Рабочая программа по чтению. Литература ааҕыыта 1 класс

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Быhаарыы сурук


1. Киириитэ

Үлэ программата Федеральнай государственнай уерэх стандардыгар (ФГОС), «Россия гражданинын лиичинэhин сиэрин – майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ кэнсиэпсийэтигэр», бастакы суhуех оскуолаҕа ааҕыы уонна толкуйдуур, айар дьоҕуру сайыннарыы былаана «Сахалыы оскуола программата/Литература аа5ыыта. 1 -4 кылаастарга», диэн программаҕа олоҕуран оноhулунна.

Үерэх былаанынан алын суhуех оскуолаҕа «Литература ааҕыыта» предмети уерэтиигэ 2 кылааска 68 ч, 3 кылааска 68 ч, 4 кылааска 68ч (нэдиэлэҕэ 2 ч) керуллэр. Маҥнайгы кылааска ааҕыы уруога үөрэх дьылын иккис аҥаарыгар буукубаар түмүктэммитин кэннэ саҕаланар. 16 нэдиэлэ устата 30-34 чаас былааннанар.


2. Υөрэтии сыала- соруга:

- ааҕыы араас көрунун олохсутуу;

- уус-уран айымньы тиэкиhин кытта улэҕэ оҕо тылын-өhүн сайыннарыы;

- араас көрүннээх информациянан улэлиир үөрүйэхтэри инэрии;

- оҕону уус-уран айымньыга сыhыарыы, айымньыны истэргэ, тылга бол5омтолоох буолууга иитии;

- оҕо тус оло5ун айымньы нөнүө сиэр-майгы сыаннастарынан байытыы;

- оҕо литературатын эйгэтигэр киллэрии; кинигэҕэ интэриэhи, ситимнээхтик ааҕар баҕаны үөскэтии;

- тиэкиhи уонна кинигэни кытта улэлиир үөруйэҕи инэрии, үөрэх уонна научнай – биллэрэр тиэкиhинэн үлэ бастакы үөруйэхтэрин олохсутуу.

Саха тылыгар бастакы суhуех оскуола сурун соруктара манныктар: хоhоонноохтук санарарга, ааҕарга уонна санааны сааhылаан суруйарга үөрэтии; тыл уонна литература туhунан бастакы сведениелары билиhиннэрии; тылга уонна кинигэни ааҕыыга кэрэхсэбили үөскэтии; тулалыыр эйгэ туhунан билиини - көрүүнү кэҥэтии, чуолкайдааhын, сааhылааhын.













3. Тереебут тылы уерэтиигэ туhаныллар уерэх литературата


Учебник

Пособиелар

Методическай пособие

Учебник:

Захарова Л.В. Литература ааҕыыта, 1 кылаас. – Дьокуускай: Бичик, 2013.-128с.

Л.В.Захарова, У.М.Флегонтова «Литература ааӄыыта” 1 кылааска уерэх кинигэтигэр электроннай сыьыарыы (диск)

Захарова Л.В. Литература ааҕыыта: улэлиир программа: 1-4 кылаас. – Дьокуускай: Бичик.


4. Υөрэтэр предмет ис хоhоонун принциптэрэ

Бастакы сүһүөх оскуолаҕа литература ааҕыытыгар үөрэтии маннык принциптэринэн олоҕурар:

- Саҥаны сайыннарыы (бэйэ санаатын этии, ыйытыы биэрии, ыйытыыга эппиэт, кэпсэтиhии, кэпсээhин) сана этикетин кытта быстыспат ситимнээх. Уерэнээччи санарыан иннинэ тугу этиэн баҕарарын толкуйдаан, ырытан, хонтуруолланан, атын киhини болҕойон истэн, кэпсэтэр киhитигэр убаастабыллаахтык сыhыаннаhан иитиллэрэ эрэйиллэр.

- Тиэкиhи кытта улэ керуҥнэригэр (ойуулуур, ырытар, кэпсиир).

- Уус уран айымньыга кэрэ уонна сиэр-майгы иитиллиитигэр улэ.

- Аа5ыы культуратыгар.

Литература ааҕыыта уус-уран эстетическэй, ей-санаа, майгы-сигили хайысхалаах буолан, аа5ыы кэмпитиэнсийэтин байытар, кэҥэтэр.


5.Уус-уран тиэкис эйгэтигэр киллэрии ньымалара.

Уус-уран тиэкиґи ааҕыах иннинэ үөрэнээччини айымньы эйгэтигэр киллэрэр соруктаахпыт. Онно бу аллараа этиллэр ньымалары уруокка туґанар көдьүүстээх.

