Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕириитин управлениета
Алтан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата
Ааҕарбын сөбүлүүбүн
Толордо: Мэҥэ Хаҥалас улууһун
Алтан орто уопсай үөрэхтээһин оскуолатын
Алын кылааһын учуутала
Пинигина Светлана Васильевна
Өлөчөй, Мэҥэ Хаҥалас, 2015
Тиэмэ: “Аа5арбын сөбүлүүбүн”
Сыала:
Оҕо ааҕар баҕатын уһугуннарыы, аахпытын өйдүүр, сатаан кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы;
Ааҕыы оҕо сиэр-майгы өттүнэн сайдыытыгар, уйулҕата уһуктарыгар, куһаҕантан үчүгэйи араара үөрэнэригэр көмөтүн өйдөтүү.
Соруктар:
Ааҕааччыны иитии;
Ааҕыы тэтимин ылыы;
Ааҕыы нөҥүө таба суруйууну сайыннарыы, суруйуу нөҥүө ааҕыы тэтимин, өйдүүр дьоҕуру сайыннарыы;
Айымньы нөҥүө оҕону иитии (патриотизм, уус-уран айымньыны билэр, ааҕар буоллаҕына, оҕо бэйэтин ытыктыырга, таптыырга иитиллэр);
Айымньы биһирэмнээх геройун холобур туттан, үтүө киһи буоларга дьулуһуу.
Актуальноһа:
Билиҥҥи тэтимнээх сайдыыга, оҕо ааҕара намтаабыт кэмигэр, кинигэни, хаһыаты, сурунаалы сөбүлээн ааҕарга көҕүлээһин, интэриэһи тардыы.
Психологтар сыаналааһыннарынан үөрэҕи билиигэ 200 факто дьайар. Чинчийээччилэр , онтон 40 саамай наадалаа5ын арааран ылбыттар. О5о санаатын түмүүтүн кэнниттэн үөрэҕи билиигэ дьайар саамай күүстээх факторынан аҕыы тэтимэ ааттанар эбит, онон, кыра кылаас учууталларын иннигэр ааҕыы тэтимин түргэтэтиигэ сөптөөх үлэни тэрийэр сорук турар.
Кыра кылааһы бүтэрэллэригэр оҕолор лоп-бааччы ааҕар буолаллар. Ол эрэн үгүс оҕо ааҕыытын тэтимэ бытаан. Оскуола иккис кэрдииһигэр тахсан үөрэнээччи улахан кээмэйдээх тиэкистэри, задаачалары, научнай өрүттээх үлэлэри ааҕар. Бытааннык ааҕар оҕо онуоха кыаҕын былдьатар, бэриллибит тиэкис ис хоһоонун өйдөөбөккө бириэмэтин сүтэрэр, сөптөөх тэтими кыайан ылсыбакка уруогу туһата суохтук атаарар.
Биһиги улуус учууталлара бу соругу быһаарыыга кэккэ сылларга үлэлээн кэллилэр. Профессор И.П. Федоренко ньыматыгар олоҕуран, учууталлар Е.Е. Атласова, Г.В. Дьячковская көрөн диктант сахалыы тиэкиһин 18 наборун оҥорон таһаарбыттара. Мин бу пособиены туһанан уонна бэйэм онно эбии биир набору киллэрэн 17- с сылбын үлэлии сылдьабын. Ааҕыы тэтимин ылыыга, аахпыты өйдүүр, кэпсиир дьоҕурун сайыннарыыга үлэлээбит уопуппун түмэн, кимиэхэ эмит туһаны аҕалаарай диэн сыалтан бу үлэни суруйбутум.
Оҕо бастакы кылаааска киирэн үөрэнэр күнүттэн, кини ааҕар, суруйар буолар баҕатын күүскэ көбүтэн, төрөппүттэргэ сүбэлээн, кинилэри кытта бииргэ үлэбин саҕалыыбын. Дьиэ кэргэн ааҕарын сөбүлүүр буоллаҕына олус үчүгэй, оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн үтүө холобуру көрдөрөр, ааҕыы наадалааҕын өйдөтөр.
