СЦЕНАРИЙ
кылаас чааһа
«Өбүгэ оонньуулара»
Буолар күнэ: 29.11.2013г.
Буолар кэмэ: 6 урок
Буолар сирэ: кабинет 2 класса
Оҥордо: Саввинова Н.И. классный руководитель 2 класса
Сыала-соруга: төрүт саха оонньууларынан оҕону интириэһиргэтии, баҕатын күөдьүтүү, эстетическай уйулҕатын сайыннарыы; уруһуйдуур, сыһыарар, сыбаан оҥорор дьоҕурун сайыннарыы; сиэри-майгыны тупсарыы, өйдөһөргө, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэргэ иитии.
Туттуллар матырыйаал:
Кылаас чааһын былаана:
Киирии чааһа
«Мичээрдэ бэлэхтээ»
Бэсиэдэ «Өбүгэлэрбит эрдэхтэн» («Сэтинньи - Байанай ыйа»)
Олоҥхоттон быһа тардыы Лева Алексеев
Быһа тардыы «Үгэспинэн буоллаҕа дии…»
Сүрүн чааһа
Оонньуу «Кырачаан булчуттар» уолаттар бултарын кумааҕ кырыйаллар
Оонньуу «Баай Байанай эһэбит» оҕолор уруһ таайыы
Викторина «Ынах сүөһү» төрөппүттэргэ
Оонньуу «Ойбонтон уулааһын»
Викторина «Балыктыы бардым» нууччылыы перевод
Оонньуу «Кэпсээ доҕор, тугу билэҕин…» проектор оҕолор кыылл кэпс
Оонньуу «Булчут да араастаах» ситуация көрд оҕ+төрөпп
Түмүктүүр чааһа
Киирии чааһа «Мичээрдэ бэлэхтээ»
«Өбүгэ оонньуулара»
Үтүө күнүнэн убаастабыллаах ыалдьыттарбыт.
Оҕолоор, биһиги төрөппүттэрбитин көрөн үөрдүбүт дуо?
Мичээрбитин бэлэхтээн көрдөрүөххэ
Оҕолор төрөппүттэр диэки мичээрдээн көрдөрөллөр
Мичээрдэ бэлэхтээ
Бэсиэдэ «Өбүгэлэрбит эрдэхтэн» («Сэтинньи - Байанай ыйа»)
Бүгүҥҥү кылааспыт чааһа туох диэний?
«Өбүгэлэрбит» диэн кимнээҕи этэбитий?
Сөп, маладьыастар.
«Өбүгэ оонньуулара» диэни хайдах өйдүүгүтүй? Ханнык оонньуулары билэҕитий?
Өбүгэ оонньуулара
Оҕолор санааларын истэбит
Өбүгэ оонньуулара
Олоҥхоттон быһа тардыы
Лева Алексеев
Өбүгэлэрбит, саха норуотун уус-уран айымньытын саамай үрдүкү чыпчаала тугуй?
Билигин, эһиэхэ төрөппүттэргэ анаан Лева Алексеев П.А.Ойуунсукай «Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыны иһитиннэриэҕэ.
-Леваҕа махтаныаххайын. Бу олоҥхонон биһиги кылааспын аатыттан күрэххэ кыттаары сылдьар. Леваҕа ситиһиини баҕарыахха.
Олоҥхо
Лева тахсан олорор.
Оҕолор истээччи оруолугар иннигэр олороллор.
Лева Алексеев
Быһа тардыы «Үгэспинэн буоллаҕа дии…»
Бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэрдэллэр Алина Саввинова Дьулус Самойлов «Үгэспинэн буоллаҕа дии…»
Алина Дьулус
«Үгэспинэн буоллаҕа дии…»
Сүрүн чааһа
Оонньуу «Кырачаан булчуттар»
Этиҥ эрэ баһаалыста: булчуттар диэн кимнээҕий? Бултуу сылдьыбыккыт дуо?
Дьэ санаан көрүөҕүҥ: Байанай барахсан алҕаан бултуйан кэллигит. Дьиэҕэ аҕалаххытына ким астыыр?
Сөп. Билигин уолаттар ойон турун, аттыгытыгар олорор ийэни манна таһаарыҥ.
Маҥнай булкуттун көрдүгүт: тугуй?
Бултуйбут дьон, дьиэҕэ аҕаллыгыт. Ийэлэрбит кумааҕыга ити кыыллары уруһуйдууллар (үтүктэн).
Булчуттарга сорудах. Ийэлэрбит 10 төттөрү ааҕыар диэри оруобуна маннык кыылы кырыйан таһаараҕыт.
Маладьыастар, баһыыбаларын.
Оҕолор эппиэттииллэр.
Ийэбит, эбээбит, эдьиийбит
Ааттаан этэллэр(2)
Уолаттар кумааҕынан кырыйаллар
«Кырачаан булчуттар»
Кыыллар хартыыналара
Ыраас кумааҕы
кыптыый
Оонньуу «Баай Байанай эһэбит»
Оҕолоор, этиҥ эрэ Байанай диэн кимий? Тоҕо Баай Байанай диибитий?
Төрөппүттэр сөбүлэһэҕит дуо?
Билигин, оҕолорбут уруһуйдарын көрөн таайабыт: ким уруһуйдаабытый уонна кылгастык ханнык түгэн буолуон сөбүн.
Маладьыастар, махтанабыт.
Оҕолор санааларын истэбит
Төрөппүтэр таайаллар
Баай Байанай эһэбит
Проектор оҕолор уруһуйдара
Викторина «Ынах сүөһү»
Дьэ бултаан-алтаан дьиэбитигэр кэллибит. Дьиэбит таһыгар ким турарый? Ким биһигини үүтүнэн күндүлээн олороруй?
Сөп. Бу оонньууга төһө билэрбитин бэрэбиэркэлэниэхпит.
Маладьыастар.
Ынах-сүөһү
Ынах-сүөһү
Проектор сахалыы аата
Нууччалыы
Суолтата
Оонньуу «Ойбонтон уулааһын»
5 оҕо баһаалыста тахсын. Оонньууга ыҥырабын
Ойбонтон уулааһын
Викторина «Балыктыы бардым»
Тыаҕа сылдьан бултаатыбыт. Дьиэбит таһын көрдүбүт. Туох хааллай?
Саамай сөп. Балык сахалыы аатын этиэм, эһиги нууччалыы переводтаах биэрэҕит
Муҥха. Балык.
Балыктыы
Оонньуу «Кэпсээ доҕор, тугу билэҕин…»
Оонньуу «Булчут да араастаах»
Түмүктүүр чааһа
Бэсиэдэ «Өбүгэлэрбит оонньуулара»
Өбүгэлэрбит оонньуулара диэн ханнык оонньууну өссө билэҕит?
Тоҕо «Ө.О.» диибитий?
Оонньуу сүрүн ис хоһооно туох буолар эбитий?
Бу оонньуулар туохха туһалыыллар эбитий?
Убаастабыллаах төрөппүттэр, кэлэн кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт. Өссө да кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Санаа үллэстиитэ
Өбүгэлэрбит оонньуулара
«Үөрүүтэ бэлэхтээ»
Оҕолор турдубут. Ийэлэрбитигэр, аҕаларбытыгар, эбээлэрбитигэр махтаныаҕын.
Рефлексия
Бэйэ санаатын этии.