Фонетика, таба суруйуу, грамматика:
Дор5оон уонна таба суруйуу (18 ч)
Тыл састааба (4 ч)
Тыл (24 ч)
Этии (16 ч)
Хатылааһын (8 ч)
Ситимнээх саңарыы, суруйуу (34 ч)
Быhаарыы сурук
Үөрэх предметин өйдөбүлэ
Төрөөбүт тыл – көлүөнэттэн көлүөнэ5э бэриллэр ханнык ба5арар норуот улуу нэhилиэстибэтэ, киhи аймах өйдөбүллэриттэн (сыаннастарыттан) биирдэстэрэ. Төрөөбүт тыл о5о5о тулалыыр эйгэтин кыра5ытык билэр-көрөр, чугас дьонун-сэргэтин кытта истиңник бодоруhар, иэйиитэ уhуктар, өйө-санаата сайдар, өбүгэтин үөрэ5ин утумнуур сүрүн эйгэтэ.
Ол иhин о5ону кыра сааhыттан о5о тэрилтэлэригэр, оскуола5а төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии сүрүн ирдэбил быhыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын үөрэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити өйдөбүл туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быhыытынан көмүскэллээх, билиңңи усулуобуйа5а үгүс норуот тыла чөл туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Билигин төрөөбүт тыл, федеральнай государственнай үөрэх стандартын (ФГҮӨС) ирдэбилинэн, уопсай үөрэхтээhин булгуччулаах чааhыгар киирэн, базиснай үөрэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, үөрэтиллэр чааhа чопчу ыйыллан үөрэтиллэр таhыма үрдээтэ. Алын сүhүөх оскуола таhымыгар төрөөбүт тылы үөрэх предметин быhыытынан үөрэтиигэ түмүк ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай үөрэх стандарда сүрүннүүр.
Ити ааттаммыт докумуон быhыытынан, начаалынай үөрэхтээhин таhымыгар нуучча уонна төрөөбүт тылы үөрэтиигэ тэң таhымнаах түмүк ирдэнэр. Төрөөбүт тыл атын үөрэх предметтэрин кытта бииргэ о5о личность быhыытынан сайдыытын хааччыйыахтаа5а этиллэр, ону сэргэ урукку өттүгэр ирдэммэт саңа булгуччулаах ирдэбили – үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иңэриини киллэрэр.
Үөрэх предметин сыала уонна соруга:
Начаалынай оскуола5а төрөөбүт тылы үөрэтии предметэ атын үөрэх предметтэрин ортотугар үөрэнээччи тылын-өhүн уонна өйүн-санаатын сайыннарар, сүрүн үөрэнэр үөрүйэ5и иңэрэр кыа5ынан бас-көс балаhыанньаны ылар предмет буолар. Онон бу предмети үөрэтии таhымыттан саха оскуолатыгар начаалынай үөрэхтээhин уопсай туруга, үөрэнээччи салгыы сүрүн оскуола5а ситиhиилээхтик үөрэнэрэ тутулуктаах.
О5о начаалынай оскуола5а үөрэнэр сааhыгар билиитэ-көрүүтэ, тыла-өhө уонна өйө-санаата тэтимнээхтик сайдар, иэйиитэ уонна саныыр санаата судургутук олохсуйар буолан, төрөөбүт тылы бу кэмңэ кичэйэн үөрэтии – норуот тыла чөл туруктаах буоларыгар, кэнчээри ыччакка улуу нэhилиэстибэни тириэрдэргэ олус суолталаах.
Этиллибиккэ оло5уран, төрөөбүт тылы уопсай үөрэхтээhин алын сүhүөх таhымыгар үөрэтии сыалынан үс хайысха5а араарыахха сөп:
үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл туhунан билиини аан дойду туhунан научнай били быстыспат сор5отун быhыытынан иңэрии, тыл үөрэ5ин сүрүн балаhыанньаларын билиhиннэрии, онно оло5уран, о5о билэр-көрөр, толкуйдуур кыа5ын сайыннарыы;
үөрэнээччи дьону-сэргэни кытта төрөөбүт тылынан бодоруhар үөрүйэ5ин, саңа (тыл) култуурата киhи уопсай култууратын быстыспат сор5ото буоларын туhунан өйдөбүлгэ тирэ5ирэн, саңа (тыл) араас көрүңэр (кэпсэтии, суруйуу, аа5ыы, өйтөн айыы, о.д.а.) үөрэтэн, салгыы сайыннарыы;
үөрэнээччигэ төрөөбүт тыл норуот ытык өйдөбүллэриттэн биирдэстэрэ буоларын быhыытынан ураты харыстабыллаах сыhыаны иңэрии, хас биирдии киhи ийэ тылын сайыннарар иэстээ5ин өйдөтүү.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуола5а үөрэтии сыала маннык сүрүн соруктары быhаардахха ситиhиллэр:
дьону-сэргэни кытта бодоруhар саңа (тыл) сүрүн көрүңнэрин үөрэнээччигэ үөрэх дэгиттэр дьайыыларын иңэриини кытта бииргэ алтыhыннаран үөрэтии;
тыл (саңа) – бодоруhуу сүрүн ньымата диэн тутаах өйдөбүлгэ тирэ5ирэн, үөрэнээччи кэпсэтэр уонна санаатын толору этэр (тыл этэр), суруйар үөрүйэ5ин сааhыгар сөп түбэhиннэрэн сайыннарыы;
тыл үөрэ5ин билиитигэр, сурук-бичик култууратын төрүт өйдөбүллэригэр оло5уран, үөрэнээччи төрөөбүт тылын литературнай нуорматын тутуhарын, ал5аhа суох саңарарын уонна суруйарын ситиhии;
тыл үөрэ5ин сүрүн салааларын (лексика, фонетика, морфология, синтаксис, тиэкис) туhунан уопсай өйдөбүлү иңэриигэ тирэ5ирэн, үөрэнээччи толкуйдуур дьо5урун сайыннарыы, сааhыгар сөп түбэhиннэрэн, өй үлэтин дьайыыларыгар үөрэтии;
төрөөбүт тылы билии, харыстааhын, сайыннарыы сүрүн ньымаларыгар үөрэтии.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуола5а үөрэтии үөрэнээччи нуучча тылын кэбэ5эстик ылынарын хааччыйар. Онон саха оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтии хаачыстыбатын тупсарыыга усулуобуйа үөскэтии - төрөөбүт тылы үөрэтии хос сыала-соруга.
Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоhоонугар киллэрии
Начаалынай кылааска саха тылын үөрэтии о5о5о ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иңэриигэ улахан суолталаах. Киhи аймах үйэлэртэн үйэлэргэ өрө тутан илдьэ кэлбит ытык өйдөбүллэрэ (духуобунай сыаннастара) төрөөбүт тыл эгэлгэтигэр, кэрэтигэр сөңөллөр. Ол курдук үөрэтии ис хоhоонугар тыл үөрэ5ин сүрүн хайысхаларын сэргэ уруок, кэпсэтии (бодоруhуу) тиэмэтин, үөрэтии матырыйаалын быhыытынан төрөөбүт дойду, ийэ дойду, төрөөбүт тыл, айыл5а, үлэ, төрүт дьарык, ыал, дьиэ кэргэн, айымньы уонна кэрэ эйгэтэ, көңүл, кырдьык, үтүө санаа, киhи аймах, аан дойду омуктарын тылларын уонна култууратын эгэлгэтин курдук ытык өйдөбүллэр (духуобунай сыаннастар) киириэхтээхтэр.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ
Ытык өйдөбүллэри иңэрии түмүгэ (личностные результаты)
Саха тылын оскуола5а үөрэтии кэмигэр о5о маннык ытык өйдөбүллэри (духуобунай сыаннастары) иңэрииннэ5инэ төрөөбүт тыла сайдарыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх буоларыгар, бэйэтин кыа5ын толору туhанарыгар эрэниэххэ сөп.
Төрөөбүт тыл – омугу сомо5олуур тыл буоларын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл төрүт айылгыта, үйэлээх үгэhэ, этигэн кэрэтэ норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уонна уус-уран литература5а сөңмүтүн билэр.
Төрөөбүт тылын сайыннарар, кэлэр көлүөнэ5э тириэрдэр ытык иэстээ5ин, ийэ тыл үйэлдэргэ чөл туруктаах буоларыгар тус оруоллаа5ын өйдүүр.
Төрөөбүт тыл иитиллэр, үөрэнэр, айар-сайдар тыл буоларын итэ5эйэр.
Төрөөбүт тыл элбэх омук алтыhан бииргэ олорор кэмигэр, икки (элбэх) тылланыы усулуобуйатыгар хас биирдии киhиттэн харыстабыллаах сыhыаны эрэйэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ (метапредметные результаты)
Бэйэни салайынар-дьаhанар сатабыл.
Тылы сайыннарар сыалы-соругу таба туруорунар, сатаан былаанныыр, туох-ханнык түмүккэ кэлиэхтээ5ин быhа холоон билэр. Тугу билэрин-билбэтин, тугу ситэри үөрэтиэхтээ5ин арааран өйдүүр. Сылга бииртэн итэ5эhэ суох төрөөбүт тылга аналлаах бырайыактарга кыттан (тус бырайыага, коллективнай бырайыак) үлэлиир.
«Тылы сэрэйэр» дьо5уру (языковое чутье, чувство языка) сайыннарыы. Бэйэтин сааhыгар сөп түбэhэр тиэкискэ үөрэппит матырыйаалын сүнньүнэн тыл литературнай нуормата саңарар эбэтэр суруйар киhи тылыгар төhө сөпкө эбэтэр сыыhа туттулларын тута «сэрэйэн» билэр, итэ5эhин, ал5аhын быhаарар, көннөрөр, бэйэтин тылыгар-өhүгэр тыл нуорматын ирдэбилин тутуhарга дьулуhар.
Тылын сайыннарар ба5аны үөскэтии (потребность в совершенствовании собственной речи). Төрөөбүт тылын бар5а баайын сыаналыыр, тыл кэрэтигэр умсугуйар, этигэн тыл күүhүн, кыа5ын толору туhанарга, тылын-өhүн бэйэтэ сатаан чочуйан, тупсаран, санаатын сиhилии этэргэ, кэпсииргэ дьулуhар.
Хонтуруолланыы. Бэйэ саңаатын өрүү кэтэнэр, көрүнэр, ал5аhа суох саңарарга, санаатын ыпсаран, хомо5ойдук этэргэ кыhаллар.
Билэр-көрөр сатабыл. Сүрүн үөрэнэр сатабыл.
Үлэ сыалын-соругун таба туруоруу. Төрөөбүт тылын үөрэтэригэр сыал-сорук туруорунан көдьүүстээхтик үлэлиир.