Өйгө-санааҕа, сүрэххэ баары уһугуннарыы. Бу оҕо өйүн, уйулҕатын ис сүүрээннэрин кытта үлэ. Тиэкис сүрүн санаатын, ис хоһоонун оҕо эйгэтигэр, иэйиитин киэлитигэр киллэрэр сорук турар. Тиэкиһи кытта үлэнэн оҕо айымньыны билсиһэр, ааҕыах иннинэ интэриэһин тардар.

Холобур:

-тиэкис аатынан ис хоһоонун сабаҕалыыллар;

-тиэкис аатын бэриллэр ойууну кытта ситимнииллэр, тэҥнииллэр, туох туһунан буолуоҕун сабаҕалыыллар;

-тыллар суолталарын быһаараллар, тылга болҕомтолоох буоларга үөрэнэллэр.

Бэсиэдэ кэмигэр оҕо бэйэтэ билбэтинэн ааптары кытта кэпсэтиигэ киирэр, санаа атастаһар. Бу ньыма оҕо өйүгэр, сүрэҕэр баар санаалары, иэйиилэри уһугуннарар, айымньыга чугаһатар. Санаа уһугуннаҕына, айымньыны ааҕыыга сөптөөх эйгэ үөскүүр.

Күлүүс тыл ньымата. Айымньыга оҕо иэйиитин уһугуннарар, кэпсэтиигэ киллэрэр күлүүс“ буолар тылы, тыллары булуохха сөп. Күлүүс тылы сөпкө туһаннахха, үөрэнээччилэр өйдөрө-санаалара уһуктар, кэпсэтиигэ улгумнук кытталлар.

Сонурҕатыы. Сонурҕааһын, иэйии уһуктуута, биллэн турар, киһиэхэ бэйэтигэр сыһыаран, туһаайан толкуйдатар эйгэни үөскэттэххэ эрэ үөскүүр.

Уруһуйу, суругунан үлэни туһаныы. Маннык үлэҕэ оҕолор көхтөөхтүк кытталлар. Тугу билбиттэрин-көрбүттэрин суруйбут, уруһуйдаабыт буолаллар. Маннык µлэлэргэ алҕастарга улахан болҕомтону ууруллубат. Биһиги сыалбыт- оҕо өйүн-иэйиитин ааҕыллыахтаах айымньыга чугаһатыы.


6. Υөрэх предметин үөрэтии түмүгэ


Ытык ейдебуллэри уерэнээччигэ инэрии тумугэ

1. Тереебут дойдунан, дойду историятынан уонна норуоттарынан киэн туттуу санаатын олохсутар.

2. Атын омук историятыгар уонна культуратыгар убаастабыллаахтык сыhыаннаhар.

3. Уерэнэр баҕаны, бэйэни сайыннарар.

4. Сиэрдээх быhыыны, атын дьонно амарах сыhыаны сайыннарар.

5. Бииргэ улэлиир сатабылы сайыннарар.

6. Утуе сыhыаннаах бодоруhууну инэрэр.

Уөрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ

1. Араас тиэкиhи ис хоhоонноохтук ааҕар, учугэйдик толкуйдаан санарар, тылынан уонна суругунан тиэкиhи онорор.

2. Сорудаҕы толорорго сана араас керуҥнэрин, ньымаларын баhылыыр.

3. Сэhэргэhэр киhитин бол5ойон истэр, кэпсэтэргэ бэлэм, кэпсэтиигэ араас санаа уөскуурун өйдуур, бэйэ санаатын тиэрдэргэ кыhаллар, дакаастыы сатыыр.

4. Тэҥниир, ырытар, тумэр, тумуктуур, наардыыр, маарынныыры, хардарыта сибээhи, төруөту булар, хайа баҕарар тиэмэҕэ кэпсэтиигэ кыттар.


Тустаах уерэх предметин үөрэтии тумугэ

1. Кинигэ – киhи-аймах культуратын ураты сыаннаhа буоларын өйдөөн, сиэрдээх сыhыаны олохсутар.

2. Саха сирин уонна Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын уус уран литератураларын духовнай уонна сиэргэ-майгыга сыаннастарын өйдуур.

3. Ааҕыы суолтатын, араас көруннээх тиэкис (билиhиннэрэр, уерэтэр, талар, кердуур, чинчийэр) уратытын уонна ис хоhоонун өйдуур, дьүүллэhиитигэр кыттар, герой араас быhыытын-майгытын сиэр-майгы өттунэн ырытар, сыаналыыр.

4. Таска уонна искэ ааҕыы техникатын баhылааhын, аахпыты араастаан уларытыы, уус-уран, научнай-популярнай уонна уөрэтэр тиэкистэри ырытарга судургу литературоведческэй өйдөбуллэри туhаныы салгыы ааҕааччы тылын-өhун сайдыытыгар суолталааҕын өйдүүр.

