Статья И В Мигалкин-народный поэт якутии

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


МБОУ «Чаранская средняя общеобразовательная школа им ВН Мигалкина»

МР «Усть – Алданский улус (район)»

















Иван Мигалкин

о5о суруйааччытын быьыытынан уратыта.









Он,ордо:

Алын суьуех кылаастарын учуутала

Сергучева Нюргустана Алексеевна











С Чаранг

Киириитэ.

Тереебут тылы диринник биллэрии, кини тылыгар иитии - бу тылынан санарар норуот культурата салгыы сайдарыгар, угэстэрин уйэтитэригэр, келуенэ уескууругэр улахан суолталаах.

Тыл кеметунэн олох бары уустук чахчыларын, баай муудараьын дебеннук, судургутук, дирицник итэ5этэр, ейдетер кыах уескуур.

Билицци кэмцэ о5о кинигэни аахпат буолла диэн учуутал да, тереппут да этэр. Онтон саха о5ото сахалыы кинигэни аахпат буолла5ына, норуоппут инникитэ хайдах буолуо5ун тымтыктыммакка да керуеххэ сеп.

Ол иьин биьиги, учууталлар саха норуотун, тыла-еье, муудараьа, ейе-санаата о5о дууьатыгар ицэрин туьугар куускэ улэлэьиэхтээхпит. Ол инниттэн саха суруйааччыларын хомо5ой тыллаах, кыра кылаас о5олоругар судургутук киирэр айымньыларын булан, тереебут тылбыт теттеру телкелемметун туьугар уерэнээччилэрбитигэр булгуччу аахтарыы-мулчуруйбэт иэспит.

Ол иьин маннык соругу туруоруннубут:

  • И.В. Мигалкин оло5ун уерэтии

  • И.В. Мигалкин кыра саастаах о5олорго анаммыт айымньыларын ырытыы.

  • Ситимнээх рекомендательнай испииьэги оцоруу.

Чинчийии объегына алын кылаас о5олоругар уус-уран айымньыны уерэтии процеьа.

Чинчийии предметинэн алын суьуох уерэнээччилэригэр септеех И.В. Мигалкин айымньыларын билиьиннэрии, уерэтии уонна ырытыы методиката буолар.

Саба5алааьын.

Алын суьуех оскуолатыгар аа5ыы уруоктарыгар уонна кылааьы таьынан улэ5э суруйааччы И.В. Мигалкин айымньыларыгар оло5уран, саха о5отун киьи быьыытынан улаатыннарыыга, ийэ5э-а5а5а, чугас дьонугар тапталы ицэриигэ, тылы сайыннарыыга улахан туьаны а5алыан сеп.

Саца суурээн: аа5ыы уруоктарыгар уонна кылааьы таьынан аа5ыыга И.В. Мигалкин айымньыларын табыгастаахтык аттаран киллэрии, ессе ханнык айымньыларын эбии киллэриэххэ себун ырытан баран, ситимнээн аа5ыллыахтаах, уерэтиллиэхтээх айымньылар испиэьэктэрин оцоруу.

Улэ сыала: И.В. Мигалкин оло5ун туьумэхтэрин, саха литературатыгар таьаарыылаахтык улэлиирин, о5о сацарар дьо5ура сайдарыгар, саца аа5ан эрэр о5олор аа5ар дьо5урдара сайдыытыгар, патриотическай иитиигэ анаммыт айымньыларын ырытыы.

Улэ сыала ситиьиллэригэр маннык соруктар туруорулуннулар:

  • Тема5а сеп тубэьэринэн, психологическай, педагогическай, методическай улэлэри кытта билсиьии, аа5ыы, ырытыы.

  • И.В. Мигалкин оло5ун уерэтии, материал хомуйуу.

  • И.В. Мигалкин айымньыларын аа5ан баран ырытыы.

  • Уерэтиигэ септеех айымньылар испииьэктэрин оцоруу.

Чинчийии ньымалара:

- Улэ тематыгар сеп тубэьиннэрэ педагогическай, психологическай, методическай о5о литературатын ырытыы.

  • И.В. Мигалкин айымньыларын уруокка уерэтии, кылаас таьынан аа5ыы.











Иван Васильевич Мигалкин

о5о суруйааччытын быьыытынан уратылара.

Бугуццу о5о интэриэьэ, билиитэ-керуутэ киэц. Киниэхэ аныгы наука,техника саца ситиьиилэриниин ситимнээх, сайдыылаах кэм о5олорун куннээ5и олохторуттан тымырдаах, толкуйдатар урдук билиигэ угуйар суруйуулар наада буоллулар. Билигин норуот ааспыт олоххо сыаналааьыцца, кэлэр кэскилин тустээьиццэ сахалыы керуулэр уескээтилэр. Ол тумугэр урукку кэмцэ урдук сыанабылга сылдьыбыт о5о литературатын сорох айымньылара атын интерпретацияланан та5ыстылар.