Билиини-көрүүнү кэңэтэр араас матырыйаалы туhаныы. Сахалыы үөрэх-наука литературатыттан (тылдьыттартан, ыйынньыктартан, энциклопедиялартан, араас кинигэттэн) туhааннаах информацияны, билиини дөбөңнүк булар, бэлиэтэнэр, түмэр, ситимниир араас ньыманы табыгастаахтык туhанар. Сахалыы тахсар о5о5о аналлаах республика, улус, оскуола хаhыаттарын-сурунаалларын («Кэскил», «Чуораанчык», о.д.а.) тиhигин быспакка аа5ар, араадьыйанан, телевизорынан сахалыы биэриилэри сэргээн истэр-көрөр, үөрэ5эр, чинчийэр, айар үлэтигэр көдьүүстээхтик туhанар. Сахалыы үөрэ5и сайыннарар интернет-сайтартан туhалаах, наадалаах, информацияны булан, сөпкө наардаан туhанар; тиэкиhи компьютерга сахалыы шрибинэн бэйэтэ тэтимнээхтик бэчээттиир; интернет нөңүө сахалыы ыытыллар араас тэрээhиңңэ төрөөбүт тыл литературнай нуорматын тутуhан, көхтөөхтүк кыттар.
Билиини сааhылааhын (структурирование знаний). Саңа билии ыларга баар билиитигэр тирэ5ирэр. Атын предметтэргэ ылбыт билиитин сатаан ситимниир (интеграция знаний).
Тобулук өйү сайыннарар үөрүйэхтэр. Төрөөбүт тыл оскуола5а о5ону сайыннарар үөрэх тутаах салааларыттан (предметтэриттэн) биирдэстэрэ. Онон үөрэнээччи саха тылын үөрэтэр кэмигэр үөрэнэргэ төрүт буолар өй үлэтин сүрүн үөрүйэхтэрин баhылыыр.
Саха тылын лингвистическэй матырыйаалыгар тирэ5ирэн, өй үлэтин араас дьайыыларын кэбэ5эстик толорор: тэңнээhин (сравнение), ырытыы (анализ), холбооhун (синтез), түмүктээhин (обобщение), (сериация), ханыылатан сааhылааhын (классификация), майгыннатыы (аналогия), сааhылаан ситимнээhин (систематизация). Итини сэргэ араас тойоннуур ньыманы (индукция, дедукция) табыгастаахтык туhанан дьону итэ5этэр, ылыннарар курдук санаатын сааhылаан этэр үөрүйэ5э сайдар.
Рефлексия. Сыалы-соругу ситиhэр ньымаларын уонна усулуобуйаларын төhө сөпкө талбытын сыаналыыр. Үлэ хаамыытын хайдах салайан иhэрин кэтээн көрөр. Үлэ түмүгүн дьон интэриэhин, бол5омтотун тардар курдук сахалыы кэпсиир.
Бэлиэни-символы туhанар үөрүйэхтэр. Дор5оон (буукуба), тыл, этии чилиэннэрин, тиэкис анал бэлиэлэрин сатаан туhанар. Анал бэлиэлэринэн тыл, этии, тиэкис моделын оңорор. Бэриллибит моделга тирэ5ирэн, тылы, этиини толкуйдуур, тиэкиhи айар. Этиини, тиэкиhи көннөрөргө анал корректорскай бэлиэлэри сатаан туhанар. Лингвистическэй билиини араас таблица, исхиэмэ, модель, диаграмма көмөтүнэн көрдөрөр. Таблицанан, исхиэмэнэн, моделынан, диаграмманан көрдөрүллүбүт лингвистическэй билиини өйдүүр уонна кэпсиир.
Бодоруhар сатабыл.
Бииргэ үлэлииргэ үөрүйэх. Дьону кытта бииргэ алтыhан үөрэнэр, үлэлиир араас ньыманы баhылыыр (пааранан, бөлө5үнэн, хамаанданан о.д.а.). Саастыылаахтарын, улахан дьону кытта айымньылаахтык алтыhыы туругар кэбэ5эстик киирэр (продуктивное взаимодействие), биир сыаллаах-соруктаах дьонун кытта таhаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир үөрүйэхтэнэр (продуктивное сотрудничество).
Кэпсэтэр үөрүйэх. Кэпсэтии уратыларын өйдүүр, таба кэпсэтэр. Кэпсэтэр киhитин убаастыыр, сэңээрэр, санаатын бол5ойон истэр, ылынар. Ханнык ба5арар эйгэ5э кэпсэтэригэр дьон бол5омтотун тардар, сэргэхситэр, сонур5атар, кө5үлүүр сатабылы табан туhанар. Кэпсэтэр кэмңэ бэйэ көрбүтүн, истибитин, аахпытын сиhилии сэhэргиир. Дьон өйдөспөт, тыл тылга киирсибэт буолар төрүөттэрин сөптөөхтүк сыаналыыр, сатаан ырытар, өйдөhүү суолун дөбөңнүк тобулар.
Кэпсэтии сиэрин (речевой этикет) тутуhар үөрүйэх. Дьону кытта алтыhыыга кэпсэтии сиэрин тутуhар, туттан-хаптан бодоруhуу ньымаларын то5оостоохтук туттар.
