Кундээйэм инники кэскилэ.
Мин олорор беьуелэгим 1956 сылтан Кундэйэ диэн ааттаммыта. Кундэйэбит суруйааччыта Николай Егоров улуус хаьыатыгар суруйуутунан: «Кырдьастар кэпсииллэринэн, Кундэйэ сирин ус куелэ ойуурун са5атынан толору быччары уулаах уьу. Унуоргу тыата тараах тииьин курдук аччаан кестер эбит, ону кербут бастакы сахалар, кундээрэн туьэн то5о учугэйэй, аата Ус Кундэйэ буолуохтун диэбиттэр. Онтон ыла ус Кундэйэ диэн ааттыыр буолбуттар. «Кундэ» диэн тылын оло5о Э. К. Пекарскай тылдьытыгар «ыраас, дьэнкир» диэн суолталаах. Багдарын Сулбэ быьаарыытынан: «-йэ» сыьыарыы предмет улаханын, судьутун, биир сиргэ тумуллэн сытарын кердерер. Онон Кундэйэни быьа эппэккэ урдэтэн «Улуу эбэ» диэн ейдуехтээхпит.»
Мин дойдум элбэх улэьит дьоннордоо5унан биллэр. Ыьыллыы кэнниттэн кыра-кыралаан ИП-лар баар буолан, дьон кэтэх хаьаайыстыбаннан дьарыктанар буолбуттара. Билинни кэмнэ беьуелэкпит улууска ыытыллар араас курэхтэр хас да тегуллээх кыайыылаахтара, Грантар хаьаайыннара, Правительства уонна Ил Дархан Грантын хаьаайыннара буоларынан киэн туттабыт. Инникитин да5аны элбэх улэ ыытыллара куутуллэр, ситиьиилээх, тумуктээх буолуо диэн эрэнэбит.
Билигин беьуелэкпитигэр 857 киьи олорор, 15-Тыыл ветерана, 88-улэ ветераннара бааллар. Оскуола5а 152 о5о уерэнэр, о5о саадыгар 68 о5о сылдьар, 19-ИП араас керунэ баар, 4 атыы-эргиэн миэстэлэрэ улэлиир. 2014 сылга сана кулууп тутуллан улэ5э киирэн араас культуурунай курэхтэр ыытылаллар, дьахталларга аналлаах араас иис дьарыктара кехтеехтук улэлиир.
Биьиги беьуелэкпит тыа хаьаайыстыбатынан дьарыктанар, 1350 ынах суеьу, ол иьигэр 400-чэ ыанар ынах, 500-чэ биэ баар. Элбэх ыал сылгы, суеьу, сибиинньэ, куурусса, хоруолук ииттэллэр. 2009 сылтан «Сырдык Аартык» диэн коорператив тэриллэн уут-эт тутан атыылаан, улэтин са5алаабыта. 2013 сылга сана Маслоцех тутан урун ас арааьын онорон улууска киллэрэн, беьуелэк дьонугар атыылыыр. 2013 сылга уонна 2015 сылга сана икки хотону тутан улэ5э киллэрэн беьуелэкпит кырдьа5ас ыаллара ынахтарын кердерен олороллор. Онно эдэр ыанныксыттар улэлииллэр. Ыаллар сайын аайы сайылыкка тахсаллар. Уопсайа 6 сайылык баар. Онно тахсан от-оттоон, сир аьын хомуйан, ынахтарын мэччитэн куьун эт-уут атыылаан бэйэлэрин дохуоттарын оностоллоро, учугэй.
Беьуелэкпитигэр 2011 сыллаахха сана таас оскуола тутуллан билигин агроэкологическай хайысхалаах буолан сайын аайы улэ лаа5ырдара улэлиилэр. Оскуола таьыгар араас уунээйини ууннэрэллэр, атыылыыллар. Элбэх о5о сайын сайылыктарга тахсан улэ араас керунун улэлэьэн дьонноругар кемелеьеллер. Оскуолабыт элбэх улэтин иьин биир мелуйуен Грант, Мтз трактор, Уаз массына ылбыта. Уерэнээччилэр элбэх араас олимпиадаларга, курэхтэьиилэргэ ситиьиилээхтик кытталлар. Уерэх урдук салааларыгар киирэн араас идэни баьылыырга ситиьиилээхтик уерэнэллэр.
Беьуелэкпит сайдыытыгар мин кыракый ба5а санааларбын уллэстиэхпин ба5арабын. Кундэйэбитигэр элбэх спорт мастердара баалларынан киэн туттабыт, спордунан дьарыктаныан ба5алаах о5олор элбэхтэр, ол иьин спортсменнар элбиллэрин, о5о этэ-сиинэ сайдарын туьугар спортивнай стадион тутуллуон ба5арабын. Бары доруобай, куустээх, чел олохтоох буоларбыт туьугар, быраас идэтин баьылаабыт эдэр ыччат дойдуларыгар кэлэн улэлээтиннэр, эмптээтиннэр диэн таас балыыьа баара наада. Кыракый о5олорго киэн толору хааччыллыылаах таас сана детсад, библиотекабытыгар дьон, о5о билиитэ ханыырыгар анаан аныгы компьютернай аа5ыы заалата арыллара туьалаах дии саныыбын. Сунтаар улууьугар, беьуелэкпэр ГАЗ киириэн ба5арабын, то5о диэтэр олохтоохтор бары оьох оттунан олороллор. Оьо5у отторго сыл аайы мас кэрдиллэн айыл5абыт туруга мелтуурэ элбиир.
Бу барыта олоххо киирэригэр, тапталлаах беьуелэкпит сайдарыгар биьиги, эдэр ыччат, бэйэбититтэн тутулуктаа5ын ейдеен, уерэхпитигэр элбэх ситиьиилэнэн, араас улэни баьылаан, дойдубутугар кэлэн улэлээн-хамсаан олох инники хардыытыгар оло5уран сайда туруохпут дии саныыбын.
Петрова Сайыына. 10 кылаас. 89679100916
Кундэйэ орто оскуолата. Сунтаар улууьа.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Эбии үөрэхтээһин сыла биллэриллибитинэн, доруобуйаларыгар хаарчахтаах дьиэҕэ олорон үөрэнэр оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннарар сыаллаах “Айар дьогурум- мин котор кынатым” айар курэскэ.
Сайыына обучается дистанционно с ГБОУ ДОД “Центр дистанционного образования МО РС(Я)” на курсе “Служба консультаций по русскому языку, 5-11 классы”, педагог Петрова Анна Владимировна, по адресу г. Якутск, Вилюйский тракт 3 км, дом 47. 89247626441