгүт дуо? Остуоруйа геройдара үтүө уонна мөкү буолаллар. Мин остуоруйа геройдарын кердеребүн. Эьиги үтүө геройу кердеххүтүнэ ытыскытын таьына5ыт. Мөкү геройу кердеххүтүнэ сирэйгитин ытыскытынан сапта5ыт. Уонна то5о бу геройу итинник саныыргытын быьаара сатыыгыт. Са5алаатыбыт.
(Доктор Айболит,Кащей бессмертнай, Леопольд, Снегурочка Бармалей, Золушка.
Утуе быьыы холбуйата:
Дети сидят за накрытым столом. Расскажи как надо вести себя за столом?
(За столом нельзя разговаривать, нужно говорить приятного аппетита, после еды сказать спасибо)
Дети заходят в класс к учителю.
Что говорят при встрече? (Здравствуйте)
А кто должен сказать здравствуйте первым? С взрослыми всегда надо здороваться первыми.
Дети выходят из класса. Какие слова говорят при расставании? (до свидания)
Просит книгу. Как можно попросить книгу? (дайте, пожалуйста, эту книгу)
Какими словами можно поблагодарить? (большое спасибо, спасибо).
Спит в кроватке. Когда ложатся спать, какие слова говорят друг другу? (спокойной ночи)
Дверь придерживает и пропускает взрослого .
Кто должен пройти первым?
Какие слова говорят при этом? (проходите, пожалуйста)
Один плачет, другой гладит по голове.
Как вы думаете, что произошло с мальчиком, который плачет?
(его обидели, а вежливый человек должен пожалеть)
А что если его обидел этот мальчик? (Должен сказать прости, пожалуйста, извини)
Түмүк: Билигин уруокпут тематын таайан таhаарыахпыт. (Yтүө майгы) Yтүө майгы эн кыра5ыттан, улахаҥҥыттан, дьүhүҥҥүттэн тутулуга суох. Кини хампыат бирээнньик буолбатах. Yтүө майгы күн курдук сырдык ыраас буолла5ына, дьон улаханныын кыралыын үөрэллэр!
Бүгүҥҥү дьарыкка биhиги тугу биллибит. Аптаах тыллары, эйэ5эс буолуу быраабылаларын, үтүө мөкү быhыылары. Сөп, билигин холууп шаблону кумаа5ыга үтүктэн ылабыт уонна ханнык аптаах тыллары билэргитин суруйан баран күөх халлааҥҥа көтүтэбит.
Айхалланнын үтүө быhыы!
Айхалланнын эйэ5эс майгы!
Сааттын мөкү майгылаах,
Куhа5ан суолу батыhааччы!
Диэн тураммын эhигини үтүө майгылаах, дьоhун дьон буола улаатаарыҥ диэммин истиҥ махталбын кытта аптаах тыллаах шариктары бэлэхтиибин!