Сахалыы дорооболоhор, билсиhэр, быраhаайдаhар, көрдөhөр, бырастыы гыннарар, буойар, телефонунан кэпсэтэр, о.д.а. үгэстэри иңэриммит, күннээ5и оло5ор өрүү туттар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ (предметные результаты)
Саха тылын литературнай нуорматын (орфоэпическэй, лексическэй, грамматическай) тутуhар. Дор5оону, буукубаны, тыл сүhүө5үн, саңа чааhын, этии чилиэнин, судургу этиини булар, быhаарар, наардыыр.
Сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылаларын тутуhар.
Тиэкис өйдөбүлүн, бэлиэтин билэр (тиэмэтэ, сүрүн санаата, аата, эпиграф, тутула, этиилэрин ситимэ).
Саныыр санаатын сааhылаан, дьоңңо өйдөнүмтүөтүк, тиийимтиэтик этэр, тиэкис тутулун тутуhан суруйары сатыыр.
Тиэкис тииптэрин сэhэргээhин, ойуулааhын, тойоннооhун диэн араарар.
Монолог (сэhэргиир, ойуулуур, тойоннуур) уонна диалог (кэпсэтии, санаа үллэстии ыйыталаhыы, о.д.а.) арааhын сатаан туhанар.
Бэйэ саңатын (тылынан, суругунан) сатаан хонтуруолланар, тиэкиhин ис хоhоонун, тылын-өhүн сыаналыыр, ал5астарын булар, чочуйар тупсарар.
Үөрэх предметин ис хоhооно
Начаалынай оскуола5а төрөөбүт тылы үөрэтии уопсай үөрэхтээhин систиэмэтигэр саха тылын үөрэтэр предмет быстыспат сор5ото, «Филология» үөрэх уобалаhыгар төрүт буолар сүрүн куурус буолар. Онон үөрэтии сыала-соруга, тутула, ис хоhооно уонна түмүк ирдэбилэ үрдүкү кылаастарга төрөөбүт тылы сэргэ атын филологическай предметтэри үөрэтиини кытта алтыhыннаран-ситимнээн торумнанар.
Төрөөбүт тылы начаалынай оскуола5а үөрэтии ис хоhоонун сүрүн хайысхалара үөрэтии түмүк ирдэбилин уонна сыалын-соругун ситиhэргэ аналлаах тутах научнай балаhыанньалартан таңыллар. Ити ирдэбилгэ оло5уран, төрөөбүт тылы үөрэтии ис хоhоонугар маннык сүрүн научнай хайысхалар киирэллэр:
Бодоруhуу култуурата.
Саңа көрүңэ (виды речевой деятельности): истии, саңарыы, аа5ыы, суруйуу.
Тыл үөрэ5ин тутаах салааларын туhунан уопсай өйдөбүлэ: фонетика, лексика, морфология, синтаксис.
Сурук-бичик култуурата: таба суруйуу уонна сурук бэлиэтэ.
Ситимнээх саңаны сайыннарыы (тиэкис туhунан сүрүн өйдөбүл).
Сүрүн хайысхаларга киирбит тиэмэлэр ис хоhоонноро начаалынай оскуола үөрэнээччитин сааhын уратытын, өйүн-санаатын кыа5ын, билэр-көрөр дьо5урун учуоттаан таңыллыахтаахтар.
Бодоруhуу култуурата
Дьону кытта бодоруhуу араас көрүңэ: кэпсэтии, сэhэргэhии, сүбэлэhии, сөпсөhүү. Тылы бодоруhуу сүрүн ньыматын быhыытынан арыйыы: бодороhууга саңа (вербальные средства общения) уонна туттуу-хаптыы (невербальные средства общения) суолтата. Саңарыы уонна истии култууратын, кэпсэтии сиэрин тутуhуу.
Саңа көрүңэ: истии, саңарыы, аа5ыы, суруйуу
Истии. Дьону кытта бодоруhууга (кэпсэтиигэ) истии култууратын тутуhуу. Кэпсэтии сыалын-соругун, дьон этэр санаатын, кэпсэтии ис хоhоонун өйдөөhүн. Сахалыы араас тиэкиhи истии, сүрүн ис хоhоонун, бол5ойуллуохтаах түгэннэрин истэн сиhилии ылыныы, истибиккэ оло5уран тус санааны үөскэтии. Истибиттэн туhааннаа5ы, суолталаа5ы сурунуу, былаан оңоруу, анал бэлиэлэри туhанан, ис хоhоонун, тутулун исхиэмэнэн көрдөрүү.
Аа5ыы. Сахалыы араас тиэкиhи сахалыы саңа интонациятын, төрүт дор5оон этиллиитин тутуhан, тэтимнээхтик аа5ыы. Тиэкиhи туох сыаллаах-соруктаах аа5артан көрөн, аа5ыы араас көрүңүн сатаан туhаныы (үөрэтэр аа5ыы, билсиhэр аа5ыы,сорудахтаах аа5ыы, о.д.а.). Аа5ыы кэмигэр тиэкис сүрүн санаатын өйдөөhүн, наадалаах, туhалаах информацияны араарыы. Аахпыт тиэкис сүрүн ис хоhоонугар тус сыанабылы (сыhыаны) сатаан этии. Тиэкистэн синонимы, сомо5о домо5у, түөлбэ тылы, ойуулуур-дьүhүннүүр ньыманы туттуу бастың холобурун булуу, анаан бол5ойуу, аахпыты кэпсииргэ туhаныы. Аа5ыллар тиэкистэн билбэт, өйдөөбөт саңа тыллары тылдьыттан булуу. Ааптар санаатын, иэйиитин биэрэригэр тиэкис тутулун, этии арааhын хайдах туhаммытын быhаарыы. Аа5ыыга тиэкис интонациятын, туонун сүрүн санаа5а сөп түбэhиннэрэн таба тайаныы.
