Статья Олох уонна таптал туьунан керуу...

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Олох уонна таптал туьунан

обургу о5олор тус санаалара



Марина Барабанская,

XI кылаас уерэнээччитэ


Мин санаабар, бу биирдэ бэриллэр олоххо киhи хас биирдии кунэ саамай кундуттэн кунду буолар. То5о диэтэргит, кунтэн кун аайы тугу эмэ сацаны биллэрбит,эбиннэрбит, тугу эрэ учугэйи оцордорбун эрэ диэн куну атаарыахтаах.

Дьиннээх таптал киьи оло5ор биирдэ эрэ бэриллэр.Мин санаабар таптаабыт киьи ис-иьиттэн сырдаан, оло5у бары еттуттэн утуе хара5ынан керер, ылынар буолар.Таптыыр киьигин олох атын хараххынан кере5ун,холобур кинини атын дьонтон олох ураты кэрэлээх курдук кере5ун.Таптыыр киьин аттыгар сылдьаргыттан олус дьоллоно5ун, туохтан да куттаммат, туох баар ыараханы барытын кыайыах курдук санана5ын, бэйэ5эр эрэлин ордук улаатар быьылаах.Онтон бэйэ-бэйэ5иттэн тэйиччи сырыттаххына киьиэхэ тугун эрэ тиийбэт, кураанахсыйбыт курдук санаа ейгун-санаа5ын куускэ баьылыыр эбит. Ол эрэн хаьан эрэ син-биир керсуехпут, бииргэ буолуохпут диэн биир бигэ санаалаах сылдьартан хара5ын сырдаан, сарсынны куннэ эрэлин ордук кууьурэргэ дылы буолар.



Копырин Павел,

XI кылаас уерэнээччитэ

Киhи оло5о лабаа кэриэтэ. Ханнык ба5арар киhи бу орто дойдуга теруттэрин сал5аан: таптаары, ыал буолаары, о5о теретееру кэлэн ааhар. Бу, киьиэхэ биирдэ бэриллэр олоххо этэннэ дьон тэнинэн, туохха барытыгар ортотун тутуьан, тугу гыммытыттан кэмсиммэт курдук олорон ааhыахтаах, олох биирдэ бэриллэрин кундутук саныахтаах.

Мин санаабар, тапталы билбэтэх киьи диэн бу орто дойдуга суо5а буолуо.Киьи таптала суох хайдах да сатаан олорбото буолуо.Сорох киьи эдэр о5о сылдьан таптыыр, сорохтор оттомуран орто саастарыгар, сорох дьон сааьыран баран таптыахтарын сеп. Ол курдук киьи дьыл5ата арааьынай буолар.Хайа ба5ар киьини бу сир урдугэр кини хайдах баарынан ылынар, таптыыр, куутэр киьи хайаан да керсер эбит.







Заболоцкая Аня,

XI кылаас уерэнээччитэ


Киhи дьоллоох оло5у хайдах олоруон себуй?

Мин саныырбынан, кини дьоллоох оло5у тус бэйэтэ оцоруохтаах: себулуур идэлиниэхтээх, ыал буолуохтаах, о5о терутуехтээх, о5олорун иитэн-аhатан, уерэтэн-такайан туhа киhитэ оцоруохтаах.

Киьиэхэ таптал кыра о5о эрдэ5иттэн баар.Таптал араастаах, о.э. тереппуккэр, тереебут дойдугар, уолга, кыыска уо.д.а.Мин санаабар бу балартан саамай куустээ5э кыыс уонна уол тапталлара.Ол быыьыгар сонумсах таптал эмиэ баар буолуон сеп.Ол курдук сорох дьон то5о эрэ биир киьини кытары ер сатаан сылдьыбапыт диэн ааттыыллар, киьиттэн киьиэхэ кеье сылдьаллар.Оннук албын, сонумсах тапталлаах киьи дьонно ыарыылаах охсууну онороро бу олоххо наьаа элбэх. Таптал киьини кынаттыан да сеп, эбэтэр киьини быстах санаа5а киллэрэн иэдэтиэн да сеп.Мин теье кыалларынан этиэм этэ биир саастыылаах о5олорбор, таптыыр киьим таннарда диэн санаа5ытын туьэримэн, курутуйуман. Оннук тубэлтэ тахсар тугэнигэр саныахтааххыт: «Ити аата кини мин аналлаа5ым, анарым буолбатах эбит, ханна эрэ миигин дьиннээхтии таптыыр киьини, аналлаахпын син биир керсуе5ум» - диэн биир бигэ санааны ылынан уоскуйаргытыгар диэн субэлиибин.