Төрөппүттэргэ 5 ыйытыылаах анкета толотторобун:
Эһиги дьиэ кэргэн ааҕаргытын төһө сөбүлүүгүтүй?
Эһиэхэ ааҕарга тапталы ким иҥэрбитэй?
Оҕо сылдьан сөбулээн аахпыт, өйдөөн хаалбыт кинигэҥ?
Өрүү уура сылдьан туһанар, хос-хос ааҕар кинигэлээххин дуо? Ханнык?
Оҕоҕор ааҕаҕын, кэпсиигин дуо?
Бу анкетаттан дьиэ кэргэн ааҕыытын туһунан бастакы өйдөбүлү ылыахха сөп. Балаҕан ыйыгар «Үөрэх кыһатын маҥнайгы кылааһын үөрэнээччитигэр ылыы» бырааһынньыгар төрөппут оҕотугар аан бастаан ааҕыахтаах кинигэтин бэлэхтиир үгэстээхпит. Кыра оҕо ааҕарыгар сөптөөх улахан шрифтээх, кылгас кэпсээннээх, хоһоонноох, үчүгэй ойуулаах кинигэ буолуохтаах. Бэлэх туппут кинигэлэрин көрөөт да үөрэнээччибит бэйэтэ ааҕа охсуон баҕарыахтаах диэн сыаллаахпыт.
Ааҕыы кэмигэр оҕо элбэх үлэни көрсөр. Оҕо ньиэрбэтин, мэйиитин сыантырдара, саҥарар , көрөр, истэр, тыынар уорганнара бары кытталлар. Бу сүрдээх ыарахан, уустук үлэ буоларынан уратылаах, онон бастакы кылаастан саҕалаан саамай сүрүн үлэбит – үөрэнээччигэ ааҕар эйгэни тэрийии буолар. Оҕо ааҕар этиитэ, тыллара, тиэкиһэ оҕоҕо өйдөнүмтүө, саҥарарыгар сымса, өҕүллэҕэс буолуохтаахтар. Ааҕыы чэпчэкиттэн саҕалаан оҕо кыаҕынан көрөн сыыйа улаатан иһиэхтээх. Кылааска үөрэх кэмигэр, оскуола, нэһилиэк библиотеката уонна дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөөн үлэлиир үлэ.
Алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэр оҕо мүнүүтэҕэ нууччалыы 150-200 тылы ааҕыахтаах диэн чинчийээччилэр этэллэр. Оччоҕо эрэ оҕо ааҕыы бары дэгэтин баһылыыр: тэтим да өттүнэн, алҕаһа суохтук ааҕарынан, тиэкис ис хоһоонун өйдүүрүнэн.
Уруок саҕаланыытыгар 5 мүнүүтэлээх ааҕыы күн аайы киириэн сөп. Ааҕыы арааһын туһанныахха наада. Дорҕоонноохтук ааҕыы – маннык ааҕыыга сыыһа ааҕар оҕону көннөрөҕүн. Хорунан ааҕыы-маннык ааҕыыга бытаан оҕо түргэн оҕону эккирэтэр. Ботугураан ааҕыы-бары биир бириэмэҕэ бэйэ бэйэлэригэр мэһэйдэспэккэ ааҕаллар. Маны таһынан киэһэ утуйуох иннинэ ааҕар ньыманы төрөппүт күн ахсын тэрийэригэр сүбэлиибин.
Ол эрэн араас биричиинэнэн оҕо барыта инник түргэнник ааҕан тахсыбат, сороххо ити кыаҕын таһынан , ситиһиллибэт сыал. Кинилэр өйдөрүн-санааларын олоруута, сайдыылара, доруобуйалара барыларын киэнэ тус туһунан . Онон хас биирдии оҕо табатык сөптөөх тэтиминэн , өйдөбүллээхтик , хоһоонноохтук ааҕарыгар оҕо уопсай сайдыытын, саҥарар, көрөр, истэр уорганнарын туругун учуоттуур наадалаах.