Саңарыы (дор5оонноох саңа). Кэпсэтии сиэрин, саңарыы култууратын тутуhуу. Дьону кытта табан кэпсэтии. Кэпсэтиини то5оостоохтук кө5үлээhин, са5алааhын, сал5ааhын, түмүктээhин. Саныыр санааны толору, сиhилии тиэрдэр инниттэн кэпсэтии сыалыгар-соругар, ис хоhоонугар сөп түбэhэр сахалыы тылы-өhү, ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалары таба туhаныы. Саңарыы кэмигэр туттуу-хаптыы бэлиэтин (невербальное общение) то5оостоохтук туттуу. Саңа тиибин арааhын (сэhэргээhин, ойуулааhын, тойоннооhун) туттан тыл этии. Кэпсэтии, тыл этии түгэниттэн дор5оону күүhүрдэн-сымнатан, үрдэтэн-намтатан, уhатан, куолас толбонун, эгэлгэтин туhанан истээччигэ тус сыhыаны, иэйиини тириэрдии. Этэр санааны сааhылаары эбэтэр тустаах өйдөбүлү истээччигэ тоhо5олоон тиэрдии то5оостоох миэстэ5э анал тохтобуллары (паузаны) сатаан туhаныы. Түгэниттэн көрөн, саңарыы тэтимин сөпкө талы.
Суруйуу (суругунан саңа). Сурук-бичик култууратын тутуhуу. Тупса5ай буочарынан ыраастык суруйуу. Тиэкиhи устуу, истэн суруйуу (диктант). Саныыр санааны суругунан сиhилии тириэрдии. Аахпыттан суруйуу (изложение). Дьиэ ькэргэн, чугас до5ор, таптыыр дьарык, айыл5а, кыыллар тустарынан, ону таhынан айымньы, хартыына, киинэ ис хоhоонун, экскурсия5а, быыстапка5а сырыы туhунан тэттик тиэкистэри суруйуу (өйтөн суруйуу). Суругунан үлэ5э синоним тыллары, сомо5о домо5у, онтон да атын сахалыы ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалары туттуу. Тиэкис тутулун, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэтин быраабылатын тутуhуу.
Тыл үөрэ5э
Төрөөбүт тылбыт – саха тыла. Саха омук үөскээбит, сайдыбыт историята. Саха тыла – түүр тыла. Саха тылын уруулуу тыллара. Төрөөбүт тыл киhи оло5ор суолтата.
Дор5оон уонна таба саңарыы. Саңа дор5оонун өйдөбүлүн, сахалыы дор5оон арааhын билии. Төрөөбүт тылын дор5ооннорун, ордук чуолаан сахалыы ураты дор5ооннору (уhун-кылгас аhа5ас уонна хоhуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаhар бүтэй дор5ооннору, дифтоннары, h, нь, мурун j, 5 дор5ооннору) арааран истии, чуолкайдык, таба саңарыы нуорматын тутуhан саңарыы. Саха тылыгар киирии тыллары үксүн сахатытан, аhа5ас дор5ооннор дьүөрэлэhиилэрин сокуонун тутуhан саңарыы. Тылы дор5оонун састаабынан ырытыы.
Лексика. Норуот тылын туhунан уопсай өйдөбүлү, төрүт уонна киирии тыл уратыларын билии. Литературнай тыл суолтатын билии, нуорматын тутуhуу. Тыл лексическэй суолтатын быhаарыы. Хомуур суолталаах тыллар, түөлбэ тыл, биир уонна элбэх суолталаах тыллар, көспүт суолталаах тыллар, омоним, антоним, синоним (харыс тыллар, метафоралар, сомо5о домох) өйдөбүллэрин билии, тиэкистэн булуу, саңарар саңа5а сөпкө туттуу. Быhаарыылаах тылдьыт арааhын сатаан туhаныы, тыл суолтатын тылдьыттан булан быhаарыы.
Графика. Сурук сайдыытын бэлиэ түгэннэрин билсии, киhи оло5ор суолтатын өйдөөhүн. Сахалыы сурук-бичик сайдыытын историятын билии. Дор5оон буукубаларын билии, таба ааттааhын. Буукубалары суруллар ньымаларынан холбоон, ыраастык, тэтимнээхтик илиинэн суруйуу. Сурукка туттуллар атын бэлиэлэри, өйдөбүллэри (абзац, тылы көhөрүү бэлиэтэ, тыл икки арда (пробел) сөпкө туттуу. Сахалыы алпаабыт бэрээдэгин билии. Араас тылдьытынан, ыйынньыгынан, каталогунан, үлэлииргэ алпаабыты сөпкө туhаныы. Компьютерга сахалыы шрибинэн тиэкиhи тэтимнээхтик бэчээттээн суруйуу.
Морфология. Тыл састааба диэн өйдөбүлү, тыл уларыйар уонна үөскүүр ньыматын билии. Саңа чааhын туhунан уопсай өйдөбүлү билии. Саңа чаастарын бөлө5ө: ааттар (аат тыл, да5ааhын аат, ахсаан аат, солбуйар аат), туохтуурдар (аат туохтуур, сыhыат туохтуур, тус туохтуур), сыhыат, көмө саңа чаастара, саңа аллайыы. Тылы састаабынан ырытыы (тыл оло5о, сыhыарыыта). Тыллары сүрүн бэлиэлэринэн (грамматическай халыыптарынан) бөлөхтөөhүн, ырытыы. Саңарар саңа5а тыл литературнай нуорматын тутуhуу.