О5о5о аналлаах литература иитэр-уерэтэр суолтата баьыйар оруолланыахтаах. Маныаха уьулуччулаах педагог А.С. Макаренко ханнык да айымньылары суруйуох иннинэ, кини иитэр суолтатын чуолкайдыахха, чопчулуохха диэн этиитин ейдеен кэлэрбит наадалаах.

О5о5о анаан суруйуу бэйэтэ туспа уратылардаах. Бугуццу уустук кэм о5отун психологиятын ицэн-тоцон билии, тула еттугэр туох буола турарын кини хара5ынан керуу, дьиэ кэргэццэ иитии уратыларын уерэтии, о5о дууьата туохтан мунчаарарын, айманарын билэ сатааьын, кинилэр эйгэлэрин кэтээн керуу, ейдуу сатааьын о5о суруйааччытыгар булгуччулаах.

Ол иьин бугуццу улэбитигэр аныгылыы керуулээх. Кыра кылаас о5олорун кытта алтыспыт поэт, суруйааччы Иван Васильевич Мигалкин айымньыларын алын суьуех уерэнээччилэрин уерэтиигэ туьаныахха сеп.

Билицци саха литературатын инники куенугэр эрэллээхтик уктэммит суруйааччынан-поэт, журналист, прозаик, о5о суруйааччыта И.В. Мигалкин буолар.

И.Мигалкин бэс ыйын 23 кунугэр 1954 сыллаахха Уус-Алдан улууьугар Хоро нэьилиэгэр уон икки о5олоох учуутал а5алаах, библиотекарь ийэлээх иллээх дьиэ кэргэццэ тереебутэ. О5о сааьын туьунан поэт маннык ахтар:

«О5о эрдэхпиттэн биьиги дьиэ кэргэннэ тереппуттэргэ ытыктабыл, бииргэ тереебуттэргэ истиц сыьыан, хардарыта кеме, улахан аччыгыйы керееьунэ, аьыныгас буебэйдээьинэ итиэннэ ыал о5олоругар утуену оцорууга дьулуьуу, ас астанн, ас астанна5ына онутутаты5ына онутутатына бэрсиьии, кундулээьинна бэрсиьии, кундулээьин баара. Улахаттар хантан эмит ыраатан кэллэхтэринэ, кыра да буоллар, ол оннугар бары ол оннугар барыбытыгар тэн,инэн тиийэр кэьиилээх буолаллара. Холобур биир банка хомпуот, сгущенка, кэмпиэт, бичиэнньэ. 7 уол, 5 кыыс бииргэ утуйан, оонньоон, тэнинэн уруок аа5ан улаатан-тереппуттэрбитигэр элбэх ыараххатары уескэппит буолуохтаахпыт. Танаспытын мээнэ киттиппэт, алдьаппат буоларбыт. Убайым танаьа аччаата5ына, мин кэтиэхтээ5им, онтон миигиттэн бырааттарым. Кимиэхэ эрэ сана танас ылылынна5ына бары уерэрбит. Ийэлээх а5абыт эппит тылы хайаан да толорорго, хаьан да харданы эрэйбэккэ, билэр, билбэт дьоммутугар утуену онорорго такайаллара. Хаьыаты, кинигэни уопсай дор5оонноохтук аа5ыы ыытыллара. Учуутал идэлээх а5ам Василий Николаевич наьаа ыраас, чэнчис этэ. 18 саастаахпар елбутэ. Ийэбит со5отох хаалан баран, биьигини библиотекарь со5отох хамнаьыгар уерэттэрбитэ.»

Кинилэр бииргэ тереебут уон иккилэр:

  1. Кривогорницина Зоя Васильевна - РСФСР бэчээтин туйгуна, улэ ветерана, пенсионерка. Дьокуускай кууоракка олорор. Уола – Захаров Дмитрий Егорович – «Росссельхозбанна» улэлиир. 3 о5олоох.

  2. Мигалкин Василий Васильевич – ХИФУ физика кафедратын доцена, техническай наука кандидата.

  3. Мигалкин Иван Васильевич – пресс-служба ОАО «Якутоптторг» салайааччыта, СР культуратын утуелээх улэьитэ, СР суруйааччыларын союьун председателя.

  4. Мигалкин Михаил Васильевич - стоматолог, СР доруобуйатын уонна культуратын туйгуна.