Түргэнник ааҕа үөрэнэргэ аҥардас ааҕыы эрэ көрүҥнэринэн дьарыктыыр итэҕэс. Маны сэргэ көрдөрүүлээх диктант биир-икки чиэппэр устата тохтоло суох ыытыллыахтаах. Мин I, II эбэтэр III чиэппэргэ ыытааччыбын. Бастакы набор олох кылгас тыллардаах этииттэн саҕаланар. Онтон сыыйа биир икки буукубанан эбиллэн иһэр. Биирдии этиини дуоскаҕа суруйабын оҕолор ол кэмҥэ умса туттан олороллор. “Көрүҥ” диэтэхпинэ, ыйыллыбыт сөкүүндэ устата көрөллөр, онтон сотон кэбиһэбин. Кинилэр суруйар кэмнэригэр атын этиини суруйабын. Күн аайы 5-6-лыы этиини суруйаллар. Маннык үлэлээтэххэ оҕо ааҕар тэтимэ, өйдүүр дьоҕура уонна таба суруйуута сайдар.
Үөрэппит сылларбар ааҕыы тэтимин кэтээн көрүү диаграмматын оҥордум.Опытыран истэх ахсын, нуорманы таһынан ааҕар оҕо ахсаана, ааҕар тылын ахсаана элбээн иһэрэ көстөр.
Сыл түмүгүнэн «Бастыҥ ааҕааччы» номинация оҥоһуллар.Номинацияны кэлиҥҥи икки сылга оскуола библиотеката олохтоото. Былырыыҥҥы выпуһум 2-с кылааска «Лучший читающий класс», 3 кылааска «Самый читающий класс» номинациялары ылбыта. 2011-12 сс. уөрэх дьылыгар 266 кинигэни, 2012-13 сс. 358 кинигэни аахпыттара. Былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар библиотекаҕа сылдьан ааҕыылара эмиэ үчүгэй көрдөрүүлээҕэ. Иккис кылааска Билюкина Яна 108 кинигэни, үһүс кылааска Яковлева Ася 112 кинигэни, төрдүс кылааска Билюкина Яна 118 кинигэни ааҕаннар бастаабыттара. Библиотекалар, учуутал уонна төрөппүт көмөтүнэн юбилейдаах суруйааччылар айымньыларынан викториналар, хоһоон ааҕыылара, хаһыат таһаарыыта о.д.а күрэхтэр сыл ахсын ыытыллыбыттара. Кылааспар «Литературный ринг»күрэҕи уруок кэмигэр эбэтэр кылаас чааһыгар ыытабын. Суруйааччылары, олоҥхоһуттары кытта көрсүһүүлэр олус интэриэһинэйдик ааспыттара.
“И.М.Сосин – эколог суруйааччы”
Биһиги оскуолабыт экологическай хайысхалаах буоларын быһыытынан, иитэр үлэбэр биир дойдулаахпыт, саха биллиилээх суруйааччыта И.М.Сосин – эколог суруйааччы айымньыларын кылаас таһынан ааҕыыга туһанабын. Ксенофонт Уткин – Нүһүлгэн эппитинии, “Сосин кинигэлэрэ – айылҕа учебниктара” буолаллар. Бу айымньылар оҕону кэрэҕэ иитиигэ, төрөөбүт айылҕатын билэригэр, сахалыы сиэри-майгыны олохтуурга иитэр суолталара улахан. Ол курдук, ый ахсын И.Сосин “Төгүрүк сыл” кинигэтиттэн ыйы билиһиннэриини, билгэлэри, кэтээн көрүүлэри киллэрэбин. Кылаас таһынан ааҕыыга чиэппэринэн арааран биирдии-иккилии айымньыны аа5абыт. Холобур, I чиэппэргэ “Баҕа хайдах бултууруй?”, II “Куурусса тымныыны билгэлиир”, “Кыһын”, III чиэппэргэ “Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата”, IV чиэппэргэ “Күөх тыа суугунугар”, “Кэҕэ окко силлээбит” аахпыппыт. Аахпыт айымньыларынан кэтээн көрүү, экскурсияҕа сылдьыы, хаартыскаҕа түһэрии, уруһуй оҥоруу о.д.а үлэ көрүҥүн ыытыахха сөп.