Синтаксис. Этии уонна тыл ситимэ уратыларын, этии арааhын (сэhэн, ыйытыы, күүhүрдүү) билии. Тэнийбит уонна тэнийбэтэх этии, судургу уонна холбуу этии, сирэй саңа, ойо5ос саңа, диалог, туhулуу өйдөбүллэрин билии, этиигэ, тиэкискэ арааран булуу, бэйэ этиитин толкуйдааhын.Этиини таба интонациялаан аа5ыы, сурукка саңа дэгэтин сурук бэлиэтинэн араарыы. Этии чилиэнинэн ырытыы.
Сурук-бичик култуурата
Таба суруйуу. Таба суруйуу сурук-бичик култуурата буоларын өйдөөhүн. Уhун аhа5ас дор5ооннору, дифтону, хоhуласпыт, сэргэстэспит, маарыннаhар бүтэй дор5ооннору, саха тылыгар киирии дор5ооннору таба суруйуу. Сахалыы араастык этиллэр тыллар таба суруллуулара тыл төрүт сокуоннарыттан тахсалларын, норуокка үөрүйэх, үгэс буолбут нуормаларыгар оло5уралларын өйдөөhүн, харыстабыллаахтык сыhыаннаhыы. Киэңник, элбэхтик туттуллар эбэтэр сахалыы этэргэ табыгастаах киирии тыллары сахатытан суруйуу. Тылбаастанар эбэтэр саха тылынан бэриллэр кыахтаах нуучча тылларын сахалыы солбугунан биэрии. Олохторо нууччалыы суруллар киирии тыллар сыhыарыыларын таба суруйуу.
Сурук бэлиэтэ. Сурук бэлиэтэ – тыл култууратын сор5ото буоларын, киhи этэр санаатын чуолкайдыырга, иэйэр иэйээни сурукка биэрэргэ, суругу-бичиги тупсарарга биллэр-көстөр туhалаа5ын, тиэкис ар5ам-тар5ам барбатын, ыhыллыбатын, биир сомо5о, сибээстээх буоларын хааччыйарын өйдөөhүн. Тылын ордук тупса5ай тутуллаах, этигэн, бэргэн буоларыгар сахалыы этии, сурук бэлиэтин арааhын (араарар, тоhо5олоон, бэлиэтиир) сатабыллаахтык туттуу
Ситимнээх саңаны сайыннарыы
Туох сыаллаах-соруктаах саңарарын-суруйарын чуолкай өйдөөн (тиэмэ, сүрүн санаа), дьон өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтик санаатын сааhылаан, араас тиэкистэри холкутук саңарыы-суруйуу (истэн суруйуу, өйтөн суруйуу, о.д.а.). Тиэкис сүрүн санаатыгар оло5уран, тиэкиhи таба ааттааhын. Тиэкис тиибиттэн көрөн (сэhэргээhин, ойуулааhын, тойоннооhун), тиэкис тутулун тутуhар (киириитэ, сүрүн чааhа, түмүгэ), былаанын оңорор (кылгас, тэнийбит), кэрчик тиэмэлэргэ бытарытыы. Тыл туттуллар уратытын, дэгэтин учуоттаан, сахалыы тутуллаах этиилэри (логичность речи), ойуулуур-дьүhүннүүр ньымалары, тыл баайын (богатство речи) сөпкө туттар (уместность речи).
Үөрэх дьылын бүтүүтэ үөрэнээччигэ ирдэбил:
Саха тылын дор5ооннорун арааhын билэр;
Тылга хас да сыьыарыы эбиллэрин;
Тыл сүhүөхтэрин уонна дор5ооннорун ырытар;
Саңа чааьын туьунан өйдөбүл
Туьаан уонна кэпсиирэ ситимэ биир уонна элбэх ахсааңңа турарын билэр;
Аахпыттан суруйар буолуохтаах.
Темата
Үөрэнээччи үлэтэ
Үөрэтии ньымата
Үөрэх тэрилтэтин идэтийиитэ
Үөрэнээччи билиитигэр ирдэбил
Биирдиилээн
үлэ
Билиини сыаналыыр ньыма
Дьиэ5э
үлэ
ИКТ-ны туһаныы
б
ф
1-2
Киирии эрчиллиилэр
С.3 – 4
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ.