5. Бэйэ ааҕарыгар сөптөөх кинигэни талары сатыыр, тиэмэнэн, алфавитынан каталогтары уонна субэлиир испииhэги туhанар, бэйэ ситиhиитин, кыаҕын сыаналанар, тупсарынар, эбии дьарыктанарга, информация хомуйарга ыйар-кэрдэр матырыйаалынан таба туhанар.


7. Υөрэнээччи начальнай кылааhы бутэрэригэр ситиhэр үөруйэҕин уонна сатабылын сурун керуҥэр киирэр:

1. Тылы байытыы, этиини оноруу.

2. Ааҕыы, интонацияны тутуhуу.

3. Аахпыт тексинэн улэ.

4. Кылаас таhынан ааҕыы.

5. Ситимнээн саҥарыы, айар дьоҕуру сайыннарыы.

6. Таба суруйуу, буочары тупсарыы.

Аа5ыы кээмэйэ


1 мун аа5ар тыл ахсаана

өйтөн ааҕар айымньы ахсаана

Кылаас таhыгар ааҕар кинигэ ахсаана

1 кылаас

2 кылаас

3 кылаас

4 кылаас

25 - 40

40 - 60

60 - 80

80 - 100

9 - 10

8 - 9

7 - 8

6 - 7

5 - 7

10 - 15

15 - 20

20 - 30



8. Υөрэтиигэ кыттааччылар

  • саастара (6-7),

  • уерэнээччи ахсаана (11)


Кылааска оҕолор бары тылы ситимнээн ааҕаллар. Хоhоону ааҕыыга сорудахха бары өйгө үөрэтэн ааҕаллар.



9. Үөрэх былааныгар үөрэх предметин миэстэтэ

Үөрэх былаанынан алын сүһүөх оскуолаҕа литературнай ааҕыыны үөрэтиигэ барыта 238 ч көрүллэр. Ол иһигэр:

1 кылааска — 34 чаас;

2 кылааска — 68 чаас;

3 кылааска — 68 чаас;

4 кылааска — 68 чаас.

10. Үөрэх предметин ис хоһооно

1—4 кылааска тѳрөөбүт литератураны үөрэтии маннык ис хоһоонноох буолар:

Саҥарыы уонна ааҕыы үлэтин көрүҥнэрэ туора саҥаны истэргэ, ылынарга; истибит айымньы туһунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, сааһылаан быһаарарга; истибит үөрэх, научнай-биллэрэр тиэкис, уус-уран айымньы туһунан ыйытыы биэрэргэ үөрэтэр. Таска сүһүөхтээн ааҕыыттан сыыйа бүтүн тылынан ааҕыыга көһөрүгэр, ааҕыы тэтимин түргэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуһа, тиэкистэр ис номохторун өйдүү, ааҕыы көрүҥүн быһаара үөрэнэригэр билиини биэрэр.

Араас тиэкиһи кытта үлэ тиэкис өйдөбүлүн, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сүрүн санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быһаарарга, аат биэрэргэ, үөрэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга үөрэтэр; уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын оҕо этэрин сатаан истэ үөрэнэргэ олук уурар; уус-уран ньыманы туһанан айымньы дьоруойун ойуулуурга, кэпсээһин араас көрүҥүн (сиһилии, талан, кылгатан) баһылыырга төрүт уурар.

Библиографическай култуура кинигэ билии төрдө буоларын, крүҥүн, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, үөрэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туһунан биллэрэр.

Саҥарыы диалог, монолог диэн саҥа араас көрүҥэ буоларын биллэрэр, былааннаан саҥарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны салҕаан, өйтөн этэр дьоҕуру, кэпсэтии сиэрин тутуһар култуураны олохсутар.

Сурук суругунан саҥа литературнай нуорматын, ис хоһоон уонна тиэкис аата сөп түбэсиһиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, дьоруой быһыыта-майгыта), тэттик өйтөн суруйууга (ойуулааһын, сэһэргээһин, толкуйдааһын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэҥнээһин) туһанарга, бэриллэр тиэмэҕэ кэпсээн, сыанабыл оҥорорго үөрэтэр.

Оҕо ааҕар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар оҕо литературатыгар классическай айымньыларын, оҕо ааҕар тиэмэлэрин быһаарар.

Литературнай өйдөбүллэринэн үлэ тиэкистэн уус-уран ньыма көрүҥнэрин булууга; литература өйдөбүллэринэн (уус-уран айымньы, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ, дьоруой) сирдэтинэргэ; айымньы дьоруойун (мэтириэтэ, тылаһө, дьайыыта, өйө-санаата) быһаарарга үөрэтэр; ааптар дьоруойга сыһыанын; кэпсээн уонна хоһоон тылын уратытын, айымньы көрүҥүн (жанр) туһунан биллэрэр.

