Сценарий классного часа Детство моих родителей

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Сылгыга сыһыаннаах уруулуу тыллар

Саха тыла уруулуу түүр омуктар тылларын кэккэлэригэр киирэр, ол эрээри ити тыллартан бэрт улахан уратылардаах, ордук тылын баайыгар уонна фонетикатыгар. Ол саха тыла уһун историялаах уларыйыы, сайдыы суолун ааспытын, үгүс омук тылларын кытта сыстыһан, олор сабыдыалларын иҥэриммитин тыл үөрэхтээхтэрэ бэлиэтииллэр. Ону таһынан, тыл үөрэхтээхтэрэ саха тыла ханнык омук тылыттан силистэнэн-мутуктанан, үөскээн кэлбитин тула элбэх үлэ суруйдулар. Түүр, монгол тылларын кытта ордук чугастара элбэх үлэ холобуругар көстөр.

Тыл норуот олорон кэлбит олоҕун историятын кытта ситимнээх. Олох-дьаһах өттүгэр тыллар биир маарыннаһар өрүттэрин буларга хас биирдии оҕону көҕүлүүр наада.

Сыала: Сылгыга сыһыаннаах уруулуу түүр омуктарбыт тылларын дьүөрэлии тутуу.

Соруктар: 1. Сылгыга сыһыаннаах биирдиилээн тыллары наардааһын.

2. Үөрэхтээхтэр сылгыга сыһыаннаах үлэлэрин оҕоноҕ чинчийтэрии.

3. Түүр омук суруйааччыларын айымньыларын билсии, ааҕыы.

Актуальноһа: Хас биирдии омук күн бүгүн тиийэн кэлбитигэр үөскээбит төрүтэ историялаах. Сахалар эмиэ хантан хааннаахпытын, кимтэн кииннээхпитин билиэхтээхпит. Биир т³рµттээх тыллаах, майгынна´ар сиэрдээх-туомнаах абыычайдаах омуктар уруулуулар диэн Омар Хайям эппитин бигэргэтэр сыалтан, түүр омуктар биир сыдьааннаахтарын туоһулуур тылын-өһүн үөрэтэр тоҕоостоох.

Сонуна: түүр омуктар литератураларын, итэҕэллэрин, үгэстэрин, олохторун-дьаһахтарын бары өттүнэн, сылгыга сыһыаннаах уруулуу тыллары булаары, эргитэ сылдьан чинчийдим.

Сахалар олохторугар сылгы барахсан саамай сүдү оруолу ылар. Хуннар сылга үстэ: ыам ыйыгар, балаҕан ыйыгар, тохсунньу ыйдарга мустан мунньахтыыллар эбит. Онно халлаан иччитигэр бэлэх биэрэллэр эбит уонна ат, тэбиэн сүүрүүтүн тэрийэллэрэ. Монголия±а аттары 25-30 км. Сиргэ сµµрдэллэр. 7-10 саастаах о±олор сµµрдэллэр. Монголлар, сахалар курдук тустууну, ат сµµрдµµтµн, о±унан ытыыны ордук кэрэхсииллэр.

(таблицаны көр)

Хаһаа. Сылгыга аналлаах үрүттээх бүтэй туруу. Кулун хаһаата диэн туспа баар буолара. Эдуард Пекарскай, ол эрэн, итинник хаһаалары сахалар туттубат буолан эрэбит диэбит. Биһиги ылбыт хаһаа диэн тылбыт билигин хакас, тува, киргиз, уйгур тылларыгар баар. Хобул, сүөһүнү - сылгыны иитэргэ аналлаах үгүс атын тыллар курдук монголлартан киирбит тыл. Монгол былыргы тылыгар «хобул», билиҥҥи монгол тылыгар «ховил», калмык тылыгар ховп, бурят тылыгар хобол. (таблицалар)

Лена э²эрдэригэр со±урууттан µгµс µйэлэри у²уордаан айаннаан кэлбит ³бµгэлэрбит олорон ааспыт олохторун тыыннаах туо´ута уостан уоска бэриллэн испит µ´µйээннэрбит, номохторбут буолаллар. Олор к³м³л³рµнэн уруулуу түүр омуктарбытын кытта аҥардас сылгыга, кини иитиитигэр сыһыаннаах маарынна´ар тыллары тэ²нээн баран маннык тµмµктэри о²оробут: 1.Үгэспитигэр, итэҕэлбитигэр уруулуу буоларбыт холобурдара көстөр. 2. Суруйааччылар айымньыларыгар сылгы туһунан кэпсэнэр µгэстэр, итэ±эллэр, олох-дьа´ах бары к³стµµлэрэ сахалар уруулуу буоларбытын туо´улууллар. 3.Түүр омуктар сылгыны төрүт былыргыттан ииттэллэрэ кинилэр бастакы ойуу-бичик суруктарыгар ырылхайдык көстөр.

4.Түүр омук оло±ор-дьа´а±ар сы´ыаннаах элбэх уус-уран, научнай литературалары кытта билистибит.


Тувинныы

Сахалыы

Хакастыы

Арҕааҥы түүрдэр

Чуваштыы

адҕыр

аскыр

атыыр

аҕҕыр

айҕыр

айер




Саха тыла

Монголлар

Буряттар

Калмыктар

хаһаа

хашийа

хашка

хаша



Алтайдар хотону, сүөһүнү хаайар сири кажаган, кожа дииллэр.