Портнягина Альбина,

XI кылаас уерэнээччитэ


Бу биирдэ бэриллэр олоххо учугэйдик, ал5аhа, аньыыта, буруйа суох олордо5уна, бу киhи иккис олохтонор диэн итэ5эл баар.

Таптал сааьы билиммэт дииллэр.Ба5ар кырдьык оннук буолуо.Биьиги билигин о5о буоламмыт ол дьыала5а улаханнык суолта уурбат курдукпут.Оннугун оннук эрээри мин тус бэйэм санаабын этиэхпин ба5арабын.Холобура, бары билэ-кере сылдьабыт бу олоххо дьон таптаатыбыт, кинитэ суох табыллыбаппын диэн биир субэнэн ыал буолаллар.Ол гынан баран сотору кэминэн ар-бур дэьэн, ейдеспеккелер арахсан хаалаллар.Ол олус хомолтолоох. Мин саныахпар хас биирдии киьи теье кыалларынан оло5ун харыстыахтаах, таптыахтаах, туох - хайдах баарынан, бэриллибитинэн.Киьини таптыыр буоллаххына эн кини хайдах керуннээ5ин , дьоно теье баайдаа5ын-дуоллаа5ын туьунан санаа5ар о5устарыа, ырытыа да суохтааххын, кинини бэйэтин киьи быьыытынан майгытын билиэх тустааххын.Таптыыр киьигинээн бииргэ буоллаххына олоххо керсер араас ыарахаттары барытын кыайыаххын, туоруоххун сеп курдук саныыбын.




Протодьяконова Нарыйа,

XI кылаас уерэнээччитэ


Биhиги бу биирдэ олорорбутугар туох эмит сыаллаах, соруктаах кэлэбит. Биирдэ олорорбутугар тереппут диэн баар буолар. Биhиги сыалбытын, сорукпутун толорорбутугар тереппут кемете улахан суолталаах.

Ол курдук мин ийэ5э таптал туьунан суруйуохпун ба5арабын.Ийэ таптала диэн, кундуттэн кунду кэрэ куус буолар.Хас биирдии киьи ийэ тапталыгар уескээн киьи буолан тахсар.

Сорох тулаайах хаалбыт о5олор тереппут ийэ тапталын билбэккэ улааталлар.Ол о5олор кэлин бэйэлэрэ ийэ буоланнар о5олоругар бэйэлэрэ билбэтэх истин тапталларын тириэрдэ сатыыллар эбит.Онон мин санаабар, киhи бу орто дойдуга кэлэн барарыгар туох эмит утуену, ейдебунньугу, бэйэтин сыдьааннарын хаалларан барыахтаах. Бу дьыл5а телеруйбэт сокуона.


Атаков Миша,

XI кылаас уерэнээччитэ


Бу олоххо киhи биирдэ эрэ олорон ааhар. Ол оло5ун киhи сепке, учугэйдик олоруохтаах. Бэйэтигэр эрэ буолбакка, кини кэнниттэн кэлэр о5олоругар, сиэттэригэр учугэй суол хаалыахтаах. Ону о5олоро сал5ааннар, а5аларын суолун батыhыахтаахтар, туйа5ын хатарыахтаахтар.

Таптал.Таптал диэн урдуку куустэртэн бэриллибит сырдык, ыраас, утуе куус буолар.Таптаабат киьи диэн суох буолуо. Дьон таптааннар араас хоьоон, ырыа бе5етун айаллар-туталлар, урдуккэ-кэрэ5э тардыьаллар.

Ити курдук киhи биирдэ олороругар олус учугэйдик олоруохтаах, мэhэй баар да буолла5ына, ону этэццэ туораан, таба суолга киириэхтээх.



Алексеева Марина,

XI кылаас уерэнээччитэ


Киhи оло5о киhиэхэ биирдэ бэриллэр дии саныыбын. Киhи бэйэтин оло5ор, бэйэтэ сыал туруорунан, оло5ун кэмсиммэт курдук олоруохтаах.

