П.А.Ойуунускай тѳрѳѳбүтэ 120 сылыгар аналлаах литературнай биэчэр сценарийа.
Хоодуоттар хотойдор уйэттэн уйэ5э ааттара ааттанар
Хонуунан- муоранан, тай5анан-хайанан ырыа5а ылланар.
Ол иЬин халлаанна кун уота кулумнээн кундээрэ умайар
Ол иЬин дьоннорго ой-санаа кууЬурэн кун курдук сандаарар.
Үтүѳ күнүнэн күндү үѳрэнээччилэр, учууталлар! Саха советскай литературатын тѳрүттээбит, саха талааннаах прозаига, поэта, драматура, биллиилээх общественнай деятелэ, саха норуотун биир чулуу уола П.А.Ойуунускай тѳрѳѳбүтэ 120 сылыгар аналлаах литературнай киэЬэбитин са5алыырбытын кѳӊүллээн.
Саха ункуутэ
Саха литературатыгар поэзия5а, драма5а, кэпсээнинэн суруллубут жанрдарга киэӊник тар5аммыт, биһирэммит айымньылар ааптардара Платон Алексеевич Слепцов-Ойуунускай тыыннаа5ар уос номо5ор киирбит уһулуччу талааннаах, уустук олохтоох общественнай деятель, сахалыы советскай литератураны тѳрү ттээбит киЬинэн аа5ыллар.
Платон Алексеевич Саха сиригэр аатырбыт олоӊхоЬуттар, ырыаЬыттар түѳлбэлээн тѳрѳѳн-ууЬаан ааспыт сирдэригэр, Таатта5а, улааппыта, сиппитэ-хоппута. БиЬиги бары билэрбит курдук Таатта сиригэр т ѳрѳѳн үѳскээн ааспыттара саха литературатын бастакы суруйааччылара А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев.
П.А.Ойуунускай тыллара «Таатта үрэх үрдүгэр»
П.Ойуунускай о5о сааЬа сурдээх ыарахан, кыЬал5алаах этэ. Ол курдук тереппуттэрэ тугунан да кемелеЬер кыахтара суох буолан, олус эрэйдээхтик уерэммитэ. «Ѳйүѳм суох буолан тарынан, тар баранна5ына бэс үѳрэнэн эбэтэр сааЬын куйуурдаан , үксүн ыал устун остуоруйалаан, таабырыннаан, олонхолоон үѳрэнэрим» диэн ахтара. Ол ааспыт кыЬал5алаах о5о сааЬын туЬунан «О5о куйуурдуу турара» кэпсээнигэр бэрт долгутуулаахтык суруйбута.
«О5о куйуурдуу турара» кэпсээнтэн уол монолога.
Дьон ахтыытынан, букатын кыра эрдэ5иттэн Платон чугас ыаллыы олорор олоӊхоЬутун истэн үѳрэнэн, 8-9 саастаа5ар уус тыл абылаӊар ылларбыт, о5олорго олоӊхолуур, ыллыыр идэлэммит. Дьон ортотугар «Былатыан уол уус тыллаах, үчүгэй ырыалаах-хоЬоонноох» диэн ѳйдѳбүл олохсуйбут. Онуоха эбии нуучча суруйааччыларын араас айымньыларын аа5ан, бэйэтэ эбэн-сабан кэпсиирин улахан дьон сѳбүлээн түүнү быЬа кэпсэттэрэллэрэ. Ол курдук, Таатта улууЬугар 4 сыл үѳрэнэн баран, куоракка үѳрэнэ киирбитэ. Училище5а бэрт кыЬал5алаахтык олорон, аччыктаан үгүстүк баайдар куукуналарыгар үлэлээн айа5ын ииттиммитэ. Үѳрэнэ сылдьан Николай Денисович Неустроевтыын литературнай куруЬуок тэрийэн 70 тиийэ о5ону мунньубуттара. Онтон 1916 сылтан Максим Аммосовтыын бодоруЬан, политическай охсуЬууга улам сыстан барбыта. Итинтэн ыла П.Ойуунускай охсуЬуу уотун ортотугар, бэйэтэ этэринии, 17 сылы атаарбыта, ѳлѳр-тиллэр түгэннэри элбэхтик кѳрсүбүтэ. П.Ойуунускай Саха сиригэр сэбиэскэй былааЬы туругурдууну баЬылаан-кѳhүлээн ыыппыта: 1921-1922сс.-Саха губерниятын ревкомун председателэ, 1922-1927сс.-Саха АССР народнай комиссардарын сэбиэтин, Киин ситэриилээх комитетын председателэ. Ол аата гражданскай сэрии ыарахан сылларын, сэбиэскэй былааЬы утары охсуЬааччылары самнартааЬын, саӊа тэриллибит республика үлэтин олохтооЬун, норуот оло5ун чѳлүгэр түhэрии алдьархайдаах ыар үлэтин бүттүүнүн П.Ойуунускай саннынан сүкпүтэ. Бу барыта урут хаЬан да туруорулла сылдьыбатах, аан дойдуга саӊа быЬаарыллар боппуруостар этэ. Ону олоххо киллэрэргэ туохха да холооно суох күүстээх дьулуур, баартыйа5а, былааска муӊура суох бэринии быЬаарара. Ол барыта П.Ойуунускайга баара, киниэхэ сүктэриллибит эбээЬинэстэри чиэстээхтик толорбута.
