СЦЕНАРИЙ
КЫЛААС ЧААһА «ИһИРЭХ ИЙЭ ТЫЛ»
Тиэмэ: Иһирэх ийэ тыл. Олунньу 13 күнэ – саха тылын күнэ
Буолар күнэ: олунньу 10 күнэ 2014 сыл
Буолар кэмэ: 5 уруок
Сыала-соруга:
Төрүт саха тылын баайын-дуолун билиһиннэрии;
Оҕо сахалыы тылынан саҥарыахтааҕын өйдөтүү;
Оонньуу нөҥүө оҕо саха тылын-өһүн өйдүүрүн ситиһии;
Ийэ тылга тапталы иитии.
Кылаас чааһын хаамыыта.
Таҥаспытын көннөрүннүбүт. Уоскуйдубут. Кылааспыт чааһын саҕалыыбыт. Олордубут. Бу суругу көрөн туран, этиҥ эрэ, бүгүҥҥү кылааспыт чааһыгар туох туһунан кэпсэтиэхпитий?
Тугу саҥаны билиэххитий?
Эһиги санааҕытыгар ханнык сыал-сорук турарый?
Киирии тыл
Бүгүҥҥү биһиги кылааспыт чааһа биһиги сахабыт тылыгар ананар. Билэрбит курдук сахабыт тыла олус баай. Хас биирдии тыл бэйэтэ элбэҕи кэпсиир, дириҥ суолталаах, саҥарарга кыраһыабай.
Туох дии саныыгытый «олус баай», «элбэҕи кэпсиир», «дириҥ суолталаах», ону хайдах өйдүүгүтүй? Холобур?
Этиҥ эрэ, бу бүгүҥҥү күҥҥэ сахабыт тыла хайдаҕый? Нуучча, омук тылыттан киирбит тыллар төһө элбэхтэрий?
Кырдьык даҕаны, билигин элбэх киирии тыл баар, биһиги бэйэбит тылбытын умнан эрэбит. Ол эрээри оҕолоор, биһиги куруук өйдүөхтээхпит: бу биһиги тылбыт, биһиги кини баайын толору туттан салгыы сайыннарыахтаахпыт. Онтон эһиги туох дии саныыгыт?
Билигин ким ордук төрүт сахатын тылын билэрин бэрэбиэркэлиэхпит, ол эбэтэр оонньуохпут.
Бөлөхтөрүнэн оонньуу
Оонньуу тутулун быһаарыы (дуоскаҕа бэлиэтээһин)
1 оонньуу БУ ТЫЛЫ НУУЧЧАЛЫЫ ЭТ ЭРЭ (презентация)
Билсиһэрбин көҥүллээ Разрешите познакомиться
Аатыҥ кимий? Как Вас зовут?
Бу үтүө доҕорум Вот лучший друг
Бэрт кыратык Чуть-чуть
Тонкий чараас, синньигэс
Тихо бытааннык, кыратык
Дорогой ыарахан, күндү
Дядя абаҕа, убай, таай
2 оонньуу ААТ – АТ
Бастатан: хамаандалар аат толкуйданаллар 1 мүнүүтэ
Иккиһинэн: «А» уонна «Т» буукубаттан тахсар биэстии тылы булаллар
3 оонньуу ЫРЫА – ТОЙУК
Хамаандалар биирдии сахалыы ырыаны, биирдии хоһоону 5 мүнүүтэ иһигэр толкуйдаан толоруохтаахтар
4 оонньуу ТЫЛ – ӨС
Нууччалыы тыллар утары суолталарын булун, сахалыы бөрөбүөттээн
Глубокий – мелкий, дириҥ – чычаас,
Соленая – сладкая, быстро-медленно, чистая-грязная, вниз-верх, начало-конец, большая-маленькая, тяжелая-легкая, направо-налево, много-мало, поймать-отпустить
5 оонньуу ТОБУЛ
Нууччаттан киирбит тыллары хамаандаттан биирдии оҕо көрөр, хамаандатын оҕолоругар сахалыы быһаарар, таайыахтаахтар.
Оонньуу түмүгүн таһаарыы
Хамаанда хамандыырдара таһаараллар, наҕараадалааһын
Рефлексия
Санаа этии
Түмүк
Төрүт саха тылын баайын-дуолун хайдах өйдүөхтээххитий?
Сахалыы тылынан саҥарыы туох суолталааҕый?
Оонньуу оҕо саха тылын-өһүн өйдүүрүгэр төһө көмөлөөҕүй?
«Ийэ тыл» диэни хайдах өйдөөтүгүт?
Кылааспыт чааһыгар кыттыбыккытыгар махтал.
Манан кылааспыт чааһа түмүктэнэр.