Тема урока: Алампа «Урун туллук ини мелбестуур…» 16.04.2014 г.
9 кылаас.
Уруок темата: Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр... (1 слайд)
Сыала : Алапма кэргэнигэр аналлаах хоһооннорун билии, чинчийии-ырытыы (2 слайд)
Соруктар: - хоһооннору доргуччу, иэйиилээхтик ааҕыы
I. Тэрээһин (“Үрүҥ туллук ини мөлбөстүүр”ырыата иһиллэр)
Үтүө күнүнэн! Бүгүн саха норуотун духовнай олоҕор сыаната биллибэт үрдүк өҥөлөөх, саха улуу поэта, бастакы драматура, прозаига Алампа кэргэнигэр анаабыт хоһооннорун дириҥэтэн ырытан-чинчийэн үөрэтиэхпит.
Холобур нуучча аатырбыт поэта Пушкин элбэх дьахтарга анаан тапталга билинэн, хоһооннору айбыт буоллаҕына, Алампа тапталын лирикатын бары хоһооннорун анаабыт дьахтарын аадырыһа чопчу биир: ол 14 сыл бииргэ олорбут кэргэнэ, саха бастакы актрисата - Евдокия Константиновна Яковлева-Гоголева (1891-1971) буолар. (1 слайд)
II. Саҥа тема: (3 слайд)
1. Билиһиннэрии Бастаан кэргэнин билиһиннэриэм. Е.К.Яковлева Нам улууһун ! Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьоно Калинкин диэн саха атыыһытыгар Мархаҕа сүөһү көрөллөр эбит. Кыыс аҕыс сааһыттан Калинкин атыыһыт дьиэтин иһигэр үлэлээбит. Дьиэлээхтэр асчыт, ыраас туттунуулаах Дуняны сөбүлээн, горничнайынан үлэлээбит. Дуунньа үлэһитинэн, асчытынан, иистэнньэҥинэн дьоҥҥо биллибит. Алампа Евдокиялыын 4 сыл билсэн баран, 1913 сыллаахха муус устар ый 28 күнүгэр холбоспуттара. Дуня- 22, Алампа 27 саастаахтара. Алампа биэс сыл аҕа.
Дуняны көрбүт эрэ дьон бары кинини үрдүк көнө уҥуохтаах, маҥан, толуу бэйэтин, сайаҕас майгытын, сиртэн-буортан тэйбит курдук сырдык сэбэрэлээх диэн бэлиэтииллэр.
2. Хоһооннору ааҕыы, бэлиэтэнии
1). «Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүр...» хоһоону 1914с. суруйбута. Хоһоон 10 строфатын биирдиини ааҕаҕыт. (оҕолор доргуччу ааҕаллар) (4 слайд)
Сорудах: Поэт тапталлааҕын туохха тэҥниирин булуу ( Туллук, Чыычаах, кыталык, үөрбүт дьүһүнэ - күн, быһыыта - хатыҥ, суһуох - кустук, түөһэ - толору кымыстаах чороон., көмүс, саһарҕа, өрөгөйдөөх өй). 10 тэҥнээһин баар.
2). «Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах» 1924с. суруйбута. Бу хоһооҥҥо санаатын ымыыта – Дунята, уу курдук устан ааһан иһэн, сандаарыччы көрбүтүн өлүөхпэр диэри умнуом суоҕа диир... Бу хоһооҥҥо ойуулааһын туман быыһынан түүл-бит курдук таабырынныҥы көстүүнү санатар. Герой тапталлааҕын алгыы, таптыы хаалар. Хоһоон 23 строкалаах. (5 слайд)
3). «Уулларбыт хорҕолдьун курдук» 1924с. Дьокуускайга суруйбута. Манна дьүһүнүн ойуулуур: хара харах, уһун көнө мурун, хара дьураа хаастаах, арыы саһыл хааннаах, уоһа-тииһэ – уус оҥорбутун курдук, хара баттахтаах (ас) (6 слайд)
4). «Миигин тоҕо ыллаппаккын?» 1929 сыл. Бэйэ икки ардыгар тапсыбат, өйдөспөт буолуу тыына биллэр.