Үөрэнээччи айар үлэтэ оруолунан ааҕарга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэҕэ өйтөн суруйарга, тиэкиһи инсценировкалыырга, айар үлэтинэн араас тэрээһиҥҥэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.

Үөрэтии түмүгэр салгыы үөрэнэргэ бэлэм буолууну кэрэһэлиир сайдыы таһымыгар киирэллэр:

тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны ааҕыы суолтатын өйдүүр;

уус-уран литература киһи аймах ытык өйдөбүллэрин билиһиннэрэр суолтатын иҥэринэр;

айымньы көрүҥүн быһаарар, дьоруойу ойуулааһыҥҥа ырытыыны, тэҥнээһини туттары сатыыр;

араас тиэкистэн туһааннаах информацияны ылар;

ыйынньыгынан, энциклопедиянан, о.д.а. матырыйаалларынан сатаан үлэлиир.

Маҥнайгы кылааска учуутал кэпсиир дьоҕуру сайыннарыахтаах. Маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ истибитин, аахпытын быһыта-орута да буоллар кэпсиир, ыйытыыларга сөпкө эппиэттиир эрээри, бэйэтин санаатын өссө кыайан сааһылаабат, оҥорор этиилэрэ кылгас уонна сыыс тыллаах буолар. Онон ис хоһоонун кэпсииргэ үөрэтэригэр учуутал оҕоттон ирдиир:

  • текси бүтүннүүтүн өйдүүрүн;

  • текст ситэри ис хоһоонун сµтэриллибэтин;

  • текст сюжетын бэрээдэгин уларытыллыбатын;

  • автор тыла туттуллуохтааҕын;

  • кэпсииргэ холкутук, тылы сөпкө саҥаран иһиллэр гына кэпсээһинин.


Айымньыны нойосуус үөрэтии.

Хоһоону нойосуус үөрэтии үлэ биир ураты ньыматынан буолар. Оҕоҕо аналлаах поэзияҕа айылҕа лириката биир саамай сайдыылаах, баһылыыр көрүҥ. Хоһооннор айылҕа хаһан да хатыламмат кэрэ-дьикти көстүүлэрин, көтөр-сүүрэр, от-мас тустарынан уонна төрөөбүт айылҕаны таптыырга, харыстыырга үөрэтэллэр. Онон маҥнайгы кылааска хоһоону үөрэтэргэ улахан суолта бэриллэр. Учуутал иннигэр турар соругунан буолар:

  • хоһоону түргэнник нойосуус үөрэтэр үөрүйэҕи сайыннарыы;

  • үөрэппит хоһоонун ис хоһоонун өйдөөн туран, нойосуус үөрэтиини ситиһии;

  • оҕо толлубакка, иҥнибэккэ, хоһоонноохтук ааҕарын ситиһии;

  • куолаһы араастаан куччатыы-улаатыннарыы, соното-синньэтэ үөрэтии;

  • сөптөөх интонацияны тутуһан ааҕыы.

Уруок чопчу темалаах, биллэрэр, үөрэтэр, иитэр сыаллардаах буолар. Уруокка ааҕыы, кэпсээһин, ыйытыыларга эппиэт, уруһуйдааһын, саҥаны сайыннарар үлэ араастара, персонажтарын саҥаларын үтүктэн оонньоон көрдөрүү, хоһоон ааҕыы, үөрэтии, ырыа ыллааһын, өс хоһооннорун ырытыһыы, таабырын таайсыыта, хартыына, киинэ көрүү, физкультминутка, этии толкуйдааһын уо.д.а. этаптар баар буолуохтаахтар.


1 кылаас үөрэнээччититтэн үөрэх сылын бүтүүтүгэр маннык билиини, үөрүйэҕи, сатабылы программа ирдиир:


  • Уус-уран айымньыны учуутал тылыттан болҕойон истэр, ис хоһоонун сөпкө өйдүүр;

  • Ыйытыыларга сөптөөх, толору эппиэти биэрэр, оҕо бэйэтэ ыйытыы оҥорор;

  • Биһирэмнээх геройдары араара үөрэнэр;

  • Уус-уран тылга, кинигэҕэ кэрэхсэбиллээхтик сыһыаннаһар;

  • Кыра кээмэйдээх айымньылары ис хоһоонун бэйэтэ сааһылаан кэпсиир;

  • 10-12 строкалаах хоһоону нойосуус үөрэтэр;

  • сирэй саҥалаах айымньылары оруолларынан үллэрэн оонньуурга геройдар саҥаларын сатаан үтүктэр;

  • истибит айымньыларын геройдарын уруһуйдуур уонна олорунан сирдэтэн айымньыны чаастарга араарар;

  • 2-3 саха суруйааччытын аатын билиини;

  • этиини таба интонациялаан ааҕар, саҥарар;

  • кинигэ аатын, авторын, геройдарын ааттарын быһаарар, уус-уран тылын-өйүн болҕойор;

  • кыра текси үргүлдьү сүһүөхтээн уонна бүтүн тылларынан сөп түргэннээхтик өйдөөн ааҕар















































































1








Ааҕыы – дириҥ билии. Билии баар- бараммат баай.