Барбыты хатылааьын, хартыынанан улэ, хоьоон уерэтиитэ
Карт. улэ
ыйытыыларга эппиэт
Өйтөн суруйуу
3-4
Хатылааьын
С. 5 - 7
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Этии ейдебулун хатылааьын, тиэкиьи этиилэргэ араарыы
5-6
Дор5оон
Дор5оон уонна буукуба с. 8 - 9
Истии, толкуйдааhын, дор5оону араарыы, таба суруйуу, бөлөхтөөһүн
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Дор5оону уонна буукубаны араарыы, устуу
истэн диктант суруйуу
7-8
Аьа5ас дор5оон
С. 10 – 11
Устуу, суьуеххэ араарыы, тылы буукубанан уонна дор5оонунан ырытыы
Быьаарыы,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыллары суьуеххэ араарыы, суьуех арааьын ейдееьун, тылларга аьа5ас дор5ооннору була уерэнии
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
+
9-10
Аьа5ас дор5оон
с. 12 – 14
Сааhыланыы, а/д өйдөбүлүн, көрүңнэрин, бөлөхтөрүн чиңэтии
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Схеманан улэлээьин, дифтоннаах тыллары булуу, тылдьыты кытта улэ
Карточканан
улэ
11-12
Хатылааьын
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Карт. Улэ
Сурук улэтэ
13-14
Бутэй дор5оон
с. 15 – 16
Истии, ырытыы, улл, таба суруйуу
Быьаарыы,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Оонньуу «Тыллары уларыт», маарыннаьар бутэй дор5ооннору улла уерэнии
Тылынан ыйытык
+
15-16
Маарыннаьар бутэй дор5ооннор с. 17 - 18
Соруд аа5ыы, суруйуу,
Быьаарыы,
кинигэнэн улэ
Саңаны билии
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Судургу уонна чуолкай, уустук уонна чуолкайа суох бутэй дор5оонноох тыллары тэннээн керуу
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
17
Сэргэстэспит бутэй дор5ооннор с. 19 – 20
Устуу, ребус таайыы, боппуостарга эппиэт
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Бутэй дор5оон сэргэстэьиитин аа5ыы, суруйуу
18-19
Хоьулаьар бутэй дор5ооннор с. 21 – 23
Кеппут дор5оонноох тыллары ситэрэн суруйуу
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Бутэй дор5оон хоьулаьыытын ейдееьун
Карт. улэ
20-21
Бутэй дор5ооннор с. 24 – 25
Истии, ырытыы, талыы, таба суруйуу
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Хатылааьын
22
Сурук улэтэ
Билиини уонна сатабылы суругунан хонтуруол
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Программированнай хонтуруол
23-24
Хатылааьын
Ал5астары кеннеруу, ырытыы
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Сыыьа5а улэ
Карточканан
улэ
25-26
Киирии дор5ооннор уонна буукуба с. 26 – 28
Истии, саңарыы, тэңнээhин, ырытыы, чуолкайдааhын, бөлөхтөөhүн, суруйуу
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Нууччаттан киирбит дор5ооннору таба суруйа уерэнии
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
+
27
Сымна5ас бутэй дор5оонноох тыллар
С. 29 – 30
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Сымна5ас бутэй дор5оонноох тыллары таба суруйуу, аа5ыы
28-30
Нууччалыы суруллар тыллар с. 31 – 34
Истии, саңарыы, тэңнээhин, ырытыы, чуолкайдааhын, бөлөхтөөhүн, суруйуу
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Нууччалыы суруллар тыллары сеаке суруйуу, аа5ыы
Карт. Улэ
31
Сурук улэтэ
Билиини уонна сатабылы суругунан хонтуруол
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Программированнай хонтуруол
32-33
Хатылааьын
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
Карт. Улэ
Сыыьа5а улэ
Карточканан
улэ
34
Тыл
Тыл састааба с. 36 – 37
Тылы састаабынан ырытыы, сыьыарыытын араара уерэнии
Быьаарыы,
кинигэнэн улэ
Тыллары ырытыы, сыьыарыылары тэннээьин
+
35-36
Тыл састааба
Сыьыарыы арааьа
с. 38 – 40
Саңаны билии
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Сыьыарыылары тэннээьин, уларытыы
Тылынан ыйытык
+
37-38
Хатылааьын
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
39
Сурук улэтэ
Билиини уонна сатабылы суругунан хонтуруол
Чиэппэрдээ5и сурук улэтэ
Карточканан
улэ
40-43
Хатылааьын
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
44
Сана чааьа с. 41 – 42
Этии оноруу, тыл таьаарыы, ойуунанн айар улэ
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Тыллары сана чааьынан араарыы
Тылынан ыйытык
45-46
Аат тыл с. 43 – 44
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Саңаны билии
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Ким? Туох? Ыйытыыларга эппиэттиир тыллары булуу, суруйуу
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
+
47
Чопчу предмети кердерер аат тыллар с. 45 – 46
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыллары булуу, суруйуу
Карт. улэ
48-49
Аат тыл арааьа
с. 47 – 48
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Тыллары булуу, суруйуу
50
Идэни кердерер аат тыл с. 49 – 50
Тыллары тэннээн керуу, наардааьын
Карт. улэ
51
Идэни кердерер аат тыл с. 51 – 52
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Тыллары тэннээн керуу
Тылынан ыйытык
52-53
Маарыннаьар суолталаах аат тыллар с. 53 – 54
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыллары тэннээьин
54
Утары суолталаах аат тыллар с. 54
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Тыллары тэннээьин
55
Анал аат с. 55 – 56
Анал ааттары суруйуу