  5. Мигалкин Александр Васильевич – ОАО «САХАЭнерго» генеральнай директор субэьитэ, ХИФУ тас дойдулар филологияларын уонна регионоведение институтун «Международных исследований» кафедратын сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ

  6. Мигалкин Афанасий Васильевич – ХИФУ «Олонхо» институтун солбуйааччы директора , советник управляющего Якутской Епархии Русской Православной церкви

  7. Мигалкина Мария Васильевна – С Новгородов аатынан «Бичик» национальнай издательствотын художественнай литература редакциятын редактора

  8. Мигалкин Петр Васильевич – идэтинэн печатник, быстах кэмцэ улэтэ суох

  9. Новгородова Екатерина Викторовна – гл специалист фонда социального страхования

Уйбаан бэрт кыра сааьыттан билиэн-керуен ба5алаа5ынан, кинигэни утаппыттыы аа5арынан, учугэйдик уерэнэринэн уратылаа5а. Онон кинини 13 саастаа5ар Бутун союзтаа5ы пионердар уьус слеттарыгар «Артекка» делегат быьыытынан ыыппыттара. Бу 1967 сыллаахха этэ. Ыраах саха сириттэн кэлбит о5о манна аан бастаан араас омугу кербут, биллиилээх артыыстары В.Лановойу, В. Конкины, Л. Савельеваны, бастакы космонавт Ю.Гагарины, Бресткэй кириэппэс геройа П.Гавриловы илэ бэйэлэрин керен, тылларын-естерун истэн, кэрэ мессуеннэрин умнубаттыы ейугэр-санаатыгар хатаан хаалбыта. Манна сылдьан бэл наьаа талааннаах Надя Рушеваны керсубутун, кини улуу Пушкины уруьуйдаабытын се5е-махтайа кербутун кун бугуццээццэ диэри поэт уос номо5о оцостон кэпсиир. Ити курдук «Артек» лаа5ырыгар сылдьан уол дууьата арыллан, билиитэ-керуутэ кэцээн, кэрэ5э дьулуьуута кууьурэн тереебут дойдутугар Боро5оццо эргиллэн кэлбитэ. Дьэ бу кэмтэн ыла киниэхэ айар илбис уьуктубута. Уол хоьоон суруйан холонон керер идэлэммитэ.

Кэлин улахан киьи буолан баран мацнайгы учууталыгар Парасковья Петровна Лугинова5а махталын биллэрэн Москва куоракка куулэйдэппитэ. Кини Уйбааны 1962-1965 сылларга уерэпит. Ити курдук сырдыкка, кэрэ5э сирдээбит дьонугар олус махталлаах киьи буолла5а.

1969 сыллаахха Ваня Мигалкин Муру а5ыс кылаастаах оскуолатын бутэрээт, а5атын туйа5ын хатараары-учуутал идэтин ылаары Булуутээ5и педагогическай училище5а уерэнэ киирбитэ. Уол бу уерэх кырдьа5ас кыьатыгар сылдьан, ордук хоьоон суруйуутунан улуьуйэрэ, элбэхтик аа5ара, нуучча, саха литературатын кытта дирицник билсиьиитэ са5аламмыта.

«1969 сыллааха Булуу педучилищетыгар саца дьоройо улаатан эрэр, сырдык хааннаах, уурбут-туппут керуцнээх, чеп-чекетук уктээн, чэпчэкитик хаамар уолчаан экзаменнары туттарса кэлбитэ уонна стедент буолан, туерт сыл устата уерэммитэ, уерэ5эр олус кыьамньылаах, мэлдьи кинигэ кыбыныылаах, тугу эрэ толкуйдуу сылдьар керуцнээх уолчаан училище общественнай оло5ор кыттыбытынан барбыта,»-диэн суруйар учуутала Т.П.Аммосова-Ахсаана Сонтуой.

Бу училище5а уерэнэр сылларыгар кини «Хаар», «Мурубэр», «Ба5ардым», «Ырыам», «Керебун мин», «Долгун ар5астара», «Мацнайгы хаар», «мацан табам», «Учууталга», «Сахам хомуьа» диэн, баара-суо5а 14-17 саастаа5ар суруйбут хоьооннорун, уран хоьуйууларын аа5ааччы уерэ-кете ылынар. Уерэппит учууталларын Мария Ивановна Захарованы, Татьяна Прокопьевна Аммосованы, Розалия Унегиновна Унегинованы олус истицник ахтар кинилэр айар суол аартыгын арыйан биэрбиттэригэр махтала улахан.