Дьиэ-уот тэринэн, о5о-уруу теретен, уерэхтээх, улэhит буолан, доруобай киhи буолуохха наада. Бэриллибит оло5у бу орто дойдуга туhалаахтык атаарарга дьулуhуохха наада. Киhи оло5ун хайдах олорорун бэйэтэ билэр, оностор.Хас биирдии киьи дьыл5ата бэйэтин илиитин иьигэр.Табылыннын, табыллыбатын, онно бэйэ5иттэн атын ким да буруйа суох буолар эбит.

Бу орто дойду оло5ор тапталы билбэтэх киьи диэн мин санаабар суо5а буолуо.Туох баар кэрэ, утуе, барыта тапталтан турар курдук.Таптал эмтиир, ыраастыыр, арчылыыр тэтимнээх дииллэр.Таптаабыт киьи тас керунуттэн,тутта-хапта, кере-истэ,санара-инэрэ сылдьарыттан тута биллэр,ис-иьиттэн сырдаан кестер дииллэр.Кырдьык да оннук буолуон сеп дии саныыбын.

Таптал араастаах дииллэр: дьин ыраас таптал,быстах таптал, сонумсах таптал, хардата суох таптал уо.д.а.Мин тус санаабар, туораттан керен, хардата суох таптал олус ыарахан буолуон сеп.Таптыы керер киьигэр ис иэйиигин, тугу саныыргын эппэккэ, санаа5ын уллэстибэккэ, бэйэн-бэйэ5эр мунчаара сылдьаргыттан са5а куьа5ан туох кэлиэй?.Мин итинник тубэлтэ5э, «кини эйигин таптаабаппын» диэ5э диэн санааттан бэйэбин эрэйдии сылдьыбаккабын,куустээх санааны ылынаммын,биир-бииргэ керсеммун ис иэйиибин быьаарыам этэ. Таптыыр таптыырынан, таптаабат таптаабатынан, иккиттэн биирин быьаарынан санааттан-онооттон босхолонор ордук буолуо дии саныыбын. Хайдах да эппиэти ылбыт иьин санаа5ын ханнык да тугэннэ туьэриэ суохтааххын. Хас сарсыарда аайы кун та5ыста5ына, саца кун ууннэ диэн уерэн-кетен, олох олороргуттан дьоллонон олоруохтааххын.


Портнягин Петя,

XI кылаас уерэнээччитэ


Хас биирдии киhи оло5о бэйэтиттэн тутулуктаах. Оло5ун бэйэтэ салайан олоруохтаах. Икки араас суол баар буолуон сеп, онтон себун талыахтаах. Дьыл5а оло5у, дьолу мээнэ бэлэхтээбэт. Бэлэхтээн баран, ол киhиттэн учугэй септеех оло5у кердуур. Дьиэ-уот тэринэн, о5о-уруу теретен, уерэхтээх, улэhит буолан, доруобай дьон буолуохтаахпыт. Бэриллибит оло5у бу орто дойдуга туhалаахтык атаарарга дьулуhуохха наада. Айыылар хас биирдии киhиэхэ оло5ун, дьыл5атын уеhэттэн анаан ыыталларын урдунэн, киhи оло5ун, дьыл5атын бэйэтэ оцостор. «Киhиэхэ олох биирдэ бэриллэр» диэн былыр-былыргыттан этиллэр бэргэн этии буолар.

Ол курдук айыл5а сокуонунан, киьи теруттэрин сал5ыыр туьуттан кими эрэ оло5ун суолугар керсеннун ис искиттэн имэнирэн туран куускэ да куускэ таптыыгын, буус-бутуннуу ейгунэн-санаа5ынан ол киьигэр ыллара5ын.Теье кыалларынан ол кунду киьигин туохтаа5ар да кундутук тутуоххун, хомоппокко-кэлэппэккэ сылдьыаххын ба5ара5ын.Оннук куускэ таптаатаххына мин санаабар араас, энин бэйэлээх айымньылар айыллаллара буолуо.


Улэни суруйтарда уонна бэчээккэ биэрдэ

И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын

терут култуура учуутала Хорунова Н.С.