РАССМОТРЕНО На заседании МО начальных классов: ________/Кириллина Е.П./
«____»__________2016 г.
| СОГЛАСОВАНО Замдиректора по УВР МБОУ ТСОШ ___________/Корякина А.Н./
«____»___________2016 г. | УТВЕРЖДАЮ Директор МОУ ТСОШ: _________/Винокуров А.С./
«___»__________2016 г.
|
МБОУ «Тебюляхская средняя общеобразовательная школа»
РАБОЧАЯ ПРОГРАММА
учебного предмета
«ЛИТЕРАТУРНАЙ ААҔЫЫ»
1 класс
Базовый уровень
Разработана: Кириллиной Е.П.,
учителем начальных классов
высшей квалификационной категории
с. Чумпу-Кытыл
2016
Быhаарыы сурук
Үөрэх предметин өйдөбүлэ
Уус – уран литература оскуолаҕа оҕону кыра сааhыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уhуйар, иитэр – үөрэтэр сүрүн хайысха. Умсугуйан ааҕар оҕо өйө – санаата сайдыылаах, билиилээх – көрүүлээх, олох бүгүҥҥүтүн эрэ буолбакка, бэҕэhээҥҥитин ырыҥалыыр, сарсыҥҥытыгар эрэллээх буолар. Онон, «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин анала – оҕоҕо ааҕар дьоҕуру олохсутуу, ааҕыы бэйэ кыаҕын сайыннарыыга суолталааҕын өйдөтүү.
Оскуолаҕа «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин сыаллара:
ааҕыы уопсай култууратын иҥэрии; ааҕар үөрүйэҕи олохсутуу; саҥа араас көрүҥүн сайыннарыы;
оҕону ааҕыы араас эйгэтигэр сөптөөх научнай литератураны хабан туран киллэрии;
уус – уран айымньыны ааҕыы нөҥүө уйулҕаны хамсатан иэйиини уhугуннарыы, тыл искусствотыгар эстетическэй сыhыаны үөскэтии; айар дьоҕуру сайыннарыы;
ааҕыы нөҥүө сиэр – майгы өрүттэрин олохсутуу; Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култууратыгар убаастабылы иитии;
Сыалы ситиhэргэ маннык соруктар тураллар:
ааҕыы араас ньыматын баhылааhын;
тиэкиhи кытта үлэ сүрүн сатабылларын иҥэрии;
наадалаах литератураны булан туhаныы;
ааҕыыга интэриэhи үөскэтэн, кинигэҕэ тапталы иҥэрии;
айан кэпсиир уонна суруйар үөрүйэхтэри сайыннарыы;
норуот тылынан уонна уус – уран айымньытын духуобунай ис номоҕун нөҥүө иэйиини уhугуннаран, олох араас көстүүтүгэр сиэрдээх сыhыаны үөскэтии;
уус – уран айымньы тылыгар болҕомтолоох буолууну ситиhии;
төрөөбүт уонна араас омук литературатын араара өйдөөн, ол нөҥүө норуоттар доҕордуу сыhыаннарын олохсутуу.
Ытык өйдөбүллэри үөрэх предметин ис хоhоонугар киллэрии
2009 с. ылыныллыбыт «Россия гражданинын личноhын сиэрин – майгытын сайыннарыы уонна иитии концепцията» федеральнай государственнай үөрэх стандартарын методологическай төрүтүнэн буолла.
Концепция Россия гражданинын личноhын иитиигэ, сайыннарыыга 10 сүрүн национальнай ытык өйдөбүлү ыйар. Онно киирэллэр:
Ийэ дойдуга, бэйэ сиригэр – уотугар, норуотугар таптал, бэриниилээх буолуу.
Биир санааланыы, кырдьыктаах быhыы, аhыныгас, амарах сүрэхтээх, чиэстээх, дьоhуннаах буолуу.
Ийэ дойдуга сулууспалааhын, сокуону тутуhуу, бэрээдэктээх буолуу.
Дьиэ кэргэҥҥэ, ыалга тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу. Доруобуйа, уйгулаах олох.
Үлэ, төрүт дьарык. Үлэҕэ ытыктабыл, дьулуур, дьаныар.
Билиини сыаналааhын. Дьиҥ чахчыга дьулуhуу, аан дойду научнай көстүүтэ.
Итэҕэл, духуобунас өйдөбүллэрэ. Өбүгэ үгэhин утума.
Төрөөбүт литература – барҕа баай. Кэрэ, киhи духуобунай эйгэтэ, сиэрдээх быhыы. Олох, олох сиэрэ – майгыта.
