Методическое пособие по окружающему миру на тему Запрещающие знаки по охране природы (начальные классы)

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...



«Кэбээйи улууhа (оройуона)» МТ
Сиэгэн – Куол орто оскуолата муниципальнай уорэх тэрилтэтэ








Тулалыыр эйгэни харыстааьынна

буойуу бэлиэлэрэ

алын кылаас уорэнээччилэригэр, учууталларга, иитээччилэргэ

методическай комо



5 кылаас уорэнээччилэрэ

Алексеева Аида, Иванова Вика

урдук категориялаах

алын кылаас учуутала,

Солнцева Людмила Евгеньевна



Сиэгэн-Куол боьуолэгэ

2014 сыл

Киириитэ


Киьи бу эйгэ5э уоскээн айыл5а5а улахан хоромньуну а5алар буолбута ыраатта. Ол курдук кини таннар, аьыыр кууьэ кун – туун улаатан иьэриттэн угус элбэх алдьатыыны, олорууну – оьорууну а5алар. Улахан заводтар, фабрикалар салгыны киртитэллэр, транспорт арааьа сири, салгыны, ууну суьурдэр. Элбэх ахсааннаах ойууру кэрдии, урэхтэри, куоллэри уолларан кэбиьии бу айыл5а атын олохтоохторугар улахан алдьатыыны, кээьэниини эрэ буолбакка эстиини – сутууну уоскэтэр.

Киьи ор бириэмэ5э бу онорбут айыыларын билиммэккэ, соптоох сэмэни ылыммакка олорбут. Билинни кэмнэ угус дьон ойо сырдаан, элбэ5и уорэтэн корон баран тулалыыр эйгэбит салгыы эстибэтин, айгыраабатын туьугар угус сырдатар улэни ыытар буолбуттар. Киьиэхэ бэйэтигэр тиийэн кэлбит айыл5абыт угус алдьаныыта, суьуруутэ. Ол курдук урэхтэрбит орустэрбит, куоллэрбит уолан, киртийэн араас элбэх балыктарбыт суттулэр, котор – суурэр уруккутун курдук дэлэгэй буолбатах. Баьаартан умайбыт ойуурбут хас эмэ сууьунэн сыл ууммэккэ, сир аьын биэрбэккэ хара кулунэн, хаппыт маьынан корон тураллар. Айыл5абыт баайа, котордоро – суурэрдэрэ, кыылларын торуо5э а5ыйаан сир урдуттэн сутэр кутталга киирдэ. Киьиэхэ бэйэтигэр да5аны тыынар салгыммыт ыараан, араас ыарыылар элбээннэр бэйэбит сутэр, эстэр кэммит тынаан кэллэ.

Улэ сыала: экология айгыраабатын туьуттан, тулалыыр эйгэни харыстыыр сыалтан, буойуу бэлиэлэрин детсад, алын кылаас о5олоругар кордорор материал толкуйдаан, онорон таьаарыы.

Соруктар:

1. Тулалыыр эйгэни харыстааьын туьунан хоьооннору, кылгас кэпсээннэри тумуу

2. Тулалыыр эйгэни харыстааьынна «Буойуу бэлиэлэрин » толкуйдаан оноруу, уруьуйунан кордоруу.

3. Хас биирдии бэлиэ5э ситуация толкуйдаан, ырытан кордоруу.

Учууталлар, иитээччилэр инники улэлэригэр тирэх буолуо дии саныыбын.










Тулалыыр эйгэни харыстааьынна законнар, бэлиэ куннэр.


  • 2002 сыллаахха «Тулалыыр эйгэни харыстааьын туьунан» 84 статьялаах федеральнай закон ылыллыбыта.

  • Бэс ыйын 5 кунэ – Аан дойдутаа5ы тулалыыр эйгэни харыстааьын кунэ.

  • Муус устар 22 кунэ – Аан дойдутаа5ы Сир кунэ.

  • Бала5ан ыйын 18 кунэ – ойуур улэьиттэрин кунэ.






Бол5ойун,

буойуу

бэлиэлэрэ!


Сулуьуннээх тэллэйдэри алдьатыма! Кинилэр тыа5а туьалыыллар.


[pic]

Сана быган эрэр ачалар, тэллэйдэр улту тэпсиллибэтиннэр диэн маннык бэлиэни онорон таьаардыбыт.


