Торообут тыл уонна тулалыыр эйгэ уруога (интегрированнай уруок)
Кылаас: 2 «а»
Оскуола: Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата
Учуутал: Шапошникова М.Г.
Темата: Торообут дойдум - Саха сирэ.
Тиибэ: айан-уруок.
Сыала:
1.Торообут дойду туьунан билиини кэнэтии
2.Норуот тылынан уус-уран айымньытын туьунан билиилэрин чинэтии
3.Торообут дойдуга тапталы иитии.
Тэрилэ: хартыыналар, карточкалар, проектор,
Хаамыыта:
I.Тэрээьин чааьа.
Чуораанчыкпыт тыаьаата,
Са5аланна… (уруок)
Харахха гимнастика.
II.Уруок тематын быьаарыы, сыалын туруоруу.
- Хоьоонно аа5ыа5ын... Сем.Данилов. Сахам сирэ.
Сахам сирэ, киэн кыраай,…(оголор аа5аллар)
-Туох туьунан хоьоонуй? (Саха сирэ)
-Ол аата, уруокпут темата? …(Саха сирэ).
-Сыала..
III.Хатылааьын
-Ааспыт уруокка биьиги улахан торообут дойдубут Россия туьунан кэпсэппиппит.
-Карта диэн тугуй?(Сири куччатан ойуулааьын…) Бу туох картатай?
Карта5а улэ. Россия. Москва. С-П. Саха сирэ.
IV.Сананы арыйыы
-Ураты уруок- айан-уруок.
Слайд 1. Айаммытыгар тохтобулларга Сахабыт сирин туьунан элбэги билэргэ кыьаныахпыт, торообут тылга билиибитин чинэтиэхпит-(уруок сыала)
-Бугун ханнык чыыьыланый? 27
Муус устар 27 кунэ – биьиги торообут дойдубут- Саха сирин устун айанныыр куммут буолар.
Тэтэрээккэ улэ. Саха сирэ (кэлим тыл)
Слайд 2. Муус устар 27 кунэ (1922с.) - Саха сирэ торуттэммит кунэ.
Муус устар 27 кунэ (1992 с.) - СР конституциятын кунэ.
Айаммытын са5алыыбыт. Бол5омтолоох буолабыт.
1 тохтобул. Саха сирэ – Россия соргото.
Слайд 3. Саха сирэ Россия5а хотугулуу-илин сытар саамай улахан иэннээх (3103, 2 тыЬ.кв.км) республика. Саха сирэ тайаан сытар сиригэр 5 Франция, 10 Италия, 13 Англия (эбэтэр Франция, Австрия, Германия, Италия, Швеция, Англия, Финляндия) государстволара буттуун батыахтарын сеп.
Саха сирэ Москваттан 8тыЬ.468 км ыраах сытар. Дьокуускайтан Москва5а диэри самолетунан 6 чаас кетен тиийэллэр.
Саха Республикатын Государственнай гербэтэ – республика тус уратытын кердерер официальнай символа. Саха Республикатын сана государственнай гербэтэ 1992с. ахсынньы 26 кунугэр бигэргэммитэ.
Саха Республикатын Государственнай былаа5а – республика тус уратытын кердерер официальнай символа. Урун кун – олох орогойо, Халлаан куех – дойду тыйыс айыл5ата. КыЬыл – куус-кудэх, эр санаа, чиэс. От куе5э – эрэл, доруобуйа, эдэр саас бэлиэтэ.
Саха Республикатын Орогойун ырыата - республика тус уратытын кердерер официальнай символа. Ырыа тылларын саха биллиилээх поэттара Савва Тарасов, Михаил Тимофеев, музыкатын композитор Кирилл Герасимов суруйбуттара.
Михаил Ефимович Николаев - Саха Республикатын бастакы Президенэ (1991-2002сс.). Вячеслав Анатольевич Штыров - Саха Республикатын иккис Президенэ. Оттон билигин Саха Республикатын а5а баЬылыга – Егор Афанасьевич Борисов.
Саха Республикатыгар 34 улуус баар. Улуустар киин, ар5ааны, со5уруу, хотугу болохторго арахсаллар. Саха Республикатын саамай улахан иэннээх (318, 1 тыЬ.кв.км.) улууЬа – Олоон. Саамай кыра иэннээх (11,7 тыЬ.кв.км) улуус – Мэнэ-Ханалас.
