Урок математики на тему: Решение примеров на все случаи табличного умножения и деления

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Шапошникова Матрена Григорьевна, Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолатын урдук категориялаах алын кылаас учуутала.

Контактный тел.: 8 (411) 63 26 415 (дом/тел.)

8 914 279 99 31 (моб/тел.)


Математика уруога (Образовательная программа «Перспектива», авт. Л.Г. Петерсон)

КылааЬа: 2 «а»

Темата: Хатылааьын. Таблицанан тогуллээьин уонна тунэтии бары случайдарыгар холобурдары суоттааьын.

Сыала:

-таблицанан тогуллээьини уонна тунэтиини билиилэрин чинэтии;

-хас да тогул улаатыннарыыга (куччатыыга) задачалары суоттааьынна эрчиллии;

-бол5омтону, толкуйдуур дьо5уру сайыннарыы.


Тэрилэ: проектор, таблицанан тогуллээьиннэ тренажер «С Барби за покупками», тренажер «5000 примеров на сложение и вычитание в пределах 100», задача5а карточка

Уруок хаамыыта:


I.Тэрээьин чааьа.

- Бугунну уруокка бол5ойон олорон, толкуйдаан, бэйэ-бэйэ5э комолоьон эйэлээхтик улэлиэхпит диэн эрэнэбин.

II.Ойго суот.

1. Биллибэт чыыьыланы булун.

Ь

7 х Х = 56

Л

Х х 7 = 14

А

42 : Х = 7

К

7 х Х = 63

С

Х х 7 = 28

А

49 : Х = 7


Ключ:

(Паскаль)

-Паскаль Блез – биллиилээх француз учуонайа. Математика сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит киьи. Ордук физик быьыытынан биллэр. Ол курдук, кини аатынан давлениены кээмэйдиир единица ааттаммыт. Кини математиканан, физиканан эрэ дьарыктамматах, оссо философ уонна суруйааччы эбит. О5о сылдьан математиканы собулуур эбитэ уьу. Ол ба5ата туолбут. Мин эьиги эмиэ математиканы интэриэьиргиир, собулуур о5олор буолуоххутун ба5арабын.

-Математика урогун са5алыыбыт.

2. «С Барби за покупками» тренажер, таблицанан тогуллээьин. (Проекторга)

-О5олор, Паскаль о5о сылдьан оонньуурун собулуурэ. Онтон эЬиги? …Кыргыттарбыт Барбиларын кытта ма5аьыынна куулэйдиэхтэрэ, мал-сал атыылаьыахтара, оското тогуллээьин таблицатын билэр буоллахтарына. Уолаттар комолоьобут. 2-гэ,3-кэ тогуллээьин таблицата.

III.Уруок сыалын туруоруу.

-Ойдоон, ааспыт уруокка биьиги тугу уорэттибит этэй? Бугун тугу кытта улэлиэхпитий?

-Бугун уруокка урут тугу уорэппиппитин чинэтиэхпит. Ону тэнэ таблицанан тогуллээьин уонна тунэтии бары случайдарыгар холобурдары, задачалары суоттуохпут.

IV.Уруок тематынан улэ.

1.Дьайыылары толоруу. О5олор дуоска5а тахсан улэлииллэр.

7 + 5 4 + 8 7 + 9 6 + 8 7 + 8

: 3 - 7 : 4 : 2 : 5

+ 6 х3 + 6 + 3 х 6

: 2 : 5 х 2 х 3 - 10

? А ? Ф ? Н ? А ? У


Ключ:

(Фауна)

2.Задачалары суоттааьын.

- Фауна диэн тугуй? (Хамсыыр харамай эйгэтэ). Билигин фауна5а сыьыаннаах задачалары ойго суоттуохпут.

