Статья на тему Мы за ЗОЖ

Автор публикации:

Дата публикации:

Краткое описание: ...


Чел олох декадата

«Чел олох диэн биьиги санаабытыгар анаардас таба5ы, арыгыны, наркотигы эрэ утарыы буолбатах.Киьи ис туруга, ейе-санаата ыраас, чэбдик буолуохтаах, ол инниттэн спордунан утумнаахтык дьарыктаныахтаах, дьонно-сэргэ5э учугэй сыьыаннаах, туруоруммут сыалын-соругун ситиьэр, кэрэ5э – утуе5э тардыьар киьи буолар.

Биьиги оскуолабытыгар бу сэтинньи ый бутэьик куннэриттэн са5алаан чел оло5у пропагандалыыр декада, ол курдук «Оскуола иьинээ5и Олимпийскай оонньуулар» диэн ааттанан кылаастар икки ардыларыгар ыытылла тураллар.Бу оонньууларга уерэнээччилэр кун аайы сурдээх кехтээхтук кэлэн 3 звенонан хайдан араас керуннээх, этаптардаах спортивнай оонньууларга кытыннылар.Итини барытын биьиги физкультурабыт учууталлара Румянцев С.В., Дрищева Е.Л., Явловскай В.Д. иилээн-са5алаан, сурдээх интириэьинэйдик ыыттылар.

Мин тугэнинэн туьанан ер сылларга биьиги оскуолабытыгар физкультура учууталынан кун бугуннэ диэри таьаарыылаахтык улэлии сылдьар о5олор сурдээ5ин ытыктыыр киьибититтэн Семен Васильевич Румянцевтан кылгастык улэтин-хамнаьын билиьиннэрэригэр диэн кердеьен интервью ыллым.

Юнкор: -Утуе кунунэн, Семен Васильевич! Биьиги оскуолабытыгар теье ер улэлээтигит?

- Сыырдаах орто оскуолатыгар быйыл 31 сылбын улэлии сылдьабын.

Юнкор: - Хаьаанныттан спордунан дьарыктаммыкккытый, хас сааскытыттан?

- Мин бэьис кылааска уерэнэ сылдьан спорду сэнээрэн утумнаахтык дьарыктанарбын са5алаабытым, ол эбэтэр 11 сааспыттан.

- Ханнык керуну эьиги одорон себулээн дьарыктана5ыт?

Юнкор: - Оччолорго биьиги оскуолабытыгар суруннээн хайыьар куускэ сайдыбыт кэмнэрэ этэ.Учууталларым Ильин Афанасий Захарович, Готовцев Петр Иванович буолаллар.Бэйэм ордук суурэрбин, хайыьардыырбын себулуубун.

Юнкор: - Биьиги билэбит, эьиги сурдээх таьаарыылаах улэлээххитин.Теье элбэх мэтээллээххитий уонна ханнык на5араада5ыт саамай кундунуй?

- Оскуола са5аттан грамоталар, мэтээллэр элбэхтэр,билигин чуолкай хас устуука баарын этэр кыа5ым суох.Саамай урдук ситиьиим, оскуола кэминээ5иттэн, хайыьарга, биатлона уонна Саха сирин кыьынны спартакиадатын призера буола сылдьыбытым.

Юнкор: - Тереппуттэргэ , аа5ааччыларга анаан доруобай, эт-хаан еттунэн сайдыылаах, чемпиону иитэн таьааралларыгар анаан туох субэни биэриэххиний?

- О5ону детсад сааьыттан спортка сыьыаран, оскуола иьинэн улэлиир спортивнай секцияларга о5о ба5атын учуоттаан, ханнык керуннэ ордук даннайдаа5ын керен сыртыннара уерэтэллэригэр.Доруобуйата кыайбат, мелтех диэн дьиэ5э хаайан олордубакка, оргууй остуол оонньууларынан дьарыктыахха сеп.

Юнкор: -Учуутал улэтигэр бэриниилээх буолан тахсарыгар ханнык хаачыстыбаны баьылыан нааданый?

- Бастатан туран ханнык ба5арар улэьит бэйэтин талан ылбыт идэтин себулуур буолуохтаах, учуутал о5олорго сэмэй-истин сыьыаннаах буолуохтаах, чел оло5у тутьар уонна дьонно-сэргэ5э тар5атар,ону тэнэ олоххо активнай позициялаах буолуохтаах.

Юнкор: -Улахан курэхтэьиилэргэ, холобур спартакиада5а,кердеруу элбэх оруолу оонньуур, биьиги оскуола о5олорун хайдах сыаналыыгыт?

- Биьиги оскуолабыт улууска ыытыллар комплекснай спартакиада5а 20-чэ сыл бастыннар кэккэлэригэр сырытта уонна сылдьар.Оскуола5а о5олорго анаан 6 араас спортивнай секциялар улэлииллэр.Оскуола о5отун 80% спордунан утмнаахтык дьарыктанар.Ол тумугунэн биьиги о5олорбут республиканскай курэхтэргэ кэскиллээхтик кытталлар.Чуолаан тустуу, хайыьар, масс тардыьыы,чэпчэки атлетика, сааан ытыы керуннэригэр, дуобакка,хабылыкка,хаамыска5а Россия уровенын таьынан, бутун аан дойду таьымыгар тиийэ кыттыыны ылаллар, кыайаллар-хотоллор.Холобур, биьиги оскуола выпуснига, нэьилиэк киэн туттар мас-рестлинна аан дойду чемпиона буолбут ыччаппыт Дима Попов баар.Кенул тустууга Люба Боярова Россия чемпионатыгар кытта барда.Ба5арыа5ын о5олорбутугар урдук ситиьиилэри, доруобуйаны!

Юнкор: - Истин иьитиннэриин иьин улахан махтал буолуохтун, инники улэ5эр ессе урдук ситиьиилэри ба5арабыт!

Онон тумукпэр ессе тегул этиэ5и ба5арыллар, тереебут айыл5абытын харыстаан, Чел оло5у тутуьан, чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах сылдьыа5ын!



Интервьюну бэлэмнээнтэ

И.С.Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын

10 кылааьын уерэнээччитэ Саша Ефимова.