Уону-койууру собулуу кордун да туппутунан барыма. Кэрэни харыстаа!

[pic]




Суолга костор уон койуур арааьа суолу туораан биэрии диэни билбэттэр, онон кинилэргэ биьиги суолбутун туоруоххайын.


Сэрэнин, оо5уй илимэ!


[pic]




Оо5уй илимин ;рэйимэ%, ити кини дьиэтэ буолар. Оо5уй ту*алаах.


С [pic] ибэккини мээнэ ;ргээмэ%!


(г;с сибэккилэр Кы*ыл кинигэ5э киирэн ;ргэнэллэрэ бобуллубуттара. Сибэкки сир симэ5э буоларын умнумуоххайы%!


(;нэн турар ма*ы алдьатыма, лабаатын то*утума.

[pic]



Маннык бэлиэ ;г;с ки*ини ;нэн турар ма*ы, ;нээйини ту*ата суох алдьатарын, кэрдэрин тохтотуо дии саныыбыт. (;нээйи эмиэ ыалдьар эттээ5ин сэрэтэбит.

Y [pic] рэхтэри, к;!ллэри б!5;нэн толорума%.



И*эр, а*ыыр уубутун киртиттэхпитинэ бэйэбит доруобуйабыт м!лт;р, алдьанар. Маннык бэлиэ ;г;с дьону тохтотуо дии саныыбыт.


Чыычаах уйатын алдьатыма%!
Чыычаа5ы харыстаа%.


[pic]


О5олоор, чыычаах уйатыгар чуга*аама%, уйаланар кэмигэр уйгуурдума%, сымыытын илиигитинэн таарыйыма%, о5олорун тыытыма%.


Ойуурга сылдьан улахан ки*итэ суох
уоту оттума%.

[pic]

К;л-к!м!р буолбут сиргэ с;*;нэн сылларга сир а*а, мас ;ммэт. Онон бу бэлиэ ;г;с ки*ини тохтотуо.




Ойуурга бэйэ бодо5ун туттуна сырыт. Улаханнык тыа*аама-уу*аама.


[pic]





Ойуур олохтоохторун аймыа, ууларын уйгуурдуо суохтаахпыт.



Хамсыыр-харамай о5отун дьиэ5эр а5алыма. К!%;л;н бы*ыма.


[pic]



















Кыыл, к!т!р о5ото син биир о5о курдук тулаайахсыйан сотору кэминэн !л!н хаалыа5а.




Тумук

Айыл5аны !йд;р, харыстыыр о5о майгыта сигилитэ, сиэрэ тупсар. Айыл5а би*иги ала*а дьиэбит. Бу к;н сиригэр олорорбутунан Айыл5а5а кыайан т!л!мм!т му%ура суох иэстээхпитин умнубатахпытына эрэ кэскилбит кэ%иэ5э, саргыбыт сайдыа5а.

О5олоор, хаарыаннаах алааспытын, сирбитин-уоппутун, Ийэ айыл5абытын харыстыа5ын. Айыл5а биьигиттэн учугэй сыьыаны куутэрин бары ойдуохтээхпит. Кэлэр кэнчээри ыччаппыт кэрэхсиирин туьугар айыл5абытын коруо5ун истиэ5ин, бэйэбит кыахпыт баарынан комолоьуо5ун.





А*ЫН, ТАПТАА КЭРЭНИ!

Уунэн турар сибэккини

Улубуой эн ургээмэ.

Урумэччи барахсаны

Улуьуйэн ургутумэ.

Хагдарыйбыт кэмигэр

Хатын маьы хамсатыма.

Хаары ыраас эрдэ5инэ

Халтай кэьэн киртитимэ.

Мэлдьи куннуу чэмэлийэн

Аьын, таптаа кэрэни.

Николай Чуор

[pic]







Туьаныллыбыт литература


  1. Алексеева А.П., Васильева К.И. Кэнчээри: Хоьооннор, кэпсээннэр, сценарийдар, ырыалар. – Дьокуускай, «Бичик», 2000.

  2. Винокурова Р. Кыьыл комус таммахтар. – Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2000. – 32 с.

