Тема библиотечного урока: Поклонимся неизвестному солдату. 03.12.2015 г.
Библиотечнай уруок: Биллибэт саллаакка сүгүрүйүү. 03.12.2015 с.
Үтүө күнүнэн! Быйыл биһиги Улуу Кыайыы 70 сылын бэлиэтээтибит. Былырыын алтынньы 24 күнүгэр Государственнай Дума анал быһаарыытынан, сыл аайы ахсынньы 3 күнэ – Биллибэт саллаакка сүгүрүйүү күнүнэн биллэриллибитэ. Бу дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр бырааһынньыгы көрсө ылыныллыбыт биир бастакы бэлиэ буолар. Билигин Ийэ дойдутун туһугар туруулаһан охсуспут, өлбүт-сүппүт буойуннары бары сүһүөххэ туран, сүгүрүйэргитигэр ыҥырабын. (1 мүн. чуумпуран туруу)
Былыр былыргыттан государстволар икки ардыларыгар сэрии бөҕө буолан кэллэ. Сир-сир аайы улахан сэрии буолбут сирдэригэр бэлиэ өйдөбүнньүктэр, мемориаллар бааллар. Сэриигэ биллэн турар, бэрт элбэх өлүү-сүтүү буолар. Сорохтор өлүктэрэ олох көстүбэккэ, дьонноругар Буойун сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии ыыталлар. Оччоҕо буойун дьоно баҕар, киһибит тиийэн кэлиэ диэн, күн сириттэн күрэниэхтэригэр диэри кэтэһэллэрэ. Сорох саллааттар өлүктэрэ көстөн баран, кимэ-туга биллибэт туруктаах буолаллар. Ону хомуйан уопсай ииҥҥэ көмөллөр. 20-һис үйэттэн маҥнайгы Аан дойду сэриитин кэннэ сүппүт буойуннарга өйдөбүнньүктэри оҥорон туруорар буолбуттар. Ол курдук Россияҕа Новороссийск куоракка 1961с. биллибэт матроска аналлаах 7 метрэ үрдүктээх боруонса скульптурата баар. Архитектор Е.Г.Ламук, К.М.Михайлов.
(слайдалары көрдөрүү)
Маннык өйдөбүнньүктэр Стерлитамак, Одесса, Волгоград (Сталинград), Берлин о.д.а. куораттарга бааллар.
1966 сыл ахсынньы 3 күнүгэр Москва куораты босхолооһун 25 сылыгар Москваҕа
Александровскай садка биллибэт саллаат уҥуоҕун торжественно көмпүттэрэ. Эһиилигэр ол көмүллүбүт сиргэ мемориальнай архитектурнай ансамбль тутуллуута саҕаламмыта. Архитектор Д.И.Бурдин.
Уот биэс салаалаах сулус иһиттэн умайар, ол таһыгар боруонсаттан оҥоһуллубут санньыйбыт былаах үрдүгэр саллаат каската уонна лавровай салаа сытар. Кытыытыгар «Имя твое неизвестно, подвиг твой бессмертен» диэн суруктаах. Бу этиини суруйааччы С.В. Михалков эппитэ. Хаҥас диэки истиэнэҕэ 12 герой-куорат аата суруллубут, онно ол куораттартан аҕалыллыбыт буордаах капсулалар угуллубуттар. Уҥа истиэнэҕэ 40 байыаннай Албан аат куорат ааттара суруллубут. Истиэнэни кыйа 10 метрэ уһуҥҥа мас олордубуттар. Ансамбль бүппүтүгэр, Марсовай хонууттан Алексей Маресьев - герой летчик аҕалбыт уоттаах факелын дойду баһылыга Леонид Ильич Бережнев умаппыта.
1997 с. ахсынньы 12 күнүгэр Анал уурааҕынан дойду № 1 поһа Мавзолейтан биллибэт саллаат уҥуоҕар көспүтэ. Манна Президент полкатын байыаннай сулууспата 1-дии чаас солбуһа сылдьан харабылга тураллар. 2009 с. сэтинньи 17 күнүттэн мемориалга байыаннай Албан аат мемориала диэн статустаммыта. Ол сыл мемориалы саҥардыыга 2009 сыл ахсынньы 16 күнүттэн 2010 сыл олунньу 19 күнүгэр дылы уоту умулларбыттара, венок ууруута тохтообута. Ол кэмҥэ уот Кыайыы паркатыгар көһөрүллүбүтэ. 2010 сыл олунньу 23 күнүгэр – Аҕа дойду көмүскэлин күнүгэр уот урукку миэстэтигэр көһөрүл-лүбүтэ.
Чэриктэйтэн барыта 79 киһи Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ ыҥырыллыбыта, онтон 37 киһи сэрииттэн эргиллибэтэҕэ. Бу 37 буойунтан 11 буойун өлбүтэ дэнэр, ол гынан баран ханна көмүллүбүтэ биллибэт. Аны 5 саллаат сураҕа суох сүппүтэ дэнэр.