Ийэ айылҕа. Ытык сир, харыстанар сир. Сир – планета. Айылҕаҕа харыстабыл.
Сир үрдүгэр эйэ, элбэх омук култуурата, киhи – аймах сайдыыта, норуоттар сибээстэhиилэрэ, сомоҕолоhуулара.
Онон бу ытык өйдөбүллэри «Литературнай ааҕыы» үөрэх предметин ис хоhоонугар уус – уран айымньыга сөҥөн сылдьар норуот историятын, култууратын, олоҕун төрүт үгэhин, сиэрин – майгытын нөҥүө киллэрии көрүллэр.
Үөрэх предметин үөрэтии түмүктэрэ
Ытык өйдөбүллэри үөрэнээччигэ иҥэрии түмүгэ:
киhи сайдыылаах уонна ситиhиилээх буоларыгар төрөөбүт тылынан ааҕыы суолтатын өйдүүр; уус – уран литератураны тылынан искусство ураты көрүҥүн быhыытынан сыаналыыр;
тулалыыр эйгэ туhунан билии – көрүү ааҕыы көмөтүнэн кэҥиирин – дириҥиирин өйдүүр;
Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын ааҕан атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;
үтүөнү – мөкүнү, сырдыгы – хараҥаны арааран, сиэри тутуhуу, амарах, аhыныгас, дьоҥҥо кыhамньылаах майгы үчүгэйгэ тиэрдэрин өйдүүр.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ:
ааҕыы үлэтин араас көрүҥэр сыал – сорук туруорунар, былаанныыр, түмүгүн сабаҕалыыр; үлэтин хонтуруолланар, сыаналана үөрэнэр;
уруокка, уруок таhынан бэриллибит сорудаҕынан араас информационнай эйгэ кыаҕын талар, туhанар;
уус – уран айымньыга мөккүөр төрүөтүн, сайдыытын быhаарар, үөскээбит көстүүлэри, дьон сыhыанын ырытан дакаастыыр;
уус – уран айымньы ис хоhоонун, дьоруойдар араас сыhыаннарын, сүрүн сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика көмөтунэн быhаара, ситимнии, тиhиктии үөрэнэр;
аахпытыгар уонна тус уопутугар олоҕуран, тэҥниир уонна ойуулуур, учебнигынан үлэлиир;
уус – уран айымньыны ырытыы кэмигэр бодороhуу сиэрин тутуhуу, бииргэ үлэлиир кыахтанар;
доҕотторун, төрөппуттэрин, кылаас иннигэр кылгас иhитиннэриини оҥорор;
бэриллибит тиэмэҕэ санаатын сааhылаан айан кэпсиир, суруйар.
Тустаах үөрэх предметин үөрэтии түмүгэ:
ааҕыы сүрүн үөрүйэхтэрин баhылыыр;
айымньы араас көрүҥүн болҕойон истэр;
норуот айымньыта уонна уус – уран литература, төрөөбүт уонна омук литературата диэн араарар;
аахпыт уус – уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна көрүҥүн (жанрын) болҕойор үөрүйэхтээх;
сааhыгар сөп түбэhэр араас көрүҥнээх (уус – уран, үөрэх, научнай – популярнай) тиэкиhи үчүгэйдик өйдүүр, ырытар, туhанар;
кэпсээhин араас көрүҥүн (сиhилии, кылгатан, талан, быhа тардан) билэр; сорудах быhыытынан туhааннаах көрүҥҥэ сөп тубэhиннэрэн кэпсиир;
сөбүлээн аахпыт айымньытын туhунан ааҕааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уhуктубут иэйиитин үллэстэн санаатын суруйар;
сааhыгар сөп түбэhэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын өйдүүр, тоҕоостоох миэстэҕэ кубулуйбат уус – уран быhаарыыны (эпитети), өс хоhоонун, уус – уран ньыма арааhын кэпсииригэр туhанар;
айымньыттан сөбүлээбит кэрчигин талан үөрэтэр, өйтөн хоhоонноохтук ааҕар;
чопчу тиэмэҕэ араас көрүҥнээх суругунан айар улэни толорор.
Үөрэх предметин ис хоhооно
1 – 4 кылаастарга төрөөбүт литератураны үөрэтии маннык ис хоhоонноох буолар:
Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥнэрэ туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туhунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааhылаан быhаарарга; истибит үөрэх, научнай биллэрэр тиэкис, уус – уран айымньы туhунан ыйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Таска сүhүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан ааҕыыга көhөрүгэр, ааҕыы тэтимин түргэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуhа, тиэкистэр ис номохторун өйдүү, ааҕыы көрүҥүн быhаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.