Литературанан улуьуйбут уол, учуутал дипломун ылан баран, Москва5а барбыта. Санаа ымыыта оцостубут А.М. Горькай аатынан литературнай институкка поэзия5а отделениятыгар уерэнэ киирбитэ. Егор Исаев, Сергей Смирнов, Николай Старшинов ыытар семинардарыгар умсугуйан туран дьарыктаммыта. Онно уерэммит сылларын туьунан маннык ахтар:

«1973 сыллаахха А.М. Горькай аатынан Литературнай институт биэс отделениятыгар1439 киьи туттарсыбытыттан кунуску уерэххэ: поэзия5а –14, проза5а 8, критика5а –2, драма5а-1, уус-уран тылбааска-8 киьи ылыллыбыта. Оччолорго аан дойдуга со5отох Литературнай институтунан аа5ыллара. Профессордара оччотоо5у Советскай Союзка урдук уерэххэ анаан тахсар учебниктар автордара уонна биллиилээх суруйааччылар этилэр. Билиццинэн эттэххэ, бу элитнай институкка дьиц чахчы талааннаахтары тумэллэрэ. Теье да соцреализм диэн баарын урдунэн тугу саныыргын суруйа, этиттэрэ уерэтэллэрэ, ханнык да халыыбынан хаайтарбаккар такайаллара. Литературнай инситутка уерэх чааьыгар улэлээбит утуекэн майгылаах Раиса Федоровна Кочерешкина5а, Лидия Васильевна Плодухна5а тыыннаа5ым тухары махтанабын.»

Уерэ5ин бутэрэн дойдутугар-сиригэр кэлэн айымньылаах айар улэнэн наскыччы дьарыктаммыта, араас улэлэргэ улэлээн буьуу-хатыы оскуолатын барбыта: бастаан Муру орто оскуолатыгар саха тылын, литературатын учууталынан улэлээбитэ. Онтон «Эдэр коммунист», «Кыым» хаьыаттар кореспонденнара, Дьокуускайдаа5ы кинигэ издательствотын редактора диэн эппиэттээх, киьиттэн элбэх сыратын-сылбатын, билиитин-керуутун эрэйэр улэлэргэ айымньылаахтык улэлээбитэ.

1987 с ыал буолан, алаьа дьиэ тэриммитэ. Кэргэнэ Зоя Василевна туьунан маннык ахтар: «Кэргэмминээн Урдуккэ – кэрэ5э тардыьыыбытыгар ейбут-санаабыт бииргэтинэн кинигэ уларса сылдьан библиотека5а билсибиппит. Кини ейе – санаата ырааьа, аьыныгаьа миигин умсугуппута. Кини баар буолан мин суруйааччы буолла5ым, аат – суол ылла5ым. Кини билбэт да дьонугар наар утуену оцорор ураты кэрэ айылгылаах. Ус о5ом кун-кубэй ийэтэ, а5а дьолун биллэрбит киьибэр махталым муцура суох. Кэргэмминээн ейдеьуубут, хардарыта бэйэ-бэйэбитин аьынсыыбыт – олох биирдэ бэриллэрин ейдееьун буолар, бачча кылгас олохпутугар Уеруу, Дьол тугэннэрэ элбээтиннэр диэн ейдебуллээхпит.»

Кинилэр ус о5олоохтор: Айталина, Ньургун, Екатерина. уьуен урдук уерэ5и ситиьиилээхтик бутэрбиттэрэ. Олох киэн аартыгар эрчимнээхтик киирэн улэ угэнигэр сылдьаллар.

Иван дьаныьан туран элбэхтик аа5ара, ордук саха суруйааччыларын айымньыларын. Ол туьунан кини бу курдук диэбитэ: «мин о5о сылдьан П.Тулааьынабы, Баал Хабырыыьы туох да наьаа себулээн аа5ар этим. Кэлин Л.Попову, С. Даниловы, П. Тобуруокабы бэйэбэр арыйбытым.» Онтон 22 саастаа5ар 1976 сыллаахха бастакы хоьооннорун хомуурунньугун «Ньургуьуннаах сурук» диэн ааттаан таьааттарбыта. Кинигэ ыраас, сырдык тыынынан, оло5у эдэр киьи хара5ынан сацалыы кэрэхсэбиллээхтик ойуулуурунан уратылаа5а. Манна бааллар аа5ааччыны соьутуох, киниэхэ биьирэтиэх строкалар:

Оло5ум миэнэ- еруу ытыллар тыал,

Сурэ5им тэбиитэ- ерутэ туллэр долгуннар.

Бу хомуурунньукка эдэр автор лирик поэт быьыытынан талаана тахсан эрэрэ биллибитэ. Манна уксэ кини студенныы сылдьан суруйбут хоьоонноро киирбиттэрэ. Онон айымньыларын тематиката эдэр саас араас сырдык иэйиилэрин арыйан кердерерге туьуламмыт этилэр.