  • Америка5а эрэ баар эбит бу ураты кыраьыабай кыыл. Кинини хайа хахайа, американскай куоска, хахай, кугуар диэн ааттыыллар эбит. Онтон дьиннээх аата пума диэн. Кини наьаа тургэн, сымса. Пума аьылык кордон 63 км сири барбыт. Кини хас кун аьылык кордообутуй, оското кун аайы 9-туу километры барбыт буолла5ына? (7 кун)

  • Пума от быыьыгар саьа-саьа булдун эккирэтэн испит. Кини 36 метр сири барыахтаах. 27 метр сири барбыт. Булдугар диэри оссо тоьо метр сир хаалбытый? (9 м)

  • Антилопа пума эккирэтэн иьэрин билэн, куоппут. Кини 2 мунуутэ5э 4 км сири суурбут. Антилопа 1 мунуутэ5э тоьо сири суурэр эбитий? (2 км)

  • Кыыьырбыт, аччык пума хонуу кутуйа5ын хороонун булбут, хаспытынан барбыт. Кини 9 сантиметры хаспыт. Ол эрэн кутуйах хорооно хаспытынаа5ар 3 тогул уьун эбит. Кутуйах хороонун уьуна тоьонуй? (27 см)

  • Снежный барс – наьаа улахан, булчут кыыл. Барс маассата хахайтан хас кг-нан чэпчэкиний, оското барс маассата 40 кг, хахай – 200 кг эбит буолла5ына? (160 кг)

  • Боро киэьэ аьылыгар 2 кг эт соп буолар. Кини аччык буолла5ына 5 тогул элбэх эти сиир. Аччык боро тоьо эти сиирий? (10 кг)

  • Эьэ – учугэй булчут. Эьэ балыгы баппа5айынан охсон бултуур. Биирдэ ийэ эьэ о5олорун кытта урэххэ барбыт. Эьэ биир о5ото 18 балыгы, иккиьэ 2 тогул а5ыйах балыгы сиэбит. Эьэ о5олоро барыта хас балыгы сиэбиттэрий? (27 балык)

3. Тэтэрээккэ улэ. Буочарга улэ.

-27-ни 3 тогул куччатын… 9-ьу 1-нэн куччатын. 8 88 чыыьылалары суруйарга уорэниэхпит. Ол иннинэ таабырынна таайын. 5 бырааттыылар бииргэ торообуттэр, ол эрэн унуохтарынан араастар. (Тарбахтар.) Ааттара? Тарбахтарбыт тугу-тугу сатаабатахтара баарай? Суруйаллар, уруьуйдууллар, музыкальнай инструменнарга оонньууллар, баайаллар, иистэнэллэр, сууйаллар, … Оссо кинилэр калькулятор тэнэлэр. Кыра о5олор тарбахтарынан эбэллэр, ко5урэтэллэр. Ону тэнэ тарбахтарбыт тогуллууру сатыыллар. Тарбахтарбытын эрчийэбит.

-Ситэрин: а) 8, 16, 24, … б) 9, 18, 27, …

-Тугу бэлиэтии кордугут?

V.Физкультминутка.

VI.Барбыты хатылааьын.

1.Задача. Куорат циркэтигэр 48 кыыл баар. Ол курдук, 6 эьэ, эьэтээ5эр 5 тогул элбэх эбисийээнэ, онтон атыттара- ыттар. Циркэ5э хас ыт баарый?

48 кыыл

!Эьэ ! Эбис ! Ыт !

6 ?6х5 ?

  1. 6 х 5 = 30 – эбисийээнэ

  2. 30 + 6 = 36 – эьэ, эбисийээнэ

  3. 48 – 36 = 12 – ыт

Эппиэтэ: Циркэ5э 12 ыт баар.

2.Логическай задачалар. Ойго суот.

  • 5 чоппууска хас атахтаа5ый?

  • 3 хаасчаан хас кынаттаа5ый?

  • 8 ньирэй ата5а хаьый?

  • 7 кулунчук кулгаа5а хаьый?

  • 6 сибиинньэ о5ото хас кутуруктаа5ый?

3. Тренажерга улэ. 100 иьинэн эбии, ко5урэтии

VII. Уруогу тумуктээьин.

-Ханнык сорудахха ыарыр5аттыгыт?

-Туох интэриэьинэйи биллигит?

VIII. Дьиэ5э улэ.

-Тогуллээьин, тунэтии таблицата – ойго. Тренажерга улэ.

IХ.Сыана туруоруу.