  3. Дадаскинов С. Кыракый эрдэхтэн. Кыра саастаах оскуола о5олоругар хоьооннор, ырыалар. – Дьокуускай, «Бичик», 2002.

  4. Кирова Г.А. Аптаах холбуйачаан. Хоьооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар. – Дьокуускай, «Бичик», 1999.

  5. Никифоров Л.Г., Павлов К.В. Бастакы таьым иккис сылыгар (2 кылаас) «Айыл5а уонна киьи» интегрированнай курсу уорэтиигэ уруоктар тиэмэлэрэ уонна тэнитиллибит ис хоьоонноро. Дьокуускай, 2001.

  6. Молодова Л.П. Игровые экологические занятия с детьми: Учебно-метод. пособие. – Мн.: «Асар» - 1996. – 128 с.: ил.

  7. Плешаков А. А. Как знакомить детей с правилами поведения в природе // Начальная школа. №8. 1988. С.40 – 46.

Сыьыарыы 1

Билгэлэр


- Халдьаайыга ньургуьуннар биир уктан уонтан тахсалыы буола ууннэхтэринэ – он сайын буолар.

- Тэлгэьэ5э ньээм от ара5ас тоботун арыйбытынан корустэ5инэ – бугун арда5ы куутумэ.

- Ардах чугаьаата5ына – ньээм от туутэ урдэххэ да коппот.

- Отон, тэллэй элбэх ууннэ5инэ, тымныы кыьын буолар, оттон сааскыта кураан.

- Ардах туьэригэр уон – курдьэ5э хойдор, оттон кураанна уоьэнэн котор.

- Аьына куускэ сырдыргыыр буолла5ына – оторунэн ардах туспэт.

- Кумаар хойутаан олло5унэ – сылаас, сымна5ас куьун буолар.

- Кымырда5ас улэтигэр тахсыбата5ына – ардах туьэр.

- Ардах чиэрбэтэ почва урдуку аранатыгар та5ыста5ына – ардах туьэр.

- Кумаар хойунна5ына – ардах туьэр.

- Оо5уй о5ус дьиэ5э баар буолбут буолла5ына – учугэйгэ.

- Саас хаар урдугэр турах быта элбэх буолла5ына, аьыналаах сайын буолар.

- Барабыайдар саналара – инэлэрэ а5ыйаата5ына, сотору хаар дуу, самыыр дуу кэлэр.

- Кэ5э быыстала суох тохтообокко эттэ5инэ, кураан куннэр уьуннук тураллар.

- Кэ5э кэлэ5эйдиир буолла5ына, сотору ардыыр.

- Тураах элбэх дьылыгар тиин о5ото элбэх буолар.

- Ымыы чыычаах кыьын ортото тымныы куннэ ириэьини биттэннэ5инэ тэлгэьэ5э кэлэр.

- Кыьын ый дьиэлэннэ5инэ, сотору былыт, хаар кэлэр.



Сыьыарыы 2

Ос хоьоонноро.

  • Торообут айыл5а5ын хара5ын харатын курдук харыстаа.

  • Киьи – айыл5а о5ото, айыл5а – киьи сор5ото.

  • Айыл5а5а куьа5аны онорума – бэйэ5эр тоннон кэлэрин умнума.

  • Салан киьиттэн хара тыа маьа ытыыр.

  • Силиьэ суо мас ууммэт.

  • Кун курдук коно санаалаах, ый курдук ыраас ойдоох.

  • Кун сирэ кунду.

  • Сир быйаннаах, киьи сатабыллаах.

  • Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киьи быстыбат.

  • Котор кынаттаах – которго, киьи – дьолго ананан айыллар.

  • Алдьатар добон – онорор уустук.

  • Айыы сирэ аьа5ас, кун сирэ кондой.

  • Айыы сиригэр айыллыбыт айыыта суох аттаммат.

Сыьыарыы 3

О5олорго хоьооннор.


Чыычаах уйа туттубут.

Биьиги дьиэбит урдугэр

Чыычаах уйа туттубут.

Ону отой тыыппаппыт.

О5олорго эппиппит:

- Улааттыннар, коттуннэр,

Ырыаларын истиэхпит,

Сана ырыа билиэхпит.

Ариан Кондратьев


Хатынчааным

Били куьун олорпут

Хатынчааным тыллыбыт.

