Сценарий классного часа по теме Ким буолуохха 2 класс

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Профориентация5а анаммыт кылаас чааьын технологическай картата

Учуутал – Винокурова Анастасия Иннокентьевна

Кылааһа – 2

Кылаас чаас тиэмэтэ – «Ким буолуохха»

Дьарык формата – уопсай, боло5унэн

Туттуллар матырыйаал: проектор, экран, компьютер, сорудахтаах карточкалар, тылдьыт, идэ туьунан мультфильм, о5олор олороллоругар сымна5ас маттар.

Сыаллара:

  • Араас элбэх идэттэн бэйэ сэбулуур идэтин таларга олук ууруу;

  • идэлэр туох суолталаахтарын, туьалаахтарын туьунан эйдэтуу.









Дьарык хаамыыта



Тэрээьин чаас


Дорооболоьор, о5олору дьарыкка бэлэмниир.

Дорооболоьоллор


Тиэмэ5э тахсыы

Дуоска5а сыыппаралары суруйан бэлэмниир

17 18 16 22 6 19 10 33. О5олор бу кистэлэңи таайаннар бүгүн туох туьунан кэпсэтэьэрбитин таьаараллар. О5олор ыарахаттахтарына кыратык кѳмѳлѳһѳр.

Таайбыттарын кэннэ профессия (идэ туьунан кэпсэтиьии барар).

- Профессия бѳрѳбүѳттээтэххэ туох диэн буоларый?

- Идэ диэн тугуй?

- Дьоңңут туох идэлээхтэрий?

- Эьиги идэ5итин талбыккыт дуо?

Бол5ойон олорон кѳрѳллѳр, кистэлэңи таайаллар.



Кистэммит тыл – профессия



Кэпсэтиьэллэр, боппуруоска толору эппиэттииллэр.

Идэ туьунан видео кѳрүү


О5олорго анаммыт «Непоседа Зу» мультигы холбуур.

Билбэттэрин быьаарар.

Бол5ойон олорон короллор.


Тумугэр ырыталлар, билбэт тылларын ыйыталаьаллар

Тылдьытынан улэ

Билбэт тылларын быьаарар. Тылдьытынан хайдах улэлииллэрин кордорор.

Истэллэр. Бэйэлэрэ словарынан улэлииллэр.

Физминутка

Учуутал (дуоска5а суруйар)

Быраас (иьиллиир)

Парикмахер (тарыыр, кырыйар)

Строитель (тутар)

Повар (аьы буккуйар, амсайар)

Экономист (суоттуур)

Столяр (маьы кыьар, устуруустуур)

Художник (уруьуйдуур)

Хореограф (ункуулуур).

Бу идэлэр тугу гыналларын хамнанан кордороллор. Музыка холбонор.

Музыка холбоммутун кэннэ утуктэн ункуулууллэр. Сынньаналлар.

Идэни талыы туьунан бэсиэдэ

Араас элбэх идэ баар. Киьи барыта таптыыр, сэбулуур идэлээх буолар. Ханнык ба5арар киьи кыра эрдэ5иттэн улаатта5ына туох улэьит буолуо5ун саныыр, онно уэрэниэн, улэьит буолуон ба5арар.

- Онтон эьиги идэ5итин талбыккыт дуо?

Истэллэр уонна бэйэлэрин талар идэлэрин туьунан кэпсииллэр.




Боло5унэн улэ

О5олорго карточка тар5атар. Улэ хаамыытын быьаарар.

Дизайнер, продавец, фермер, агроном, библиотекарь, машинист.

Карточкалары ыланнар тыл таьаараллар.

Таьаарбыт тылларын тылдьыкка быьаарыылаарын кордууллэр.

Тумук

Бэйэ санааны этии, бэйэни сыаналаныы.