Дьиэ кэргэни кытта үлэ
Дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ анкета толоруутуттан саҕалаан, оҕо хаһыатыгар сурунаалыгар сурутуу, дьиэ кэргэн библиотекатын тэринии, бэлэххэ кинигэ биэрии үгэһин олохтооһун, кылаас таһынан үлэҕэ, ааҕыыга көхтөөхтүк кыттыы о.д.а. улэлэр ыытыллаллар.
Былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар биир холбоһуктаах улахан тэрээһиммитинэн сэтинньи ыйга ыытыллыбыт “Ааҕарбын сөбүлүүбүн” бырайыак чэрчитинэн “Мин дьиэ кэргэним сөбүлүүр суруйааччыта” диэн дьиэ кэргэн күрэҕэ буолар. Оҕолор төрөппүттэрин кытта сөбүлүүр суруйааччыларын талан, кинилэр айымньыларын ааҕан, презентация оҥорон кыахтарынан сырдаттылар. Дьиэ кэргэн талбыт суруйааччылара: Барабанов Степа “Семен Данилов поэзията”, Билюкина Надя “ Амма Аччыгыйа “Тоҕус төгүл тоҕо”, Билюкина Туйаара “К.Туйаарыскай хоһоонноро”, Билюкина Яна “А.Д.Неустроева “Тиргэһиттэр”, “Оҕолор” кэпсээннэрэ”, Пахомов Спартак “Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон олоҕо, оҕолорго кэпсээннэрэ, музейа”, Стручков Эдик “А.И.Софронов оҕолорго хоһоонноро”, Филиппов Тускул “Ини-бии Семен, Софрон Даниловтар”, Федоров Алеша “В.М.Новиков – Күннүк Уурастыырап төрөөбүт дойдуну хоһуйар хоһоонноро”, Яковлева Ася “П.А.Ойуунускай кэпсээннэрэ”. Күрэх түмүгүнэн кыайыылааҕынан Билюкина Яна ийэтинээн Лира Николаевналыын, иккис миэстэҕэ Билюкина Надя, үһүс миэстэҕэ Филиппов Тускул ийэтинээн Евгенья Герасимовналыын тахсыбыттара уонна күрэх кыттааччыларыгар барыларыгар анал аат иҥэриллибитэ. Кыайыылаахтар кинигэ бэлэх туппуттара.
“Читающий 5 класс” улуустааҕы бырайыак
Биһиги улууспутугар, Мэҥэ Хаҥаласка былырыын биллэриллибит “Читающий 5 класс”
бырайыакка кыттыһан үлэлии сылдьабыт. 4-5 кылаас оҕолорун буккуһа түөрт бөлөххө арааран, этиллибит айымньылары ааҕан, наардаан, викторина, тыл оонньуутун,“Брейн-ринг” күрэҕи, кроссворд таайыытын, бырайыак көмүскээһинин ыыппыппыт. Барыта 10 бэриллибит суруйааччы: биэс саха, биэс нуучча суруйааччыларын айымньыларын («Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин», Амма Аччыгыйа «Куйуур», И.Сосин «Кымырда5ас үлэтигэр тахсыбата», П.А.Ойуунускай «Омуннаах о5о», Сэмэн Тумат «Өс ситиһиитэ», Одоевскай «Городок в табакерке», А.Гайдар «Чук и Гек», Н.Носов «Фантазеры», Братья Гримм «Госпожа Метелица», Р.Киплинг «Маугли») аахпыппыт, ырыппыппыт. Бу бырайыак мин үлэлиир тиэмэбэр сөп түбэһэр буолан, оҕолорбун кытта олус биһирээбиппит. Ордук көхтөөх, ааҕарга интэриэстээх буоллун диэн икки кылааһы холбоон оҥорбуппут, кырдьык да, табыгастааҕа көстүбүтэ. Сорох улахан айымньылары, кинигэлэри оҕо төрөппүтүн кытта ааҕара.