Халын хаары уллунэн,

Хата, бэркэ кыстаабыт.


Силис тардан силигилиэ,

Сэбирдэ5э сипсиьиэ.

Чыычаах кэлэн дьиэтийиэ,

Дьикти ырыа дьиэрэйиэ.

Ариан Кондратьев


Сибэккини хайалара?

Сибэккини хайалара

Буобэйдээн ууннэрбитэй?

Сибэккини хайалара

Сып – сылаастык корбутэй?


Сибэккини хайалара

Имэрийэн ылбытай?

Сибэккини хайалара

Ута5ын ханнарбытай?


Билэбин – мин ийэм

Мэлдьи-куруук буобэйдиир.

Сибэккибит ол иьин

Ситэн-тупсан уунэр дии!

Степан Дадаскинов



Котордору корсор ырыа.

Кыталыктар, туруйалар,

Хонор хаастар, кубалар,

Уордээн котон кэллигит,

Уорэн, ыллаан эрэ5ит.

Ону биьи, о5олор,

Олус уорэ коробут,

Сиэри-туому толорон

Сугуруйэн корсобут.

«Уйа туттун, ууьаан», - диэн,

Уруй-айхал туойабыт,

«А5ыйааман, элбээн!» - диэн,

Алыс бэрдин алгыыбыт.

С. Дадаскинов


Айыл5а5а сыьыан

Тус бэйэтин таптыырыттан

Торут соло буолбат муннаах,

Айыл5ата ытыырыттан

Аймаьыйа барбат саннаах.

Ына5ы таьыйартан

Ыа5аьынан уут кэлбэт,

Айыл5аны алдьатартан

Аспыт-уолбут дэлэйбэт.

Кыьыл онноох сардаана

Кытыл аайы тэтэрбэт,

Котор-суурэр айдаана

Кэрии тыа5а куйгуорбэт.

Куьа-хааьа мэлийбит

Куолбут им-дьим ньимийдэ,

Куорэгэйэ куорэйбэт

Куох хонуубут иьийдэ.

Н. Сафонов


Аьын, таптаа кэрэни!

Уунэн турар сибэккини

Улубуой эн ургээмэ.

Урумэччи барахсаны

Улуьуйэн ургутумэ.

Хагдарыйбыт кэмигэр

Хатын маьы хамсатыма.

Хаары ыраас эрдэ5инэ

Халтай кэьэн киртитимэ.

Мэлдьи куннуу чэмэлийэн

Аьын, таптаа кэрэни!

Николай Чуор



















Сыьыарыы 4


Ситуациялар.


  1. О5олор тыа5а походтуу хас да хонукка барбыттар. Тохтуур сирдэригэр тиийэн балааккаларын туруорбуттар. Утуйар миэстэлэрин оностон барбыттар. Уолаттар сытар сирдригэр тэлгэнээри ойууртан талах быста барбыттар. Тугу сыыстылар?

Тыа5а уьун кэмнэ хонуктуу барар буоллахтарына уруллэр матараас

эбэтэр спальнай мешок илдьэ барыллыахтаах.Тыа5а тала5ы кэрдэн

хоромньуну оноруо суохтааххын. Уунээйи эмиэ ыалдьар эттээх.


  1. – Бу урут уот умаппыт сирдэрэ баар эбит, манна костерда оттуохха, - диэбит Алик.

- Ээ, суох манна оттубаппыт, барыахха ол улахан тиит анныгар учугэй миэстэ баар, - диэтилэр кыргыттар. Уолаттар кыргыттар ыйбыт сирдэригэр баран сир кырсын ылан туора бырахтылар.

Тугу сыыстылар?

Кутаа уоту улахан киьитэ суох оттуо суохтаахтар. Костер уматар буоллахха урут умаппыт сирдэригэр уматыллыахтаах. Сана сиргэ уматар буоллахха мас анныгар, таьыгар буолбакка, хаппыт маьа суох аьа5ас сиргэ матан баран учугэйдик умулларыахха наада.


  1. Талахтар быыстарыгар эмискэ Нина чыычаах уйатын кордо. Уйа иьигэр биэс сымыыт сытар эбит. Нина биир сымыыты ытыьыгар ылла, коро туьэн баран, тоттору уйа5а уурда.

Тугу сыыста?