До5оруом, умнумаар

Исицник керсуьэр

Уруц тууннэрбитин,

Сардцалыы тэтэркэй уоскуттан

Сыа хаардыы ууллан,

Аан бастаан уураабыппын…

Бу хоьоон мацнайгы сэмэй таптал дириц иэйиилэрин, кецул хоьоон (верлибр) форматынан, сурэхтэн кутуллар сылаас тылларынан наарылаан аа5ааччы сурун-кутун долгутардыы ааспыты, аны эргиллибэти этэн дууьатын кистэлэц утахтарын таарыйар.Бу уонна кэлин таьааттарбыт атын да хоьоонноругар саха поэзиятын чулуу айымньыларыгар тирэ5ирэрэ, саха улахан поэттарыттан мэлдьи уерэнэрэ, айар улэ алыптаах кистэлэцин баьылыырыгар утуе субэьит, кэрэ холобур оцосторун керебут. Холобура: «Сахам кыргыттара» диэн хоьоонугар норуот поэта Семен Данилов сабыдыала биллэн ааьарга дылы:

Биьиги киэн туттуубут,

Биьиги ыллыыр ымыыларбыт,

Ийэлии эйэ5эс,

Дууьалыын ыраас

Сахам кыргыттара-

Ырыам туллуктара.

Бу хоьооццо уонна поэт атын да айымньыларыгар рифмалааьын, суьуех тэцник хатыланыытын курдук кестуулэр а5ыйа5а суохтар.

Иван Мигалкин куустээхтик уонна соьуччутук уобарастаан этэрин поэттар эмиэ бэлиэтии кереллер, норуот поэта Р.Ба5атаайыскай: «Киниэхэ-поэт буолуу сурун уратыта чахчы ицмит киьитэ дии саныыбын,»-диэн суруйбута. Санаатын чицэтэн кини ессе маннык эбэн этэр: «Хоьоону бутуннуутун эбэтэр строфаны олоччутун образтыыры тэцинэн, кэччик этиилэри уобарастаан оцорору эмиэ сатыыр.»

Поэт хоьоонноругар биир сурун уратыта-кини дьахталларга-ийэлэргэ, эдьиийдэргэ, таптыыр кыыска, таптыыр кэргэццэ туьуламмыт еруу сырдык ыраас сыьыана сугуруйуутэ, махтала, таптала буолаллар. Холобура, ийэтигэр анаммыт хоьоонугар хайдахтаах курдук истиц иэйии кутулларый, учугэйгэ, урдуккэ дьулуьуу этиллэрий?!

Ийэккээм, со5отох миигиттэн эрэ

Поэт буола сатыыр уолуц туьуттан-

Теьелеех тууннэри утуйбатыц

Теьете санаар5аан эрэйдэнниц?..



Ере тахсыылар, тацнары туьуулэр…

Угустэ охтуом…

Ол эрэн, кэлин син биир туруом,

Ыллаабыт ырыабын тайахтанан

Онтон кэлицци да хоьоонноругар «Эдьиийдэр ийэ5э тэцнээхтэр», «Москва мааны эмээхситтэригэр ханыылаан», «Тыыннаах сибэкки буолан» уо.д.а. саха дьахталларын, кыргыттарын на5ыл наскыл, сэмэй, утуе бэйэлэрин уус-уран тыл алыптаах кеметунэн арылыччы арыйар.Филосовскай наука доктора К.Д. Уткин-Нуьулгэн суруйар: «Иван Мигалкин хоьооннорун аа5а олордоххуна, поэт сирдээ5и оло5ун устар олуктара амарах айылгыларынан сапсыллаллар. Ийэтэ, кэргэнэ, эдьииийэ, инилэрэ, о5олоро элээн эргииринэн элэцнэьэн ааьаллар.Манна, кини олох дьиц сыаннастарын кимнээх буолалларын аьа5астык, итэ5этиилээхтик бигэргэтэн этэр. Атыннык эттэххэ, Аан дойду кэрэтин тулалыыр айыл5а5а, сирдээ5и олоххо булар.

Бииринэн, автор чугас дьонугар иэьин тапталын биллэрэр. Онтон биьиги билэбит поэт таптала ураты кулум куннээ5ин, уйан угуйар умсул5аннаа5ын Кини ис эйгэтэ еруу баай буолар. Онон иитэн, имитэн таьаарбыта илгэлээх, иэйиилээх буоларын бары билэбит. Иккиьинэн, Олох-Таптал-Дьон ытык ейдебуллэрин туьунан ис санаатын, этэр тылын чугас дьоннорунан холобурдаан ордук итэ5этиилээх оцортуур. Маннык ньыма-аа5аачыга тиийимтиэ форманы булуу, таба тайаныы быьыытынан эмиэ сыаналаныан сеп. Усуьунэн, Киьи-ким эрэ о5ото, убайа, быраата, балта, эдьиийэ буоларын сацалыы санатар,»-диэбитэ туоьулуур.