Мин маҥнайгы кинигэм.
Быйыл 1 кылааска 7 оҕо үөрэнэ киирдэ: биэс кыыс, икки уол. Олортон Руслан соҕотоҕун ааҕара, дорҕооннору билэрэ, атыттар дорҕоону истиилэрэ, фишканан үлэлэрэ мөлтөх этэ. Күн аайы үлэлээн бастакы чиэппэр бүтэһигэр бары ааҕар буолбуттара. Иккис чиэппэртэн тэтими ыларга үлэлэһэн барбыппыт. Күн аайы көрөн диктаны суруйабыт, онно 7-8 мүнүүтэ барар, ону таһынан кылааска доргуччу ааҕыы, оруолунан ааҕыы, дьиэҕэ күнүс , киэһэ утуйуох иннинэ эбии ааҕыыны эмиэ киллэрдибит
Библиотекаҕа сылдьыыны үһүс чиэппэртэн саҕалаатыбыт. Букубаар быраһаай күн төрөппүттэрэ, оскуола администрацията уонна мин кинигэ бэлэх оҥорбуппут, сорох оҕолор тута кылааска олорон аахпыттара.
Уруок кэмигэр учуутал, үөрэнээччи быһаарсыылаах, быһаарыылаах ааҕыыларын туһанабын.
Үөрэнээччилэрим мүнүүтэҕэ ааҕалларын, диктант суруйалларын олус сөбүлүүллэр. Көрөн диктаны иккис, үһүс чиэппэргэ суруйдубут, ону таһынан бэрэбиэркэлиир диктаны эмиэ суруйаллар. Үчүгэйдик ааҕар оҕо таба суруйуута эмиэ үчүгэй буолар.
Түмүктээн эттэххэ, оҕону ааҕыыга тардыы, ааҕар баҕатын уһугуннарыы – бу алын кылаас учууталын сүрүн соруга буолар диэн бигэ санаа5а кэллим. Көрөн диктант туһата элбэх: оҕолор ааҕар тэтими ылыыларыгар, таба суруйууларыгар, ааҕарга интэриэстээх буолалларыгар көмөлөһөрө көстөр. Аа5ыы - иитэр суолтата улахан. Уус-уран айымньыны ааҕар оҕо бэйэтин, дьону ытыктыырга, таптыырга иитиллэр. Сахалыы ааҕар оҕо ийэ тыл истиҥин иҥэринэн, тыла хомоҕой, имигэс, иэйиилээх буолар. Ону таһынан ситимнээх саҥата сайдан хайа баҕарар ыйытыыга лоп бааччы, толорутук хоруйдуур, санаатын сааһылаан куолулуур дьоҕура сайдар. Орто сүһүөх кылааска үөрэнээччилэр үксүн бэриллибит тиэкис ис хоһоонун өйдөөбөккө бытаараллар, оттон оҕону кыра эрдэҕиттэн икки тылынан аахтаран, ис хоһоонун кэпсэттэрэн үөрэттэххэ орто сүһүөххэ улахан ыарахаттары көрсүбэт. Сатаан ааҕар оҕо араас источниктартан элбэх билиини түргэнник сомсон ылар , өй-санаа , быһыы-майгы өттүнэн үүнэр, сайдар.
Библиотека, төрөппүт, алын кылаас учуутала биир кэлимник үлэлээтэхпитинэ, үлэбит түмүктээх буолуо, оҕо дьону кытта сатаан кэпсэтэрин, санаатын сааһылаан этэрин ситиһиэхпит дии саныыбын.