Чыычаах уйатын иннигэр о5олор сыыьа быьыыламмыт тугэннэрэ туохха тириэрдэрин туьунан Н. Сладков эссетигэр учугэйдик кэпсэнэр.

- Биьиги чыычаах хайдах уйаланарын эрэ коруо этибит!

О5олор корбуттэр, онуоха чыычаах куттанан, оностон испит уйатын быра5ан кэбиьэр.

- Биьиги чыычаах уйа иьигэр олорорун коруо этибит!

Ити тугэннэ чыычаах, о5олортон куттанан, сымыыт баттыырын тохтотон кэбиьэр.

- Биьиги уйа5а баар сымыыттар хайдах онноохторун, дьуьуннээхтэрин эрэ коруохпутун ба5арабыт!

О5олор сымыыттары короору гыммыттарыгар, чыычаах айдаан бо5отун туьэрэр. Ол аймал5аны тураах истэр уонна ким да суо5ар кэлэн, чыычаах сымыыттарын сиэн кэбиьэр.

- Биьиги уйа иьигэр чыычаах о5олоро тоьо ахсааннаахтарын эрэ билиэхпитин ба5арабыт.

О5олор бары тарбахтарынан ыйа-ыйа аа5ан бардылар, онуоха чыычаах о5олоро кутталларыттан уйа иьиттэн ыстанан кэбистилэр.

Ол бириэмэ5э чыычаах о5олорун быра5ан баран хаалар. Чыычаах - Биьиги чыычаах о5олорун тутан ылан имэрийэн эрэ коробут.

о5ото барахсан ийэтэ суох хаалла5а ол!

Урут чыычаах уйата элбэх да этэ, билигин биир да5аны уйаны чугаьынан корбоккун!


  1. О5олор окко сатаан коппот чыычаах о5отун корбуттэр. Чугаьынан уйатын кордообуттэр да5аны булбатахтар, ол иьин дьиэлэригэр илдьэ барбыттар. Коро туспуттэрэ иннилэригэр тиин олорор эбит. Биир уол тургэн ба5айытык бейсболкатынан саба тутан ылбыт. «Анны эн мин кыылым буола5ы», - диэн уорэн-котон дьиэтигэр илдьэ барбыт.

Дьиикэй кыыл, котордор о5олорун тутан дьиэ5эр а5алан иитэ сатыыр буолума.

Кинилэр дьиэлэрэ тыа5а, ойуурга баар, киьи дьиэтигэр син биир уорэммэттэр, аьатарга да5аны уустук буолуо. Дьон ииппит кыыллара, котордоро тоттору айыл5а5а тоннон сатаан олохсуйбаттарын умнума.

  1. Уол испиискэ хоруопкатын аргыый арыйан о5олорго кыраьыабай,

нарын ба5айы урумэччини хостоон таьааран кордордо.

(Айыл5а5а кэрэ дьуьуннээх урумэччилэр а5ыйаах эрэллэр. Урумэччилэри тутуу – ол аата кинилэри суох оноруу, урэйии. Урумэччини тутар да буоллаххына испиискэ хаатыгар угума, кынатын тоьутуо, алдьатыа, оччо5уна эйиэхэ да туьата сутуо. Урун дьуьуннээх бадараан, хаппыыста урумэччилэрин эрэ угуьу тутуохха соп.)


  1. О5олор кутааларын тула чочумча олордулар. Онтон Таня эттэ: «То5о эрэ наьаа чуумпу буолла, саатар чыычаахтар ыллаабаттар. Магнитофоммутун холбуохха эрэ».

Айыл5а5а тахсан баран айыл5а бэйэтин кэрэ музыкатын истэр ордук. Котор-суурэр санатын, мас лабаата оргууйдук тыалтан хамсыыр тыаьын, суурук чарылыыр тыаьын истэртэн кэрэ туох кэлиэй!

  1. О5олор дьиэлээрилэр хомунан бардылар. Уолаттар талах анныгар кыракый дьаама хаьан бохторун онно уктулар.

Ойуур – бох то5ор сир буолбатах. Бэйэн кэнниттэн хаалбыт боххун дьиэ5эр илдьэ барыахтааххын, ордук плстмасс, остуокулэ иьиттэри,маллары. Айыл5а итинник маллары бэйэтигэр кыайан инэриммэт. Дьаама5а уган, комон эьиги айыл5а5а оссо улахан буортуну а5ала5ыт.