И.В. Мигалкин мэлдьи тереебут алааьын, бутун Ийэ сир диэн аатырар суду дойдутун куустээхтик таптыыра, лирическэй герой дууьатыгар тыктарыллан кини угус айымньыларыгар биллэн ааьар. Холобура, «Кустуктар куустуннар алааспын» диэн а5а дойду улуу сэриитин кыргыс толоонугар геройдуу охтубут аймахтыы, убайдыы-бырааттыы 29 Мигалкиннар сырдык кэриэстэригэр анаммыт хоьоонноругар лирическэй герой тереебут терут буоругар дириц тапталын истиц иэйиилээхтик этэр строкаларын долгуйбакка эрэ аа5ыахха сатаммат:

Санаабар кууьуохпун ба5ардым

Хатыцнаах чараммын килбиктик-

Санаабар ууруохпун ба5ардым

Тереебут алааспын истицник...

Саас ахсын ньургуьун тыллыа5а-

Ол дыргыл сытыгар ициэ5им,

Мутукча лабаата буоламмын

Алааспын куе5унэн симиэ5им.

О5о суруйааччыта о5о психологиятын, кини-тылын еьун, интэриэьин бэркэ билэр буолуохтаах. Кини суруйуулара тереебут тылы-еьу учугэйдик билэ уерэнэргэ,учугэйгэ, сырдыкка уьуйар аналлаахтар. Араас саастаах о5олорго суруйуу бэйэтэ уратылаах, дириц ис хоьоонноох айар улэ. Холобур, кырачааннарга суруйууга-ойуулуур-дьуьуннуур тыл ча5ыла, хомо5ойо, иитэр-уерэтэр суолтата дьэцкэтэ, ейденумтуетэ эрэйиллэр. Иван Мигалкин «Оьуор ойуу оцоойук» диэн кырачааннарга аналлаах кинигэтэ о5о кутун тутуох, нарын-намчы, имигэс тылынан суруллубут:

Кыьыл кырааскалаах,

Кырасыабай ойуулаах

Таайым бэлэ5э банаар-

Тулэй-хара тууццэ наар

До5ор-атас буолар.

Поэт атын хоьоонугар куоска о5отун туьунан туойан, о5ону чугас до5оругар кыьамньылаах буоларга иитэр:

Куоскам о5ото

Куттаныма,

Кыракый сискин

Токурутума…

Кундулуем

Куегулээн

Туттарбыт

Мундубунан.

Онно топпот

Буоллаххына-

Эбии уут

Кутуо5ум…

Оттон кыра кылаас о5олоругар анаан Ийэ дойдуну итиитик таптыырга ыцырар хоьооно ырыа буолан ылламмыт:

Тереебут Мурубун

Саныыбын еруутун,

Ахтыл5ан ырыатын

Анааммын ыытабын…

Бастакы кылаас уерэнээччитэ, сурукка саца уерэнэн аа5а сатыыр. Ол иьин кини психологиятыгар септеех айымньы наада. Ол иьин уерэтээччи судургу тыллаах айымньылары кердуур. Суруйааччы И.В. Мигалкин Муома оскуолатыгар алын суьуех уерэнээччилэрин уерэппит буолан, бу айымньыларын кинилэргэ септеех, судургу тыллаах, ейденумтуе, тэц темпэлээх гына айар:

Сатыы хааман тиийиэм

Туьа киьи буолуом-

Бэйэм тацныам, суунуом,

Дьоммун онон уердуем.





Багдарыын Сулбэ уу сахалыы сацарар уонна сахабыт тылын уерэтиитинэн утумнаахтык дьарыктанар биир чулуу киьибит. Иван Мигалкины уус-уран тылга уьуйбут киьинэн Багдарыын Сулбэ буоларын биьиги кини «Куобах туутэ ньургуьуннар» диэн кинигэтиттэн билиэхпитин сеп. Бу кинигэ кыра о5олор сацаларын тумэн, быьыыларын- майгыларын кэтээн керен суруллубут. Уйбаан учуутала Багдарыын Сулбэ бу кинигэ туьунан маннык суруйар:

" Иван Мигалкин кыра саастаах о5олорго анаан суруйбут «Куобах туутэ-ньургуьуннар»-диэн кинигэтин аахтым. Автор мин уерэнээччим. Уеэрэннээччибин кинигэтэ кун сырдыгын кербутунэн, ис сурэхпиттэн э5эрдэлиибин. Уерэнээччитэ дьон тэцэ сылдьара, ситиьиилэнэрэ-учуутал дьоло.