Арааас тиэкиhи кытта үлэ тиэкис өйдөбүлүн, уус – уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быhаарарга, аат биэрэргэ үөрэх, научнай популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус – уран ньыманы туhанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээhин араас көрүҥүн (сиhилии, талан, кылгатан) баhылыырга төрүт уурар.
Библиографическай култуура кинигэ били төрдө буоларын, көрүҥүн, тутулун, тииптэрин (ыйынньык – кинигэ, үөрэх кинигэтэ, уус – уран кинигэ) туhунан биллэрэр.
Саҥарыы диалог, монолог диэн саҥа араас көрүҥэ буоларын биллэрэр, былааннаан саҥарар, уус – уран ньыманы туттар, айымньыны салҕаан, өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуhар култууратын олохсутар.
Сурук суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоhоон уонна тиэкис аата сөп тубэсэhиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быhыыта – майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааhын, сэhэргээhин, толкуйдааhын) уус – уран ньыманы (синоним, антоним, тэҥнээhин) туhанарга, бэриллэр тиэмэҕэ кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.
Оҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирэ, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын, оҕо ааҕар тиэмэлэрин быhаарар.
Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ тиэкистэн уус – уран ньыма көрүҥнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн (уус – уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тыла – өhө, дьайыыта, өйө – санаата) быhаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыhыанын; кэпсээн уонна хоhоон уратытын, айымньы көрүҥүн (жанрын) туhунан биллэрэр.
Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан ааҕарга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэҕэ өйтөн суруйарга, тиэкиhи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээhиннэргэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэhэлиир сайдыы таhымыгар киирэллэр:
- тулалыыр эйгэни билиигэ уус – уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;
- уус – уран литература киhи – аймах ытык өйдөбүллэрин билиhиннэрэр суолтатын иҥэринэр;
- айымньы көрүҥүн быhаарар, дьоруойу ойуулааhыҥҥа ырытыыны, тэҥнээhини туттары сатыыр;
- араас тиэкистэн туhааннаах информацияны ылар;
- ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан үлэлиир.
1 кылаас (66 чаас, ол иһигэр букубаар кэмэ 34 чаас, букубаар кэннинээҕи кэм 32 чаас)
1 кылааска ааҕыы уруога тематическай принципкэ олоҕурар. Тиэмэ ахсын үөрэнээччи онно сыhыаннаах норуот айымньытын, араас суруйаачы кэпсээнин, хоhоонун, тылбаас айымньыны ааҕар. Онон суруйааччыны кытта билсии салгыы кэҥиир, биир тиэмэлээх тус – туспа айымньыны тэҥнээн көрөр кыах баар буолар. Тиэмэ араас өттүттэн арыллан, оҕо билиитэ – көрүүтэ сааhыланарыгар туhалыыр.
Үөрэтэр кинигэ аата.
А.П. Колесова. Букубаар 1 кылаас учебнигар, Саха тыла 1 кылаас учебнигар. Дьокуускай: НКИ «Бичик», 2010c. сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллунна. Саха Республикатын Үөрэҕин министерствота бигэргэппитэ. Литература ааҕыыта. Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова Программа: Саха оскуолата 1 – 4, 2013с. Ааптардар: С.С Семенова,Н.Н.Васильева.
Үөрэтии тутула
Букубаар иннинээҕи кэм (4 нэдиэлэ) Букубаар кэмэ
(12 нэдиэлэ)
Букубаар кэннинээҕи кэм
(2 нэдиэлэ)
Барыта
Сүрүн чааһа
(16 нэдиэлэ)
Барыта
01.09.-23.09.
26.09.-28.12.
12.01.-26.01.
27.01.-24.05.
Литературнай ааҕыы
7 ч
25 ч
4 ч
36 ч
135ч
Саха тыла
10 ч
38 ч
6 ч
54 ч
43ч
Литературнай ааҕыы
30ч
30ч
Барыта
17 ч
63 ч
10 ч
90 ч
75ч
165ч
1 чиэппэр 2 чиэппэр
3 чиэппэр
4 чиэппэр
Барыта
01.09.-02.11.
10.11.-28.12.
12.01.-10.02.
20.02.-22.03.
30.03.-24.05.