  1. Вадим кураанах баанканы тутан баран хана гыныа тобулбакка мээнэ хаамыталыы сырытта. Ону корон Кеша: «То5о ити баанканы тута сырыттын ылан урэххэ быра5ан кэбис да буттэ5э ди», - диэтэ.

Иьэр – аьыыр уугутугар, урэххэ да буоллун, куолгэ да буоллун ону-маны быра5ар сыыьа. Урэхтэргэ, куоллэргэ араас балыктар бааллаарын умнуман. Кэлин бэйэ5ит сотуолуу сылдьан атаххытын остуокулэ5э хайа уктуоххутун соп.


  1. Оонньообут-корулээбит, аьаабыт-сиэбит сирдэриттэн хомунан бараары туран Петя арай хатын маска «3 кылаас» диэн суругу коро тустэ.

- Бу ким суруйда? – диэн ыйыталаьа сатаата да, ким да5аны билиммэтэ. Петя быьах ылан ол суругу туостуун ба5астыын то5ута тардан ылла.

Ким тугу сыыста?

Маска суруйбут о5о улахан аньыыны онорбут. Маска кыьан, хайа сотон сурук суруйар диэн аньыы, саамай куьа5ан быьыы. Петя учугэйи оноробун диэн хатын маска оссо улахан сана ыарыыны онордо. Мас туоьун алдьаттахха бу мас уута суурэн, хатан, кууран, олон хаалыан соп.


  1. Куох хонууга куулэйдии сылдьан кыргыттар кэрэ бэйэлээх сибэккилэри корон улаханнык уордулэр. Элбэх сибэккини хомуйан, венок оностон, тоболоругэр кэтэн уордулэр – коттулэр. Сотору сотуолуу киирэ сылдьан ол сибэккилэрин ууга ыытан кэбистилэр.

Араас онноох, кэрэ бэйэлээх хонуу сибэккилэрин туьата суох элбэ5и ургээбэт куолута. А5ыйах кэминэн кини хагдарыйан, олон хаалыа. Сибэкки сир симэ5э, киэргэлэ буоларын умнума. Айыл5а киэргэлин сутэримэ.


  1. Коля талах быьа сылдьан, оо5уй илимигэр тубэьэн, сирэйэ – хара5а, танаьа – саба илим буолла. Ону абааьы корон маска ыйанан турар оо5уй илимин барытын илиитинэн садьыйан туора сотон алдьатан кэбистэ.

Оо5уй илимин алдьатыман! Кини айыл5а5а туьалаах. Туьата суох уону – койууру, бырда5ы, кумаары тутар.


  1. О5олор ойуур устун сасыьа оонньуу сылдьан суолларыгар тубэспит сулуьуннээх тэллэйдэри то5ута тэбиэлээн, кымырда5ас уйаларын урэйэн маьынан то5ута сынньан кэбистилэр.

Сулуьуннээх тэллэйдэри то5ута сынньар сатаммат, кинилэр айыл5а5а туьалаахтар.

Кымырда5ас уйатын урэйэр, алдьатар куьа5ан быьыы. Кымырда5ас туьалаах уон – койуур. Кини айыл5аны ыраастыыр.















Сыьыарыы 5.

Ойуур унсуу кинигэтэ.

1 унсуу.

Саамай кыра мас сыыьа биьиэхэ, эьиги улахан бэрэбинэ маьы соьоргут курдук ыарахан ыйааьыннаах. Хас эмэ сууьунэн тыьыынча оннук мас сыыстарыттан турар, биьиги дьиэлэрбит – муравейниктар.

Эьиги ааьан иьэн атаххытынан тэбэн, урэйэн бара5ыт. Оччо5уна биьиги улэбитин эмиэ санаттан са5алыыбыт. Ол барыта эьиэхэ оонньуу – кор, оттон биьиэхэ сыралаах улэ буолар. Биьиги ытырабыт да5аны, аьыы кииьилэбитинэн да ытабыт, эьиги ону ол диэбэккэ син биир биьиги олохпутун айгырата5ыт.