И. Мигалкин поэт быьыытынан биллэр…

Ол эрэн, бу быыкаайкаан кинигэттэн мин ордук уердум. Ол оскуола5а киириэн иннинээ5и уонна оскуола5а саца уерэнэн эрэр о5олор сацаларын тумэн, быьыыларын- майгыларын кэтээн керен суруйбутун иьин.

Бу –олус учугэй, кэскиллээх суол. О5олорбут сахалыы тылланан киьи буоллахтарына эрэ ыал буолуох, туругуруох этибит буолла5а дии…

Имнэнэр Баанньа кинигэтин сурун геройа биэстээх Ньургун уонна кини эдьиийэ, иккис кылаас уерэнээччитэ, Айта.

Кинигэни себулээтим. Учугэй да ба5айы, бэргэн да тугэннэр, о5олор барахсаттар образтаан этиилэрэ бааллар.

Ийэтэ о5отугар дьелуьуену уцуо5ун ыл5аан сиэр диир. Онтон о5ото, ер-ер ба5айы бадьыыстаьан баран: «Уцуо5а наьаа элбэх эбит.Этин да булан сиэбэтим,»-диэхтиир.

Тымныы буолан, Ньургуну таьырдьа ер сырытыннарбатахтар. Ону уолчаан: «Бугун таьырдьа наьаа синньигэстик сырыттыбыт дии,»-диир.

Скрипач хара5ын симэ-симэ оонньуурун керен о5о: «Туран эрэн, утуйа сытар дии,»-диэбит. Туран эрэн-сытар! Эрийэн туьэн этии дии, дьэ. Биьиги итинник этиэхпит этэ дуо?

Эбэтэр манныгы аа5ар минньигэьин керуц. О5о киноактриса моонньо уьунун се5ер. Эдьиийэ онуоха дьээбэлээн: «Миэнэ да,уьун дии,»- диир. О5о тугу дьиэбитэ буолуой онно: «Эйиэнэ дуо? Эйиэнэ кып-кылгас уонна оттор мас курдук!»

Бу тыа о5ото куорат о5ото итинник хайдах да диир кыа5а суох.

О5о-олох сиэркилэтэ. О5о до5отторо кэлэллэр. Оонньуу бараары тиэтэтэллэр. Онуоха били киьибит дархаьыйар, уруккута буолбатах. Сонунун кэпсиир: «Истибиккит дуо? Паапабын райкомца конструкторына анаабыттар». Паапата райком улэьитэ буолбут!»

Багдарыын Сулбэ ити курдук айымньытын себулээбит еруттэрин ырыппыт. Кыра о5о мындыр ейун сехпут. Уерэнээччитин нууччалыы араспаанньатын сахалыы тыыннаан «Имнэнэр» диэн ааты ицэрбит.

И.В.Мигалкин олох философиятын тобулар толкуйунан таба ейдеебутэ, сурэ5ин сумэтинэн иьигэр ицэриммитэ-меккуерэ суох.

Тумукпутугэр биьиги литературабыт биир кэскиллээх, олус романтичнай дууьалаах, мэлдьи оло5у эдэр, о5о киьи хара5ынан керер,сырдык, ыраас тыыннаах айымньылардаах Иван Мигалкин туьунан биир идэлээхтэрэ –суруйааччылар эппиттэриттэн а5ыйах холобуру а5алабыт:

«Дьицнээх поэтическай талаан- айыл5аттан дэццэ бэриллэр кестуу. Ол иьин былыргы гректэр поэттары уеьээ айыыттан айдарыылаах дьонунан аа5аллара. Мин Иван Мигалкины дьиц-чахчы оннук поэтынан билинэбин».

Саха республикатын норуодунай поэта

Иван Гоголев.



«Уйан сурэ5ин сылааьынан, истицник уонна о5олуу мичээринэн сырдыктык суруйарын мин себулээтим. Кини айар кэскилэ- иннигэр.»

Саха республикатын норуодунай поэта

Леонид Попов.

« Иван Мигалкин рисует алас своего детства, общается с незапятнанным снегом якутских просторов, гордится интернациональным братством с товарищами по учебе и, как полагается подлинно влюбленному, робеет перед девушкой, а это свидетельствует о любви нежной и настоящей».

Лауреат Государственной премии РСФСР им. М.Горького, поэт.

Сергей Смирнов.





«И. Мигалкины хоьооннорун мацнай аахпытым син ер буолла. Мин саамай себулуурум: кини саца уобараьы, сацалыы этиини, кимиэхэ да маарыннаабат буолууну тохтоло суох кердуу сатааьын».

Саха республикатын норуодунай поэта

Петр Тобуруокап.