Саха тыла
27 ч
21 ч
13 ч
14 ч
24ч
99ч
Литературнай ааҕыы
18 ч
14 ч
9 ч
9 ч
16ч
66ч
Барыта
45 ч
35 ч
45 ч
40ч
165ч
33*2
Кылгатыллыбыт бэлиэтээһиннэр: СТБ – саҥа теманы билиһиннэрии, Ч – чиҥэтии, К – комбинированнай, ББ – билиини бэрэбиэркэлээһин.
КТП ЛИТЕРАТУРНАЙ ААҔЫЫ (букубаар иннинээҕи, букубаар кэминээҕи кэмнэр)
п/п Уруок темата
Чаас ахс
Уруок көрүҥэ
Үлэ көрүҥэ
Үөрэнээччи билиитигэр ирдэбил
Дата проведения
былаан
факт
I чиэппэр – 45 чаас БУКУБААР ИННИНЭЭҔИ КЭМ – 7 чаас
1
Саҥа, сурук- бичик Тыл, тыл ситимэ
1
СТБ
Тыл схематын оҥоруу
Тыл туһунан өйдөбүлү чинэтии. Илиини сурукка бэлэмнээһин.
01.09.
2
Тыл ситимэ
1
СТБ, К
Кэпсэтиһии, сэһэргэһии.
Тыл ситимнэһиитигэр тыл уларыйыытын өйдөтүү.
06.09.
3
Этии схемата Этии тыллартан турара
1
СТБ
Моделынан этиини оҥоруу Этиигэ тыл ахсаанын быһаарыы
Санарар органнары эрчийии. Илиини сурукка бэлэмнээһин.Этии схематын өйдөтүү. Ойуунан этии оҥорорго үөрэтии. Илиини сурукка үөрэтии.
08.09.
4
Тылы сүһүөххэ араарыы
1
СТБ
Тылы сүһүөххэ араарыы
Тылы сөпкө сүһүөхтүүргэ эрчийии
13.09.
5
Кылгас, уһун аһа-ҕас дорҕооннор
1
К
Дорҕооннору сөпкө санаран араара үөрэнии
Кылгас, уһун аһаҕас дорҕооннору арааран истии. Тыл аһаҕас дорҕоон уһаатаҕына, атын суолталаах тыл тахсарын өйдөтүү
15.09.
6
Барбыты чиҥэтии
1
Ч
Сэһэргэһии
Аһаҕас дорҕоон өйдөбүлүн санатыы
20.09.
7
Бүтэй дорҕоон хоһулаһыыта
1
СТБ
Ааҕыы, буочары тупсарыы
Хоһуласпыт бүтэй дорҕоону арааран истэ үөрэнии. Сүөһүөххэ сатаан араара үөрэнии. Сэргэстэспит б/д тыллары кытта тэннээһин.
22.09.
БУКУБААР КЭМЭ – 25 чаас
8
[а], [ы], [у], [о] дорҕооннор
1
СТБ
Беседа.
Кинигэнэн үлэ.
Ааспыты чиҥэтии. [а], [ы], [у], [о] дорҕооннор букваларын билиһиннэрии, суруйуу
27.09.
9
[и], [э], [ү], [ө] дор5ооннор
1
Ч
Сэһэргэһии.
Кэпсэтиһии.
[и], [э], [ү], [ө] дорҕооннор букваларын билиһиннэрии, суруйуу
29.09.
10
Барбыты чинэтии. Тыллары ырытыы
1
Ч
Сэһэргэһии.
Соҕотохтуу үлэ.
Барбыты хатылааһын, чиҥэтии.
04.10.
11
Ситимнээх саҥа
1
К
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Сөпкө саҥарар дьоҕурдарын салгыы сайыннарыы
06.10.
12
[с], [м], [н], [л] дорҕооннор буукубалара
1
СТБ
Сэһэргэһии.
Соҕотохтуу үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
[с], [м], [н], [л] дорҕооннордоох тыллары истии, тыллары ааҕыы, суруйуу.
11.10.
13
[с], [м], [н], [л] дорҕооннор хоһулаһыылара
1
СТБ
Сэһэргэһии.
Соҕотохтуу үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
[с], [м], [н], [л] дорҕооннор хоһулаһыыларын истии, тыллары аа5ыы, суруйуу.
13.10.
14
Ааҕар дьоҕуру сайыннарыы [б], [п] дорҕооннор уонна буукубалар
1
К
Беседа.
Учуутал быһаарыыта.
Сэһэргэһии.
Кэпсэтиһии.