Киирии уруок.




Болдьох бэлиэлэр, үөрэх кинигэтин ис хоһооно. Ааптардар үөрэнээччигэ суруктара.

Үөрэх кинигэтин уонна болдьох бэлиэлэри кытта билсиһэр.






Төрөөбүт Ийэ дойдум (3ч)-3ч

2










Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу. Аҕа дойду.

М. Тимофеев. Ийэ дойду хантан саҕаланар?

  1. Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: хоһоон, сэһэргэһии, тылынан кэпсээһин.

  2. М. Тимофеев. Ийэ дойду хантан саҕаланар? П. Тулааһынап Кымыс ырыата. Улуро Адо Туундара буобура уорҕатынан.

  3. Бибилэтиэкэҕэ дьарык. Саха сирин туһунан кинигэ быыстапката.

  4. Бэйэ ааҕыыта.А. Абаҕыыныскай Кинигэ ойуута.

  5. Ыалынан истии, ааҕыы. Г. Данилов Ойуурга сылдьан. Е.Макаров Хонууттан балыктааһын. Б. Хабырыыс Саас кэллэ.

  6. Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.

  7. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.

Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сэрэйэр, сабаҕалыыр.

Төрөөбүт дойдутун, дьиэ кэргэнин туһунан, төрөөбүт уонна улааппыт дойдутугар иэйиитин, төрөппүттэригэр, бииргэ төрөөбүттэригэр тапталын кэпсиир. Хоһоону ааҕар сорукка сөп түбэһиннэрэн, үөрүүнү, хомолтону тириэрдэр. Бэйэ сыһыанын көрдөрөн ааҕар. Аахпыт

айымньылар ис номохторун быһаарар.

Олорор дойдутун уонна куоратын аатын билэр. Киин куорат туһунан хоһооннору ааҕар.

Ыалга, чугас дьоҥҥо кыһамньы, кинилэргэ болҕомто уонна таптал диэн тугун туһунан ырытар.

Үөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр.



3

П.Тулааһынап Кымыс ырыата.



4

Улуро Адо Туундарам буобура уорҕатынан.




Кинигэ- мин доҕорум. (5ч)-5ч


5

Кинигэ- билии төрдө.

Ийэ тылынан айыллыбыт литература- барҕа

баай.

Б. Тобуруокап Кинигэ.




  1. 1кинигэ, айымньы, суруйааччы- ааптар, ааҕааччы, бибилэтиэкэ.

  2. Б. Тобуруокап Кинигэ. С. Омоллоон Кинигэ. Кинигэ туһунан таабырыннар.

  3. С.Омоллоон. Бөрө куйуурдаабыта.

  4. Бибилэтиэкэҕэ дьарык Кинигэ быыстапката. «Оҕо кинигэтин дьоруойдара» экскурсия.

  5. Биһиги театрбыт. С.Маршак Yүтээн.

  6. Бэйэ ааҕыыта Б. Хабырыыс Тоҕо?

  7. Ыалынан ааҕыы. И.Артамонов Yөрэнэ барабын.В. Осеева Аптаах тыл. П.Одорусов Yчүгэй үөрэнээччи.

  8. Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.

  9. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.

Кинигэ, айымньы, суруйааччы-ааптар, ааҕааччы, бибилэтиэкэ диэн сала сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр. Кинигэни, үөрэх кинигэтин харыстыыр, киһи олоҕор кинигэ суолтатын өйдүүр. Кинигэ таһа, ойуута, худуоһунньук, айымньы аата диэн араарар. Кинигэ ойууларын ырытар. « Кинигэтэ суох хайдах олоруохпут этэй?» диэн сана тула кэпсэтиигэ кыттар.

Таска биирдии тылынан ааҕыыттан сыыйа искэ ааҕыыга көһөр. Айымньыны хайдах интонациялаахтык ааҕары быһаарар. Оруолунан ааҕар.

Ыйытыы көмөтүнэн бэйэтэ тиэкис ис хоһоонун кэпсиир. Остуоруйаны тылынан ойуулаан кэпсиир. Сөбүлүүр кинигэтин туһунан сэһэргиир.

Айымньы дьоруойдарын оннугар бэйэтин оҥорон көрө-көрө кэпсиир. Айымньыга сиэр-майгы өрүттэрин быһаарар. Атын киһи этэрин өйдөөн истэр, паараҕа үлэлиир. Уруһуй көмөтүнэн дьоҕус кэпсээни толкуйдуур.