« Уус куердэ купсуйдэ5инэ болгуо тимир кытары оргуйар. Уйан тыл уйуьуйда5ына елбет уйэлээх айымньы хааларын итэ5эйэ саныыбын. Уйбаан, олоххун сурукка анаа».

Профессор, РФ культуратын утуелээх улэьитэ,поэт,ученай

Ксенофонт Уткин.



















Туьаныллыбыт литература.

  1. Мигалкин И.В. Сандаар уоттаах куммут. Боро5он 1995. 21с.

  2. Мигалкин И.В. А5ам оттубут оьо5ун сылааьыгар. Дьокуускай. Бичик 2000. 255с.

  3. Мигалкин И.В. Сардааналаах кыысчаан. Якутскай 1985. 35с.

  4. Мигалкин И.В. Москва саха киьитин хара5ынан. Москва 1999 48с.

  5. Мигалкин И.В. Сурэ5ин сылааьын-кэнчээри ыччатыгар. Москва 2000 46сс.

  6. Мигалкин И.В. Тереебут Мурубун саныыбын еруутун. Дьокуускай. Бичик 2000.39с.

  7. Мигалкин И.В. Балык ууну то5о булбутай. Бичик 2002.

  8. Мигалкин И.В. Ньургуьуннаах сурук. Якутск 1976 29с.

  9. Мигалкин И.В. «Куобах туутэ»- ньургуьуннар. Бичик 1995.53с.

  10. Мигалкин И.В. Сурэ5им кистэлэ. Якутск 1992 64с

  11. Мигалкин И.В. Кун тамма5ын ыьыспыт дьыл5алар. Бичик 2000 192с.

  12. Мигалкин И.В. Оьуор-ойуу ооноойук. Бичик 1995.

  13. Мигалкин И.В. Муос мурун керудьуестэрэ. Бичик. 2010с

  14. Мигакин И.В. Кердеех Сэлиичээн. Бичик. 2009с

  15. Васильева Д. Айар илбис аргыстанан. Бичик 2003. 87-99с.

  16. Уткин К.Д. Уйан кут-ыллыыр аналлаах /Чокуур: хомуур. Дь. 2002 111-121с.

/Чолбон-2002 –1- 85-88/

  1. Портнягин И.С. Сулустаах ыллыгынан айан /Учуутал аргыьа 2001-19/9 4с.

  2. Сонтуой А. «Бэлэм буолтан» кынаттанан /Кэскил-1.08.1997 №55-2с.

  3. Васильев А. Хоьоонун быыьа- значок, вымпел/ Кэскил-12.01.1996-4с.

  4. Ба5атаайыскай Р. Уруц санаа поэта/Сахаада 5.10.1995 10с.

  5. Колодезников Н. Кустуктар куустуннар алааспын /сахаада 21.07 1994

  6. Босиков Н. Поэт туьунан санаалар /Кыым 6.10. 1992

  7. Иванов В. Олох диэн таабырын /саха ыала 14.08 2003

  8. Мигалкин И.В. Сайыццы хоьооннор./Кэскил 5. 07 2002

  9. Светлый урожай. О литературе для детей /Данилов С.П. Поющие снега М.1986 76-88с

  10. Захарова А.Е. Якутская детская литература \1923-1980с\ Библиогр.пособие Я. 1981. 150с.

  11. Копырин Н.З.Поэттар о5олорго /Кустук араас ецунэн-Я 1992 106-111с.

  12. Матвеева А.-Айысхаана О5о литературата уйэлэр кирбиилэригэр /Чолбон 2000№4 92-94с.

  13. Андреева М. Якутская детская проза- /Дет.ЛИТ. 1976№8 12-16с./

  14. Окороков Г. Поэзия о маленьких и для маленьких-Дет.лит. 1976 №8 8-10с.

  15. Банк Н. Не исказить картины мира. Заметки о нац. Поэзии для детей, /Дет. Лит.1970 №2 21-25с.

  16. Васильева Д.Е. Саха суруйааччылара-о5олорго.Я1980.125с.

  17. Мигалкин И.В. Иьирэх ахтыл5ан Дь.1997. 24с.,

  18. А. Шапочникова. Олох, таптал, дьол туьунан поэт санаалара. //Далбар хотун/ 2004с №1-2

  19. Н. Громова И Мигалкин: «Дуоьунас – ырбаахы кэриэтэ» //Киин куорат №36/15.09.2011

  20. Светловская Н.Н. Дет. Книга и дет. Чтение./обучение детей чтению/ М. 1999 244с.

  21. Библиографическай справочник . О5о суруйааччылара. Дь. 1982 420с.

  22. Библиографическай справочник. Писатели земли олонхо.- Я. 2000 434с