Ааспыты чинэтии. [б], [п] дорҕоонноох тыллары ааҕыы, суруйуу, сатаан араара истэргэ үөрэтии
18.10.
15
[тт] дорҕоон хоһулаһыыта
1
СТБ
Кинигэнэн үлэ
Ыйытыыларга хоруйдааһын.
Хоһуласпыт [тт] дорҕоону истии. Тыллары аа5ыы, суруйуу.
20.10.
16
[г], [к] дорҕоонноох тыллары ааҕыы
1
СТБ
Кинигэнэн үлэ.
Оонньуу.
[г], [к] дорҕоонноох тыллары ааҕыы
25.10.
17
[кк] дорҕоон хоһулаһыыта
1
СТБ
Кинигэнэн үлэ.
Оонньуу.
Хоһуласпыт [кк] дор5оону истии. Тыллары аа5ыы, суруйуу.
27.10.
18
[хх] дорҕоон хоһулаһыыта
1
СТБ
Паранан үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Хоһуласпыт [хх] дорҕоону истии. Тыллары ааҕыы, суруйуу.
01.11.
19
[й] дорҕоонноох тыллар
Ч
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Ааспыты чиҥэтии. [й] дорҕоону истии, суруйуу. Тыллары, сүһүөхтэри ааҕыы.
10.11.
20
[чч] дорҕоон хоһулаһыыта
1
СТБ
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Кэпсэтиһии
Хоһуласпыт [чч] дорҕоону истии. Тыллары ааҕыы, суруйуу.
15.11.
21
Ситимнээх сана
1
К
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Кэпсэтиһии
Дорҕооннор тустарынан билиилэри чинэтии, кэпсиир уонна кэпсэтэр сатабылларын сайыннарыы.
17.11.
22
[һ] дорҕоон уонна буукуба
1
СТБ
Тыл схематын оноруу
Кэпсэтиһии, сэһэргэһии
[һ] дорҕоону буукубаны кытта билиһиннэрии. Текси уонна тыллары аа5ыы суруйуу
22.11.
23
[нн] дорҕоон хоһулаһыыта. Тыллары ааҕыы
1
СТБ
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Кэпсэтиһии
Хоһуласпыт [нн] дорҕоону истии. Тыллары ааҕыы, суруйуу.
24.11.
24
Ааҕар дьоҕуру сайыннарыы
1
Ч
Бөлөҕүнэн үлэ
Тыл схемата. Суруйуу.
Дорҕоону чуолкайдык санаралларын ситиһии.
29.11.
25
Ааҕар дьоҕуру сайыннарыы
1
Ч
Бөлөҕүнэн үлэ
Тыл схемата. Суруйуу.
Дорҕоону чуолкайдык санаралларын ситиһии.
01.12.
26
Киирии дорҕооннор
1
СТБ, К
Бөлөҕүнэн үлэ
Тыл схемата. Суруйуу.
Нууччалыы тылга Й дорҕоон а/д-у кытта ситимин өйдөөн истэр үөрүйэҕи чиҥэтии
06.12.
27
Киирии буукубалаах тыллары суруйуу
1
К
Бөлөҕүнэн үлэ
Тыл схемата. Суруйуу.
Нууччалыы тылга Й дорҕоон а/д-у кытта ситимин өйдөөн истэр үөрүйэҕи чиҥэтии
08.12.
28
Киирии дорҕоонноох тыллары ааҕыы
1
СТБ
Кинигэнэн үлэ
Тэтэрээккэ үлэ
Беседа.
Кэпсэтиһии
Киирии дорҕоонноох тыллары сөпкө ырытыы.
13.12.
29
[в], [ф] дорҕооннор уонна буукубалар
1
СТБ
Беседа.
Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Кэпсэтиһии
[в, ф] дорҕоонору буукубалары кытта билиһиннэрии. Текси уонна тыллары ааҕыы суруйуу
15.12.
30
Сыыһаҕа үлэ.
1
Ч
Тэтэрээккэ үлэ.
Соҕотохтуу үлэ.
Сыыһатын бэйэтэ булан сатаан көннөрөрүн ситиһии.
Ыраастык суруйуу.
20.12.
ддддддддддддддддд31
Ааҕар дьоҕуру сайыннарыы
1
Ч
Кинигэнэн үлэ
Тэтэрээккэ үлэ
Беседа.
Аа5ар дьо5уру сайыннарыы
22.12.