Бибилэтиэкэҕэ кинигэни сатаан таларга үөрэнэр.

Салааҕа баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран,

ситиһиилэрин сыаналанаруонна бэрэбиэркэлэнэр.








6







С.Омоллоон Кинигэ. Кинигэ туһунан таабырыннар.



7








Бөрө куйуурдаабыта. С.Омоллоон.



8









С.Маршак Yүтээн



9










С.Маршак Yүтээн. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.







Норуот тылынан уус-уран айымньыта (5ч)-4ч

10










Норуот өркөн өйө, ытык тыла- тылынан уус-уран айымньы.

Таабырын уонна таайыыта. Тэҥнээһин. Таабырыны айыы.

  1. Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ:чабырҕах, таабырын, өс хоһооно.

  2. Таабырын уонна таайыыта. Тэҥнээһин. Таабырыны айыы. Өс хоһоонугар сиэр-майгы арыллыыта.

  3. К. Туйаарыскай Таабырынна таайыҥ.

  4. Б. Тобуруокап Чабырҕах азбука

  5. Бибилэтиэкэҕэ дьарык. Норуот тылынан айымньылара. Кинигэ быыстапката.

  6. Биһиги театрбыт. Куоска, бөтүүк уонна саһыл.

  7. Бэйэ ааҕыыта Б. Тобуруокап Чабырҕах азбука

  8. Ыалынан ааҕыы. С. Омоллоон Ахсаан чабырҕаҕа. В. Башарин Чабырҕах.

  9. Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.

  10. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин.

Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыырга холонор. Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин ааттыыр, өйдөөбөтүн ыйытар. Өс хоһоонугар сиэр-майгы туһунан этиллиини быһаарар. Интонацияны тутуһан доргуччу ааҕар. Сөбүлээбит лээбит өс хоһооннорун өйтөн этэр, ис хоһооннорун ырытар, быһаарар, туттуллуон сөптөөх түгэнин өйүттэн толкуйдуур. Таабырыны , өс хоһоону тиэмэнэн бөлөхтүүр. Биридимиэккэ бэриллибит быһаарыыга олоҕуран таабырын толкуйдуур. Чабырҕах ааҕыллар уратытын өйдүүр , сатаан ааҕарга үөрэнэр. Ааҕыы кэмигэр тэтими уларытар.

Оскуола бибилэтиэкэтигэр кинигэни аатынан таларга үөрэнэр. Yөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанаруонна бэрэбиэркэлэнэр.

Норуот тылынан айымньытын кыра көрүҥнэрин таска ааҕар. Айымньыны инсценировкалыыр.



11







П. Тобуруокап Чабырҕах азбука.



12









Биһиги театрбыт. Куоска, бөтүүк уонна саһыл.



13













Куоска, бөтүүк уонна саһыл.




Остуоруйалаһыаҕыҥ эрэ.(5ч)-7ч


14












Уран тыл умсугутар, хомоҕой тыл холбуур.

Сахабыт сирэ- араас омук , араас култуура алтыһыыта.

Б. Тобуруокап Буукубалар мунньахтара.

  1. Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: остуоруйа, остуоруйа дьоруойа, тиэмэтэ, араас норуот остуоруйата.

  2. Б. Тобуруокап Буукубалар мунньахтара.

  3. Саха остуоруйата Куоҕас суор икки. Чыычаах уонна күтэр. Нуучча остуоруйата. Куттал хараҕа улахан. Дьүкээгир остуоруйата Кутуйах тоҕо кыраный?

  4. Биһиги театрбыт. Л. Толстой Саһыл уонна куртуйах. Остуоруйаны инсценировкалааһын.

  5. Бэйэ ааҕыыта. П.Ойуунускай. Саһыл уонна балыксыт. С. Омоллоон Чычып-чаап.

  6. Ыалынан истии, ааҕыы. Т. Сметанин Куоска олоҥхото.

  7. Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.

  8. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин

Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.

Остуоруйаны таска ааҕар. Остуоруйаҕа кэпсэтиини оруолунан ааҕар.

Остуоруйа арааһа, тыынар-тыыннаах туһунан остуоруйа остуоруйа дьоруойа, тиэмэтэ, саха уонна араас норуот остуоруйата диэн өйдүүр. Аахпыт остуоруйатын туһунан бэйэ санаатын этэр. Остуоруйа дьоруойдарын тэҥниир. Айымньы дьоруойун, майгытын быһаарар, ол хаачыстыбаларын ааттыыр.