Дьоннор буоларгыт быьыытынан бука баьаалыста биьиги улэбитин сыаналаан диэн кордоьобут. Биир кыракый мас сыыьа биьиэхэ эьиги улахан бэрэбинэ5ит тэнэ ыйааьыннаах буоларын умнуман!

[pic]









Ойуур кымырда5астара.

2 унсуу.


Хаьан эрэ мин олус да5аны кыраьыабай, кэрэ, силигилээн а5ай турар этим.

Куох оппун улту тэпсэн, талахтарбын быьыталаан, кэрэ нарын сибэккилэрбин ургээн бутэрдилэр, алдьаттылар, суох онордулар.

Уунэн турар аарыма мастарбын оттукка кэрдэн бараатылар. Бэйэбин алдьаммыт баанкаларынан, кирдээх кумаа5ыларынан, араас бохторунэн толордулар.

У [pic] нсэбин! Урут мин кэрэ, баай да5аны хонуу, сыьыы этим. Дьон кэлэн сынньанан, оонньоон-корулээн, хонон – ороон барар сирдэрэ этим. Оттон билигин бох то5ор помуойа сирэ буоллум.



Уруккута силигилээн а5ай турбут куох хонуу.


3 унсуу.


Сорох ийэлэр, а5алар аьыныык дууьалаахтарыттан биьиги сору корон эрэбит. Сана кото уорэнэ сылдьан онно – манна тиийэн олорорбутун, тулалыыр эйгэбитин кытары билсиьэрбитин, санаран чыыбыгыраьарбытын кордулэр да муччу ыьыктыбаттар. Ийэтэ, а5ата суох, тулаайах эрэйдээхтэр дииллэр быьыылаах, онтон биьиги дьоммут ас кордуу барбыттарын кэтэьэн олорорбутун билбэттэр, дьиэлэригэр, о5олоругар илдьэ бараллар. Кыара5ас ба5айы хоруопка иьигэр угаллар, килиэп тоорохойун, араас куруппалары, соро5ор оссо халбаьыыны кытары сиэтэ сатыыллар. Биьиги оннук сыьыантан олорго эрэ бэлэммит.

[pic]












Чыычаах о5олоро.


4 унсуу.


Куоскатаа5ар ынырык, сиэмэх кыыл суох! Кинилэр биьигини, о5олорбутун кытары аьыммаккалар тутан сииллэр. Биьиги буруйбут диэн уйабытын дьон олорор дьиэтин таьыгар туттан кэбиьэбит.

У [pic] нсэбит куоскалары! О5олорбутун сиэн кэбиьэн баран оссо туох да буруйа суох курдук сананан куннэ сыламныы олорор буолаллар. Оттон хаьаайыттара олох да5аны кыьаллыбаттар, биьигини комускэспэттэр. Биьиги дьонно анаан кэрэ ырыаларбытын ыллаан иьитиннэрэбит, о5уруоттарыттан гусеницалары, хомурдуостары, араас уоннэри ылгаан, хомуйан сиибит. Онтон кинилэр иитэр куоскаларын корботтор, буойбаттар.




Барабыайдар, чооруостар, куорэгэйдэр.

5 унсуу.


Чыычаахтар сымыыттарын хомуйар, чыычаахтары олортуур о5олору унсэбит! Ойуурга, тыа5а та5ыстылар да5аны биьигини урэйэллэриттэн соло булбаттар. Уйабытын буллулар да5аны сымыыттарбытын алдьатан кэбиьэллэр. Хас биирдии сымыыт чыычаах буолан тахсарын билбэттэр ду, соруйан гыналлар ду. Ол кэриэтин о5олор уунээйини, хомурдуостары, урумэччилэри, сибэккилэри гербарийга хомуйдуннар, туьалаа5ынан дьарыктанныннар!


Хонуу, ойуур, бадараан чыычаахтара.




















Иьинээ5итэ


Киирии…………………………………………………….......2

Тулалыыр эйгэни харыстааьынна законнар,

бэлиэ куннэр………………………………………………….4

Бол5ойун, буойуу бэлиэлэрэ………………………………...5

Тумук………………………………………………………...16

Туьаныллыбыт литература…………………………………18

Сыьыарыы 1

Сыьыарыы 2

Сыьыарыы 3

Сыьыарыы 4

Сыьыарыы 5