32
Ь, Ъ – бэлиэлэр Тыллары ааҕыы, ырытыы
1
СТБ
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Кэпсэтиһии
Ь, Ъ тыл кэннигэр уонна а/д иннигэр турар түбэлтэлэрин өйдөөн истэ үөрэнии. Ыйытыыга толору эппиэт-тииргэ үөрэтии. Доҕорго истин сыһыаны иитии.
27.12.
Буукубаны дорҕоон арааһынан наардааһын
1
СТБ
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Кэпсэтиһии
Дорҕоону сөпкө саҥарыы
12.01.
БУКУБААР КЭННИНЭЭҔИ КЭМ – 4 чаас
33
П.Тобуруокап „Светофор“ Н.Пестряков „Үрүҥ эһэ“
1
Ч
Беседа. Кинигэнэн үлэ.
Тэтэрээккэ үлэ.
Кэпсэтиһии
Кыра текси үргүлдьү сүhүөхтээн уонна бүтүн тылларынан, сөп түргэннээхтик өйдөөн ааҕар (ортотунан мүнүүтэҕэ 40 – 50 тылы)
Текст ис хоhоонунан ыйытыыга толору эппиэттиир;
Хартыынанан уонна бэйэ уруhуйунан кыра 4-5 этиилээх кэпсээни оҥорор;
Кэпсээни, остуоруйаны, хоhоону өйдөөн истэри уонна ыйытыы көмөтүнэн эбэтэр иллюстрациянан сирдэтэн кэпсиир;
Урут аахпыт уонна саҥа кинигэни тас көрүҥүнэн арааран билэри уонна ааҕыллыбыт айымньы геройдарын ааттыыр.
17.01.
34
Суорун Омоллоон „Ыҥырыа уонна чөкчөҥө “
1
СТБ, Ч
Бөлөҕүнэн үлэ
Тыл схемата. Суруйуу.
19.01.
35
Чаҕылҕан „Чоппуускалар“ М.Горькай „Барабыай оҕото“
1
СТБ,Ч
Пааранан үлэ.
24.01.
36
Барбыты хатылааһын
1
Ч
Кинигэнэн үлэ
Тэтэрээккэ үлэ
Беседа.
Кэпсэтиһии
26.01.
ЛИТЕРАТУРНАЙ ААҔЫЫ уруоктара
№ | Раздел | чаас | Уруок темата уонна ааҕыллар айымньылар | Үлэ ис хоһооно | Үөрэнээччи үлэтин көрүҥэ | Күнэ -дьыла |
Былаан | Факт. |
1 | Айымньы түһүлгэтигэр айан 1ч | 1ч. | Болдьох бэлиэлэр, үөрэх кинигэтин ис хоһооно. Ааптардар үөрэнээччигэ суруктара | Ааҕыы – дирин билии. Билии баар – бараммат баай. | Үөрэх кинигэтин уонна болдьох бэлиэни кытта билсиһэр. | 31.01. |
|
2 | Төрөөбүт Ийэ дойдум 2 ч | 1ч. | М. Тимофеев. Ийэ дойду хантан саҕаланар?.Улуро Адо. Туундарам буобура уорҕатынан. | Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу. Аҕа дойду. | Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сэрэйэр, сабаҕалыыр. Төрөөбүт дойдутун, дьиэ кэргэнин туһунан, төрөөбүт уонна улааппыт дойдутугар иэйиитин, төрөппүттэригэр, бииргэ төрөөбүттэригэр тапталын кэпсиир. Хоһоону ааҕар сорукка сөп түбэһиннэрэн, үөрүүнү, хомолтону тириэрдэр, бэйэ сыһыанын көрдөрөн ааҕар. Аахпыт айымньыларын ис номохторун быһаарар. | 02.02. |
|
3 | 1ч. | Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин | 07.02. |
|
4 | Кинигэ – мин доҕорум.5ч. | 1ч. | Кинигэ, айымньы, суруйааччы-ааптар, ааҕааччы, бибилэтиэкэ | Кинигэ били төрдө. Ийэ тылынан айыллыбыт литература-барҕа баай. | Кинигэ, айымньы, суруйааччы – ааптар, ааҕааччы, бибилэтиэкэ диэн салаа сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр.Кинигэни, үөрэх кинигэтин харыстыыр, киһи олоҕор кинигэ суолтатын өйдүүр.Кинигэ таһа, ойуута, худуоһунньук, айымньы аата диэн араарар. Кинигэ ойууларын ырытар. «Кинигэтэ суох хайдах олоруохпут этэй?” диэн санаа тула кэпсэтиигэ кыттар. Таска биирдии тылынан ааҕыыттан сыыйа искэ ааҕыыга көһөр. Айымньыны хайдах интонациялаахтык ааҕары быһаарар.Оруолунан ааҕар. Ыйытыы көмөтунэн бэйэтэ тиэкис ис хоһоонун кэпсиир. Остуоруйаны тылынан ойуулаан кэпсиир. Сөбүлүүр кинигэтин туһунан сэһэргиир. .Айымньыга сиэр-майгы өрүттэрин быһаарар.Атын киһи этэрин өйдөөн истэр, паараҕа үлэлиир.Уруһуй көмөтүнэн дьоҕус кэпсээни толкуйдуур. | 09.02 |