Уруһуйдарынан көрөн остуоруйаны кэпсиир. « Бу дьоруойдар оннуларыгар эн тугу гыныаҥ этэй?» диэн түгэни ырытар. Уруһуйунан уонна аатынан остуоруйаны талар. Саха уонна атын омук остуоруйатын ааттыыр. Кинигэттэн наадыйар остуоруйатын булар. Остуоруйа тугунан бүтүөҕүн айар.

Оруолларынан наардыыр. Айымньыны инсценировкалыыр.

Yөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанаруонна бэрэбиэркэлэнэр



15









Саха остуоруйата Куоҕас суор икки.

16








Чыычаах уонна күтэр.



17








Нуучча остуоруйата. Куттал хараҕа улахан.



18







Дьүкээгир остуоруйата Кутуйах тоҕо кыраный




19










Чукча остуоруйата. Киит уонна таба.



20

Биһиги театрбыт. Л. Толстой Саһыл уонна куртуйах. Остуоруйаны инсценировкалааһын.





Мин дойдум- олоҥхо дойдута (4ч)-2ч

21









Уус-уран тыл.

Айылҕа.

Мал-сал.

Е.Чехордуна Бухатыыр ата.



  1. Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: олоҥхо, олоҥхоһут, бухатыыр, бухатыыр ата.

  2. Е.Чехордуна Бухатыыр ата.

  3. В. Каратаев. Модун Эр Соҕотох

  4. Бибилэтиэкэҕэ дьарык. «Чуораанчык» сурунаал тахсыылара.

  5. Бэйэ ааҕыыта П.Е. Решетников –Көһөҥө Бүөтүр. Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр (киириитэ)

  6. Ыалынан ааҕыы. Н.Г. Никитина, Е.М. Поликарпова. Модун Эр Соҕотох олоҥхонон ойууну кырааскалааһын.

  7. Олоҥхо дойдутун кистэлэҥнэрэ.

  8. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин

Олоҥхо ааҕыллар уратытын өйдөөн истэр. Олоҥхо дойдутун туһунан билсэр. Олоҥхоһут диэн ким ааттанарын өйдүүр. Олоҥхо дьоруойдарын саҥалара уратылааҕын билэр, үтүктэн ааҕарга холонор. Аахпыт кэрчик ис хоһоонун өйдүүр. Олоҥхоттон айыы киһитин сиэрин-майгытын иҥэринэр, атын дьону кытта алтыһыытыгар туһанар.

Yөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанаруонна бэрэбиэркэлэнэр.

Истибит уонна аахпыт кэрчиктэргэ сөп түбэһэр иллюстрацияны булар. Быһа тардыыны тылынан ойуулуур. Худуоһунньук үлэтин билсиһэр.

Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрин өйдүүр.



22

В. Каратаев. Модун Эр Соҕотох





Айылҕа – барыбыт дьиэбит.(5ч)-7ч

23

Ийэ айылҕа.

Айылҕаҕа харыстабыл.

Айылҕаҕа сүгүрүйүү.

К.Туйаарыскай Сааскы саҥалар.

  1. Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: алтыһыы, кэпсэтии, үтүө-мөкү быһыы. Дьүөрэлээн этии.

  2. К.Туйаарыскай Сааскы саҥалар. А. Николаев Чыычаах. С. Васильев Тииҥ. Ө.Өлөксөй Куоска. Е. Макаров Ийэ биэ. В. Осеева Ким ытай? П. Ламутскай Мунрукан.

  3. Бибилэтиэкэҕэ дьарык. Айылҕа, көтөр-сүүрэр туһунан быыстапка.

  4. Бэйэ ааҕыыта. Е. Макаров Тураах.Н.Заболоцкай Мохсоҕол. А.Кондратьев Буруйдаммыт. Туоһахта.

  5. Ыалынан истии, ааҕыы. Ф.Гуляев Куоска оҕото.

  6. Ойуулуур-дьүһүннүүр эйгэҕэ. Аахпыт айымньынан бэйэ уруһуйа.

  7. Айар үлэ умсулҕана: « Айылҕа- барыбыт дьиэбит» илиинэн сурунаал.

  8. Айымньы дойдутун

Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.

Тыынар-тыыннаах саҥатын уратытын биэрэн, бэйэ сыһыанын тириэрдэн, хоһоону дорҕоонноохтук ааҕар. Поэттар айылҕа тыаһын-ууһун тириэрдэр тылларын булар. Айымньы дьоруойдарын уонна кинилэр майгыларын быһаарар.

«Таптыыбын бары тыынар тыыннааҕы» диэн тиэмэ ис номоҕун быһаарар. Айылҕаҕа бэйэ сыһыанын кэпсиир. Сэһэргэһэр киһиэхэ болҕомто ууран, бэйэтин санаатын этэр, аахпыт айымньы туһунан ыйытыы биэрэр, паараҕа үлэлиир.Улахан дьону, доҕору





24








А. Николаев Чыычаах.