П.Ойуунускай айар үлэтэ 1917 с. са5аламмыта. Бу сыл кини бастакы айымньытын «Үлэһит ырыата» хоЬоонун суруйбута.
Алдьархайдаах аналлаах оЬоллоох олохтон
Атахпыт иЬэ5ин араара тэбэн,
Кѳмүс эмэгэт күүhүн кѳтүрэн,
Кѳӊүлү хаайбыт күтүр ыраахтаа5ы
Күндү уоругун күл оӊорон-
Күнү кѳрдѳрүѳ5үӊ, кѳӊүлү таhаарыа5ыӊ.
П.Ойуунускай айар үлэнэн 22 сыл үлэлээбитэ. Ол да буоллар ити кылгас кэм иЬигэр 11 кинигэни таЬаартарбыта. Кини айар үлэтэ поэт общественнай-политическай охсуЬуутун сал5ааЬын курдук кѳстѳр. Дэлэ5э да Ойуунускай бэйэтин туЬунан кэриэтэ «аӊаар илиитигэр кырыылаах ыстыыктаах, аӊаарыгар суруйар». Ол иЬигэр билигин аар-саарга аатырбыт «Дьулуруйар Ньургун Боотур» диэн сүдү олоӊхото баара. Кини үгүс айымньылара, ордук хоЬоонноро, ырыалара, сэбиэскэй былаас иЬин охсуЬуу уотун ортотуттан суруллубут курдуктар: «Син биир буолбаат!!», «Үлэһит ырыата» , «Былааьы-Сэбиэккэ!» о.д.а.
Кѳӊул ырыата (хоЬоон)
Куоракка үѳрэнэр сылларыгар П.Ойуунускай элбэх до5оттордоммута, атастаммыта. Эдэр киЬи «сүрэ5э сѳбүлүүрэ» ханна барыай, кини маӊнайгы таптала ураты күүстээх этэ: «Сүѳкүччэ о5о эрдэхпиттэн сүрэ5им таӊарата этэ». Платон ыаллыы алааска олорор Сокольниковтар кыыстарын-кэрэ дьүhүннээх, арылыччы кѳрбүт Сүѳкүччэни сѳбүлүүр эбит.
1923с. саӊатыгар кинилэр холбоЬон ыал буолуу үѳрүүтүн, нус-хас олох дьолун билбиттэрэ. Ол эрээри дьыл5а хаан кинилэр бииргэ олорууларын уЬаппата5а. Сүѳкүччэтин эмтэтэ Москва5а айаннаан иЬэн кэргэнэ кини илиитигэр быстыбыта. Бу ыар сүтүгүттэн Ойуунускай нэЬиилэ уйуттуммута. «Куоттарбыт кутур5ана» диэн хоЬоонун суруйбута:
Сүhүѳ5үм хамнаата,
Сүрэ5им долгуйда,-
Кимнээ5им кэлээхтээн
Кинини тѳннѳрүѳй?
Киниттэн матаммын
Күннэрим кѳрбѳтѳ,
Күдэ5им быЬынна,
Күүстэрим баранна.
Билигин истиэ5ин П.Ойуунускай 1922с. Чурапчыга тахса сылдьан, Сүѳкүччэтин кѳрсѳн, ахтыл5анын таЬааран «До5орбор Сүѳкүччэ5э» диэн тапталлаа5ын тута хоЬуйан суруйбут хоЬоонун.