Тылынан ыйытык
56
Паараласпыт аат тыл с. 57 – 58
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Саңаны билии
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыллары булуу, суруйуу
Карт. улэ
57-58
Хатылааьын с. 59 – 61
Барбыты хатылааьын
59
Сурук улэтэ
Билиини уонна сатабылы суругунан хонтуруол
Программированнай хонтуруол
60-61
Хатылааьын
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
Карт. улэ
Сыыьа5а улэ
Карточканан
улэ
62-63
Да5ааьын аат с.62-63
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Ханнык? Хайдах? ыйытыыларга эппиэттиир тыллары булуу, суруйуу
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
+
64
Да5ааьын аат аат тылы кытта ситимнэьиитэ с.63-64
Тыллар ситимнэрин бэлиэтээьин
65
Д.А. + А.Т. с.65-67
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыллар ситимнэрин бэлиэтээьин
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
66-67
Да5ааьын аат аат тылы кытта ситимнэьиитэ с.68-70
Ойуулары тэннээн керуу, тыллар ситимнэрин суруйуу
68-69
Утары суолталаах да5ааьын ааттар с.70-72
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Утары суолталаах да5ааьын ааттары булуу
70-73
Да5ааьын аат аат тылтан сыьыарыы кеметунэн уескуур с.72-76
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыл ситимнэрин булуу, суруйуу
Карт. улэ
74-75
Да5ааьын аат арааьа с.77
Тыллары наардааьын
76
Сурук улэтэ
Билиини уонна сатабылы суругунан хонтуруол
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Чиэппэрдээ5и сурук улэтэ
77-79
Хатылааьын
Ал5астары булуу, ырытыы, көннөрүү, таба суруйа үөрэнии
Карт. улэ
Сыыьа5а улэ
Карточканан
улэ
80-81
Туохтуур с. 78 – 80
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тугу гынар? Хайыыр? Ыйытыыларга эппиэттиир тыллары булуу, суруйуу
Тылынан ыйытык
+
82
Туохтуур терут оло5о с.81-82
Туохтуур терут оло5ун быьаарыы
83-84
Туохтуур аат тылы кытта ситимнэьиитэ с.83-85
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Этиилэри ырытыы, тыллар ситимнэрин булуу, суруйуу
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
85
Кеме туохтуур с.86-87
Кеме туохтуурдары булуу, ырытыы
86-87
Туохтуур бириэмэтэ с.88-89
Туохтууру бириэмэлэринэн наардааьын
88-89
Туохтуур ахсаана с.90-91
Туохтуур ахсаанын быьаарыы
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
90
Туохтуур аат тылтан уескээьинэ с.92-93
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Тыллары быьаарыы
91-92
Паараласпыт туохтуурдар с.94-95
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыллары быьаарыы, суруйуу
Карт. улэ
Тылынан ыйытык
93-94
Маарыннаьар туохтуурдар с.96-98
Тыллары наардааьын
95
Арахсыспат туохтуурдар с.99-100
Тыллары солбуйуу, суруйуу
96
Сурук улэтэ
Билиини уонна сатабылы суругунан хонтуруол
Программированнай хонтуруол
97-100
Хатылааьын
Ал5астары булуу, ырытыы, көннөрүү, таба суруйа үөрэнии
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Барбыты хатылааьын, сыыьа5а улэ
Тылынан ыйытык
Карточканан
улэ
101-102
Этии
Этии араастара с.101-102
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Бэсиэдэ,
кинигэнэн улэ
Этии ейдебулун салгыы барыы
Карт. улэ
+
103
Интонация с.103-104
Этиилэри интонациялаан аа5ыы
104
Соруйар уонна кууьурдуу этии с.105-106
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Этиилэри интонациялаан аа5ыы
Карт. улэ
105-107
Этии тутаах чилиэннэрэ с.107-109
Тутаах чилиэннэри булуу
108-109
Сэрэйиллэр туьааннаах этии с.110-112
Этиилэри араара уерэнии
Тылынан ыйытык
110-113
Хатылааьын с113-116
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
114-116
Этии ойо5ос чилиэннэрэ с.117-119
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Этии ойо5ос чилиэннэрин булуу
Карт. улэ
117
Сурук улэтэ
Билиини уонна сатабылы суругунан хонтуруол
Программированнай хонтуруол
118-120
Хатылааьын с.120-122
Ал5астары булуу, ырытыы, көннөрүү, таба суруйа үөрэнии
121-122
Биир уустаах чилиэннэр с.123-124
Суруйуу, ырытыы,аа5ыы
Быьаарыы,
Кинигэнэн улэ
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Этиигэ биир уустаах чилиэннэри булуу
Карт. улэ
123-124
Биир уустаах чилиэннэр с.125-126
Барбыты хатылааьын
125-127
Тумуктуур эрчиллиилэр с.126-127
Суругунан эппиэт
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Тыллары дор5оонунан ырытыы, суьуеххэ араарыы, сэргэстэспит, хоьуласпыт бутэй дор5ооннору булуу
Тылынан ыйытык
Карточканан
улэ
128
Хатылааһын с.128
Аа5ыы, толкуйдааhын, эппиэтин талыы, бэрэбиэркэлэнии
Суьуех арааьын хатылааьын
129
Хатылааһын с.129-131
Суругунан эппиэт
Тыл терут оло5ун, сыьыарыытын быьаарыы
Тылынан ыйытык
130
Хатылааһын с. 132 - 135
Аа5ыы, толкуйдааhын, эппиэтин талыы, бэрэбиэркэлэнии
Тестовай хонтуруол
Гражданственн-правовой, экономическайпатриотическ
Этиилэри ырытыы
Зачет
131
Хатылааһын с.136-138
Истии, аа5ыы, ырытыы, быhаарыы, суруйуу
Этии арааьын хатылааьын
Тылынан ыйытык
132
Диктант
Истии, ырытыы, талыы, таба суруйуу
Программированнай хонтуруол
Гражданственно-правовой, экономическай, патриотическай
Истибити ырытан таба суруйуу
Сүбэлэhии
Программированнай хонтуруол
133-136
Хатылааһын