|
5 | 1ч | Б Тобуруокап. Кинигэ. Суорун Омоллоон. Кинигэ. Кинигэ туһунан таабырыннар | 21.02 |
|
6 | 1ч. | Суорун Омоллоон. Бөрө куйуурдаабыта | 23.02. |
|
7 | 1ч. | Биһиги театрбыт. Самуил Маршак. Үүтээн. | 28.02. |
|
8 | 1ч. | Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин | 02.03. |
|
9 | Норуот тылынан уус-уран айымньыта -5ч. | 1 | Таабырыны айыы. Өс хоһоонугар сиэр-майгы арыллыыта. | Норуот уус уран айымньыларын көрүҥнэрэ. Өс хоһооно- норуот муудараһа. Истэ билэ үөрэнии. Норуот өркөн өйө, ытык тыла-тылынан уус-уран айымньы | Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.Ноуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин ааттыыр, өйдөөбүтүн ыйытар.Өс хоһоонугар сиэр-майгы туһунан этиллиини быһаарар. Интонацияны тутуһан доргуччу ааҕар. Сөбүлээбит өс хоһооннорун өйтөн этэр, ис хоһооннорун ырытар, быһаарар.Таабырыны уонна таайыытын тэҥниир.Таабырыны,өс хоһоону тиэмэнэн бөлөхтүүр.Чабырҕах ааҕыллар уратытын өйдүүр. Норуот тылынан айымньытын кыра көрүҥнэрин таска ааҕар.Айымньыны инсценировкалыыр. | 07.03 |
|
10 | 1ч. | Таабырынна таай | 09.03 |
|
11 | 1ч. | Бүөтүр Тобуруокап. Чабырҕах азбука | 14.03. |
|
12 | 1ч. | Куоска, саһыл уонна бөтүүк. | 16.03. |
|
13 | 1ч. | Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин | 21.03. |
|
14 | Остуоруйалаһыаҕыҥ эрэ 5ч. | 1ч. | Б Тобуруокап. Буукубалар мунньахтара. Саха остуоруйата. Куоҕас суор икки.. Чыычаах уонна күтэр | Уран тыл умсугутар, хомоҕой тыл холбуур. Сахабыт сирэ араас омук, араас култуура алтыһыыта. | Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Остуоруйаны таска ааҕар. Остуоруйаҕа кэпсэтиини оруолунан ааҕар. Остуоруйа арааһа, тыынар-тыыннаах туһунан остуоруйа, остуоруйа дьоруойа, темата, саха уонна араас норуот остуоруйата диэн өйдүүр. Аахпыт остуоруйатын туһунан бэйэ санаатын этэр. Остуоруйа дьоруойдарын тэҥниир. Айымньы дьоруойдарын, майгытын быһаарар, ол хаачыстыбаларын ааттыыр. | 30.03 |
|
15 | 1ч. | Нуучча остуоруйата. Куттал хараҕа улахан (У страха глаза велики). | 04.04 |
|
16 | 1ч. | Дьукээгир остуоруйата. Кутуйах тоҕо кыраный? | 06.04 |
|
17 | 1ч. | Биһиги театрбыт. Лев Толстой. Саһыл уонна куртуйах. | 11.04 |
|
18 | 1ч. | Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин. | 13.04 |
|
19 | Мин дойдум – олоҥхо дойдута.4ч. | 1ч. | Олоҥхо, олоҥхоһут, бухатыыр, бухатыыр ата. Екатерина Чехордуна. Бухатыыр ата. | Уус-уран тыл. Айылҕа. Мал-сал. Олоҥхо өйдөбүлүн , олоҥхоһут диэн кимий билии. | Олонхо ааҕыллар уратытын өйдөөн истэр. Олоҥхо дойдутун туһунан билсэр.Олоҥхоһут диэн ким ааттанарын өйдүүр.Олоҥхо дьоруойдарын саҥалара уратылааҕын билэр, үтүктэн ааҕарга холонор. Аахпыт кэрчик ис хоһоонун өйдүүр.Олоҥхоттон айыы киһитин сиэрин-майгытын иҥэринэр, атын дьону кытта алтыһыытыгар туһанар. | 18.04 |
