Статья на тему Кэскиллээх хамсааьын

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


О5о тумсуутун форума

Билинни кэмнэ о5о тумсуулэрин сайдыытын боппуруостара республика5а киэнник тураллар.Саха сирин о5о тумсуулэрэ угустук керсен, араас тэрээьиннэри ыытан, тумуллэн инники куеннэ та5ыста.Маннык улэлэр биьигини о5олору, эрдэттэн салайар, элбэ5и, утуену-кэрэни онорор дьо5урбут сайдыытыгар бу тумсуулэр улэлэрэ кырдьык да улахан суолталаахтар.

Ол курдук республика5а о5о биир сомо5о хамсааьына мээнэ5э «Дьулуур» диэн ааттаммата5а чуолкай. Ол аата инникигэ дьулууру, сырдыкка-кэрэ5э тардыьыы диэн ис хоьоонноох.Оттон сурун сыала –соруга: бары о5олору бииргэ тумуу, араас оонньуулар, курэхтэр ненуе о5о ейун, толкуйдуур,айар дьо5урун сайыннарыы, дьиннээх гражданиннары иитии буолар.Онон бу кэккэ5э киирии хас биирдии уерэнээччигэ улахан чиэс-бочуот буолара саарба5а суох.

Маннык этэн туран, кылгастык иьитиннэриэхпин ба5арабын бу ый 21 кунугэр биьиги оскуолабыт базатыгар «Уус-Алдан кэскилэ» о5о хамсааьына иилээн-са5алаан ыыппыт ДОО форумнарын туьунан.Бу тэрээьиннэ кыттыыны ыла уопсайа 19 оскуолаттан 21 салайааччы уонна 250-ча уерэнээччи. Бу кун сарсыардаттан са5алаан о5олуун, учууталлардыын сургэбит кете5уллэн кэлбит ыалдьыттары сурдээх эйэ5эстик керсубуппут.Кэлбит ыалдьыттары эрдэттэн былааннанан бэлэмнэммит кылаастарынан уллэртээн туьэртээбиппит.Форуммут бастакы уеруулээх чааьынан арыллыыта буолбута.Бу тэрээьини суруннээн улуус «Уус-Алдан кэскилэ» о5о хамсааьынын салайааччыта Ордахова М.Г. салайан ыыппыта.

Ол курдук ДОО «Уус –Алдан кэскилэ» о5о тумсуутун кэккэтигэр эбии 7 тумсуу киирбитэ, олорго свидетельство туттарбыттара.Ону таьынан учугэй улэлээх салайааччыларга улуустаа5ы эбии уерэхтээьин киинин директора С.М.Литвинцев илии баттааьыннаах махтал суруктары уеруулээх быьыыга-майгыга туттарбыттара.

Аьыллыы кэнниттэн о5олор ус уктэлинэн, ол курдук «Утумнааччылар», «Кердееччулэр», «Айааччылар» секцияларынан ыытыллар улэлэргэ кехтеехтук кыттыбыппыт.Бу кэмнэ салайааччыларга установачнай семинар ыытыллыбыта.

Эбиэт кэнниттэн оскуола спортивнай залыгар мустан хас да группа5а арахсан КТД ыытыллыбыта.Онно группалар икки ардыларыгар хас да араас туьумэхтэрдээх сурдээх интириэьинэй курэхтэр буолуталаабыттара.Киэьээ еттугэр до5ордоьуу биэчэригэр оскуолалар бэйэлэрин билиьиннэрбиттэрэ, флеш-моб ункуу толорбуттара, сэргэх э5эрдэ ньуемэрдэрин кердербуттэрэ уонна уоттаах-куестээх ункуу алыбыгар ылларбыттара.

Форум бутуутугэр рефлекциялаабыппыт.Онно о5олор сурдээх ахтыыбынайдык кыттан бэйэлэрин санааларын уллэстибиттэрэ.Бары астынан, дуоьуйа сынньанан,элбэх до5ордонон уерэн-кетен атаарсыбыппыт.Инникитин да5аны маннык таьымнаах тэрээьиннэр ыытылла туруохтарын ба5арабыт уонна кэлэн кыттыыны ылбыт оскуолалары ессе тегул э5эрдэлиибит, базарабыт инники улэ5итигэр,уерэххитигэр ситиьиилэри, сиппэтэххитин ситэн, хана да сырыттаргыт утуе сыьыаны олохтоон,кэрэни кэрэхсээн, элбэх эрэллээх до5ордонун!Дьоллоох буолун!


Суруйда И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын

10 кылааьын уерэнээччитэ Ефимова Саша