До5орбор Сүѳкүччэ5э (хоЬоон)
Поэт ийэтэ Дьэбдьэкиэй-Евдокия Ивановна Слепцова-ѳйдѳѳх, хоЬуун, бэйэтин улахан дьиэ кэргэнин баЬылаан, дьаЬайан олорбут дьахтар эбит. Платон Дьэбдьэкиэй бастакы о5ото да буолан буолуо уонна дьүhүнүнэн да ийэтин курдук эбит, майгытынан-сигилитинэн, талаанынан-дьо5урунан да кинини утумнаабыт буолан ийэтин кутун ордук туппут. Ол туЬунан С.П.Ойунская маннык хоЬуйан суруйар:
Былатыан уолчаан, бу кини,
Күн сырдыгын кѳрдѳрбүт
Маннайгы маанылаах о5ото
Ийэ буолан дьолу билбит
Бастакы омуннаах таптала.
Былатыан, Былатыан,
Кыракый Былатыан…
Куп-кугас чачархай баттахтаах,
Сып-сырдык саЬархай харахтаах.
Ийэтэ кыра Платоӊӊа сабыдыала улахан этэ, ол иьин ону билинэн, махтанан «Ийэм Дьэбдьэкиэй унуо5ар» диэн хоьоонун анаабыта.
« Ийэм Дьэбдьэкиэй унуо5ар»
П.Ойуунускай айар үлэтин биир үрдүк чыпчаалынан «КыЬыл Ойуун» олонхо-тойуга буолар. Бу айымньы 1917-1925 сс. суруллубута. Драма бэчээттэнээтин кытта сцена5а туруоруллан сэӊээрии бѳ5ѳнү ылбыта эрээри, элбэх кириитикэ5э түбэспитэ. Ойуунускай араас иччилэри кѳрдѳрбүтэ, ойууттары сүрүн герой оӊорбута мистицизм дэммитэ. Билигин истиэ5ин «КыЬыл Ойуун» олонхо-тойуктан быЬа тардыыны.
Аа5ар биьиги оскуолабыт выпускнига
Иэдээннээх 1937 сыл иэнигийэн тиийэн кэлбитэ.Ахсынньы 29 кунугэр П.А.Ойуунускай дьиэтиттэн букатыннаахтык тахсан барбыта. 1955 с.ахсынньы 15 кунугэр П.Ойуунускай буруйа суо5унан ыраастанарын туЬунан биллэрии тахсыбыта.
Ойуунускай аата норуотугар тѳннүбүтэ. Кини саха норуотун тѳрүт ѳйүн-санаатын, уус-уран нэЬилиэстибэтин иьигэр иӊэриммит, олонхоЬут талааннаах суруйааччы буолан , дьиӊ национальнай тыыннаах айымньыларын суруйбута. Кини хас эппит тыыммыт тыла барыта дирин түгэхтээх, ыраа5ы эӊсэр күүстээх, билигин да5аны ѳйү-санааны үѳскэтэр-тѳрѳтѳр дьо5урдаах. Ол курдук кини оло5у, киьи аналын анааран кѳрѳр биьиги тумулук оӊостор уонна киэн туттар бѳлүЬүѳк суруйааччыбыт буолар. Ол иЬин саха тыллаах баарын тухары П.А.Ойуунускай аата ааттана туруо5а:
Үс саха тѳрүѳ5эр,
Үѳрүүлээх күнүгэр
Мин ырыам ылланыа,
Мин аатым ааттаныа…
Сахалыы ункуу
П.Ойуунускай бэйэтэ тугу да айбакка –суруйбакка да хаалбыта буоллар, аӊардас «Дьулуруйар Ньургун Боотуру» да суруйбутунан аар-саарга аатырыа этэ диэччилэр. Ол курдук кини «отут олонхоттон оноЬуллубут» олонхотунан саха норуотун уус-уран баайын отут сэттэ тыЬыынча5а тиийэр строкалаах айымньытын аан дойдуга билиЬиннэрбитэ, сѳхтѳрбүтэ.
ЭЬиги бол5омто5утугар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олонхоттон быЬа тардыыны кѳрдѳрѳллѳр драм куруЬуок о5олоро.