III. Ырытыы –чинчийии:
Тыла –өһө:
Хомоҕой, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары туһанар: эпитет, тэҥнээһин, хатылааһын. Ордук тэҥнээһин элбэх.
Тэҥнээһин – Ньургуһуннааҕар, сибэккитээҕэр, хаамара – уу долгунун курдук, уулларбыт хорҕолдьун курдук...
IV. Эбии матырыйаал: Алампа бастакы таптала Елизавета Афанасьевна Слепцова (Нам). Кыыһы Корякин диэн баай уолугар кэргэн биэрбиттэр. “Үрүҥ туллук эрэ мөлбөстүүрү...” аан бастаан норуот ырыаһыта Белоусов 1912 с. бирикээсчиттэр кулууптарыгар ыллаабыт. Ону Алампа тупсаран суруйбут. Бу хоһоону 1925с. Москваҕа саха бастакы композитора Адам Скрябин фонографка суруйтарбыт уонна 1927с. «Саха ырыаларын ноталара» ырыаларын хомуурунньугар бэчээттэммитэ. Нууччалыы сирэй тылбааһын Захар Тюнгюрядов оҥорон, нуучча композитордара нотаҕа түһэрэллэригэр көмөлөспүт.
Евдокия тас көрүҥэ үчүгэй, хойуу уһун суһуохтаах, лоҥкунас киэҥ куоластаах, үөрэҕэ суох да буоллар, ааҕар-суруйар, сахалыы өйдөөх дьахтар. Дьокуускай куорат хас да төгүллээх саахымакка кыайыылааҕа. (7-8 слайд)
Кини саха омук Кэрэ диэн өйдөбүлүгэр толору эппиэттиир. Бу хоһоон А.Е.Кулаковскай “Кыраһыабай кыыс” айымньытын ситэрэр курдук.
Е.К.Яковлева-Гоголева 1957 сылга диэри, пенсияҕа тахсыар диэри театрга үлэлээбитэ. 80 сааһыгар Бүлүүттэн кэлбит дьүөгэтин кытта чэйдии олорон, эмискэ охтон өлбүтэ.
Эрдэ уолугар эппитин курдук, Алампалыын 60 сыллааҕыта, уруутугар кэппит таҥаһын таҥыннаран ыыппыттар.
V. хатылааһын ыйытыктара:
1. Алампа кэргэнин толору аата? (Евдокия Константиновна Яковлева-Гоголева)
2. Хас сыл билсэн, хаһан ыал буолбуттарай (4 сыл, 1913 сыл муус устар 28 күнэ)
3. Төһө уһуннук бииргэ олорбуттарай? (14 сыл)
4. Евдокия Константиновна иккис кэргэнэ кимий? (Степан Гоголев – Ойуунускайдааҕы кытта сэбиэскэй былааһы олохтоспут киһи, прокурор).
5. Алампалаах оҕолоохтор дуо? (Суох, табыллыбатаҕа. Ииппит кыыһа – Паша Босикова)
VI. Түмүк Саха санаатыгар Таптал – тап, тапсыы диэн, санаа тапсар, табыллар буоллаҕына таптал үөскүүр. Алампа тапталга аналлаах хоһоонноро кэргэнигэр, олоҕор биир дьахтары эстетическэй идеал оҥостон туойбута. Кини таптала күүстээх, ыраас, бэриниилээх этэ. (Эстетика – Идеал – Кулаковскай “Кыраһыабай кыыс” поэматыгар кыыһы бары өттүттэн көрөр да, кыра да итэҕэһи булбат. Ол курдук уһулуччу үчүгэй, кэрэ, дьоҥҥо холобур буолар эҥкилэ суох киһини үрдүктүк туталлара, холобур оҥостоллоро идеал (ырал) дэнэр. Ырал – дьулуһар сыал, холобур. Киһи, дьон үрдүк сыал оҥостон дьулуһар, олохторугар салалта гынар сүрүн санаалара. Эстетика диэн бу идеал оҥостор киһигин, кэрэни аҥардас көрөн, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн дуоһуйуу, өрө көтөҕүллүү.
VII. Дьиэҕэ сорудах: 4 хоһоонтон саамай бэргэн этиилэрин суруйуу, эбии кинигэ ааҕыы.
VIII. Сыана туруоруу