Саха сиригэр 120 араас омук олорор. НэЬилиэнньэтэ – 950 тыЬ. киЬи.
Саха сиригэр бастакы оскуола 1735с. Дьокуускай куоракка аЬыллыбыта. Саха сиригэр бастакы библиотека 1848с. аЬыллыбыта. Кэбээйигэ 1926 с. Култуура диэн сиргэ начальнай оскуола 1-кы кылааьа аьыллыбыт
Тумук.
2 тохтобул. Саха сирин куораттара.
Саха сирин куораттара: Дьокуускай, Мирнэй, Алдан, Нерюнгри, Томмот, Ленскэй, Верхоянскай, Булуу, Орто Халыма, Олуехумэ, Покровскай, Ньурба.
- То5о бу тыллар улахан буукубаттан суруллубуттарый?
Верхоянскай – республика биир кырдьа5ас (1638с.) куората. Нерюнгри куорат (1975с., сэтинньи 6 кунэ) – республика тимир суолун аартыга.
3 тохтобул. Саха сирин айыл5ата.
Саха сирин айыл5ата ураты…
Саха сирэ аан дойдуга саамай уЬун уонна тымныы кыЬыннаа5ынан биллэр. КыЬынны тымныы орто кердеруутэ 45-50 кыраадыс тымныы.
Дьокуускай куоракка мунутуур тымныы (-64,4 кыраадыс) 1891с. олунньу 5 кунугэр бэлиэтэммит.
Саха сиригэр тиит, бэс, харыйа, хатын, ует уунэр. Тиит мас 260-420 сыл устата уунэр.
Саха сирэ элбэх сиртэн хостонор баайдаах. Алмаас саамай кунду сыаналаах таас. Саха сиригэр алмааЬы аан бастаан Булуу ерускэ 1949 с. атырдьах ыйын 7 кунугэр булбуттара.
Сахабыт сирин тыатыгар барыта 27 араас бултанар кыыл баара биллэр. Киис – саамай кунду туулээх кыыл.
Лена еруЬу бастаан 1623с. промышленник Пантелеймон Пянда этэрээтэ арыйбыта.
Саха сирин ерустэрэ Лена, Яна, Халыма, Индигир, уонна Лена салаалара _ Булуу, Алдан – кэтиттэринэн, уЬуннарынан Россия ар5аа ерустэрин быдан баЬыйаллар.
Саха сиригэр элбэх куел баар. Саамай дирин куел – Сэбээн куелэ (137 метр, Кэбээйи улууЬа)
Ньидьили куел – Саха сирин аатырбыт эмис соболоох куелэ
Сорудах 2
Ньидьили күөл.
Ньидьили күөл – Саха сирин биир саамай улахан күөлэ. Устата 33 км 500 м, туората 6 км, дириҥэ- 7 м. Ньидьили минньигэс, бөдөҥ собонон аатырар.
-Бүтэhик этиини уhул, этии тутаах чилиэннэрин бул.
Тэтэрээккэ улэ.
Саха сиригэр балык 50 керунэ баар. Бил, хатыыс – Саха сирин ерустэрин саамай беден балыктара.
4 тохтобул. Норуот тылынан уус-уран айымньыта-
таабырын;
өс хоhооно;
чабыр5ах;
угэ;
норуот ырыата;
олоҥхо;
норуот остуоруйата.
Олонхо – саха норуотун тылынан айымньытын кылаан чыпчаала. Духуобунай пааматынньыга. 2006с. ЮНЕСКО олонхону киьи аймах чулуу айымньытынан ааттаабыта.
5 тохтобул. Билиигин бэрэбиэркэлэн Тургутук тест.
1. Саха сирин киин куората
А) Мирнэй
Б) Дьокуускай
В) Нерюнгри
2. Саамай сыаналаах, күндү түүлээх кыыл
А) Киис
Б) Саhыл
В) Кырса
3. Саха республикатын Ил Дархана
А) Николаев М.Е.
Б) Штыров В.А.
В) Борисов Е.А.
4. Саха сирин саамай улахан өрүhэ
А) Лена
Б) Бүлүү
В) Алдан
5. Кэбээйи орто оскуолата быйыл хас сааhын бэлиэтиирий?
А) 70
Б) 90
В) 80
6 тохтобул. Мин билэбин!
Этиилэри ситэр:
V. Сыана туруоруу