|
20 | 1ч. | Василий Каратаев. Модун Эр Соҕотох | 20.04 |
|
21 | 1ч. | “Чуораанчык” сурунаал тахсыылара. Олоҥхо дойдутун кистэлэҥнэрэ. | 25.04 |
|
22 | 1ч. | Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин | 27.04 |
|
23 | Айылҕа – барыбыт дьиэбит . 4ч. | 1ч. | Алтыһыы, кэпсэтии, үтүө-мөкү быһыы. Дьүөрэлээн этии. Константин Туйаарыскай. Сааскы саҥалар. | Ийэ айылҕа. Айылҕаҕа харыстабыл. Айылҕаҕа сүгүрүйүү. | Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Тыынар – тыыннаах саҥатын уратытын биэрэн, бэйэ сыһыанын тириэрдэн, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕар. Поэттар айылҕа тыаһын-ууһун тириэрдэр тылларын булар. Айымньы дьоруойдарын уонна кинилэр майгыларын быһаарар. «Таптыыбын бары тыынар тыыннааҕы» диэн тиэмэ ис номоҕун быһаарар. Айылҕаҕа бэйэ сыһыанын кэпсиир. Сэһэргэһэр киһиэхэ болҕомто ууран бэйэтин санаатын этэр, аахпыт айымньы туһунан ыйытыы биэрэр, паараҕа үлэлиир.Тыынар тыыннаахха бэйэ сыһыанын көрдөрөр: таптыыр ытын, куоскатын туһунан кэпсиир. Тиэмэтигэр сөптөөх былакааты , хаһыаты оҥорууга матырыйаалы талар. Ойууларынан айымньыны таҥар. | 02.05 |
|
24 | 1ч. | Александр Николаев. Чыычаах. | 04.05 |
|
25 | 1ч. | Сергей Васильев Тииҥ..? Өксөкүлээх Өлөксөй Куоска. | 09.05 |
|
26 | 1ч. | Егор Макаров Ийэ биэ | 11.05 |
|
27 | Үчүгэй майгыҥ – көтөр кынатыҥ. 5ч. | 1ч | Сиэрдээх быһыы. Доҕордоһуу, хардарыта көмөлөһүү, амарах майгы. Кыраҕа, кыаммакка кыһамньы. Амма Аччыгыйа. Бастакы тоҕо | Сиэрдээх быьыы. Доҕордоьуу, хардарыта көмөлөһүү, амарах майгы. Кыраҕа кыаммакка кыһамньы. | Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр. Айымньыны дорҕоонноохтук ааҕар. Салаа сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр. Айымньы уопсай тиэмэтин, дьоруойдарын быһаарар. Айымньы дьоруойдарын саҥатынан уонна быһыытынан сыаналыыр. Айымньы сүрүн санаатын булан этэр, ис номоҕун арыйар өс хоһоонун булар. Доҕор диэн ким буоларын дьүүллэһэр, дьиҥнээх доҕордоһуу диэни быһаарар. Учугэйи уонна куһаҕаны араарар. Бэйэ уонна атын киһи быһыытын сыаналыыр. Үлэһит-сурэҕэ суох, чиэһинэй-сымыйаччы, аламаҕай-киҥнээх диэн утары суолталаах тыллары тэҥниир, кинилэр суолталарын быһаарар. Доҕордоһуу кыһамньы хардарыта көмөлөһүү амарах быһыы диэн өйдөбүллэр суолталарын ырытыһар, аахпыт кэпсээннэртэн холобурдуур. Кэпсэтэр, киһини хомоппокко эрэ алтыһар. Бэйэ бэйэни өйүүр, көмөлөһөр. Айымньылары тиэмэтинэн, ис хоһоонунан уонна сүрүн санаатынан тэҥниир. | 16.05 |
|
28 | 1ч. | Николай Якутскай. Аҕа уонна ийэ. Лев Толстой. Барыларыттан ордук | 18.05 |
|
29
| 1ч. | Иван Горнай. Мэник оҕо. Петр Одорусов. Эбээ. «Уус-уран айымньыга эн саастыылааҕыҥ» быыстапката | 23.05 |
|
30 | 1ч. | Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин. | 25.05 |
|