Кинилэр кимнээхтэрий?
Босиков Иннокентий Дмитриевич (1917-1943) Холкуос туруу үлэһитэ, Ааллаах Үүҥҥэ хаста да айаннаабыт киһи. Кэргэнэ, оҕото суох, аймахтара Босиковтар бааллар. 26 сааһыгар сүппүт.
Пермяков Егор Христофорович (1901-1944) Дьэлигэ төрөөбүтэ. Быйыл 90 сааһын бэлиэтээбит сэрии бэтэрээнэ Стручков Иван Петрович бииргэ төрөөбүт убайа уонна Өлөксөөндөрө, кыра Уйбаан, Дьөгүөр диэн бииргэ төрөөбүттэрин ыччаттара элбэхтэр. Бэйэтэ 1927-1928 сс. Биэрэпискэ 22 (1905с.) саастаах, кэргэнэ Варвара Прокопьевна 20 саастаах диэн. Иккис кэргэнэ Шелковникова-Бурнашева Ирина Иннокентьевнаттан 3 уоллаах: Дмитрий - ветврач, элбэх оҕолоох, Кэбээйигэ олорон өлбүтэ; Меркурий – Бороҕоҥҥо олорбута, сүппүтэ. Иван – Аммаҕа кэргэн ылбыта, оҕолордоох. Сэрии иннинэ Өрүүнэтин кытта арахсан, Иван диэн уолунаан олорон, сэриигэ 1942 ыҥырыллыбыт, 1943с. сүтэр.
Рожин Гаврил Николаевич (1921-1943) Дабыыкка бииргэ төрөөбүт быраата. Аҕата Мытаар быраатыгар, кэргэннээх, оҕото суох Рожин Николай Давыдович II - Додуон Ньукулайга уолу олох кыратыгар иитиэх биэрбит. Ииппит аҕата Малтахаан оскуолатын маастардаан туттарбыта. Гаврил Николаевич сүрдээх актыбыыс уол улахан дьону ликбезкэ үөрэппитэ, сэбиэккэ секретардаабыта. Нэһилиэк биир бастыҥ, олоҕун оҥосто да илик уола 21 сааһыгар сэриигэ ыҥырыллан баран , эһиилигэр сураҕа суох сүппүтэ.
Свешников Алексей Митрофанович (1897-1943). 1943 сыллаахха от ыйын 8 күнүгэр сэриигэ барбыта. Ииппит аймаҕын уола Свешников Савва Алексеевич 1 уоллаах, 3 кыыстаах. Сиэнэ Савва манна иккис кылааска үөрэнэр.
Свешников Гаврил Гаврильевич –Тоһоҕос Хабырыыс (1901-1943). 1942 с. бэбиэскэ тутан сэриигэ барбыта. Кини икки хараҕа суох ийэтин уонна убайын Хагдаа уолун ииппитэ. Дьоно сэриигэ барбытын кэннэ өлбүттэрэ.
Истибиккит курдук, Босиков И.Д., Рожин Г.Н., Свешников Г.Г. олохторун оҥостубатах, ааттарын ааттатар дьонноро суох, аны ханна хайдах өлбүттэрэ-сүппүттэрэ биллибэт. Маннык дьону анаан ирдиир дьоннор эрэ булуохтарын сөп....
Өлбүт буойуннар сирдэригэр аймахтара, доҕотторо кинини кэриэстээн төрөөбүт сириттэн буор илдьэн куталлар, ахтан-санаан ааһаллар. Оччоҕо дууһалара чэпчиир.
Онтон ханна да көмүллүбүтэ биллибэт, өлбүт-сүппүт буойуннары кэриэстиир күн баар буолбута олус кэрэхсэбиллээх. Ахсынньы 1-10 күннэрэ Аҕа дойду сэриитин түмүктүүр күннэринэн биллэрилиннэ. Бүгүн сэриигэ сүппүт буойуннары кэриэстиир күн, онтон 9 –ка Геройдар күннэрэ. Онон бу күннэргэ дойду үрдүнэн араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Ону телевизортан көрөн, хаһыаттан ааҕан билиэхпит. Аҕа дойду сэриитигэр буойуннар сүтүктэрэ элбээбитэ. Ол тоҕо буолуой? (оҕолор эппиэттэрэ)
Тоҕо диэтэр, сэрии сэбэ күүһүрэн, киһи кырамтата да көстүмүөн сөп. Билигин Аан дойду балаһыанньата эмиэ ыарахан, эһиги эйэлээх олох туһугар билиҥҥиттэн охсуһуох тустааххыт: үөрэххитинэн, бэрээдэккитинэн, атын омуктары кытта эйэлээх сыһыаҥҥытынан. Бүгүҥҥү эйэлээх халлаан анныгар олорон үөрэнэрбит – үлэлиирбит туһугар өлбүт – сүппүт буойуннары өйдүүбүт, махтанабыт, сүгүрүйэбит!