25








С. Васильев Тииҥ.

26








Ө.Өлөксөй Куоска.



27





Е. Макаров Ийэ биэ.




28








В. Осеева Ким ытай?

  1. кистэлэҥнэрэ.

  2. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин


кытары кэпсэтии быраабылатын тутуһар. Тыынар тыыннаахха бэйэ сыһыанын көрдөрөр: таптыыр ытын (куоскатын) туһунан кэпсээн оҥорор. Кэпсэтиигэ кыттар, доҕорун истэр, кинилиин сүбэлэһэр. Үчүгэй, куһаҕан быһыы диэн өйдөбүллэри тэҥниир, кинилэр ис номохторун быһаарар.

Тиэмэтигэр сөптөөх былакааты, хаһыаты оҥорууга матырыйаалы талар. Ойууларынан айымньыны таҥар.

Бэйэ айымньытын көрдөрөн кэпсиир.

Быыстапкаҕа анаан кинигэлэри тиэмэлэринэн наардыыр кинигэ быыстапкатын тиэмэтинэн быһаарар, наадалаах кинигэни булар.

Yөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанаруонна бэрэбиэркэлэнэр.



29














































П. Ламутскай Мунрукан.

Yчүгэй майгыҥ- көтөр кынатыҥ (5ч)-5 ч

30

Сиэрдээх быһыы. Доҕордоһуу, хардарыта көмөлөһүү, амарах майгы.

Кыраҕа, кыаммакка кыһамньы.

А.Аччыгыйа Бастакы тоҕо?


  1. Киирии уруок. Тиэмэ сүрүн өйдөбүллэрэ: айымньы тиэмэтэ, сүрүн санаата, дьоруой.

  2. А.Аччыгыйа Бастакы тоҕо?

  3. Н.Якутскай Аҕа уонна ийэ. Л. Толстой Барыларыттан ордук. И. Горнай Мэник оҕо. П. Одорусов Эбээ.

  4. Биһиги театрбыт. Е.Васильев Булугас өйдөөх.

  5. П.Григорьев Маҥнайгы кинигэ.

  6. Бибилэтиэкэҕэ дьарык. «Уус-уран айымньыга эн саастыылааҕыҥ» быыстапка

  7. Бэйэ ааҕыыта. А. Абаҕыыныскай Ийэ барахсан. Г. Данилов Тостубут хахыйах.

  8. Ыалынан истии, ааҕыы. М.Охлопкова, М. Обутова –Эверстова Маннык сөп дуо? В. Слепцова Доҕордуулар.

9. Айымньы дойдутун кистэлэҥнэрэ.

  1. Ситиһиини сыаналааһын, билиини бэрэбиэркэлээһин


Тиэмэ аатыгар олоҕуран, туох туһунан айымньылар киирбиттэрин сабаҕалыыр.

Айымньыны дорҕоонноохтук оруолларынан ааҕар.

Салаа сүрүн өйдөбүллэрин чопчу өйдүүр.

Айымньы уопсай тиэмэтин , дьоруойдарын быһаарар. Айымньы дьоруойун саҥатынан уонна быһыытынан сыаналыыр.

Айымньы сүрүн санаатын булан этэр, ис номоҕун арыйар өс хоһоонун булар.

Доҕор диэн ким буоларын дьүүллэһэр, дьиҥнээх доҕордоһуу диэни быһаарар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар. Бэйэ уонна атын киһи быһыытын сыаналыыр. Үлэһит- сүрэҕэ суох, чиэһинэй-сымыйаччы, аламаҕай-киҥнээх диэн утары суолталаах тыллары тэҥниир, кинилэр суолталарын быһаарар. Доҕордоһуу, кыһамньы, хардарыта көмөлөһүү, амарах быһыы диэн өйдөбүллэр суолталарын ырытыһар, аахпыт кэпсээннэртэн холобурдуур.

Кэпсэтэр киһини хомоппокко эрэ алтыһар. Бэйэ бэйэни өйүүр, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөр.

Айымньылары тиэмэтинэн, ис хоһоонунан уонна сүрүн санаатынан тэҥниир.

Бибилэтиэкэҕэ кинигэни бэриллибит сорудаҕынан булар, тиэмэлэринэн көрөн наардыыр. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин быһаарар.

Yөрэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур үлэҕэ олоҕуран, ситиһиилэрин сыаналанаруонна бэрэбиэркэлэнэр.



31









Н.Якутскай Аҕа уонна ийэ.



32




Л. Толстой Барыларыттан ордук.



33








И. Горнай Мэник оҕо.



34








П. Одорусов Эбээ.







Сыллааҕы хатылааһын- 1 ч


35






Хатылааһын.